ЧУРАПЧА Live
3.46K subscribers
15.2K photos
3.05K videos
9 files
6.25K links
Оперативные и эксклюзивные новости Чурапчи 🍃

Предложить новость, связаться
📲 +79148202177

Наши каналы:
🔹Ватсап : https://chat.whatsapp.com/E6XvbGedc0M8YCQFJRvRAs
🔹Вконтакте : https://vk.com/sanaolohchur
🔹YouTube канал: https://youtube.com/@live974
Download Telegram
😍😍😍ЧУРАПЧЫГА БАСТАКЫ НЬУРГУҺУННАР ТАҔЫСТЫЛАР😍😍😍👏

Кэрэ айылҕалаах Мындаҕаайы мырааныгар бастакы ньургуһуннар тылыннылар диэн сурутааччыбыт иһитиннэрэр.
Манна дьүөрэлии, биир дойдулаахпыт Римма Корякина-ХОТУУНА ньургуһун туһунан биир бэртээхэй хоһоонун санаан кэлэбит:

Уо, таптал кыымыгар таарыллан,
Ньургуһун кыыс курдук тубуста,
Оо, чороон уостаргар даҕаллан
Хаар ууллан уохтаахтык уураста.

Хоту сир хаспаҕын быттыгар,
Сааскы ил сылааһа налыйда,
Муус кыаһаан хаттыгын сыттыгар
Ньургуһун сытынан дыргыйда!🥰🤗

Санатар эбит буоллахха ыам ыйын 18 күнүгэр Сахабыт сиригэр номнуо үтүө үгэскэ кубулуйбут Ньургуһун күнүн бэлиэтиэхпит. Бу кэрэ күнү бэлиэтээһин 2004 сыллаахтан, биллиилээх суруналыыс Уйбаан Ушницкай көҕүлээһининэн саҕаламмыта.

@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй
@ulusmedia
#Чөлолох
#нэһилиэгиырааһырдыы
#үлэ дьоно

Чурапчы нэһилиэгэр Чөл олох сылын чэрчитинэн итиэннэ бу күннэргэ ырааһырдыы үлэтин иитинэн, Мурун Тыымпыйа, Рабочай аатынан переулок олохтоохторо: Лариса, Афанасий Пермяковтар,
Лия Коркина,
Семен, Александра Челбердировтар,
Петр Дьяконов,
Мирон, Екатерина Ортоюковтар,
Марфа, Петр Наумовтар,
Артем, Мотрена Федоровтар,
Дария Монастырева,
Вера Монастырева,
Марфа, Николай Слепцовтар,
Мичил, Вилена Челбердировтар,
Айталы, Василий Собакиннар,
Петр, Елизавета Винокуровтар - баар биир киһи курдук тутуспутунан тахсаннар, барыта бэйэлэрин күүстэринэн, үс күннээх субуотунньук тэрийэн суолларын тэлгээн, кутан оҥоһуннулар!👍👏👏👏
ҮЛЭ ДЬОНО ТУРУГУРА, ЧЭЧИРИИ ТУРДУННАР!

@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй
🎖️ Сыралаах үлэ түмүктээх (Биһиги дойдубутугар үлэ-чиэс, Албан Аат уонна Геройство дьыалата) — Улус Медиа https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/syralaah-yle-tymykteeh-bihigi-dojdubutugar-yle-chies-alban-aat-uonna-gerojstvo-dyalata/
🚩🚩🚩 Улуу олох страницалара (Бүгүн — Владимир Ильич Ленин төрөөбүтэ 154 сыла) 🚩🚩🚩 — Улус Медиа https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/uluu-oloh-straniczalara-bygyn-vladimir-ilich-lenin-tereebyte-154-syla/
❗️II Күүлэт олохтоохторо хаһан да көрбөтөх көтөрдөрүн булбуттар.

Нэһилиэккэ олорор К.Петров тугу кэпсээтэ? 🤔🤔🤔

https://sakha-sire.ru/bylyy-2-s-kyyletiger-dikti-ketery-bullular/
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
❗️ Дежурный прокурор

За прошедшие сутки на территории республики зарегистрировано 7 сообщений о преступлениях.

В Мирнинском районе выявлен факт повторного управления транспортом в состоянии опьянения.

В г. Якутске сообщено о причинении тяжкого вреда здоровью на территории СОНТ «Сатал» мужчине, 1971 г.р., подозреваемая установлена. С помещения по ул. С. Данилова госпитализирован мужчина, 1985 г.р., которому также причинен тяжкий вред здоровью. Возле дома по ул. Кузьмина с применением насилия совершен грабеж. Также поступили 3 сообщения о кражах.

В ожоговое отделение с квартиры дома по ул. Ново-Карьерная доставлены двое детей, 2013 и 2011 г.р., которые опрокинули на себя чайник с кипятком. С дома по ул. Герцена в учреждение здравоохранения доставлен ребенок, 2015 г.р., который упал с лестницы 2 этажа.

Ликвидировано за сутки 2 техногенных пожара, погибших и пострадавших нет.

Дорожно-транспортных происшествий со смертельным исходом не зарегистрировано.

Задержано за сутки 18 водителей, управлявших транспортом в состоянии опьянения.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
📣 ЦУР Якутии продолжает прием вопросов к "Прямой линии" Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Николаева

Трансляция эфира состоится 25 апреля в 19:00 часов по якутскому времени. Смотри НВК Саха, Якутия 24, Россия 24, слушай радио Тэтим, Радио России, Виктория Саха, СТВ-радио, подключайся к социальным сетям Главы Якутии.

В прямом эфире Ил Дархан ответит на интересующие якутян вопросы, обсудит актуальные для республики темы, выскажет мнение о стратегических направлениях и новых задачах по развитию Якутии.

✉️ Вопросы можно направлять в чат-бот в Telegram @voprosGlaveYakutii_bot или в колл-центр по номеру 8-800-707-43-33. Время работы колл-центра: с 09:00 до 18:00, вопросы принимаются по 25 апреля 2024 года включительно до завершения прямой линии.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Муус устар 18-22 күннэригэр Сочи куоракка ыытыллыбыт "ГТО чемпионов"  бүтүн Арассыыйатааҕы төрдүс бэстибээлгэ Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын атлеттара  Игнат Чомчоев, Леонид Зырянов кыһыл көмүс, оттон Дьулустан Бубякин уонна биир дойдулаахпыт, Хатылы ыччата Александра Барашкова үрүҥ көмүс мэтээлгэ тигистилэр! Маннык уустук көрүҥҥэ миэстэлэспит спортсменнарбытын эҕэрдэлиибит!👏👏👏🥇🥈🏆
#сааскыбулт

Ыам ыйа буолара аҕыйах хонук хаалла. Бастакы кус кэлиитэ, бастакы күөххэ үктэнии - барыта "бастакы"... Сахалыы халандаарга ыам ыйын 6 күнэ - Дьөгүөрэйэп. Бастакы кус кэлэр диэн этиллэр ол эрэн быйыл Чурапчы улууһугар кус кэлиитэ эрдэлээтэ. Мындаҕаайы бөһүөлэгин таһыгар хайыы үйэ кустар үөрдэһэн, сууна-тараана сылдьаллар. Былырыын бастакы көҕөнү Мындаҕаайы олохтооҕо бултуйан турардаах😁👏👍😍

@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй
Алаҕардар гербэлэрэ РФ Геральдическай Сэбиэтигэр бигэргэннэ✊🏻👍🏻 — Улус Медиа https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/ala5ardar-gerbelere-rf-geraldicheskaj-sebietiger-bigergenne/
#еддсиһитиннэрэр

⚡️⚡️⚡️Сарсын о.э муус устар 23 күнүгэр Чурапчы нэһилиэгэр уоту араарыахтара⚡️⚡️⚡️

Бу туһунан Чурапчытааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспа иһитиннэрэр. Сарсыарда 9.00 чаастан эбиэттэн киэһэ 16.00ч диэри бөһүөлэк Куохара-3 учаастагар (телецентр, саҥа гимназия, типография, тхпк, Энергосбыт, ПМК, ХДСУ, Сельхоз томторо) өрөмүөн үлэтинэн сибээстээн уоту араараллара былааннанар. Итиннэ уоту араарар, холбуур кэмнэригэр интернат томторугар, Мурун Тыымпыйаҕа, Нидьилигэ быстах кэмҥэ уоттара баран ылыаҕа диэн эмиэ сэрэтэллэр.

@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй
#Чөлолох
#субуотунньутар

Чурапчы нэһилиэгэр ырааһырдыы субуотунньуктар чэрчилэринэн, Октябрьскай аатынан уулусса 23 нүөмэрдээх дьиэ (норуокка биллэринэн Эргэ биэс этээстээх) олохтоохторо түмсэннэр, оҕолор оонньуур былаһааккаларын ыраастаан хомуйдулар👍👍👍

@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй
🎖️ Саҥаттан саҥа кирбиилэри дабайан (Биһиги дойдубутугар үлэ-чиэс, Албан Аата уонна Геройство дьыалата) — Улус Медиа https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/sanattan-sana-kirbiileri-dabajan-bihigi-dojdubutugar-yle-chies-alban-aata-uonna-gerojstvo-dyalata/