Олунньу – Одун хаан ыйа
Бу ый былыргынан бүтэй кэм.
Олунньуга саас кэлиитин, сайын хайдах буолуон билгэлииллэр
Бүгүн ый
Бөлүүн биллэрдик
Сарсыардааҥҥы ыраас, сибиэһэй салгын барахсан тыынарга-үчүгэйиэн
Олунньу ый
Олунньу ыйбыт таайтарыылаах,
Одун Хаан таҥаралаах,
"Улуу, модун" диэн өйдөбүллээх,
Олус Ытык төрүттээх.
Өбүгэлэрбит өркөн өйдөрүнэн
Үгүһү мындырдык билэллэрэ,
Өҥ-кураан сайын буоларын
Эрдэттэн билэн дьаһаналлара.
Олунньуга сайыны билгэлииллэрэ,
Айылҕаны күннэтэ кэтииллэрэ,
Ый, үргэл көстүүтүн маныыллара,
Уу-хаар тахсарын быһаараллара.
Ардахтаах сайынтан үөрэллэрэ
Отторо хойуутук үүнүөҕүттэн,
Уйгулаах быйаҥтан тиксэллэрэ
Оту өлгөмнүк оттооннор.
САЛАЛЛЫЛЛЫБЫТ САҤА
Альбина Аммосова
@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Күннээҕи гороскоп✨
💫 Олунньу 2 күнэ💫
⠀
Хой ♈️
⠀
Айар-тутар куттаах дьоҥҥо саҥа иэйии киириэ, ситиһии кынаттаныаҥ
⠀
Оҕус ♉️
⠀
Хайдахтаах да түгэҥҥэ тулалыыр дьоҥҥун үөрдэ-көтүтэ сатаа
Игирэлэр ♊️
⠀
Санааҕын түһэримэ, туох баар буолар барыта үчүгэйгэ
⠀
Рак ♋️
⠀
Чугас дьонуҥ эйиэхэ буолбакка, атын дьоҥҥо соло булалларыттан кыйаханыаҥ
Хахай ♌️
⠀
Истиҥ чугас сыһыаны алдьатыма, бэйэҕин эрэ санаама. Сибиэһэй салгыҥҥа сылдьар туһалаах буолуо диэн сулустар сүбэлииллэр
Кыыс ♍️
Уруккуну уларыта сатаама, буолбут буоллаҕа, ол онно сыһыаҥҥын уларыт
⠀
Ыйааһын ♎️
⠀
Икки киһи ылсан үлэлиир үлэтигэр биир эрэ өрүт үлэлиилэрэ табыллыбат. Тапталлааххын кытары бүгүҥҥү киэһэни атаара сатаа
⠀
Скорпион ♏️
Биир киһиэхэ олус эрэллээххин, олус эрэнэҕин. Мээнэ элбэҕи дьоҥҥо эрэннэрбэт ордук
⠀
Охчут ♐️
⠀
Хас биирдии хомойуу эйиэхэ хараххын арыйар, сүрэххин сабар. Харчыга сыһыаннаах дьыалалар таһаарыылаах буолуохтара
Чубуку ♑️
⠀
Тоҕо эрэ дууһаҥ олус нүөлүйэр. Күн иккис аҥаарыгар сынньанар ордук буолуо
Күрүлгэн ♒️
⠀
Эйигиттэн аккаастаммыт дьону төттөрү олоххор төттөрү төннөрүмэ. Үлэ чааһыгар улахан суолталаах дьыалалары быһаарыаҥ
Балыктар♓️
Элбэххэ хараххын симиэххин сөп эрээри, кини алҕаһаатаҕына, таах аһардыбаккын. Аҕам саастаах дьоҥҥо болҕомтолоох буоларыҥ ирдэнэр

"Онуоха "Якутскэнерго" ПАУо персонала уота суох хаалбыт улуустарга суһаллык дизельнэй электростанциялары холбуур үлэни ыытта", – диэн хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Военкоры Якутии
❗Военкоры Якутии прибыли в зону СВО
Военкоры НВК «Саха» Николай Бястинов и Илья Жараев сегодня начали работать в зоне проведения специальной военной операции.
Их задача - показать объективную картину происходящего, рассказать как сражаются бойцы из республики, как работают территориальные опорные пункты в Якутии в зоне СВО.
✔«Сегодня очень важно донести правдивую и оперативную информацию до нашего телезрителя и радиослушателя. Благодаря коллегам - военкорам мы узнаём что происходит на передовой и в новых российских регионах», – считает первый заместитель генерального директора НВК «Саха» Ирина Ефимова.
@voenkory_yakutii

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#баһылыкотчуота
💬 Улуус баһылыгын отчуота сарсын Мүрү нэһилиэгинэн түмүктэнэр
Сарсын, олунньу 3 күнүгэр, баһылык Алексей Федотов ааспыт 2022 сылга ыытыллыбыт үлэни-хамнаһы билиһиннэрэр отчуота Мүрү нэһилиэгэр буолуоҕа.
Ол курдук бастаан Мындааба бөһүөлэгэр "Мындааба" сынньалаҥ киинигэр 14.00 чаастан, онтон Бороҕоҥҥо 17.00 чаастан Василий Никифоров аатынан "Тойон Мүрү" култуура дыбарыаһыгар ыытыллыаҕа.
Олохтоох нэһилиэнньэни отчуокка көхтөөхтүк кыттарга ыҥыраллар.
@murusahargata
Сарсын, олунньу 3 күнүгэр, баһылык Алексей Федотов ааспыт 2022 сылга ыытыллыбыт үлэни-хамнаһы билиһиннэрэр отчуота Мүрү нэһилиэгэр буолуоҕа.
Ол курдук бастаан Мындааба бөһүөлэгэр "Мындааба" сынньалаҥ киинигэр 14.00 чаастан, онтон Бороҕоҥҥо 17.00 чаастан Василий Никифоров аатынан "Тойон Мүрү" култуура дыбарыаһыгар ыытыллыаҕа.
Олохтоох нэһилиэнньэни отчуокка көхтөөхтүк кыттарга ыҥыраллар.
@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэтэ
💢 "Олоҥхо дьиэтэ" этно-култуурунай кииҥҥэ 4,5 мөлүйүөн кэриҥэ суумалаах грант көрүлүннэ
💬 Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев тус дьаһалыгар олоҕуран, улуустар аайы Олоҥхо дьиэлэрин биир ситимнээн тэрийиигэ анал үп көрүллэн тыырылынна. "Онуоха Уус Алдан улууһугар кэмигэр сөптөөх дьаһал ылыллан, улууспут этно-култуурунай киинигэр 4 498 200 солкуобай суумалаах анал грант бэриллэр буолла", – диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Бу үп этно-култуурунай киин материальнай-тиэхиньиичэскэй базатын бөҕөргөтүүгэ уонна Дмитрий Говоров – Олоҥхоһут Миитэрэй төрөөбүтэ 175 сылыгар анаан "Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө" олоҥхону Олоҥхо тыйаатырын кытта холбоһуктаах испэктээги туруорууга ананыаҕа диэн "Олоҥхо дьиэтэ" этно-култуурунай киин үлэһиттэрэ эттилэр.
@murusahargata
Бу үп этно-култуурунай киин материальнай-тиэхиньиичэскэй базатын бөҕөргөтүүгэ уонна Дмитрий Говоров – Олоҥхоһут Миитэрэй төрөөбүтэ 175 сылыгар анаан "Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө" олоҥхону Олоҥхо тыйаатырын кытта холбоһуктаах испэктээги туруорууга ананыаҕа диэн "Олоҥхо дьиэтэ" этно-култуурунай киин үлэһиттэрэ эттилэр.
@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#доруобуйахарыстабыла
🩺 🔬 🚑 Медиктэр десаннара Өспөххө үлэлээтэ
💬 Бэҕэһээ улуустааҕы кииннэммит балыыһа быраастара ыраах сытар Дыгдаал бөһүөлэгэр тиийэн олохтоох нэһилиэнньэни көрдүлэр-иһиттилэр.
📍 Өспөхтөр миэстэтигэр тиийбит быраастарга көрдөрөн, УЗИ аппараатыгар түһэн, анаалыс туттаран астыннылар, махталларын биллэрдилэр.
@murusahargata
@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#доруобуйахарыстабыла
⏺ "Доруобуйа дьаарбаҥката" үлэтин Өспөх нэһилиэгиттэн саҕалаата
🚑 "Бэҕэһээҥҥи меддесант "Доруобуйа дьаарбаҥката" тэрээһин чэрчитинэн ыытылынна, биһиги нэһилиэкпититтэн саҕаланна. – диэн Өспөх нэһилиэгин баһылыга Лена Свешникова иһитиннэрдэ. Салгыы:
– Наһаа наадалаах быраастар: онколог, гинеколог, эндокринолог, невролог, узист, стоматолог үлэлээтилэр. Анаалыс араас көрүҥүн (ОАК, биохимия, гормоннар, онкомаркердар, гликированнай гемоглобин) ыллылар, ЭКГ түһэрдилэр.
Улууспутугар медицина кэм ирдэбилигэр тэҥҥэ хардыылаһан иһэриттэн, кырыы нэһилиэк дьоно бэртээхэй дьаһал ыытыллан, исписэлиистэргэ көрдөрүннүбүт диэн махталлара улахан, өссө да сайдыы кэлэн иһиэ диэн эрэллэрэ күүһүрдэ.
Бу маннык улуус дьонун-сэргэтин олоҕун хаачыстыбата тупсарыгар туһуламмыт тэрээһиҥҥэ тус эппиэттээх салайааччыга – кылаабынай быраас Анна Петроваҕа махтанабыт, медиктэр түбүктээх үлэлэригэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт, – диэтэ.
✍️ Мария Аргунова

#БороҕоннооҕуРЭСиһитиннэрэр
⚡️ Эбиэттэн киэһэ бөһүөлэктэргэ уоту араарыылар оҥоһуллуохтара
Бөөлүүн уонна бүгүн сарсыарда 220 кВ кыамталаах "Майа" подстанцияҕа саахал тахсан ону туоратыыга үлэ салҕанар. Бүгүн күнүс 12.00 чаастан илин эҥээр улуустары электричество уотунан хааччыйыыга СӨ ДьУоКХ уонна энергетикэ министиэристибэтигэр суһал ыстаап мунньахтаабытын түмүгүнэн тустаах улуустар салалталарыгар сорудахтар бэрилиннилэр диэн министиэристибэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Оттон “Якутскэнерго” ПАУо пресс-сулууспата Амма, Чурапчы, Таатта, Уус Алдан, Томпо улуустарыгар уоту биэрии резервнэй дизельнэй станциялартан веернай араарыылар анал графиктарынан хааччылларын биллэрдэ.
Өрөмүөн үлэтэ ыытыллар кэмигэр күнүс 13.00 чаастан киэһэ 20.00 чааска диэри Уус Алдан, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы уонна Хаҥалас улуустарын сорох нэһилиэнньэлээх пууннарыгар энергетиктэр уоту быстах кэмҥэ араарарга күһэллэллэр.
⚡️ “Онон эбиэт кэннэ Мэҥэ Хаҥалас Маттатыгар, Уус Алдаҥҥа Саһылыкааҥҥа, Тумулга, Суоттуга, Арыы Тииккэ, Сыырдаахха, Арыылаахха, Бэйдиҥэҕэ, Окоемовкаҕа, Кэптэнигэр, Даалыга, Баатаҕайга, Элэһиҥҥэ, Дүпсүҥҥэ, Уһун Күөлгэ, Балыктаахха, Чэриктэйгэ, Бээдигэ, Дыгдаалга, Тандаҕа, Тиит Арыыга, Бээрийэҕэ, Кылаайыга, Нам улууһун II Хомустааҕар, Көбөкөнүгэр, Арбыныгар, Фрунзетыгар уоту быстах араарыылар буолуохтара, салгыы мощность тиийбэт түгэнигэр анал графигынан иккилии, үстүү чаастаах веернай араарыылар оҥоһуллуохтарын сөп. Оттон Уус Күөлэ, Балаҕаннаах бөһүөлэктэрэ Чурапчыга тиийэр уот ситимигэр холбонон олороллор, онон кинилэргэ туһунан графиктаахтар”, – диэн Бороҕоннооҕу РЭС диспетчерскэй сулууспата иһитиннэрдэ.
Үөһээ ааттамматах бөһүөлэктэргэ уонна Бороҕон сэлиэнньэтигэр уоту араарыы туһунан эбии иһитиннэрии кэллэҕинэ таһаарыахпыт✊
@murusahargata
Бөөлүүн уонна бүгүн сарсыарда 220 кВ кыамталаах "Майа" подстанцияҕа саахал тахсан ону туоратыыга үлэ салҕанар. Бүгүн күнүс 12.00 чаастан илин эҥээр улуустары электричество уотунан хааччыйыыга СӨ ДьУоКХ уонна энергетикэ министиэристибэтигэр суһал ыстаап мунньахтаабытын түмүгүнэн тустаах улуустар салалталарыгар сорудахтар бэрилиннилэр диэн министиэристибэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Оттон “Якутскэнерго” ПАУо пресс-сулууспата Амма, Чурапчы, Таатта, Уус Алдан, Томпо улуустарыгар уоту биэрии резервнэй дизельнэй станциялартан веернай араарыылар анал графиктарынан хааччылларын биллэрдэ.
Өрөмүөн үлэтэ ыытыллар кэмигэр күнүс 13.00 чаастан киэһэ 20.00 чааска диэри Уус Алдан, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы уонна Хаҥалас улуустарын сорох нэһилиэнньэлээх пууннарыгар энергетиктэр уоту быстах кэмҥэ араарарга күһэллэллэр.
Үөһээ ааттамматах бөһүөлэктэргэ уонна Бороҕон сэлиэнньэтигэр уоту араарыы туһунан эбии иһитиннэрии кэллэҕинэ таһаарыахпыт
@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
"Билигин уопсайа 8 КТП араарылынна, онтон үс чааһынан ити КТП-лары холбоон баран, атын 8 КТП-ны араарыахпыт", – диэн диспетчерскэй сулууспаттан эбии иһитиннэрдилэр.
@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Өлүөнэ өрүһү туоруур Суотту – Кангаласс мууһунан айан суола бүгүҥҥүттэн 30 тоннаҕа диэри автотырааныспар сырыытыгар аһылынна.
@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#илгэтөрдө
🗣 Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын менеджерэ Илья Ильин: Улахан уратылааҕын да иһин, биһиэхэ да барсар
⏺ Ааспыт нэдиэлэҕэ улууспут тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччыларын дэлэгээссийэтэ кэпэрээтэрдэр Бүтүн Арассыыйатааҕы сийиэстэригэр кыттыыны ылан кэллэ. Онно киин сир хаһаайыстыбаларыгар сылдьан үлэни-хамнаһы билистилэр. Бу туһунан тыа хаһаайыстыбатын управлениетын менеджерэ Илья Ильин маннык кэпсээтэ:
💬 – Биһиги Московскай уобалас “Кузьминское” диэн хаһаайыстыбатыгар сырыттыбыт. Комплекстара, биллэн турар, биһиэхэ холооно суох улахаттар уонна механизациялаахтар, автоматикалаахтар. Холобур, биһиги сылдьыбыт комплекспытыгар 1000 тахса ынах эбит. Ынахтарын боруодата хара эриэн гольштин. Онон бэйэбитигэр арыый чугаһата санаатыбыт. Тоҕо диэтэргин, Үлэ Дьоруойа Михаил Готовцев итинник боруода ынахтары иитэр.
Көрүү-истии диэн биһиэниттэн олох уратылаах. Ол курдук ынахтара сылы эргиччи баайыллан тураллар, таһырдьа тахсыбаттар. Онон мэлдьи аһылыкка тураллар.
Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/88335 эбэтэр комментарийдарга
✍️ Афанасий Сэктээйэп