Саха сирэ/ЭС
5.01K subscribers
11.9K photos
1.59K videos
8.97K links
"Саха сирэ" хаһыат уонна edersaas.ru официальнай телеграмм-ханаала

✔️ Хас биирдиигитигэр анаан информация киэҥ куйаарыттан ордук кэрэхсэбиллээҕи, үчүгэйи талан таһаарабыт🌍

✔️ Саха дьоно төрөөбүт тылбытынан ааҕыахха😊✊🏻
Download Telegram
Channel created
👏Амма энэргиэтиктэрэ байыаннай дьайыыга сылдьар биир идэлээхтэрин оҕолорун эҕэрдэлээтилэр

Саҥа дьыл бырааһынньыгынан энэргиэтиктэр байыаннай дьайыыга сылдьар биир идэлээхтэрин оҕолорун эҕэрдэлээтилэр.

Ол курдук Амматааҕы РЭС үлэһиттэрэ байыаннай дьайыыга сылдьар  бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрин оҕолоругар минньигэс бэлэхтэри, оонньуурдары туттардылар.

@edersaas20
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
💴 «Защитники Отечества» пуондаҕа эбии 3,8 млрд солк. көрүлүннэ

3,8 млрд солк. тахса үп-харчы  2024 сылга саппаас пуондаттан  «Защитники Отечества» пуондаҕа көрүллүөҕэ. Туһааннаах докумуоҥҥа премьер-миниистир Михаил Мишустин илии баттаата диэн объясняем.рф саайт суруйар.

Бу пуонда дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Судаарыстыбаннай пуонда байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр сыаллаах тэриллибитэ.

@edersaas20
«Движение Первых» хамсааһын 🙌Саха сиринээҕи салаата Бүтүн Арассыыйатааҕы сийиэскэ кыттыаҕа

«Движения первых» хамсааһын Саха сиринээҕи салаата дойдуга бастакынан буолла. Салаа былырыын олунньуга тэриллибитэ. Хамсааһын уһуйааччытынан Ил Дархан Айсен Николаев буолар.

«Эдэр ыччат хамсааһыҥҥа көхтөөхтүк кыттарыттан үөрэбин.  Үөрэх тэрилтэлэригэр, оскуолаларга, университеттарга, институттарга, колледжтарга оҕолор билиини ылалларын таһынан, патриотическай иитиини ылан, дойдуларын дьиҥнээх патриоттара буола үүнэллэр. Онон «Движение первых» хамсааһын бу соругу ситиһэргэ төһүү күүһүнэн буолуоҕа», —  диэн бэлиэтээтэ  Айсен Николаев.

#движениепервых

@edersaas20
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
В Мирнинском районе вовсю идет сбор подписей в поддержку выдвижения Владимира Путина в президенты России🇷🇺

Владимира Владимировича поддержали мэр Мирного Алексей Тонких, депутат Ил Тумэн Татьяна Шарова, председатель горсовета Юлия Мёдова и другие неравнодушные к судьбе страны мирнинцы🤝

Новости Мирный💎Развитие
🥰👍Биир дойдулаахтарыгар күүс-көмө буолар — Мукучу эр дьонун түмсүүтэ

Саҥа дьыл бырааһынньыгын эрэ иннинэ, Кэбээйи улууһун Мукучутугар биир ыал олбуорун таһын   киэргэппиттэрин  алдьаппыттарын туһунан видео тарҕанан, үгүс киһи соһуйбута.

Бу видеону көрбүт  үгүс дьон олус хомойон, хайдах гынан ыалга көмөлөспүт киһи диэн санааҕа толкуйга түспүттэрэ. Онуоха Мукучу эр дьонун түмсүүтэ бары бииргэ тутуспутунан Ульяна Гаврильева Саҥа дьылга анаан киэргэппит оҥоһуктарын барытын чөлүгэр түһэрбиттэрэ. Өссө ыал ийэтигэр, нэһилиэк көхтөөх олохтооҕор кэһии тутуурдаах кэлэн үөрдүбүттэрэ.

@edersaas20
🧑‍🎄Эһээ Дьыл: «Ымыыга суруллубут баҕа санааттан иккитэ хайаан да туолар»

Саҥа дьыл бырааһынньыгар оҕо да, улахан да киһи туох эрэ дьиктини, ураты бэлэҕи кэтэһэр буолбат дуо? Биир оннук бэлэҕинэн Эһээ Дьыл Ымыыта буолар.
Биология билимин дуоктара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ, суруйааччы Гавриил Спиридонович Угаров-Эһээ Дьыл сыллата бу күүтүүлээх кэрэ бырааһынньыгы көрсө ураты бэлэҕинэн бар дьоҥҥо үөрүүнү, эрэли күүһүрдэр үтүө ­үгэстээх.

Сиһилии манна ааҕыҥ👈

@edersaas20