"Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр"
555 subscribers
907 photos
153 videos
4 files
113 links
👩🏻‍🌾 Бырайыак үлэлээбитэ үһүс сыла. 2021 сыл кулун тутар 17 күнүгэр стартаабыппыт. ЯСИА-ҕа хас чэппиэр ахсын 15.30 чааска фермердар үлэлэрин, тыа сирин сайыннарыыга тосхоллор тустарынан нууччалыы тылынан суруйабыт. Манна - сахалыы. Бииргэ буолуохха
Download Telegram
Хаар халыҥа олус. Куобах суолун көрөн, ону хаартыскаҕа түһэрээри тоҥуу хаарынан сырыттым. Охтон түһэбин, туруорууй диэн, от тиэйэ сылдьар киһини "сордуубун"😂🤭

Салгын ырааһа, күн сардаҥата сылааһа🤩💥

Наһаа элбэх да буолбатар, куобах орохторо бааллар, биир сиргэ саһыл суолун көрдүбүт.

Суол...

#тыасирэ
Айылҕа министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, көҥүлэ суох сиргэ массыынаттан бөҕү бырахтахха - ыстараап. Кыра да буоллун, улахан да буоллун.

Бэрээдэги кэспиккэ - административнай эппиэтинэс, Кодекс 8.2 ыстатыйата 3.1-3.4 чаастара.

Ыстараап киһиэхэ — 10-15 тыһ солк, дуоһунастаах сирэйгэ — 20-30 тыһ. солк. юридическай сирэйгэ — 30-50 тыһ. солк.

Оттон бөҕү улахан таһаҕас тиэйэр массыынанан, бырысыабынан, тыраахтарынан аҕалан кутар буоллахха, ыстыраап киһиэхэ 40-50 тыһ.солк., дуоһунастаах сирэйгэ 60-80 тыһ.солк., тэрилтэҕэ 100-120 тыһ.солк.

#айылҕа #экология
Арыыга сэргэстэһэ оттуур ходуһалаах буолан, бу сайын Дмитрий Васильевич Матвеевы көрсөн, "Семейнай фермерга" иккистээн холонон көрөҕүн дуо диэн ыйыппыппар, "Хайаан да киирсэбин, техникам суоҕа моһуоктуур" диэбитэ. Матвеевтар биэс сыл иһигэр биир ыанар ынахтан саҕалаан, билигин 50 ыанар ынахха тириэрдибиттэрин туһунан былырыын “Саха сирэ” хаһыакка таһааран турабын. 2022 сыллаахха Хоточчу олохтоохторо Матвеевтар “Семейная ферма” граҥҥа кыттан тураллар, бааллара хапсыбатаҕа. Онон быйыл иккис сылларын кытыннылар. Чахчы үлэһит дьон.

Кулун тутар 23-24 күннэригэр буолбут куонкуруска Дмитрий Васильевич уолун Василийы кытта ох курдук оҥостон тиийэн, бизнес-былааннарын бырайыагын көмүскээтилэр. Тыа сиригэр чахчы үлэлиир дьон инники былааннарын хамыыһыйа сэҥээрдэ, билигин Матвеевтар АГРОГРАНТИСТ буоллулар. Эҕэрдэлиибин🤩

Боротокуол таҕыста. Кыайыылаахтар билиннилэр💪🏼💪🏼💪🏼 Испииһэк хаартыскаҕа.

#минсельхозрся #тыасирэ #нацпроектпутина #семейнаяферма
"Семейная ферма" кыайыылаахтара билиннилэр. 10 бааһынай хаһаайыстыба ылла. Хаҥаластар бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр, үс дьиэ кэргэнинэн пермер хаһаайыстыбаларын салгыы сайыннаралларыгар субсидияҕа тигистэ.

"Агростартап" программаҕа 2023 сылга грант сууматын чааһыгар уларытыылар киирбиттэрэ. Муҥутуур суума - 7 мөл солк буолар диэн. Онон билигин федеральнай уларытыыга сөп түбэһиннэрэн, Саха сиригэр бэрээдэги уларытыыга үлэ барар. Онон күүтэбит.

Кыттыан баҕалаахтар кытаатыҥ, сиргитин-уоккутун, производственнай эбийиэктэргитин докумуоннатыҥ. Бэйэҕит бас билиигитигэр баар буоллаҕына - 10 баал эбиллэр. Докумуон ЕГРН выписката буолуохтаах.

Куонкурус баал систиэмэтинэн сыаналанарын өссө биирдэ иһитиннэрэбин.

Чэ, кытаатыҥ, бэлэмнэниҥ🧑🏼‍🌾👩🏻‍🌾

Ким бэлэмнээх - ол куонкурсу кыайар💪🏼

#агростартап #нацпроектпутина #тыасирэ
Тоҕо "Саха сылгы таҥаралаах" дииллэрий?

Эппиэттэргитин комментарийдарга суруйуҥ