Окко хаһан киирээри сылдьаҕыт?
Былыр абааһы мунньаҕын кэнниттэн киирэллэрэ дииллэр. Ити эрээри аныгы дьон күн-дьыл былдьаһыгар "ол ханнык эрэ абааһылар ханна эрэ мустан мунньахтыылларын кэтэһэр санаабыт суох" дииллэр.
Былырыын Тааттаҕа биир билэр дьонум от ыйын 1 күнүттэн окко киирбиттэрэ. "Бастыҥ суортаах оту ылбыппыт. Онтубутун саас биир рулону 10 тыһ солк былдьаһык ылбыттара" диэн кэпсииллэр.
Оннук. "Окко эрдэ киирбиккит" диэн ханнык да абааһы хом санаатын биллэрбэтэх, хата.
Быйыл дьон бары "кэрэтин" хайҕаан статуһугар таһаарбыт маҥан дьүһүннээх сибэккибит - "от үүммэтин билгэтэ" - буолла.
Отчуттар ходуһаларын толору үүммүт маҥан сибэккини сөбүлүү көрбөттөр. Айылҕа сэрэтэн эрдэҕэ.
#тыасирэ #от2023

Окко киирии тэтимэ быйыл түргэн. Улуустарга хотуур суола түстэ.
Сорохтор бастакы ходуһаларын бүтэрэн, иккис сирдэригэр көһөллөр. Кэбиһиилээх, рулоннаммыт от кэчигирээн эрэр.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ муниципалитеттарга баар сири барытын туһаҕа таһааран оттуулларыгар, ол иһигэр ыраах учаастактарга оттооһуну тэрийэллэригэр сорудахтаата.
Былааны толорууга - бары күүһү!!!
Хаартыскаларга улуустарга тириэрдиллибит былаан✅
#тыасирэ #от2023 #букабарыоттооһуҥҥа

Бэҕэһээ ардах, сарсын эмиэ "погодабыт" ардаҕы көрдөрөр.
Бүгүн күннээх диэн. Эмиэ тэлгэччи охсон биэрдибит.
Дьэ, хайаһар...
Бүлүү бөлөхтөр "ардах уута ходуһалары толорон эрэр" диэн суруйаллар.
Былаан толоруутугар мөхсө сатыыбыт да - халлааммыт туран биэримээри гынна. Күөҕүнэн куурбут оту былырыын да ылбатахпыт, быйыл да "дук" гынымаары гынна быһыылаах.
Норуот синоптиктара атырдьах ыйын ардахтаах буолар диэн кэпсииллэр.
Син быыс-арыт булан оттуурбут чуолкай, ити эрээри хаачыстыбабыт мөлтөһүөр буолара чахчы.
Онон үүннэрбит оппутун "чыыстайдыы" ылларбыт ханнык диэн эрэллээхпит.
Бырабыыталыстыба илин эҥэргэ мунньахтыырыгар оту үүннэриини үөрэтиҥ, онон дьарыктаныҥ диэбитэ. Чахчы оннук эрэ буоллаҕына сүөһүлэрбитин тыыннаах хаалларарбытыгар тиийэбит, биһиги курдук арыыга оттуур сирдээх дьон.
Онон былааммыт бастакы сылын түмүгэ хайдах буолбутун кэлэр таһаарыыларга кэпсиэҕим. Билигин үүннэрбит оппут син этэҥҥэ быган, үүнэ турар. Күрүөлүөхпүтүн наада.

Халлаан үөрэхтээхтэрэ куйаар иһитиннэриитигэр таһаарбыттар. Отчут көрөн үөрэр халлаана, кыһын сүөһүлэригэр сиэтэр отун үрдүк хаачыстыбалаахтык бэлэмнээн ылыан наада.
Оттон норуот синоптига Тускул киин улуустарга итийиэ эрээри, сотору-сотору этиҥнээх ардах биллэн ааһыа диэн суруйбут. Дьэ, бу сэрэхтээх.
Ардах-самыыр быыһынан былаан 3/1 туолла. Былаан кырата 60 туонна, биир төбө кыстыырыгар ортотунан 2 тн наада диэн.
Арыыга оттуур хоточчулар быйыл окко эрдэ киирдилэр, паром эрдэ кэлэн көһөрөн👍🏻
Былырыын атырдьах ыйын 3 күнүгэр паром кэлбитэ. Биир ый ардах-самыыр аннынан күүстээхтик үлэлээн, былаан туолар-туолбута. Үксүн туустаан-тумалаан кээспиттэрэ.
Быйыл сүөһү төбөтө эбилиннэ. Онон бу күннэргэ халлаан эрэ туран биэрдэр диэн баҕа санаа баар🙌🏻☀️
Үүннэрбит оппутугар эрэл улахан🤞🏻🤞🏻🤞🏻
#тыасирэ #от2023 #хоточчу

Оту бэлэмнээһин боппуруоһа күүскэ турар.
От үлэтин сүрүн атахтааччынан ардах буолар. Кэнники сылларга ойуурга баһаары бохсор сыалтан оҥоһуу ардаҕы ыҥырааһын дьаһала күүскэ үлэлиир, манна эбии айылҕабыт бэйэтин сокуоннара кыттыһаллар. Сир-дойду ууга барда диэччилэр элбээн иһэллэр.
Ардахха хаачыстыбата мөлтөөбүт от сүөһүгэ сэрэхтээх. Кыстыгы кыайан туораабакка, көнньүнэн өлөөччү да баар хаһаайыстыбаларга.
Саха сирин экономикатын биир тыын суолталаах хайысхатын чөл тутарга салалта үлэлиир. Региоҥҥа "Кормозаготовка" программа баар, быйыл сири кытта үлэҕэ диэн 100 мөл солк көрдүлэр.
ЯНИИСХ Хаҥалас улууһугар баар 30а диэн стационарыгар сүөһү аһын бэлэмниир лабораториятын отделыгар бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко уонна т/х миниистирин бастакы солбуйааччыта Петр Попов сырыттылар.
Наука оту олордубута ыраатта.
Лаборатория куратора Зульфия Филиппова "Сүөһү аһын бэлэмнээһиҥҥэ өссө күүскэ ылсан үлэлииргэ диэтилэр", - диэн эттэ. Ол аата саҥа программалары, дьаһаллары күүтэбит.