Газета "Таатта"
2.36K subscribers
19.6K photos
3.08K videos
12 files
4.62K links
Download Telegram
🎣Куйуур күрэҕин хара маҥнайгыттан сүрүн көҕүлээччи Дьүлэйтэн төрүттээх сылгыһыт, сорсуннаах балыксыт Николай Слепцов ыанньыйбыт санаатын дьиҥ олоххо киллэрэригэр Таатта лиссиэйэ иккис сылын тэрийэр. Николай Слепцов былырыын Ытык Күөл арҕаалыы хоту өттүгэр Ньалаҕаатта эбэҕэ ыыппыта. Күрэххэ барыта түөрт хамаанда кэлбитэ. Ааспыт күһүн алтынньы ыйга муус аннынан илим түһэриитигэр күрэхтэһиигэ оскуола оҕолорун илдьэ сылдьыбыта.

🎣Быйыл муус устар 22 күнэ - Ийэ сир күнүгэр түбэһиннэрэн, иккис сылын ыытыллар "Куйуур-2023" күрэх Чөркөөх сэлиэнньэтигэр Хадарҕааччы күөлгэ буолла.

Сиһилии ⤵️⤵️⤵️: https://таатта.рф/article/95695

@gazetataatta @ulusmedia
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Буквально вчера руководство города отчиталось, что со всех образовательных учреждений города снег вывезен. Но мне написали с 31 школы с просьбой взять под контроль вывоз снега из территории школы. Сегодня по пути на работу решил проверить, как обстоят дела на самом деле.

Посмотрел территории нескольких детских садов и школ - снег как лежал, так и лежит. Заехал и в саму 31 школу. Снег убирается силами родителей и работников школы, на заявки вывезти снег - реакции нет. И это в самом центре города.

Тут же вызвал первого заместителя Председателя Правительства республики Дмитрия Дмитриевича Садовникова и мэра города Евгения Николаевича Григорьева. Поручил вести работу 24/7, увеличить количество сил и средств и в кратчайшие сроки решить проблему.

t.iss.one/aisen_nikolaev
Халлаан туруга
Муус устар 24 күнэ
Ытык Күөл
Сарсыарда-4, күнүс+4
Салгын баттааһына 741 мм.
Уларыйыылары ugms14.ru, www.gismeteo.ru көрөр сөп.

@gazetataatta
@ulusmedia
Ыраас да халлаан
Киҥкиниир киэҥ куйаар,
Сибиэһэй да салгыны
Сипсийэр сааскы тыал.

Дойдубут уһугунна уутуттан ,
Аламай Үрүҥ Күнтэн
Саһарҕаттан күүс ылан,
Күүрээннээх олоххо тардыһан.

Үөрэбит маннык түгэнтэн,
Дьоллоохпут маннык кэмтэн,
Тыыннаах буолан тиксэбит
Сааскы уһуктуу дьолугар.

Бүгүҥҥү Күн тахсыытын
Уруйдуу көрсөр дьол,
Сааскы салгыны тыынар
Онтуҥ эмиэ дьол.

Дьоллоохпут бүгүн бааллар,
Айылҕа сорҕото буоламмыт,
Махтаныаҕыҥ Айбыттарбытыгар аҕаларбытыгар,
Сүгүрүйүөҕүн Иэйэхсиппитигэр ийэлэрбитигэр.

Орто дойдуга оҥорон
Олох тыынын укпуттарыгар,
Тутуҥ, айыҥ диэн
Айыы киһитэ оҥорбуттарыгар.

Артыамый.

#тааттахаһыат
#ватсапситимиттэн
Алдан нэһилиэгэр сандал сааһы көрсө норуот күүлэйэ бэрт көхтөөхтүк ыытылынна.
Биирдиилээн күрэх көрүҥнэригэр:
🚗 Массыына соһуу:
🥇Ян Деляев
🥈 Ярослав Чириков
🥉Артем Чахов
💰Куулунан бэрсии:
🥇Лукин Никита
🥈Алгыс Малышев
🥉Ариан Готовцев
👢Хаатыҥка быраҕыыга муҥутуур кыайыылаах
🥇Ариан Готовцев ылла. Норуот күүлэйигэр атыы-тутуу тэриллэн бырааһынньыгы өссө киэргэттилэр.

@gazetataatta
@ulusmedia
Forwarded from НВК САХА
🤾🏻‍♂️🏆 Муус устар 23 күнүгэр Таатта нэһилиэктэрэ волейболга күрэхтэстилэр

Дьокуускай куоракка 33-с нүөмэрдээх оскуола саалатыгар муус устар 23 күнүгэр 11-с сылын Таатта улууһуттан төрүттээх олохтоохтор волейбол күрэҕэр кытыннылар.

Күрэх Саха сиригэр спорт уонна физическэй култуура 100 сылыгар, Россияҕа волейбол 100 сылыгар анаммыт.

Нэһилиэктэн үстүү хамаанда турбут - кэрэ аҥардар, эр дьон, бэтэрээннэр. Ол курдук, уопсайа 8 нэһилиэктэн 21 хамаанда (180-тан тахса кыттааччы) күөн-көрсүбүт.

Күрэхтэһии түмүгүнэн кыайыылаахтар: 1-кы миэстэ Туора-Күөл сэл., 2-с миэстэ Харбалаах сэл., 3-с миэстэ Чычымах сэл.

Кэрэ аҥардарга Чөркөөх сэл., эр дьоҥҥо Чычымах сэл., бэтэрээннэргэ Туора Күөл сэл. бастаабыттар.

@nvk_sakha
Виктор Лебедев подал документы на предварительное голосование

📍Генеральный директор АО «Саханефтегазсбыт», член фракции «Единая Россия» в Государственном Собрании (Ил Тумэн), многократный чемпион мира по вольной борьбе Виктор Лебедев подал документы для участия в предварительном голосовании партии «Единая Россия».

📍Как отметил Виктор Лебедев, предварительное голосование партии «Единая Россия» является хорошей проверкой всех кандидатов на прочность.

Подробнее: https://таатта.рф/article/95775

@gazetataatta @ulusmedia
🦠Нэдиэлэ устата 3 киһи хамсык дьаҥынан эбии ыарыйда. Ытык Күөлгэ – 2, Баайаҕаҕа - 1 киһи.
https://таатта.рф/article/95778

🦠Бүгүҥҥү күҥҥэ ковиднай отделениеҕа 3 киһи эмтэнэр. 1 киһи аналиһа бигэргэнэ илик, 1 ыарахан туруктаах ыарыһах баар.

🦠Тастан 2 улахан киһи эмтэнэр. Барыта 3 киһи эмтэнэр, - диэн улуус киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Сардана Владимировна Кононова иһитиннэрдэ.

@gazetataatta @ulusmedia
«Омук күүһэ - өйүгэр, өйүн күүһэ – тылыгар»
бырайыак сомоҕо домоҕун уруһуйунан билиһиннэрэр Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээччитэ Артем Бурмистров.

💠 Сомоҕо домох: халлаан киһитэ.

💠 Суолтата: кураанах өйдөөх.

💠 Нууччалыы тылбааһа: неприспособленный к жизни человек.

@gazetataatta @ulusmedia