Сайын☀️ ип-итии күн этэ, киһи тыына хаайтарыах. Ыксаан балкон аанын, хос түннүктэрин арыйталаан, салгын хамсата түһэҕин. Ол кэмҥэ дьиэҕэ киирэн кэлбит тоноҕоччут🤩👍🏻😍
Тыбыс-тымныыттан саллан, түннүгүнэн таһырдьаны көрөн туран санаан кэллим бу түгэни. Архыыппыттан хостоон таһаардым. Сайын хаһан буолаҕын?😅👍🏻

Таатта улууһун Харбалааҕар ахсынньы 15 күнүгэр эмиэ саҥа хотон үлэҕэ киирдэ.
120 төбө сүөһү биирдэ киирэр хотоно.
"Хочо" кээпэрэтиип билигин 336 төбө сүөһүлээх, ол иһигэр ыанара -131, маны сэргэ 126 сылгылаах, суруйда минсельхоз пресс-сулууспата.
Хотон аныгы ирдэбилгэ барытыгар эппиэттиир: толору механизациялаах, үлэһиттэргэ анаан хостор эмиэ бааллар.
Тыа сирин сайдыыта - аныгы хотоннор, киэҥ-куоҥ бааһыналар, ходуһалар, мэччирэҥнэр, баазалар, үлэ миэстэтэ, тыа хаһаайыстыбатын бары салаатын сайыннарар исписэлиистэр.

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Хоточчу, Тиит-Эбэ, Күөрдэм үүт туттарааччыларын бырааһынньыга буолла. Эдэр салайааччы Тихон Скрябин тылын-өһүн истиҥ эрэ✊🏻
Маҕаһыыннар наһаа үчүгэйдик киэргэнэр буолбуттар.
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
"Сүөгэй атыылаһыахпытын баҕарабыт" диэн этиилээх эрийэ сырыттылар.
Онон бу ып-ыраас бааҥкаҕа сэпэрээтэртэн үргүлдьү түһэрэн, бэлэмнээн эрэбит👍🏻🤗
#фермергода #агрогрантист #сүөгэйсиирбинсөбүлүүбүн

Саха сирин айылҕата - саамай кэрэ айылҕа☀️😍
Маннык айылҕалаах дойдуга үлэһит, хорсун-хоодуот, мындыр-өркөн өйдөөх, тулуурдаах-дьулуурдаах эрэ дьон олохсуйар кыахтаах.
Ил Дархан Айсен Николаев 2023 сылы ҮЛЭ СЫЛЫНАН биллэрдэ☀️🤩 бу үлэни өрө туппут сахаларга үтүө сонун буолла.
Айсен Николаев бастыҥ үлэһит дьоҥҥо 50 бириэмийэ ананарын туһунан иһитиннэрдэ. Биир бириэмийэ суумата - 300 тыһ солк.
#үлэсыла #үлэдьоно

2023 сылбыт буолара 8 хонук хаалла. Күн-дьыл барара, этэҥҥэ олордоххо, түргэн.
Хайдах сыл ааспытын, үүнэр сылга туохха болҕомто ууруохха сөбүн ырытыһабыт, кэпсэтэбит.
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Туһаайыытын иһиттибит. Аспытын-үөлбүтүн бэйэбит оҥорон таһаарыахтаахпытын, доруобай, куттала суох аска болҕомто күүскэ ууруллуохтааҕын өссө биирдэ тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Билигин тыа сирин биир кэлим сайыннарыыга элбэх бырагыраама үлэлиир, онтон биир сүрүнэ - бэйэ аһын оҥорон таһааран дэлэтии. Көҕүлүүр дьаһаллар тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтинэн бараллар.
Айсен Николаев түргэнник ситэр салааҕа бырайыактарда бэлэмнээҥ диэн туһааннаах биэдэмистибэлэргэ сорудахтаата. Сөбүлүү иһиттим. Тоҕо диэтэххэ, бу ааспыт сайыҥҥа "бэрэбиэркэҕэ" диэн ииппит үс индюкпут бары өттүнэн табыгастаах эбит дии санаатыбыт. Биир итэҕэстээх - аҕыйаҕы ииппиппит.
Онтон туһата диэн хара баһаам - доруобай ас, оҕо үлэҕэ үөрүйэхтэниитэ, бизнес-идея быһыытынан киһини сааһылааһына уо.д.а.
#скороспелка #фермергода #тыасирэ

Саҥа 2023 сыл буолла✅
Саҥа былааннар, саҥа тургутуулар, саҥа санаалар...
Доруобай буолуохха наада✅
Барыгытыгар или-эйэни баҕарабын, чаҕылхай күнү, ыраас халлааны, түбүктээх үлэҕит түмүктээх буоллун✅✅✅

Ийэбиттэн хайҕанным.
Сотору ийэм 90 сааһын туолар. 30 сыл дьыссаакка повардаабыта. Повар Настаа диэн ааттаах. Онон кини хайҕабыла - саамай улахан наҕараада.
Быйыл олохпор аан бастакыбын хаан куттум. Биллэн турар, доҕорум көмөтүнэн, кини ыйыытынан-кэрдиитинэн.
Хааны сылаас сиргэ хоннорон баран, сарсыныгар субайдаан ылан, 1:1 ыаммытынан үүт кутан, дэлби ытыйан баран, кутуталаан кээстибит.
Буһарар уутугар туус кутуллара ордук буолуо диэн, туустаабатыбыт.
Астаабыт киһи аатырынаммын, ийэбэр амсаттым. "Боруоста үчүгэй!" - диэн сыаналаата. Бэйэтэ асчыт буолан, астаммыт аска сириксэн, "уу ньалык курдук" диэтэҕинэ, ол аата - сатамматах буолар.
Онон үөрдүм, мотивацияланным, кэлэр идэһэни кэтэспитинэн бардым😄
#тыасирэ #идэһэ #фермергода