Конный путешественник из Якутии завершил экстремальную экспедицию в колымский Сеймчан | Магаданская Правда
https://magadanpravda.ru/lenta-novostej/novost-dnya/konnyj-puteshestvennik-iz-yakutii-zavershil-ekstremalnuyu-ekspeditsiyu-v-kolymskij-sejmchan

Серафим Валериевич Попов кэриэһигэр аһаҕас хапсаҕай турнира
Кулун тутар 18 күнүгэр, Харбалаахха Калистрат Елисеевич Владимиров аатынан КСК киэҥ уораҕайыгар үгэскэ кубулуйбут оҕолорго көҥүл тустууга республика чемпиона, призёра, меценат Серафим Валериевич Попов кэриэһигэр анаан VII төгүлүн ыытыллар оҕолорго аһаҕас хапсаҕай турнира буолан ааста.
Сиһилии ааҕыҥ ⏬
https://таатта.рф/article/93704
@gazetataatta
@ulusmedia
#хапсаҕай
#спорт

Мууһу аннынан күөгүлээһин күрэҕэ
Кулун тутар 28 күнүгэр Таатта улууһун үөрэнээччилэригэр, чуолаан уол оҕону иитиигэ, мууһу аннынан күөгүлээһин күрэҕэ Н.Д. Неустроев аатынан Уус Таатта орто оскуолатыгар ыытылынна.
Төһө да тыаллаах, хахсааттаах күн турдар, тибиини быыһынан булчут эстафетатыгар, мууһу алларыыга, Байанайга аналлаах викторинаҕа, салгын саатынан ытыыга, мууһу аннынан күөгүлээһиҥҥэ, маһы эрбээһиҥҥэ Тааттатааҕы лицей, Ытык Күөл 2 нүөмэрдээх, Уус Таатта орто оскуолаларын үөрэнээччилэрэ, Тааттатааҕы эдэр натуралистар станцияларын, «Эрэл» дьиэ кэргэн киинин иһинэн үлэлиир «Биир Түмсүү» хамаанда, «Сатабыл» оҕо сайдар киинин иһинэн үлэлиир «Толлуман» туристическай бөлөх иитиллээччилэрэ кэлэн күрэхтэстилэр.
Сиһилии ааҕыҥ⬇️⬇️⬇️
https://таатта.рф/article/93714

Сэһэн Боло суолунан
Тааттаҕа 1945 сыллаахха ыытыллыбыт Сэһэн Боло археологическай хаһыыларын үөрэтэр сыаллаах история билимин хандьыдаата, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ РФ саха култууратын уонна фольклорун кафедратын доцена Светлана Ивановна Петрова, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын үөрэтэр институт научнай үлэһитэ, этнограф, археолог Александра Николаевна Прокопьева уонна кинилэри сэргэ СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ, СӨ култууратын туйгуна, режиссер Любовь Пантелеймоновна Борисова үлэлэрин саҕалаатылар. Дьүлэй уонна Дьохсоҕон сириттэн-уотуттан булуллубут археология матырыйаалын, маны таһынан үрүҥ көмүс киэргэллэри, ат симэҕин, баай Оруоһуттар кыргыттарын бууктаах соннорун сыныйан, Таатта иистэнньэҥнэрин сатабылларын сөҕө-махтайа билисэллэр.
@gazetataatta
@ulusmedia
#тааттатүмэлэ
#музейтааттахадаайы

Таатта улууһугар «Аҕа уолунаан» күрэс саҕаланна
🪵Бүгүн, кулун тутар 30 күнүгэр, «Аҕа уолунаан» күрэхтэһии улуустааҕы сүүмэрдиир түһүмэҕэ Тааттыныскай нэһилиэгэр Өксөкүлээх Өлөксөй скверын анныгар күөлгэ саҕаланна.
🪵Таатта улууһун нэһилиэктэриттэн барыта 5 хамаанда кэлэн илин-кэлин түсүһэ сылдьаллар.
🪵Манна хамаандалар маһы суорууга, бэрэбинэ эрбээһиҥҥэ, чуурка хайытыыга уонна саһааннааһыҥҥа, оллооҥҥо чэйи өрүүгэ, ойбону алларыыга, тоҥуу хаарынан хайыһарынан сүүрүүгэ күөн көрсөллөр.
🪵Муҥутуур кыайыылаахха 30 000 солк. сэртипикээт бэриллиэ.
@gazetataatta @ulusmedia

🎓Өрөспүүбүлүкэтээҕи "Социальнай педагог -2023" куонкурус муҥутуур кыайыылааҕынан А.Е.Мординов аатынан Таатта лицейин социальнай педагога Лена Алексеевна Неустроева аата ааттанна.
🎓Салгыы Россияҕа кыттар быраабы ылла.
@gazetataatta @ulusmedia
🎓Салгыы Россияҕа кыттар быраабы ылла.
@gazetataatta @ulusmedia