Бу сарсыардааҥы туругунан, Агростартапка кыттыыга 26 киһи сайаапка биэрбит.
Быйыл критерийдэр эбиллэн, дьон сайаапка туттарыыта арыый бытаарбыт буолуон сөп диэн минсельхозка эттилэр. Бэрээдэккэ уларыйыылар киирбиттэринэн, быйылгы куонкуруска 20 критерийынан сыаналааһын буолар. Былырыын - 6 критерий баара.
Сайаапканы тутуу бэс ыйын 15 күнүгэр диэри салҕанар, ол кэнниттэн куонкурус хаһан буолара биллиэҕэ диэн эттилэр.
#агростартап #нацпроектыпутина #сельскоехозяйство

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Сайын буолан, ыам эбиллэн, оҕуруот үлэтэ саҕаланан, уу олус наада кэмэ буолла.
Бэҕэһээҥиттэн саҕалаан дэриэбинэҕэ "водопровод" холбонно.
Сарсыарда уонна киэһэ биэрэллэр.
Тыа сирин уунан хааччыйыы бырагыраамата муниципалитеттар саамай сүрүн дьаһаллара буолар. 2000 сыллар саҕаланыыларыттан бу хайысхаҕа күүстээх үлэ барбыта, "Благоустройство" бырайыак чэрчитинэн.
Билигин "водопровода" суох ыал аҕыйах ини. Эһиэхэ, хайдаҕый?
#тыасирэ #хоточчу

Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлэ СМИ-ларын кытта көрсөн кэпсэтэр.
Регион баһылыга 2018 сыллаахха ылыллыбыт Тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сокуоҥҥа уларытыылар киирэллэрэ уолдьаспытын эттэ.
Тыа хаһаайыстыбатын салаата технология өттүнэн сайдыытыгар уонна онно сөптөөх кадры бэлэмнээһиҥҥэ үлэ барыахтааҕын бэлиэтээтэ.
"Модун, кыахтаах тутуллаах техниканы кытта чахчы үлэлиир дьон тыа хаһаайыстыбатыгар кэлиэхтээх. Биллэн турар, кэтэх хаһаайыстыбалары эмиэ өйүүбүт. Ити эрээри элбэх табаары, бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга үрдүк технологияны туттарбыт ордугун билиэхтээхпит"— диэтэ Айсен Николаев.
Баһылык ылыллар дьаһал барыта нэһилиэнньэни куттала суох аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга, олох хаачыстыбата тупсарыгар ананарын эттэ.
Хаартыска: Андрей Сорокин, ЯСИА

Кээпэрэтииптэр болҕойуҥ‼️
Субсидияҕа тиксиэххитин сөп ороскуоккутун сабыыга✅
«Саха сиригэр барыта 226 тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтиибэ баар. Үксүгэр тиэхиникэ эбэтэр анал тэрил атыыласпыт үптэрин төннөрөллөр. Судаарыстыба биир ТХПК-ҕа саамай элбээбитэ 10 мөл. солк. төннөрөр, онуоха бу сууманы хайаан даҕаны быйыл туттубут буолуохтаахтар. 2023 сылга бу хайысхаҕа барыта 83 мөл. солк көрүллүбүтэ, онтон 58,5 мөл. солк бастакы түһүмэххэ ылбыттара, хаалбыт 24,6 мөл. үллэрэргэ сайаапкалары бэс ыйын 12 күнүттэн хомуйуохпут «, — диэн СИА-ҕа минсельхоз эттэ.
Санатан эттэххэ, субсидия маҥнайгы куонкуруһугар барыта 42 сайаапка киирбитэ, мантан 26 ТХПК-ҕа — 58,5 мөл. солкуобайы судаарыстыба төннөрүөҕэ. Хаалбыт 24,6 мөл. солк. үллэрэргэ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ эбии куонкурус биллэрэр.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ сайаапкалары уонна докумуоннары 2023 сыл бэс ыйын 12 - 22 күннэригэр Дьокуускай куорат Курашов аатынан уул. 28, 212 №-дээх кабинекка, үлэ чааһын кэмигэр (9:00-18:00 ч) туталлар.

Россия фермердарын күнүнэн эҕэрдэлиибин.
2020 сылга Тыа сиригэр олохсуйбут, онно бэйэ хаһаайыстыбатын тэринэн, сайдыбыт-үүммүт киһи диэн баҕа санаа үөскүүр.
Ити сыл АГАТУ-га үөрэнэ киирэбин - Организатор фермерского хозяйства диэн куурсу бүтэрэбин.
Суруналыыс буоламмын, фермерскай дьыала теориятын практикаҕа таһаарар сыалтан, "Из города в село: Фермер" медиабырайыагы ЯСИА-ҕа саҕалыыбын, тэҥинэн социальнай ситимнэргэ ханааллары арыйабын. Бу хаартысканы онно анаан түһэбин. Марияҕа уонна Надеждаҕа мин фермер уобараспын оҥорбуккутугар махтанабын.
Тыа дьоно саамай интэриэһиргиир бырагыраамалара Агростартап уонна Семейная ферма буолалларын билэн, итилэри чинчийбитинэн барабын. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ хас биирдии ыйытыыбар толору эппиэт биэрэн, күн баччатыгар диэри медиабырайыагым үлэлиир. Элбэх фермер, бырагыраамалар тустарынан сурулунна. Ааҕар дьон махталларын этэллэрэ наһаа үөрдэр.
Бэйэм 2021 сылга Агростартапка кыттабын, олоҕум 360 кыраадыс уларыйар...
Салгыытын суруйуом✅

https://ysia.ru/semya-fermerov-iz-ust-aldanskogo-rajona-budem-sozdavat-usloviya-dlya-raboty-na-svoej-maloj-rodine/
Уус Алдан Өспөҕүттэн Агростартапка кыттаары сылдьар эдэр дьон туһунан киирэн ааҕыҥ. Бэлэмнэммиттэрэ үһүс сыла. Быйыл хайаан да ылаллар ини диэн бүк эрэллээхпин✅🤩✊🏻

Новости Якутии и Якутска — свежие новости онлайн на сайте ysia.ru — ЯСИА
Семья фермеров из Усть-Алданского района: «Будем создавать условия для работы на своей малой родине» — Новости Якутии и Якутска…
Дьячковские рассказали об особенностях ведения фермерского хозяйства в труднодоступном населенном пункте
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ телеграм-ханаалыгар Үөһээ Бүлүү улууһун Боотулуутугар биэ ыаһына саҕаламмытын суруйда.
Билигин ыһыахтар саҕаланан эрэллэринэн биэ кымыһа саамай дьон наадыйар утаҕа буолар. Арчыланыы, алгыстаныы, сиэри-туому тутуһуу барыта биэ кымыһынан айах тутан, ситэриллэн-хоторуллан ыытыллар.
Боотулууга биэни ыаһынынан Кымыс Байбал саҕаттан умсугуйан дьарыктаналлар.
#биэкымыһа #тыасирэ #боотулуу

Агростартап-2023 федеральнай программанан ыытыллар куонкуруска сайаапка тутуута түмүктэннэ.
Барыта 117 сайаапка киирдэ. Ол туһунан сүөһүнү иитиигэ департамент исписэлииһэ Петр Татаринов эттэ.
Билигин бастакы түһүмэх - сайаапканан киирбит докумуоннары бэрэбиэркэлээһин ыытыллар. Салгыы куонкурус иккис түһүмэҕэ - бизнес-былааннары көмүскээһин буолуоҕа.
Санатан эттэххэ, быйыл бэрээдэк уларыйбыта, онно олоҕуран 20 пууннаах критерий оҥоһуллубута.
#агростартап #нацпроектпутина
Барыта 117 сайаапка киирдэ. Ол туһунан сүөһүнү иитиигэ департамент исписэлииһэ Петр Татаринов эттэ.
Билигин бастакы түһүмэх - сайаапканан киирбит докумуоннары бэрэбиэркэлээһин ыытыллар. Салгыы куонкурус иккис түһүмэҕэ - бизнес-былааннары көмүскээһин буолуоҕа.
Санатан эттэххэ, быйыл бэрээдэк уларыйбыта, онно олоҕуран 20 пууннаах критерий оҥоһуллубута.
#агростартап #нацпроектпутина
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Окко хаһан киирээри сылдьаҕыт?
Былыр абааһы мунньаҕын кэнниттэн киирэллэрэ дииллэр. Ити эрээри аныгы дьон күн-дьыл былдьаһыгар "ол ханнык эрэ абааһылар ханна эрэ мустан мунньахтыылларын кэтэһэр санаабыт суох" дииллэр.
Былырыын Тааттаҕа биир билэр дьонум от ыйын 1 күнүттэн окко киирбиттэрэ. "Бастыҥ суортаах оту ылбыппыт. Онтубутун саас биир рулону 10 тыһ солк былдьаһык ылбыттара" диэн кэпсииллэр.
Оннук. "Окко эрдэ киирбиккит" диэн ханнык да абааһы хом санаатын биллэрбэтэх, хата.
Быйыл дьон бары "кэрэтин" хайҕаан статуһугар таһаарбыт маҥан дьүһүннээх сибэккибит - "от үүммэтин билгэтэ" - буолла.
Отчуттар ходуһаларын толору үүммүт маҥан сибэккини сөбүлүү көрбөттөр. Айылҕа сэрэтэн эрдэҕэ.
#тыасирэ #от2023

Фрезабыт кэллэ✅
Транспортнай хампаанньа эмиэ аара суолга тохтоон, туттарда. Дэриэбинэттэн тахсыыга, федеральнай трасса кытыытыгар киэҥ-куоҥ автостоянка баар буолан, абыранныбыт.
Фрезабытын 2,2-лээҕи Новосибирскайтан Гидросибтартан ыллыбыт. Туох да харгыһа суох👍🏻✊🏻 Сыаналара да чэпчэки курдук, табаарын арааһа да дэлэгэй.
Аҕалтарыытын ИП РЕПАЛО С.Ю. оҥордо👍🏻 атыттары кытта тэҥнээн көрдөххө, сыаната удамыр курдук.
"Саха сиригэр тиэйэр-таһар үлэни оҥорбуппут 10 сыл буолла. Сельхозтехника сүрүннээн. Эрдэ кэргэммин кытта бэйэбит таһарбыт, билигин суоппардары наймылаһабыт. Элбэх киһи биһигини билэр. Эҕэрдэ ыытабын. Икки сыл буолла Саха сиригэр сылдьыбатаҕым. Айылҕатын сөбүлүүбүт. Өлүөнэ эбэ кэрэ көстүүтүн ахтабыт😍", - диэтэ Светлана Юрьевна.
Массыынаҕа, кырдьык, от охсор, от мунньар, тыраахтыр көлөһөтө иҥин толору көстөр.
Кимиэхэ эмэ новосибирскайдар өҥөлөрө наада буоллаҕына - ыйытаарыҥ, контактарын биэриэҕим. Реклама буолбатах. Дьон туһаннын диэн информация✅
#тыасирэ #хоточчу #отмасүлэтэ

Эбээн-Бытантай улууһун Саккырыырыгар саха сүөһүтүгэр анаммыт сквер арылынна.
Эбээн-Бытантай - саха сүөһүтүн тыыннаах хаалларбыт улууһунан биллэр.
#сахасүөһүтэ
Эбээн-Бытантай - саха сүөһүтүн тыыннаах хаалларбыт улууһунан биллэр.
#сахасүөһүтэ
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Сири кытта үлэ.
Быраҕылла сытар бааһыналары, ходуһалары туһаҕа таһаарыы - бу былаас биир тутаах соруга. Сиртэн бэйэ хаачыстыбалаах бородууксуйата оҥоһуллан тахсарын өйдөөбүппүт ыраатта. Билигин санкциялар биллэриллибит кэмнэригэр боппуруос көдьүүһэ өссө күүһүрдэ.
Ыам ыйын 18 күнүгэр тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ бирикээс таһаарбыта. Докумуоҥҥа этиллэринэн, бу сылга регион былааһа мелиоративнай үлэлэргэ 100 мөл солк көрдө. Бу аан бастакытын ылыллар дьаһал буолар. Бирикээс сири кытта үлэлиир хаһаайыстыбалары өйүүр сыаллаах, ол эбэтэр субсидия көрөр.
Докумуоҥҥа олоҕуран бэс ыйын 14 - 24 күннэригэр сайаапкалары хомуйаллар. Бүгүҥҥү туругунан 57 хаһаайыстыба сайаапка биэрбит. Үксүн оҕуруоттаах дьон кыттыбыт. Онон оҕуруоту уунан хааччыйыыга анал оборудование ылыныыга элбэх сайаапка баар. Биир "Техническай решение" суумата ортотунан 5 мөл солк.
Ситиһиилэри баҕарабыт✅ маннык өйөбүл баарыгар элбэх бааһына чөлүгэр түстүн, элбэх хомуур буоллун👍🏻☀️
#тыасирэ #мелиорация

Ватсапка биһигини кыттаҕыт дуо диэн ыйыппыттар. Суох, кыттыбаппыт. Бу дьоҥҥо информация.
Биһиги дэриэбинэттэн икки улахан хаһаайыстыба кыттар. Чахчы үлэлиир хаһаайыстыбалар👍🏻 утары харчытыгар нэһилиэнньэ оҕуруот олордуутугар, хомуурга үлэлиир. Тыа сирин таһымыгар үчүгэйдик төлүүллэр. Өссө социальнай эбийиэктэри хааччыйаллар. Онон кинилэргэ ис сүрэхпититтэн ситиһиини баҕарабыт. Маннык региональнай бырагыраама өлгөм үүнүүнү эрэ аҕаллын🙌🏻👍🏻✅

Агростартап куонкурсун от ыйыгар буолара былааннанар диэтилэр бүгүн минсельхозка.
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Үөһээ Бүлүү улууһун фермердарыгар МТЗ тыраахтырдары туттараллар. Барыта 9.
Бу туһунан Сургуулук нэһилиэгиттэн фермер Александр кэпсээтэ, видео түһэрэн ыытта. "Бу ылаары кэллибит. Билигин да итэҕэйбэккэ олоробут. Тыраахтырдары парадтаан киллэрдилэр. Төлөбүрэ 50/50-ҥа. Уопсай сыаната 2 мөл 100 солк. Олус улахан өйөбүл, улууспут дьаһалтатын өттүттэн", - диэтэ кини✅☀️🔥
#тыасирэ #үөһээбүлүү #фермер

Саха сирин нэһилиэнньэтин ахсаана 1 мөлүйүөн буолла. Ол туһунан олохтоох СМИ-лэр суруйдулар.
Бэс ыйын 23 күнүгэр кыыс оҕо төрөөтө, ыйааһына 4100 гр, уһуна 56 см, Дьокуускайга Перинатальнай кииҥҥэ.
Кыыс Мииринэй олохтоохторо Гаврил уонна Арина Онуфриевтарга иккис оҕонон төрөөтө, диэн суруйдулар.
#насмиллион #мөлүйүөнбуоллубут

Уус Алдан улууһун Суотту олохтооҕо, 2019 сыллааҕы Агростартап кыайыылааҕа Милена Варламова күн-дьыл уларыйыыта хаһаайыстыбаны тэрийиигэ олус оруоллааҕын өссө икки сыллааҕыта биэрбит интервьютугар бэлиэтээбитэ.
"Сарсыарда күммүт таһырдьа хас кыраадыс буолбутун көрүүттэн саҕаланар", - диэбитэ.
Ол курдук Милена бүгүн "Кыраайыттан кыраайа" диэн бэлиэтээһинин соцситим нөҥүө кэпсээтэ.
Бастакы хаартыскаҕа - бэс ыйын 25 күнэ 2023 сыл, иккис хаартыскаҕа - тохсунньу 18 күнэ 2023 сыл.
Сахам сирин таптыыбын: өҥүрүк куйааһын, томороон тымныытын☀️🌿💨❄️
#сахасирэ #айылҕа #уусалдан