Үөһээ Бүлүүл нэһилиэгин дьаһалтатын уонна баһылык,улуус боксаҕа федерациятын салайааччы Максим Силигиянов кыттыһыылаах, кулун тутар ый 30 күнүттэн муус устар ыйын 1 күнүгэр диэри Үөһээ Бүлүү улууһугар, буокса5а СССР спордун маастара, Россия икки төгүллээх чемпиона, Саха Сирин үтүөлээх тренера, үөрэҕэрии билимин кандидата, Нюрба уонна Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтоо5о, физическай культура туйгуна Петров Александр Григорьевич бирииһигэр турнир буола турар, быйыл 17 төгүлэ. 2014-2015, 2012-2013, 2010-2011 уонна 2008-2009 сыл төрүөх уолаттарга анаан 23 ыйааһынынан буола турар, уопсайа 108 кыттааччы - 7 хамаанда (Нам, Горнай, Бүлүү, Нюрба, Сунтар, Ленскай уонна Үөһээ Бүлүү - Хоро, Кэнтик, Мэйик, Нам, Үөһээ Бүлүү)
Бу күрэххэ уолаттарбытыгар кыайыыны-хотууну баҕарабыт! 🥇🥇🥇🥊🥊🥊
Бу күрэххэ уолаттарбытыгар кыайыыны-хотууну баҕарабыт! 🥇🥇🥇🥊🥊🥊
Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин дьаһалтата бу сылы оҕо спордун сылынан биллэрэн турар.Оҕо спордун сайыннарыы чэрчитинэн нэһилиэк дьаһалтата , баһылык Максим Силигиянов көҕүлээһининэн оҕолорго аналлаах улахан күрэхтэри тэрийсэн ыытар. Ол курдук бу күннэргэ биһиги нэһилиэкпитигэр Үс Хоһуун спортивнай саала уораҕайыгар Саха Республикатын физическай культуратын үтүөлээх үлэһитэ,салайааччы Данил Егорович Корякин ,көҥүл тустууга спорт маастара, аатырбыт тренер Николай Егорович сырдык кэриэстэригэр 2007-2009 с.с; 2012-2013 с.с уолаттарга көҥүл тустууга республиканскай күрэх буолан ааста. Күрэххэ Бүлүү бөлөх улуустарын сэргэ Дьокуускай куораттан хас да, Ха ҥалас, Амма, Чурапчы, Верхоянскай ,Орто Халыма, улуустарын эдэр тустууктарын күүстээх хамаандалара күрэхтэстилэр.
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
В конце прошлого месяца принял участие на республиканском соревновании «Хаар Айан». С нашего улуса приняли участие 3 экипажа это «Тойоку» это мы, ВВТ-1 экипаж Верхнеаилюйского техникума, «Хотой» экипаж Хоринского наслега
Наш экипаж состоит из двух человек: это я и студент Верхневилюйского техникума Данилов Вильян Николаевич. Название Тойоку — это имя моего родного села.Соревнуемся на автомобиле УАЗ «Хантер» 2004 года с инжекторным двигателем. Хочу поблагодарить Максима Филипповича и наслежную администрацию с. Верхневилюйск за спонсорскую помощь!
Иван Захаров Начальник УГРС АО "Сахатранснефтегаз" Верхневилюйского ЭГУ

Кулун тутар 24 күнүгэр биһиги улууска аан маҥнай "Садуоба "диэн дьикти күрэх ыытылынна . Маннык, саахымат, дуобат, баарыс оонньуулара биир күрэх быһыытынан ыытылларынэ кылгатан ааттыыллар эбит. Бу дьикти күрэҕи тэрийээччиннэн улууспут ветеран спортсмена Константин Васильев буолар. Бу дьон сэҥээриитин ылбыт сонун күрэххэ кеме быһыытынан Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин дьаһалтата баһылык Максим Силигиянов спонсордаан көмөлөспүтүгэр тэрийээччи Константин Васильев махтала улахан.
Улуус мунньаҕын депутата Александра Валерьевна Михайлова сэбиэдиссэйдээх нэһилиэкпит биир бастыҥ үлэлээх "Аленушка "оҕо уһу йаанын салалтата оҕо саас сылыгар уонна уһуйаан тэриллибитэ 35 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан бэртээхэй альбом кинигэни бэчээттэтэн таһаарда .Бүгүн улуус киин библиотекатыгар кинигэ сүрэхтэниитин үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааста.Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ киин нэһилиэкпит дьаһалтатын баһылыга Максим Силигиянов дьаһалта социальнай боппуруостарга кылаабынай специалиһа Марина Максимованы кытта кыттыыны ыллылар.
Тэрээһиҥҥэ Максим Силигиянов эҕэрдэ тылы этэн туран уһуйаан бастыҥ үлэһиттэригэр махтал суруктары туттартаата. Бу үөрүүлээх түгэни кинигэ сүрэхтэниитигэр мустубут дьон дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар.

🔊Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин олохтоохторо, Бүлүү өрүс кытылын тупсаран оҥоруу бырайыак иһин куоласкытын биэриҥ диэн ыҥыраллар👍‼️
Бу куоластааһын "Жилье и городская среда" диэн национальнай бырайыак чэрчитинэн тэриллибит «Формирование комфортной городской среды» диэн федеральнай бырайыак иһинэн ыытылла турар.
Быйылгы сылга Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ икки бырайыагы куоластааһыҥҥа таһаарда:
1.Бүлүү өрүс кытылын тупсаран оҥоруу (Набережная реки Вилюй);
2.Киирии арканы тупсаран оҥоруу (Въезд в с.Верхневилюйск).