"Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр"
557 subscribers
915 photos
156 videos
4 files
113 links
👩🏻‍🌾 Бырайыак 2021 сыл кулун тутар 17 күнүгэр стартаабыта. Бииргэ буолуохха
Download Telegram
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Собоҕо туһалаах аминокислоталар, фосфор, хром, дьуот, алтан, калий, селен, фтор, А, С, D, Е, В, РР битэмииннэр, сыатыгар Омега-3 бааллар. Собо 100 грамыгар ортотунан 17-18 гр белок, 1,8 гр сыа баар буолар. Ол эбэтэр, 300 гр сиэтэххэ, киһи белокка күннээҕи наадыйыытын 100% толуйар.

Элбэх фтордаах, фосфордаах буолан, тиис, уҥуох кытаатарыгар көмөлөөх.

Собоҕо баар дьуот органическай холбоһук буолан, эккэ-сииҥҥэ үчүгэйдик иҥэр. Собону элбэхтик сиэтэххэ, щитовиднай былчархайга үчүгэйдик дьайар.

#собо #тыасирэ #айылҕааһа
Аны хаас😋

Бүгүн бу хааһы үргүүбүт. Лайфкахтаахпыт😅 ону боруобалаан көрүөхпүт.

Манна таһаарыаҕым, туох-хайдах буолбутун кэпсиэҕим. Кэтээн көрөөрүҥ👀

#ас #айылҕааһа
Ип-итии ууга уктубут.

Бириэмэтин кылгастык туттубут дуу эбэтэр уһуннук туттубут дуу - түмүгэ маннык буолла ➡️ иккис хаартысканы көр. Соччо үчүгэйдик ыраастаммат эбит.

Син-биир үчүгэй ньыма быһыылаах, көннөрү ириэрэн баран ыраастаабыппыт буоллар, тас сыата тириитин кытта сүллэн кэлиэ этэ диэн буолла.

5 мүнүүтэ туппуппут.

#айылҕааһа #хаас