Газета "Таатта"
2.35K subscribers
20.1K photos
3.14K videos
12 files
4.79K links
Download Telegram
Олоҥхону толорууга маастар кылаас ыытылынна

13-с Өрөспүбүлүкээнискэй научно-методическай кэмпэриэнсийэ, Өймөкөөҥҥө 16-с Олоҥхо ыһыаҕа буоларынан ыытылынна.
Кулун тутар 14-17 күннэригэр Томторго уонна Уус Ньаараҕа бэлэмнэнии тэрээһин кэмпэриэнсийэтин үрдүк таһымнаахтык ыытылынна: 16 улуустан, Дьокуускай куораттан 200 киһи кыттан барда.

Сиһилии⤵️⤵️⤵️:
https://таатта.рф/article/93612

@gazetataatta @ulusmedia
Бүлүү куоракка аһаҕас турнирга

Ааспыт өрөбүллэргэ Бүлүү куоракка Саха сирин аһаҕас турнирыгар биирдиилээн бастыыр иһин 2005-2009 сыллаах төрүөх уолаттарга, кыргыттарга Тиихэй акыйаан флотун кыайыылааҕын гвардия мотуруоһун Георгий Попов кэриэһигэр онус төгүлүн үрдүк таһымҥа тэриллэн ыытылынна. Күрэхтэһиигэ ыраахтан, чугастан барыта 6 хамаанда, 40 гиревиктэр мустаннар 7 ыйааһыҥҥа, уолаттарга, кыргыттарга арахсан 4 помоһунан тахсан, ким күүстээҕин, уһун тыыннааҕын, тулуурдааҕын, дьулуурдааҕын тургутустулар.
Таатта улууһун аатын-суолун, чиэһин үрдүктүк тутан 7 оҕо тиийэн ситиһиилээхтик кытыннылар.

Иннокентий Бояров, тренер.

Сиһилии⤵️⤵️⤵️: https://таатта.рф/article/93638

@gazetataatta @ulusmedia
Эрдэҕэс саастаахтарга комплекснай спартакиада

Таатта нэһилиэгэр А.И.Софронов-Алампа аатын сүгэр 1№-дээх орто оскуола саалатыгар биирдиилээн хамаанданан бастыыр иһин нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар комплекснай спартакиада гиирэ көтөҕүүтүгэр оскуолаҕа үөрэнэр 2009-2010, 2007-2008 сс. төрүөх уолаттарга, кыргыттарга Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100, Таатта улууһугар 80 сылыгар ананан ыытылынна.

Сиһилии⤵️⤵️⤵️: https://таатта.рф/article/93651

@gazetataatta @ulusmedia
Баһаар тахсыбатын туһугар дьүккүөрдээх үлэ үөһүгэр

1933 сыллаахха Тааттаҕа баһаарынай сулууспа тэриллибиттэн ыла 90 сыл устата үгүс киһини хабан, элбэхтэ уларыйан үлэлээтэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ улуус үрдүнэн 96 үлэһиттээх улахан тэрилтэни - СӨ 32 №-дээх Тааттатааҕы баһаары утары охсуһар этэрээтин ааспыт сыл бэс ыйыттан ХИФУ менеджер идэтигэр үрдүк үөрэҕи бүтэрбит эдэр кэскиллээх баһаарынай сулууспа ис үлэтин алын сүһүөҕүттэн - баһаарынайтан саҕалаан буһан-хатан, билэн-көрөн тахсыбыт специалист Рахлеев Дмитрий Прокопьевич начальнигынан ананан үлэлиир. Бу тэрилтэ биһиги улууспутугар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ даҕаны бастыҥ үлэлээҕинэн биллэр.

Сиһилии⤵️⤵️⤵️: https://таатта.рф/article/93660

@gazetataatta @ulusmedia
«Снежнай барс» республикатааҕы военно-спортивнай күрэх кыттыылаахтарын, А.И.Софронов аатын сүгэр Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх оскуолатын «Бэргэн» ВПК хамаандатын атаарыы.

@gazetataatta
@ulusmedia
Forwarded from "Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр" (Полина Николаева)
"Семейная ферма" кыайыылаахтара билиннилэр. 10 бааһынай хаһаайыстыба ылла. Хаҥаластар бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр, үс дьиэ кэргэнинэн пермер хаһаайыстыбаларын салгыы сайыннаралларыгар субсидияҕа тигистэ.

"Агростартап" программаҕа 2023 сылга грант сууматын чааһыгар уларытыылар киирбиттэрэ. Муҥутуур суума - 7 мөл солк буолар диэн. Онон билигин федеральнай уларытыыга сөп түбэһиннэрэн, Саха сиригэр бэрээдэги уларытыыга үлэ барар. Онон күүтэбит.

Кыттыан баҕалаахтар кытаатыҥ, сиргитин-уоккутун, производственнай эбийиэктэргитин докумуоннатыҥ. Бэйэҕит бас билиигитигэр баар буоллаҕына - 10 баал эбиллэр. Докумуон ЕГРН выписката буолуохтаах.

Куонкурус баал систиэмэтинэн сыаналанарын өссө биирдэ иһитиннэрэбин.

Чэ, кытаатыҥ, бэлэмнэниҥ🧑🏼‍🌾👩🏻‍🌾

Ким бэлэмнээх - ол куонкурсу кыайар💪🏼

#агростартап #нацпроектпутина #тыасирэ