📰📰📰
⭕ Эрдэ "COVID-19" ыарыынан ыалдьа сылдьыбыккын, антитела үөскээбитин билэр сыалтан төлөбүрдээх ИФА анаалыһын туттарыы күн аайы сарсыарда 9 чаастан 10 чаас 30 мүн. диэри улуустааҕы оҕо поликлиникатыгар оҥоһуллар. Манна иммунологическай кэбиниэт сиэстэрэтэ Антонина Сивцева хаан анаалыһын ылан, киин балыыһа лабораториятыгар ыытар. Бу анаалыс урут вакцинаны ылыаҥ иннинэ хайаан да ирдэнэр буоллаҕына, билигин, билэргит курдук, баҕа өттүнэн оҥоһуллар.
📌 Антонина Васильевна: “Күн аайы быһа холоон, 10-ча киһи анаалыс биэрэр. Анаалыс төһө элбэҕиттэн көрөн түргэтээбитэ, биир күнүнэн оҥоһуллан бүтэр. Түмүктэри улуустааҕы поликлиника 15 №-дээх кэбиниэтиттэн ылаҕыт”, – диэн билиһиннэрдэ.
⭕ Өссө ИФА анаалыһын өрөспүүбүлүкэ, улуус тас өттүттэн кэлбиттэр туттараллар, манна күрэхтэһээччилэр, спортсменнар, араас куонкурустарга кыттыбыт оҕолор, учууталлар, тас дойдуга сынньанан кэлбит дьон, о.д.а. киирсэллэр. Биир анаалыс сыаната 1252 солк. 60 харчыга тэҥнэһэр.
⭕ Маны тута анаалыс биэрэр сиргэр төлүүрүҥ судургу эбит. Анаалыс түмүгүнэн антитела көрдөрүүтэ 15-тэн үөһэ буоллаҕына коронавируһунан ыалдьа сылдьыбытыҥ быһаарыллар, оччоҕуна 6 ый кэнниттэн вакцинаны ылар буолаҕын.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#COVID19
#вакцинация
https://www.instagram.com/p/COMUABBsfP0/?igshid=3atpjkdrytpb

Instagram
🔈Заместитель министра сельского хозяйства Республики Саха (Якутия) Василий Владимирович Афанасьев проведет 28 апреля 2021 г. прямой эфир на официальных страницах Администрации Главы и Правительства республики в социальных сетях «Одноклассники» и «ВКонтакте».
🔹Василий Афанасьев ответит на все актуальные вопросы, связанные с развитием сельского хозяйства, о новом механизме субсидирования, о заготовке молока.
🔻Ссылки на эфир:
Одноклассники- https://ok.ru/sakhagov/topic/153439249378736
Вконтакте - https://vk.com/sakhagov?w=wall-187580720_13595
❗️Начало – в 17 час.00 мин.
https://www.instagram.com/p/COMaimbMbQ1/?igshid=139jwdh82s0lw

OK.RU
Сегодня, 28 апреля в 17:00,... | Интересный контент в группе Республика Саха
Сегодня, 28 апреля в 17:00, заместитель министра сельского хозяйства Республики Саха (Якутия) Василий Владимирович Афанасьев проведет прямой эфир на официальной странице... | Вступай в группу Республика Саха в Одноклассниках
📰📰📰
⭕ Уус Алдан улууһугар 2017-2022 сылларга орто уонна дьоҕус бизнес сайдыытыгар туһуламмыт олохтоох бырагыраама үлэлиир. Онон үлэ-хамнас анал бырагыраама чэрчитинэн ыытыллар.
⭕ Улуус нолуокка сулууспатын көрдөрүүлэринэн, 2020 сыл бүтүүтэ дьоҕус бизнеһинэн дьарыктанааччы уопсай ахсаана 646-ҕа тэҥнэһэрэ. Бу иһигэр 428 урбаанньыт, 172 бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта, 46 хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ баара биллэр, ону тэҥэ быйыл 72 киһи саҥа урбаанньыт быһыытынан регистрацияламмыттар.
⭕ Былырыын от ыйын 1 күнүттэн, өрөспүүбүлүкэҕэ бэйэ дьарыктаах дьоҥҥо нолуоктааһын саҥа эрэһиимэ киирэн, 89 киһи баара бэлиэтэммит. Улууска түөрт атыы-эргиэн киинэ, алта дьон аһыыр сирэ-уота, 180 стационарнай атыы-эргиэн эбийиэктэрэ үлэлииллэр.
📌 Бу эйгэни улуус дьаһалтатын иһинэн урбааҥҥа салаатын салайааччыта Айаан Михайлов билиһиннэрэр:
📌 – Бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччылар сайдалларыгар, туруктаах дьыалаланалларыгар туһуламмыт судаарыстыбаннай уонна олохтоох көмөнү 32 урбаанньыт уонна юридическэй сирэй туһаннылар. Көмө үп-харчы 6 мөлүйүөн 489 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр. Ону таһынан, СӨ предпринимательствоны өйүүр кэммиэрчэскэйэ суох пуондатын улуустааҕы салаатын иһинэн чэпчэтиилээх үбү-харчыны иэс ылыахха сөп. Бу өҥөнөн икки урбаанньыт туһанан, 1 мөл. солкуобай суумалаах көмө оҥоһулунна.
📌 Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Мин бизнеһим» киин улуустааҕы салаатын нөҥүө тоҕус урбаанньыт ороскуоттарын сабыналларыгар 1 мөл. 249 тыһыынча солкуобай көмө ылбыттара. Бу үп кинилэр үлэлэрин цифровизациялыылларыгар, куортамнарыгар, итиэннэ олохтоох оҥорон таһаарааччыларга туһуламмыта.
📌 Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин иһинэн урбаанньыт аатын сүкпүт 20 киһи 3 мөлүйүөн 40 тыһыынча солкуобайдаах субсидиянан туһаммыттара. “СӨ предпринимательствоны сайыннарыыга пуондата” өрөспүүбүлүкэтээҕи кыра кирэдьиити биэрэр хампаанньа 1 мөл. 200 тыһ. солкуобай суумалаах үбү биир урбаанньыкка иэс биэрбитэ. Сыл түмүгүнэн, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар уонна дьарыктаныан баҕалаах 644 киһиэхэ дьыалаларын салгыылларыгар, туруктаах олохтоноллоругар туһуламмыт сүбэ-ама, күүс-көмө буолар үлэлэр тэриллибиттэрэ.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#урбаан
https://www.instagram.com/p/COMdNQwsVOC/?igshid=ga6xqfrho6rd

⭕ Хоро нэһилиэгин олохтоохторо – күөх Ньурба мааны кыыһа Айталина, хоту дойду хоһуун уола Руслан Малышевтар – дьоҕус бизнес тэринэн, улууска биир интэриэһинэй көрүҥү – маһынан, тимиринэн быһан араас уустук, кэрэ, дьэрэкээн көстүүлээх оҥоһуктары оҥорон таһаарар дьыаланы арыммыттара төрдүс сылыгар барда.
⭕ Онуоха Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин нөҥүө, “бэйэ дьарыктаах буолуутун көҕүлүүр” сыаллаах бырагырааманан 152 тыһыынча солкуобайдаах субсидияҕа тиксибиттэрэ дьыалаларын саҕалыылларыгар тирэх, итиэннэ Хоро нэһилиэгин дьаһалтата эдэр ыалга сир-уот биэрэн, олорор уонна уһанар дьиэ туттан, үлэ сайдарыгар улахан көмөнөн, өйөбүлүнэн буолбута.
⭕ Айталина ийэтинэн Уус Алдантан төрүттээх. Онон Майаҕаска олохсуйар баҕалара ылбычча буолбатах. Оҕо эрдэҕиттэн өрүү сылдьа үөрүйэх дойдутугар, идэтинэн алын сүһүөх кылаас учуутала үлэтэ көстөн, олохсуйардыы 2012 сыллаахха көһөн кэлбиттэрэ.
⭕ Ыал аҕата Руслан Малышев эр киһи быһыытынан айар-тутар, уһанар дьоҕурдаах. Ол дьарыгын аныгы олох тэтимигэр сыһыаран өссө сайыннарар баҕаттан, киһи илиитинэн дэбигис оҥоро охсубат уустук оноһуктарын айан-тутан таһаарар өҥөнү интэриэһиргээбитэ. Көмпүүтэр уонна анал ЧПУ фрезернэй станок көмөтүнэн кини баҕатын курдук үлэ түргэнник оҥоһуллуон сөбүн үөрэтэн барбыта.
⭕ “Киһи сатаабата суох” диэн санааттан станогун сакаастыы охсубута. Онтута, быһаччы эттэххэ, робот кэриэтэ этиллибит сорудаҕы биир да миллиметр халбаҥнаабакка оҥорон таһаарар олус табыгастаах эбит. Онуоха кэргэнэ Айталина бу инникилээх буолуоҕун таба өйдөөн, өйөөн, билигин иккиэн күннэтэ түбүгүрэ, айа-тута сылдьаллар.
🖊️ Суруналыыс Ольга Шепелева бу ыстатыйатын толору "Мүрү саһарҕата" хаһыат муус устар 23 күнүнээҕи 16-с нүөмэригэр эбэтэр хаһыат саайтыгар аах⏫⏫⏫
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#дьоҕусурбаан
#дьиэкэргэнбизнеһэ
https://www.instagram.com/p/COM5LqGsqpt/?igshid=1xuskd0yq5crt

🔺Компания «Эльгауголь», которая в прошлом году добыла около 7 млн тонн угля, планирует в нынешнем году увеличить добычу до 18 млн тонн, сообщил первый заместитель министра промышленности и геологии Республики Саха (Якутия) Михаил Кириллин по запросу спецпроекта «Якутия. 20 лет в 21 веке». В результате общий объем добычи угля в Якутии вырастет не менее чем на 75% – с 20 млн тонн в 2020 году до 35 млн тонн по итогам 2021 года.
📌 «К концу 2020 года Эльгинский комплекс вышел на объем добычи в 12 млн тонн в годовом выражении, и уже в 2021 году стоит задача – добыть 18 млн тонн. А это, в первую очередь, налоги в бюджет республики на реализацию социальных проектов и на развитие транспортной инфраструктуры», – сообщил Михаил Кириллин.
🔺 Он отметил, что за последние три года в Якутии запустили ряд крупных промышленных проектов. «Это обогатительная фабрика «Денисовская», крупнейшие объекты России – первая очередь угольной шахты «Инаглинская» и обогатительной фабрики «Инаглинская-2», в том числе современный угольный терминал «ВаниноТрансУголь». Уже в этом году состоялся торжественный запуск крупного производственного объекта – шахты «Восточная Денисовская». Все это позволит нам в перспективе увеличить объем добычи и производства угля, создать новые рабочие места, улучшить благосостояние население, укрепить экономику и позицию региона на энергетическом рынке России», – сказал первый заместитель министра промышленности и геологии Якутии.
Подробно читайте на сайте: ulus.media
#улусмедиа #Якутия. 20 лет в 21 веке #якутия20летв21веке
https://www.instagram.com/p/COM9_n9s06_/?igshid=1iz1z75nus15i

⭕ Саха сирин биллэр-көстөр суруналыыстара бүгүн, муус устар 28 күнүгэр, “төгүрүк остуол” тула түмүстүлэр. Мунньаҕы СӨ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева ыытта. “Төгүрүк остуол” ыалдьыттарынан Уус Алдан улууһун дьаһалтатын баһылыга Алексей Федотов, Мүрү нэһилиэгин баһылыга Василий Аммосов, СӨ Инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга министиэристибэтин отделын салайааччыта Станислав Софронов буоллулар.
⭕ Мунньахха сүрүннээн түөрт тиэмэ тула кэпсэтии таҕыста: бастакытынан, саха тылынан аан бастаан тахсыбыт официальнай хаһыаттар үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр кыттыы уонна сырдатыы; иккиһинэн, быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит Доруобуйа сылыгар маассабай успуорка, доруобуйа харыстабылыгар сыһыаннаах матырыйааллары суруйуу; үсүһүнэн, саха тылынан тахсар кумааҕы хаһыат дьылҕата итиэннэ суруналыыстар хамнастара; төрдүһүнэн, 2022 сылга Уус Алдаҥҥа ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньууларыгар бэлэмнэнии үлэтин сырдатыы уонна оонньуу кэмигэр суруналыыстар түһэр сирдэрэ.
⭕ Улуус бэрэстэбиитэллэрэ бу тэрээһиҥҥё кыттыылара 2022 сылга ыытыллыахтаах спортивнай оонньууларга бэлэмнэниини, ону таһынан оонньуулары сырдатыыга төһүү күүс буолуоҕа.
🖊️ Суруналыыс Айаал Молокотин бу ыстатыйатын толору хаһыат саайтыгар аах⏫⏫⏫
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#суруналыыстыка
#сахасиринноруоттарынVIIIспортивнайоонньуулара
#төгүрүкостуол
https://www.instagram.com/p/CONAXH0M_qV/?igshid=11xgknbyddezu

🏥🩺
⭕ Доступная диспансеризация для всех. Расширенные программы медицинской помощи запустят с 1 июля⏫⏫⏫
https://www.instagram.com/p/CONNwIxs1R8/?igshid=o59aawpxnejs

🏖🐬
⭕ Еще больше отдыха: Владимир Путин предложил возвращать родителям половину стоимости путевки в детский лагерь и продлить программу туристического кэшбэка до конца года.
https://www.instagram.com/p/CONN6JUsoLm/?igshid=1pyz833fg1p8k

⭕ II Лөгөй нэһилиэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммит күнүгэр олохтоох бэйэни салайыныы үрдүкү уорганын – Степной Думаны – тэрийсибит, салайбыт биир дойдулаахпыт Иван Мигалкин төрөөбүтэ 250 сылынан уонна улууска Сомоҕолоһуу, аймыньалаах үлэ, нэһилиэккэ Төрөөбүт дойдуга таптал сылларынан тэрилтэлэр икки ардыларыгар "Төрөөбүт дойдубун туойабын" бэстибээл түмүктэннэ.
⭕ Манна “Татыйык” уһуйаан кэлэктиибэ кыайыылааҕынан таҕыста. Иккис үрдэлгэ – П.В.Аммосов аатынан Тулуна орто оскуолатын кэлэктиибэ, үһүс үрдэлгэ олохтоох дьаһалта, Тулунатааҕы ветучаастак, модельнай бибилэтиэкэ, амбулатория уонна ДьУоКХ үлэһиттэрэ ааттаннылар.
⭕ Итини таһынан, орто оскуолаҕа “Эһигинэн киэн туттабыт” тэрээһин ыытылынна. Манна үөрэнээччилэр кылаастарынан бука бары нэһилиэкпититтэн төрүттээх биллиилээх биир дойдулаахтарын, сэрии бэтэрээннэрин туһунан медиапрезентация оҥорон, хаартысканан планшеттары туһанан иһитиннэриилэри оҥордулар.
⭕ Тэрээһини 10 кылаас үөрэнээччилэрэ Диана Гоголева, Сардаана Румянцева бырааттыы Хаабыһаптарга анабыл хоһоону суруйан аахпыттара киэргэттэ.
⭕ Кэрэхсэбиллээҕэ баар – кылаастар иһитиннэрии оҥорбут биир дойдулаахтарын ааттарынан ааттаннылар, онон кэлэр өттүгэр даҕаны оҕолор бу дьон тустарынан, кинилэр хорсун, үтүөкэн быһыыларын, холобур буолар олохторун өссө үөрэтиэхтэрэ, чинчийиэхтэрэ турдаҕа.
🖊️ Мариса Васильева – Күбэйэ, уопс. кэрэсп.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тулуна
#өрөспүүбүлүкэкүнэ
https://www.instagram.com/p/CONZrwwMF-T/?igshid=t7d37wefkl9d

⭕ Улуус култуураҕа управлениетын тэрийиитинэн муус устар 28 күнүгэр улуус мелодистара кыттыылаах мунньах буолла. Управление салайааччыта Иннокентий Аммосов сүрүн болҕомтону Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар, эһиил ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньууларыгар анаммыт ырыалар айыллыыларыгар, ол ырыаларга клип уһуллуутугар үлэ барыахтааҕар туһаайда.
⭕ Мунньахха үбүлүөйдээх сылларга уонна спортивнай оонньууларга сыһыаннаах култуура тэрээһиннэрин туһунан киэҥ ырытыылаах кэпсэтиилэр таҕыстылар.
📌 Бу туһунан сиһилии хаһыат саайтыгар анаан улуус култуураҕа управлениетын кылаабынай исписэлииһэ Анна Федорова ыстатыйатын аах⏫⏫⏫
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#култуура
#кэрээйгэтэ
#тэрээһинмунньах
https://www.instagram.com/p/CONf_KaM-d0/?igshid=13nt3miew2cfg

⭕ Кэптэни олохтоохторо Мария , Виктор Александровтар 1971 сыллаахха муус устар 10 күнүгэр сүрэхтэрин холбоон ыал буолбуттара. Үйэ аҥаара – эттэххэ дөбөҥ, бу сыллар усталарыгар олох араас очурдарын, үөрүүтүн, аһыытын иккиэн бииргэ санныларыгар сүгэн кэллэхтэрэ.
⭕ Ыал буолан түөрт уол оҕону күн сирин көрдөрөн, иитэн, үөрэттэрэн үлэһит, ыал аҕалара оҥорбут туохха да тэҥнэммэт ситиһиилэрэ, ону ситэрэн сиэннэр, хос сиэн эйэҕэс эбэтэ, элэккэй эһэтэ буолар дьолу биллилэр.
⭕ Мария Петровна Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун кэтэхтэн бүтэрэн, бухгалтер идэлээх, Виктор Иннокентьевич суоппар идэлээх, олоҕун 27 сылын тиэхиньикэҕэ анаабыт, 1993 – 2013 сылга диэри "Эрбэһин" бааһынай хаһаайыстыба тэринэн сүөһү, сылгы иитиитинэн дьарыктаммыта. Уолаттар аҕаларын утумнаан суоппардар.
⭕ Александровтар – Лөгөй нэһилиэгин бочуоттаах олохтоохторо. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата элбэх оҕолоох ыалга болҕомто уурар сокуонугар олоҕуран уонна коммунистическай үлэ ударнига бэлиэлээх буолан, Мария Петровна 49 сааһыгар "Үлэ бэтэрээнэ" буолбута, 1974, 1987 сылларга Баатаҕай олохтоох сэбиэтин дьокутаатынан талыллан бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, 2006 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын бүтүн Сойуус үрдүнэн ыытыллыбыт биэрэпиһи үтүө суобастаахтык ыыппытын иһин мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Олоҕун ааҕар-суоттуур эйгэҕэ анаан үрдүк көрдөрүүлэрин иһин “Уус Алдан улууһугар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга кылаатын иһин”, “Нэһилиэк олоҕор актыыбынай кыттыытын иһин”, “Уус Алдан улууһугар култуураны сайыннарыыга кылаатын иһин” бэлиэлэр хаһаайкалара. Өр сыллаах үлэтэ сыаналанан, Виктор Иннокентьевич эмиэ "Үлэ бэтэрээнэ", "Партизан Заболоцкай аатынан сопхуос бочуоттаах механизатора", “Уус Алдан улууһугар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга кылаатын иһин” бэ�лиэлэрдээх.
⭕ Ытык ыалбыт, эһигини 50 сыл бииргэ сарын-сарыҥҥытыттан өйөнсөн кэлбит үбүлүөйдээх күҥҥүтүгэр эҕэрдэ үтүөтүн, баҕа санаа бастыҥын аныыбыт.
🖊️ Ульяна Бурнашева, уопс. кэрэсп.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#үбүлүөй
#кэптэни
https://www.instagram.com/p/COOy8XHMj2Z/?igshid=1wq25sv2zffro

🎉🎉🎉
⭕ “Мүрү саһарҕата” хаһыат эрэдээксийэтэ Саас уонна Үлэ бырааһынньыгын көрсө “ҮЛЭНЭН ИИТЭБИТ” хаартысканан куонкурус түмүгүн таһаарда.
📌 Бары көрбүккүт курдук, кыайыылааҕынан Мындаабаттан “Кэнчээри” уһуйаан иитиллээччитэ – 6 саастаах Эрхан Марков буолла. Ийэтин тутаах көмөлөһөөччүтэ Эрхан хаартыскаларыгар 742 ❤️ баттанна.
🎉🎉🎉 Кыайыылааҕы эҕэрдэлиибит уонна эрэдээксийэ анал бирииһин – “ИНСТАБУК” хаартыска альбомун оҥотторорго СЕРТИФИКАТЫ бэлэхтиибит.
📌 Кыттааччыларга барыларыгар махтанан туран, куонкуруска кыттыбыттарын туоһулуур сертификаттары ыытыахпыт👏👏👏
🎉🎉🎉 Куруук маннык көхтөөх буолуҥ, өссө даҕаны биһиги куонкурустарбытыгар кыттаарыҥ диэн ыҥырабыт😉
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#үлэнэниитэбит
#куонкурустүмүгэ
https://www.instagram.com/p/COPIEOHs4qx/?igshid=dbkoho6siwp5

⭕ Эдэр дьиэ кэргэттэри дьиэнэн хааччыйыы федеральнай бырагыраама чэрчитинэн, Уус Алдан улууһугар сэттэ ыал субсидияҕа тиксибиттэрин туоһулуур суруктары туттулар. Бу көмөну туһанан, 2006 сылтан олоххо киирбит бырагырааманан 2021 сылга диэри 145 эдэр ыал улуус араас муннуктарыгар дьиэ туттан эбэтэр атыылаһан олохсуйар кыахтаннылар.
⭕ Үс өрүттээх көмө чэрчитинэн, Уус Алдан улууһун бюджетиттэн утары үп көрүллэн, күн бүгүнүгэр диэри бырагыраама улууска ситиһиилээхтик үлэлиир.
⭕ Ол курдук, урукку өттүгэр 1 мөл. солк. үп утары угуллар буоллаҕына, сыллата суума үрдээн иһэр. Быйылгы көмөҕө 2 мөл. 719,702 тыһыынча үп утары угуллубут.
⭕ Маны тэҥэ, Бэрт Ууһун нэһилиэгин дьаһалтатын бюджетиттэн эмиэ 388 тыһ. 528 солкуобай үп көрүллэн, нэһилиэккэ эдэр ыал дьиэ туттар кыахтанна.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#дьиэнэнхааччыйыы
#субсидия
https://www.instagram.com/p/COPK1DSsX9x/?igshid=18rbyl1ozo70x

⭕ Өнөрдөөҕү “Тускул” сынньалаҥ киинэ муус устар 3 күнүттэн саҕалаан 26-с чыыһылаҕа диэри дьахталларга ырыа ансаамбылларын көрүүгэ ураты күрэһи тэрийэн ыытта. Бу бырайыагы СӨ култуура туйгуна, мелодист, аккомпаниатор, олоҕун култуура эйгэтигэр анаабыт Василий Федоров толкуйдаабыта.
⭕ Күрэс дистанционнай көрүҥүнэн ыытылынна, онно Уус Алдан, Амма, Нам, Кэбээйи, Таатта, Горнай, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан уопсайа 29 ансаамбыл кыттыыны ылла. Дьүүллүүр сүбэҕэ “Дуолан”, “Тоҕуй” эр дьон ансаамбылларын чилиэннэрэ СӨ култуура туйгуннара Ион Лукачевскай, Василий Петухов, Дмитрий Бурнашев үлэлээтилэр.
⭕ Ансаамбылынан, солонан уонна дуэтынан толоруулар сыаналананнар, “Кэхтибэт талаан” анал аат Кэбээйиттэн Мукучу бөһүөлэгин “Күбэйэ” ансаамбылыгар ананна (сал. Л. Кириллова, Р. Степанова); “Ыллам ырыалаах эдэр саас” анал ааты Бороҕонтон “Кэскилээнэ” ансаамбыл ылла (сал. А. Пермякова); “Кэскиллээх саҕалааһын” анал аатынан эмиэ Бороҕонтон “Сарыада” ансаамбыл бэлиэтэннэ (сал. М.Герасимова); “Иэйиилээх дуэтынан” Амматтан “Дьүөгэлиилэр” ансаамбыл дуэта буолла (сал. А. Матвеева, Е. Захарова); “Кэрэ куолас” аат Эһэлээх бөһүөлэгиттэн “Дьүөгэ” ансаамбыл солиһа Евдокия Бурцеваҕа ананна (сал. В. Федоров).
⭕ Оттон 3-с истиэпэннээх дипломант аатын Намтан “Эҥсиэли Хотуттара” ансаамбыл ылла (сал. И.Неустроева); 2-с истиэпэннээх дипломунан Эһэлээхтэн “Иэйии” ансаамбыл бэлиэтэннэ (сал. В. Федоров); 1-кы истиэпэннээх дипломант аатын Мукучуттан “Айыллаана” ансаамбыл ылла (сал. А. Макарова).
⭕ I Хоро нэһилиэгиттэн “Күбэйэ” ансаамбыл (сал. А.Свинобоева), Амматтан “Айыллаана” ансаамбыл (сал. Л.Захарова, С. Пестерева-Антонова) уонна Балыктаах бөһүөлэгиттэн “Найахыына” ансаамбыл (сал. Дь. Гаврильев) туһааннааҕынан 3-с, 2-с, 1-кы истиэпэннээх лауреат буоллулар.
🎉🎉🎉 Дьэ, уонна Кылаан бирииһи Эһэлээх бөһүөлэгин “Дьүөгэ” ансаамбыла (сал. В. Федоров) тутта.
🖊️ Варвара Парникова – Үүйэ, уопс. кэрэсп.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#өнөр
#кэрээйгэтэ
#ырыакүрэһэ
https://www.instagram.com/p/COPRQGHs9iY/?igshid=cj3edwoo76af

⭕ Мүрү 1-кы №-дээх орто оскуолатыгар сааскы ылааҥы күннэргэ үгэскэ кубулуйбут “Ыллаа, үҥкүүлээ, оҕо саас!” бэстибээл ыытылынна. Бу тэрээһин – оҕо аймах, учуутал, төрөппүт бары күүтэр бырааһынньыктара. Бэстибээли үгэскэ кубулуппут “Кэнчээри” оҕо ансаамбылын салайааччыта Василий Парников төһө да бу өр кэмҥэ кэтэхтэн үөрэннэрбит, хайаан даҕаны ыытыллыахтаах диэн туруулаһан оҥоттордо.
Кылаас бүтүннүү кыттар оҕо бырааһынньыга быйыл баара-суоҕа түөрт көрүҥҥэ – хорунан, солонан, ансаамбылынан толорууларга уонна бөлөҕүнэн үҥкүүгэ – ыытылынна. Ол да буоллар сылы быһа күүппүт үөрэнээччилэр үөрэн-көтөн кытыннылар, астыннылар. Быйылгы бэстибээл Улуу Кыайыы 76, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов төрөөбүтэ 100, улууспутугар Сомоҕолоһуу уонна айымньылаах үлэ, “Ыллаа, үҥкүүлээ, оҕо саас!” бэстибээл ыытыллыбыта 35 сылларыгар ананна.
⭕ Бары кылаастар саҥа көстүүмнэммиттэр, бөлөҕүнэн үҥкүүлэр быдан хаачыстыбалаах буолалларыгар хореографтар үлэлэспиттэр. Онон дьүүллүүр да сүбэ балай да кытаанахтык сыаналаата. Ол курдук, бэрэссэдээтэлинэн Василий Парников, үҥкүүлэри оскуола учуутала – “Виктория Данс” уонна “Дьүөгэлэр” ансаамбыллар чилиэннэрэ Ксения Румянцева, ырыалары В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан киин хормейстера Айталы Слепцова, музыкальнай оскуола преподавателэ Лилия Слепцова уонна Мүрү 2-с №-дээх оскуолатыгар музыка учууталынан өр кэмҥэ үлэлээбит Дмитрий Бурнашев үлэлээтилэр.
⭕ Бэстибээл кыайыылаахтарын ааттара дорҕоонноохтук ааттаннылар. Ол курдук, Гран-при үрдүк аатын 1-2 кылаастарга – 2 “в” кылаас (кыл. сал. Е.С.Парникова), 3-4 кылаастарга – 4 “г” кылаас (кыл. сал. Д.И. Петухова), 5-6 кылаастарга – 6 “б” кылаас (кыл. сал. Л.В. Бурцева), 7-8 кылаастарга – 7 “а” кылаас (кыл. сал. А.П. Сивцева), 10-с кылаастарга – 10 “а” кылаас (кыл. сал. А.Н.Артамонорва) ыллылар.
⭕ Ырыаһыт кылаастарынан 4 “г”, 6 “в”, 8 “б”, 10 “а”, 2 “в” кылаастар ааттаннылар, оттон оскуола бастыҥ үҥкүүһүт кылаастара 1 “в”, 10 “б”, 7 “а”, 7 “в”, 5 “в”, 4 “в” эбиттэр.
🖊️ Уопс. кэрэсп. Мария Аммосова бу ыстатыйатын салгыытын комментарийдарга эбэтэр хаһыат саайтыгар аах⏫⏬⏫
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#мсош1
https://www.instagram.com/p/COPYopBM5f3/?igshid=lqdwkwhcmtlr

👷♂️🏫Генеральный директор ГКУ "Дирекция жилищного строительства Республики Саха (Якутия) Игорь Васильевич Ткаченко проведет 29 апреля прямой эфир на официальной странице Администрации Главы и Правительства республики в социальной сети Инстаграм.
🔻Игорь Ткаченко расскажет о механизмах программы по переселению граждан из аварийного жилищного фонда, о первых результатах реализации программы в текущем году, исполнении национального проекта «Жилье и городская среда», а также ответит на актуальные вопросы, которые поступят в ходе прямого эфира.
🕔 Начало – в 17 час. 00 мин.
https://www.instagram.com/p/COPa34ZsUuf/?igshid=17p8b24std1vu

Необходимо получить справку на молочную кухню?👶
Можете получить эту справку на региональном портале государственных услуг - e-yakutia.ru @gosuslugi_14 👍👍👍
✅ Для этого нужно зарегистрироваться и войти в свой личный кабинет на портале.
🔹На главной странице во вкладке «Популярные услуги» выберите раздел «Популярные детские пособия»
🔹Если Вы уже получаете ежемесячное пособие на ребенка, то необходимо оформить справку о получении пособия, из предоставленного списка выберите «Выдача справок о получении пособия на ребенка», а в случае, если Вы не получаете пособие выбираете «Выдачу справки о признании семьи малоимущей»
🔹Затем заполните и отправьте заявление.
🔹После рассмотрения заявления органом справка будет направлена в личный кабинет в электронной форме 👌
✅ Много полезной информации в аккаунте портала:
@gosuslugi_14
@gosuslugi_14
@gosuslugi_14
Легко и удобно, портал e-yakutia.ru!
#Госуслуги14 #СахаСирэ #Якутия
https://www.instagram.com/p/COPbzP5neqF/?igshid=zgpdli7igfrm

🔺 В 2021 году промышленное производство в Якутии должно вырасти на 10%
🔺За последние 12 лет промышленные компании Якутии направили на развитие нашей республики более 30 миллиардов рублей. Это позволило построить свыше 30 социальных объектов. Лидеры промышленной отрасли берут на себя ремонт и строительство дорог, возводят физкультурно-оздоровительные комплексы и объекты культуры.
🔺В этом году промышленное производство в Якутии должно вырасти на 10% – такую задачу ставит Айсен Николаев правительству нашей республики.
🔺 Планируется, что к 2024–2025 году добыча угля в Якутии вырастет в 2,5 раза – до 50 миллионов тонн. Компания «Эльгауголь» готова уже в этом году нарастить добычу до 18 миллионов тонн, а к 2023 году – создать не менее 20 тысяч новых рабочих мест. В Усть-Янском районе начнут добычу олова на месторождении Тирехтях, на Нежданинском золоторудном месторождении в этом году ожидается запуск в эксплуатацию крупнейшего горно-обогатительного комбината. Более подробно смотрите инфографику спецпроекта "Якутия. 20 лет в 21 веке" 👆🏻
#улусмедиа #Якутия. 20 лет в 21 веке #якутия20летв21веке
https://www.instagram.com/p/COPjnSlsG5r/?igshid=neaulqvsgaul

⭕ Уус алданнар киэн туттар өбүгэлэрбит ааттарын бу эбийиэктэргэ иҥэрии туһунан быһаарыыга улуус дьаһалтатын баһылыга Алексей муус устар 28 күнүгэр илии баттаата. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
⭕ Бэлиэтээн эттэххэ, улуус киинин киин болуоссатыгар Лөгөй Тойон аатын иҥэриини, оттон стадион Майаҕатта Бэрт Хара аатынан хааларын туһунан этиилэр ааспыт сыл сэтинньитигэр улуус баһылыгын кытта мунньахха киирбиттэрэ.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#лөгөйтойон
#майаҕаттабэртхара
https://www.instagram.com/p/COPrLpas7zD/?igshid=128739kxar7ex

⭕️ «Мүрү саһарҕата» хаһыат «Өспөт пуолка» балаһатыгар бэтэрээннэри үйэтитиҥ
⭕️Улуу Кыайыы 76 сылыгар Кыайыыны уһансыбыт ытык эһэлэргит, тыылга хорсуннук үлэлээбит эбэлэргит ааттарын үйэтитэн улуустааҕы “Мүрү саһарҕата” хаһыат “Өспөт пуолка” балаһатыгар бэчээттэтэргитигэр ыҥырабыт.
⭕️ «Өспөт пуолка» балаһатыгар оскуола оҕолоро, ыччат дьон бэтэрээн эбэлэрин, эһэлэрин хаартыскаларын кытары кытталлар.
📌Бэтэрээн толору аатын, ханна сэриилэспитин ону кытары кыттааччы бэйэтин аатын-суолун, оскуолатын, үлэлиир сирин суруйан ыытар.
⭕️ «Өспөт пуолка» балаһаҕа бэчээттэнэн кыттыан баҕалаахтар хаартыскаларгытын 89248653258, 89644293039 нүөмэрдэргэ ватсап, телеграм нөҥүө ыытыҥ.
⭕️ «Өспөт пуолка» өрөгөйдөөх Улуу Кыайыы күнүгэр ытык дьоммут аатын ааттаттын.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#улуукыайыы76сыла
https://www.instagram.com/p/CORWKAIsEPf/?igshid=1d57znckntzha

⭕️ "Биһиги, "Мындыр" түмсүү иистэнньэҥнэрэ, 2022 сылга ыытыллаары турар Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньууларын көрсө "Удьуор утум" түмсүү ыҥырыытын ылынныбыт.
📌 Бу ыҥырыынан уонна Автономия тэриллибитэ 100 сылынан 100 олбоҕу тигэн, бэйэбит сэмэй кылааппытын киллэрэрбитин биллэрэбит.
⭕️ Ыҥырыыга кыттыһан, бука бары айар-тутар дьарыктаах түмсүүлэри улууспутугар Сомоҕолоһуу, айымньылаах үлэ сылын туһун тутуһан, кыттыһан, күүс-көмө буоларгытыгар ыҥырабыт”, – диэн түмсүү аатыттан СӨ норуотун маастара, Уус Алдан улууһун, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Мария Семеновна Атласова, СӨ уус-уран оҥоһуктарга маастардара Ольга Петровна Колодезникова, Иван Иннокентьевич Окоемов ыҥырыы таһаардылар.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#ыҥырыы
#кэрээйгэтэ
#спортивнайоонньууларыкөрсө
#бороҕон2022
https://www.instagram.com/p/CORhwgyMu98/?igshid=xbtqndoya6lr