ГКУ РС(Я) «Таттинский комплексный центр социальной защиты населения при МТиСР РС(Я)»
262 subscribers
1.25K photos
30 videos
18 files
335 links
Download Telegram
Forwarded from Газета "Таатта" (Таатта Редакция газеты)
❇️Бүгүн Дьокуускай куоракка Ю.А.Гагарин аатынан Култуура уонна аныгы искусство киинигэр "Үлэ киһитэ" бириэмийэни Ил Дархан Айсен Николаев туруу үлэһиттэргэ туттарда.

❇️Таатта улууһуттан бу бириэмийэни Билюкин Сарыал Константинович, урбаанньыт уонна уус, Маркова Ариада Анатольевна, "Булуус" бааһынай хаһаайыстыба баһылыга туттулар.

@gazetataatta @ulusmedia
Forwarded from Газета "Таатта" (Таатта Редакция газеты)
🦆Бастакы көҕөнү бултааһын аахсыйатын улууспут баһылыга Михаил Соров төрүттээбитэ.

🦆Быйылгы бастакы көҕөнү Тыараһа нэһилиэгин олохтооҕо Устин Таппыров бултаан, улуус баһылыга 1 блок ботуруон уонна икки миэстэлээх пластик тыы наҕараадатын туттарда.

@gazetataatta @ulusmedia
Forwarded from Саха сирэ/ЭС
🙌Саха сиригэр “Георгиевскай лиэнтэ” Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа саҕаланна

Кыайыы волонтердара Георгиевскай лиэнтэни түҥэтиэхтэрэ. Бүгүн Саха сиригэр “Георгиевскай лиэнтэ” Бүтүн Арассыыйатааҕы патриотическай аахсыйа саҕаланна. Аахсыйа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн муус устар 28 күнүттэн ыам ыйын 9 күнүн киллэрэн туран, ыытыллыаҕа.

@edersaas20
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Газета "Таатта" (Редакция газеты "Таатта")
💠 Үлэ бырааһынньыгын көрсө Албан уордьан толору кавалера Д.А. Петров аатынан Ытык Күөл 2 нүөмэрдээх оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччилэрэ  Айталина Афанасьевна Сметанина салайааччылаах Кыайыы болуоссатын ыраастыыллар.

💠 Үлэ сылынан оскуола үөрэтэр-иитэр үлэни дьүөрэлии тутар.

💠 Кыайыыны уһансыбыт буойуттарбытыгар аналлаах киин болуоссаты үүнэр көлүөнэ көрө-истэ сылдьара, ыраастык тутара хайҕаллаах суол.

@gazetataatta @UlusMedia
Forwarded from Газета "Таатта" (Таатта Редакция газеты)
♻️Өрөгөйдөөх сааскы күн Таатта лиссиэйин үлэһит дьоно күүрээннээх субуотунньукка күүскэ турунна.

♻️Кырдьыктаах олоҕу суруйан хаалларбыт үс бастыҥ суруйааччыбыт өйдөбүнньүгэ, Өксөкүлээх Өлөксөй искибиэрэ кылбайда. Киин Ленин уулуссата бөҕө-сыыһа суох буолла.

♻️Ытык Күөлбүт кытыла ырааһырда. Үлэни, үөрэҕи дьүөрэлиир оскуола үлэһиттэрэ, учууталлара хомуйбут бөхтөрө тута тиэхиникэнэн тиэйилиннэ. Үөрэххэ бастыҥ лиссиэй дьоһун дьоно үлэнэн киэркэйэр.

Сандаара

@gazetataatta @ulusmedia