ЧУРАПЧА Live
3.6K subscribers
16K photos
3.2K videos
9 files
6.65K links
Оперативные и эксклюзивные новости Чурапчи 🍃

Предложить новость, связаться
📲 +79148202177

Наши каналы:
🔹Ватсап : https://chat.whatsapp.com/E6XvbGedc0M8YCQFJRvRAs
🔹Вконтакте : https://vk.com/sanaolohchur
🔹YouTube канал: https://youtube.com/@live974
Download Telegram
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#ытбоппуруоһа

"КУОҔАЛЫ" түөлбэҕэ ыт үөрэ лаппа элбээбит диэн сурутааччыларбыт устан ыыта олороллор

@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй
🎖️Үлэҕэ дьулуурунан (Үчүгэй дьон туһунан кэпсиибит)

Мин бүгүн кэпсиир киһим – ыанньыксыт. Кини үрдүк наҕарааданы уордьан, мэтээл диэни – ылан көрбөтөҕө. Ол гынан баран истэр былаһын тухары кини туһунан наар үтүө тыллар, үлэҕэ үтүө сыһыан… Кини сааһын тухары илиитин үлэттэн араарбатах киһи.

Сиһилии⤵️https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/yle5e-duluurunan-ychygej-don-tuhunan-kepsiibit/
Чурапчы хаһыатын📰🗞️ бастакы литэрэтииринэй үлэһитэ📝 – Алексей Бэрияк (Бүгүн – Саха сиригэр биир бастакынан тахсыбыт “Саҥа олох” хаһыат📰📰📰 төрүттэммит күнэ👏🏻👏🏻👏🏻💐📖✒️🖥️📲📸🎞️)

1931 сылтан, Саха сирин оройуоннарыттан бастакы хаhыаттарыттан биирдэстэригэр, Чурапчыга “Сэссэлиисимэ суола”, литэрэтииринэй сотруднигынан үлэлээбитэ. Эрэдээктэринэн ананан тахсыбыт Петр Николаевич Гоголевтыын, суруйааччылар Эрилик Эристиинниин, Күн Дьирибинэлиин үлэлээбитэ.

Сиһилии⤵️https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/churapchy-hahyatyn-bastaky-literetiirinej-ylehite-aleksej-beriyak-bygyn-saha-siriger-biir-bastakynan-tahsybyt-sana-oloh-hahyat-teryttemmit-kyne/
Победители🔥💪🏻 в НПК “Диринской СОШ”

Всего участвовало 43 доклада по трем секциям: секция №1 обучающихся начальных классов: «Исследование путь к познанию» — 15 работ. Секция №2 обучающихся 5-7 классов: «Исследование путь к науке» — 19 работ. Секция №3 обучающихся 8-10 классов: «Исследуй и проектируй» — 9 работ.

Подробнее⤵️https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/pobediteli-v-npk-dirinskoj-sosh/
#ытбоппуруоһа

"Бүгүн аны, "Куоҕалы" эҥэр 20-чэ ыт үөрдүһэн сылдьар, дьоҥҥо саба түһүөх курдуктар", - диэн биллэрдилэр

@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй
🤩Одьулуун орто оскуолата дойду тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка

🌿☕️Алтынньы ыйга Москва куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы агропромышленнай быыстапкаҕа Одьулуун орто оскуолата быйыл аан бастакытын кыттыыны ылла уонна үрдүк ситиһиилэннэ.

Сиһилии➡️➡️➡️https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/oduluun-orto-oskuolata-dojdu-teber-syre5er-moskva-kuorakka/

@sanaoloh
#ыттар

Арҕаа, гимназия эҥэр муоста таһыгар 9 ыт оҕолору куттаан үрэ-үрэ "хаһаайынныы" сылдьаллар диэн суруйдулар

@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
❗️ ПРАВОВОЕ ПРОСВЕЩЕНИЕ

«Об ответственности граждан за нарушение правил содержания собак»


Комментарий прокурора отдела по надзору за исполнением законов в сфере экономики и экологии Макаровой Индияны

Подробно: https://epp.genproc.gov.ru/web/proc_14/activity/legal-education/explain?item=98425518
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн алтынньы 15 күнүгэр Чурапчы нэһилиэгин баһылыгын I-кы солбуйааччыта У.И.Туласынов Чурапчы улууһун Ветеринарнай управление тустаах үлэһиттэрин кытта сытыы боппуруоска, ол эбэтэр нэһилиэк иһигэр бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана элбээбитин, чөмөхтөһөн нэһилиэнньэҕэ кутталы үөскэтэрин тула мунньах ыытта.
Управление өттүттэн ОВМ сэбиэдиссэйэ А.Н. Анемподистова, ОВМ вет.бырааһа А.П.Челбердирова, вет.лечебницаттан вет.быраастар А.Г.Дьячковская, А.В. Неустроева уонна Управление государственнай инспектора Т.И. Левина ыты сөптөөхтүк иитии, вакцинациялааһын уонна да атын ыт тула быһаарылла илик кыһалҕалар тула сүбэлэһэн маннык түмүк оҥордулар:
- нэдиэлэҕэ биирдэ рейдэ ыытыы үлэтин салгыы тэрийии;
- ⁠штрафной санкциялары күүскэ туһаныы;
- приют үлэтин күүһүрдүү;
- ыты вакцинациялатыы туһунан информация таһаарыы.

‼️Олохтоохтор истиилэригэр!

Уулуссаҕа көҥүл сылдьар ыттар оҕолорго, дьоҥҥо-сэргэҕэ кутталы үөскэтэллэрэ күннэтэ үксүү турара, бу хас биирдии ЫТ ХАҺААЙЫНА иитэр кыылыгар ЭППИЭТИНЭҺЭ СУОХ сыһыаннаһыытын көстүүтүнэн буолар.
‼️‼️Ыттаах ыаллар, ЫТТАРГЫТЫН БУЛГУЧЧУ БААЙТАЛЫЫРГЫТЫГАР!

‼️‼️Уулуссаҕа көҥүл сылдьар ыттар оҕолорго, саастаах дьоҥҥо, олохтоохторго КУТТАЛЫ үөскэтэллэрин өйдөөн!

«Чурапчы нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата.
🎖️Кэтэһиилээх күндү ыалдьытынан буолара (Үчүгэй дьон туһунан кэпсиибит)

🌲Хайахсыт нэһилиэгин киинэ хаамыах диэтэххэ бэрт киэҥ сир. Ол эрээри 7 оҕо ийэтэ Евдокия Игнатьевна хас биирдии ыаллар сурутууларын📩📦📬📄📚✒️📰 кэмигэр тиэрдэри таһынан, араас суһал телеграммалары, переводтары быыс-арыт булан туһааннаахтарга туттарар үгэстээҕэ.

Сиһилии⤵️https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/ketehiileeh-kyndy-yaldytynan-buolara-ychygej-don-tuhunan-kepsiibit/
Бу күн 1992 сыллаахха — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтэ (Верховнай Совет) XV сиэссийэтигэр "Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан" сокуону ылыммыт. Бу сокуон сыала-соруга, бастатан туран, — олохтоох омуктар тылларын араҥаччылааһын, судаарыстыба кыһамньытыгар ылыы. 1993 сыллаахха ыам ыйын 19 күнүгэр Үрдүкү Сэбиэт XVIII сиэссийэтэ тыллар тустарынан сокуону олоххо киллэрэргэ анаммыт судаарыстыба бырагырааматын ырытан оҥорорго көрүк (концепция) ылыммыта. Кэнсиэпсийэ, сүнньүнэн, Өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салалтатын сорудаҕынан бырагыраама бэлэмнэнэн, Ил Тумэҥҥэ өссө 1994 с. саҥатыгар бэриллибитэ. Ол эрэн, бырагыраама өр сылларга көрүллүбэккэ, тыллар тустарынан сокуон олоххо киириитэ олус бытаарбыта, тардыллыбыта. Кэлин 2019 сыл ахсынньы 16 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев уурааҕынан "2020-2024 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын араҥаччылааһын уонна сайыннарыы туһунан" бырагыраама ылыллыбыта.

@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#чөлолох
#доруобуйа

Бүгүн, халлааммыт -10С кыраадыстан намыһаҕы көрдөрөн турар. Ол эрэн доруобуйаларын туругун чэбдигирдээччилэр биир да күнү көтүппэккэ, сарсыарда эрдэттэн дьарыктаналлар.
Хайахсыт нэһилиэгин Аҕа баһылыга, норуот синоптига Тарас Лукич Тарасов-ТУСКУЛ ол дьонтон биирдэстэрэ. Кини халлаан туругун эрэ билгэлээччи быһыытынан буолбакка өрөспүүбүлүкэҕэ тымныы ууга сөтүөлүүрүнэн эмиэ киэҥник биллэр👏💪🔥

@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй
@ulusmedia
#ыт боппуруоһа

Күн-түүн ыттарбыт үөрдэрэ өссө эбии элбээн, халыҥаан иһэр курдуктар. Бу сарсыарда "Туллукчаан" уһуйаан таһынааҕы көстүү диэн ыыттылар

@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй
Чурапчыга эдэр армеецтар🫡🫡🫡 сүлүөттэрэ саҕаланна (Фоторепортаж📸)

Бүгүҥҥү сүлүөт саамай долгутуулаах түгэнинэн Иван Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 5 “б” кылааһын үөрэнээччилэрэ “Юнармия” хамсааһынын кэккэтигэр киирбиттэрэ буолар. Айсен Макаров андаҕар этэн чаҕаарда.

Сиһилии⤵️https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/churapchyga-eder-armeecztar-sylyettere-sa5alanna-fotoreportazh/