СТЕПАН САРГЫДАЕВ
1.03K subscribers
3.93K photos
497 videos
421 links
Глава Чурапчинского улуса
Download Telegram
Улуус салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Чурапчы улууһун олохтоохторун, булчуттарын уонна балыксыттарын, булт хаһаайыстыбатын бары үлэһиттэрин Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Булчут күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Сылаас, ылааҥы күннэр саҕаланнылар даҕаны өбүгэбит саҕаттан үгэс курдук эр дьон үксэ сааскы булка, кустуу, хаастыы бараары тэринэллэр. Тыаҕа, айылҕаҕа күн тахсыытын көрсүү, чыычаах ырыата-тойуга, хотугу айылҕа уһуктар дьикти көстүүтэ тылынан этиллибэт ураты кэрэ уонна долгутуулаах түгэн. Бу - биһиги удьуор хааммытыгар баар омукпут төрүт үгэһэ, олоҕун, култууратын сорҕото.

Хас биирдии булчут - норуот төрүт дьарыгын көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэр ытык дьоммут. Бу күн биһиэхэ норуот булка сыһыаннаах култууратыгар, духуобунаһыгар анаммыт сүүнэ суолталаах тэрээһининэн буолар. Булчут бырааһынньыгын чэрчитинэн үгэс курдук “Байанай күрэҕэ” улууспут булчуттарыгар уонна олохтоохторугар ыытыллан кэллэ. Уол оҕо төрөөтөҕүнэ, суор үөрэр диэн саха өһүн хоһооно этэринии, өбүгэ саҕаттан уолаттарбыт булт абылаҥар ылларан, сатабылларыгар уһуйуллан улааталлар. Ону тэҥэ Ийэ айылҕаны, тыынар тыыннааҕы таптыыры, харыстыыры, сиэр-туом суруллубатах сокуонун тутуһары, ытыктыыры утумнууллар.

Өссө төгүл эһигини барыгытын бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин, олоххутугар уонна үлэҕитигэр ситиһиилэри, Баай Байанай булду тосхойо, бааты барҕарда турарыгар баҕарабын!
Бүгүн, муус устар 6 күнүгэр, Чурапчы улууһун ытык киһитэ, саха биллииллээх тустууга, Дмитрий Петрович Коркин аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, успуорт үлэтин тэрийээччи Вячеслав Павлович Карпов төрөөбүт күнэ. Кини Чакыр нэһилиэгэр 1947 сыллаахха күн сирин көрбүтэ уонна уон саастааҕыттан улуу тириэньэргэ Дмитрий Коркиҥҥа тустуунан дьарыктанан буһуу-хатыы оскуолатын ааспыта.

Вячеслав Павлович Саха АССР, Уһук Илин уонна Сибиир чөмпүйэнээттэригэр, РСФСР күрэхтэһиилэригэр, онтон да атын араас таһымнаах тыҥааһыннаах киирсиилэргэ чөмпүйүөннээн, Махачкалаҕа көҥүл тустууга ыытыллыбыт чөмпүйэнээккэ 52 киилэҕэ уолаттартан аан бастакынан ССРС чөмпүйүөнүн аатын ылыан ылан, салгыы 1966 с. Тбилиси куоракка ыытыллыбыт аан дойдутааҕы турнир хабыр хапсыһыыларын түмүгэр 52 киилэҕэ үһүс миэстэҕэ тахсан, кыайыы-хотуу, киэн туттуу үрдүк өрөгөйүн төрөөбүт норуотугар бэлэхтээбит үтүөтэ үйэлэргэ умнуллубат!

Успуорт уонна олох кытаанах тургутууларын кыайыылаахтык туораталаабыт ытык киһибит Вячеслав Павлович Карпов үйэлэргэ өлбөөдүйбэт сырдык аатын Саха сирин дьоно-сэргэтэ, биһиги, биир дойдулаахтара, өйдүүбүт-саныыбыт, айылҕаттан талааныгар сүгүрүйэбит, успуорт сайдыытыгар киллэрбит сүдү кылаатын ытыктыыбыт уонна сыаналыыбыт!
Forwarded from ЧУРАПЧА Live
Чурапчы сылгыһыттара Ытык Дьааҥыга ыытыллыбыт күрэххэ “БУРАН” тиэхэньикэнэн наҕаарадаланнылар 👏🏻👏🏻👏🏻🔥 — Улус Медиа https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/churapchy-sylgyhyttara-ytyk-daanyga-yytyllybyt-kyrehhe-buran-tiehenikenen-na5aaradalannylar/
Бүгүҥҥү Булчут күнэ Чурапчыбытыгар ситиһиини аҕалла. Дьокуускайга уонна Хатаска ыытыллыбыт икки күннээх "Байанай күрэҕэр" Чурапчы улууһун хамаандата муҥутуур кыайыылааҕынан таҕыста!

Хамаанда чилиэннэрин Дмитрий Слепцову, Василий Степановы, Семен Сивцевы, Владимир Дьячковскайы, Реворий Елисеевы, Айсен Попову, Иннокентий Филипповы, Ньургун Лаврову, Байанай күрэҕин федерациятын бэрэссэдээтэлин Алексей Егоровы, чилиэннэрин Егор Анемподистовы, Владимир Павловы, Гаврил Нохтунскайы уонна Петр Захаровы бу улахан ситиһиигитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Кыайыы түмсүүлээх үлэттэн, спонсордар өйөбүллэриттэн кэлэр. "Чурапчы күүһэ-түмсүүгэ!" этиибит ону бигэргэтэр!
Валерий Ноев аатынан "Мин дууһам ыллыыр" өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска Хатылы нэһилиэгин эр дьонун ансаамбыла Гран-при хаһаайыннарынан буоллулар!
Открытый республиканский турнир по вольной борьбе среди юношей и девушек 2009-2010гг. на призы мастера международного класса РФ Афанасия Заболоцкого (отборочный турнир к VIII МСИ «Дети Азии»):

Ефимов Егор - 1 место
Капитонов Дьулустан - 1 место
Слепцов Андрей - 1 место
Неустроев Егор - 2 место
Аммосов Айтал - 2 место
Петров Кирилл - 2 место
Оконешников Сергей - 3 место
Аталларов Игорь - 3 место
Семенов Никифор - 3 место
Пинигин Данил - 3 место
Соловьев Мичил - 3 место
Кононов Арылхан - 3 место
Талааннаах ырыаһыт Валерий Ноев төрөөбүтэ 85 сылыгар анаан ыытыллыбыт "Мин дууһам ыллыыр" өрөспүүбүлүкэ ансаамбылларын икки ардыларынааҕы ырыа күрэҕэр Лыткина Екатерина Марковна салайааччылаах Хатылы нэһилиэгин эр дьонун "Көмүөл" ансаамбыла Кылаан кыайыылааҕынан буолбутунан, Екатерина Марковна "Бастыҥ салайааччы" аатын сүкпүтүнэн итиэннэ "Айылгы" НАДЬ Аммосова Светлана Петровна салайааччылаах "Төлөн" эр дьон ансаамбыла 3 истиэпэннээх лауреат аатын сүкпүтүнэн киэн туттан туран улуус салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан истиҥник эҕэрдэлиибин!

Ырыа күрэҕэр барыта 27 ансаамбыл, 9 улуус кыттаннар, талба талааннарын көрдөрөннөр сөхтөрдүлэр, биһирэттилэр.
Кыайыылаахтарга уонна бары кыттааччыларга ситиһиилэр сиэттиспитинэн кэлэн истиннэр диэн бастыҥ баҕа санаабын тиэрдэбин!
Улууспут бары аҕаларын муус устар бастакы өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр Аҕа Күнүн бырааһынньыгынан улуус салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан истиҥник эҕэрдэлиибин!

Бастакы Президеммит Михаил Ефимович Николаев 1999 с. Ыйааҕынан олохтоммут бу бырааһынньык алаһа дьиэ аҕа баһылыга дьиэ кэргэнин, оҕолорун иитиигэ улахан эппиэтинэһин уонна суолтатын үрдэтиигэ туһаайыллар. Аҕа буолуу - бу улуу дьол, ону сэргэ дьоһун иитиилээх уолаттары уонна кыргыттары такайан таһаарыыга сүдү эппиэтинэс. Аҕалар тус сиэрбитинэн-майгыбытынан ийэҕэ, дьахтарга, оҕоҕо харыстабыллаах сыһыан холобурун көрдөрөбүт, дьиэ кэргэммит эрэ буолбакка, тулалыыр дьоммут кэскиллэрин түстүүбүт. Аҕа диэн - көмүскүүр эркиммит, бигэ тирэхпит, үтүө сүбэһиппит.

Улуус Аҕаларын сэбиэтин сүрүннээһининэн, Аҕалар сэбиэттэрин көхтөөх үлэлэринэн Аҕа күрэҕэ, Булчут күнэ, Уол оҕолор күннэрэ үгэс буолбут үрдүк тэрээһиннээх кэтэһиилээх бырааһынньыкка кубулуйдулар. Маннык кэрэхсэбиллээх тэрээһиннэр биһиги улууспут уолаттарын уонна аҕаларын сылтан сыл сомоҕолуу, түмэ турдуннар!

Эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар кытаанах доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥитигэр этэҥҥэ буолууну, уйгулаах, дьоллоох олоҕу баҕарабын!
С Днем Отца в Республике Саха (Якутия)!

Отец – глава и защитник семьи, от которого зависит благополучие родных и близких. На примере отца растут дети, сыновья становятся достойными гражданами, защитниками и патриотами Родины. В Якутии всегда так было, и будет всегда. И это особенно чувствуется сегодня, в условиях проведения специальной военной операции. Многие якутяне - отцы встали на защиту Родины и сегодня сражаются за мир и справедливость на планете. Мы гордимся отцами, вырастившими настоящих мужчин, патриотов Родины, Героев России. Ими гордится Якутия и вся наша страна!

Быть отцом – большая ответственность. Желаю всем отцам крепкого здоровья, счастья и благополучия! Пусть ваши дети вырастут достойными людьми и радуют вас успехами и победами в жизни!

t.iss.one/aisen_nikolaev
Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи чемпионаттарга уонна күрэхтэһиилэргэ кыайыыларбытынан биһиги, чурапчылар, инники кэккэҕэ буоллубут. Бу курдук кыайыылар хас биирдиибит сүргэтин көтөҕөр, санаатын кынаттыыр, инникигэ эрэлбитин күүһүрдэр!

Өрөспүүбүлүкэҕэ Булчут күнүн күрэхтэһиитин түмүк абсолютнай киирсиитигэр бастакы үс миэстэлэргэ Дыгын Попов, Семен Яковлев, Василий Яковлев таҕыстылар: буолаары буолан кинилэр үһүөн - Чурапчыттан төрүттээхтэр! Бу үс призер ытыы күрэхтэһиилэрин биири да көтүппэт кыттааччылар. Уолаттарбытыгар чаҕылхай, уһулуччулаах уонна ураты кыайыыларынан уруй-айхал этэн туран, инникитин да Байанайгыт мичик гына арыаллыы сырыттын диэн алгыыбыт!

Аны туран хапсаҕайга бэтэрээннэр ортолоругар күрэхтэһиилэргэ Чурапчыттан үс бөҕөс кыттан чөмпүйүөннээн, дойдуларын аатын дорҕоонноохтук ааттаттылар. Ол курдук Айаал Павлов 70 киилэлээхтэргэ хапсаҕайга Саха сирин биэс төгүллээх чемпиона, Иван Друзьянов 60 киилэлээхтэргэ Саха сирин чөмпүйөнэ буоллулар, оттон Иван Ким хапсаҕайга 80 киилэҕэ киирсэн, Чурапчы улууһун сборнай хамаандатыгар үһүс кыһыл көмүс мэтээли аҕалары ситистэ!
Онон Саха Өрөспүүбүлүкэтин хапсаҕайга күрэхтэһиитигэр Чурапчы бэтэрээн хапсаҕайдьыттара тэҥнээхтэрин булбатылар. Эҕэрдэлиибит, кыайыыларынан киэн туттабыт!

Өрөспүүбүлүкэҕэ Булчут күнүгэр анаммыт XXVII өрөспүүбүлүкэтээҕи "Байанай" күрэхтэһиигэ Чурапчы улууһун хамаандата манна да кыайыылаах аатын ылар үрдүк чиэстэннэ - кыайыынан барҕа махтал тылларын этэбит!

Муус устар 5-7 күннэригэр Хатаска саҥа аһыллыбыт "Дьулуур" спортивнай комплекска олорон эрэ волейболга (ПОДА) өрөспүүбүлүкэтээҕи чемпионат түмүгэр эр дьоҥҥо итиэннэ дьахталларга Чурапчы улууһа 3 бочуоттаах миэстэ, хамаанда хапытаана Россия олорон эрэ волейболга сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ Стас Никитин "Лучший нападающий", уоппуттаах оонньооччу Дина Оконешникова "Лучший защитник" номинация хаһаайыттарынан буоллулар. Онон улууспут ыччаттара Стас Никитин, Анна Заровняева республика сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн, Москваҕа буолар олорон эрэ волейболга Россия Кубогар Саха сирин чиэһин көмүскүүр үрдүк чиэстэннилэр!

Инникитин да бу маннык "Чурапчы күүһэ - Түмсүүгэ! Түмсүү күүһэ - Кыайыыга!" диэн биир санааланыыбыт улууспутугар кыайыы-хотууну аҕала, барҕарда-байыта турдун диибит! Бука бары кыайыылаахтарга туйгун туругу, чэгиэн чэбдик доруобуйаны, дьолу, үөрүүнү, тус олоххо этэҥҥэ буолууну баҕарабын!
Улуус баһылыга Степан Саргыдаев бэнидиэнньиктээҕи планерканы ыытта.
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куоракка “Алаас ахтылҕана” 30 сылыгар анаммыт улахан тэрээһинэ ыытылынна. Бастакы күн министиэристибэлэргэ, тэрилтэлэргэ сырыттылар, спортивнай күрэхтэһиигэ кытыннылар. Иккис күн култуурунай тэрээһинэ буолла. Степан Анатольевич тэрийээччилэргэ уонна дьаһалга кыттыыны ылбыттарга, тэрилтэлэргэ махтанна.

Чурапчы нэһилиэгэр Павел Пинигин аатынан уулуссаҕа 25 квартиралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ. Крупская, Трактовая, Константинов уулуссалар олохтоохторо көһөн киирдилэр.

Байанай күрэҕэр үһүс төгүлүн Чурапчы булчуттарын хамаандата кыайда. Сылгыһыт күрэҕэр хоптоҕолор 3-с миэстэни ылан буранынан, одьулууннар 4-с миэстэҕэ тиксэн, 145 тыһ солк наҕараадаланнылар. Сунтаарга Петр Алексеев бирииһигэр хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар хапсаҕайдьыттарбыт 3-с миэстэни ыллылар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи хотугу многоборьеҕа 2-с миэстэҕэ, ПОДА-ҕа 3-с миэстэҕэ тигистилэр, ытыыга пъедесталга 3 Чурапчы уолаттара таҕыстылар. Култуура хайысхатыгар Валерий Ноев аатынан ырыа күрэҕэр Хатылы эр дьонун ансаамбыла кылаан кыайыылаахтарынан, Айылгы ансаамбыла 3-с миэстэ буоллулар.

Улуус баһылыгын солбуйааччылара Егор Сивцев уонна Алексей Лобанов, ДЮСШ дириэктэрэ Александр Неустроев байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытын көрсө айаннаатылар. Тактическай, техническэй снаряжениелары кытта аһы-үөлү, баһыылканы илдьэ бардылар.

Бу нэдиэлэҕэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччыта Дмитрий Садовников, үөрэх миниистирэ Ньургууна Соколова, Төрөөбүт тылы харыстыыр киин дириэктэрэ Феодосия Габышева, Дьокуускайдааҕы муниципальнай архыып Чурапчыга үлэлиэхтэрэ.

Полиция сводкатынан 54 иһитиннэрии киирбит. Дьон микрозаймтан иэс ылан баран төлөөбөттөрүн, 1 киһи миэбэл сакаастаан албыннаппытын, 2 киһи арыгыттан сүһүрбүтүн, 2 оҕо арыгылаан тутуллубутун о.д.а. туһунан иһитиннэрдилэр. ГАИ 374 массыынаны бэрэбиэркэлээбититтэн 2 арыгы испит туруктаах, 3 бырааба суох суоппардар боротокуолланнылар.

Муус устар 1 күнүттэн саҥа балыыһа үлэлээн саҕалаата. Үлэ туһунан кылаабынай быраас Николай Сивцев иһитиннэриини оҥордо.
Отдавая дань уважения военнослужащим, уроженцам улуса, погибшим при выполнении воинского долга в зоне Специальной военной операции, сегодня принял решение о запрете проведения культурно-массовых и развлекательных мероприятий на территории муниципального района.

Данным распоряжением на всей территории Чурапчинского улуса запрещено проведение культурно-массовых и развлекательных мероприятий с 8 по 14 апреля включительно. Также рекомендовано главам наслегов, руководителям учреждений и организаций всех организационно - правовых форм отменить культурно - массовые и развлекательные мероприятия до 00.00 часов 14 апреля.

Выражаю глубокое соболезнование родным и близким погибших при исполнении воинского долга...

Вечная слава воинам! Помним, гордимся, скорбим!
«Саха» НКИХ араадьыйатын көһө сылдьар студията бүгүн Чурапчы улууһугар үлэлиир. Сарсыардаттан истээччилэргэ оройуон сайдыытын туһунан сырдаттым. Күн устата араас хайысхаларынан улуус салайааччылара кыттыыны ылыахтара, холбонон истээриҥ.
Forwarded from ЧУРАПЧА Live
🔷Чурапчыга Феодосия Габышева үөрэх үлэһиттэрин кытта көрүстэ — Улус Медиа

🔹С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатыгар улуус оскуолаларын дириэктэрдэрин, уһуйааннар сэбиэдиссэйдэрин кытта көрсөн, Үөрэх миниистирин Нургууна Соколова аатыттан Илин эҥэргэ үөрэх форумун тэрийэн үлэлиэҕиҥ диэн этиини киллэрдэ.


https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/churapchyga-feodosiya-gabysheva-yereh-ylehitterin-kytta-keryste/