"Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр"
555 subscribers
907 photos
153 videos
4 files
113 links
👩🏻‍🌾 Бырайыак үлэлээбитэ үһүс сыла. 2021 сыл кулун тутар 17 күнүгэр стартаабыппыт. ЯСИА-ҕа хас чэппиэр ахсын 15.30 чааска фермердар үлэлэрин, тыа сирин сайыннарыыга тосхоллор тустарынан нууччалыы тылынан суруйабыт. Манна - сахалыы. Бииргэ буолуохха
Download Telegram
Сидор Ионов - Бүлүү улууһун Эбэ сэлиэнньэтигэр "Уйгу" кээпэрэтииби салайар.

Үлэлээбиттэрэ ырааппыт. Минсельхоз тыа сиригэр хаһаайыстыба тэринэн, дохуот аахсан, дьону үлэлэтэргэ анаммыт бырагыраамаларынан Ионовтар бэйэлэрин кэмнэригэр өйөбүл ылбыттар. Онтон тирэхтэнэн, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыынан дьарыктанар бастыҥ тэрилтэлэр ахсааннарыгар киирсэллэр.

Былааннара да киэҥ, үлэлииргэ баҕа баһаам.

Күн бүгүн убаһа, сүөһү, сибиинньэ этиттэн кэнсиэрбэлэри астаан таһааран эрэллэр.

#тыасирэ #минсельхозрся #вилюйскийулус
Минсельхоз тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар кооперативтарга анаан иһитиннэрэр

Кооперативтар хотон, овощехранилище уонна сайылык тутуутугар, модернизациялааһыҥҥа ороскуоттарын сорҕотун сабыыга субсидия биэриитигэр көрүү тэрээһин буолар.

Докумуоннары кулун тутар 13 - муус устар 7 күннэригэр туталлар.

Аадырыстара: Дьокуускай куорат, Курашов уулуссатын 28 нүөмэрдээх дьиэтэ, 212 кабинет.

Бириэмэтэ 9.00 ч. - 18.00 ч., эбиэккэ тохтобул 13.00 ч. - 14.00 ч.

электроннай почта: [email protected].

Телефон​нара: 506668.

Докумуоннар бланкаларын минсельхозка тус кэлэн ылыахха сөп эбэтэр минсельхоз официальнай сайтыгар бу сигэнэн киирэн хачайдаан ылыахха сөп, суруйда тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин телеграм-ханаала.
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Социальнай ситимҥэ намнар хаптаҕастаабыттарын туһунан суруйбуттар. Ону ааҕан баран биир түгэни санаан кэллим.

Тиксии. Кыра уол иккис кылаас быһыылааҕа. Саас. Хаар уулла илик, ити эрээри сылаас.

Биир күн уолум уоһун тулата барыта, омуннаан эттэххэ, фиолетовай буолбут тиийэн кэллэ. Хараҕа дэлби дьол🤩

- Хайаа, хантан кэллиҥ?
- Хайаттан.
- Онно бу тугуй?
- Хайаҕа хаар анна барыта отон, ону сиэтибит. Наһаа минньигэс, - диир оҕом, кэпсээн бөҕө.

Мин дэлби куттанным, ол тугу-тугу булан сиэбиттэрэ биллибэт. Ама, хайдах отон баар буолуоҕай диибин😂 Диетолог эдьиийбэр эрийэ оҕустум. Кэпсээтим.

- Хайаҕа хаар анныгар сугун бэйэтинэн, иҥэмтиэтин сүтэрбэккэ, туран хаалар. Кыстаан тахсыбыт буоллаҕына битэмиин бөҕө. Сиэбиттэрэ наһаа үчүгэй. Хата, баран хомуйан сиэҥ, доруобуйаҕытыгар туһалаах, - диэтэ.

Онно билбитим Саха сиригэр кыһыннары да отон арааһын хомуйуохха сөбүн👍🏻👍🏻👍🏻
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Бу видеоҕа Агростартап 2021 сыллааҕы кыайыылааҕа Мария Иванова көтөрүн ферматын көрөҕүт. Бизнес-былаанын олоххо киллэрэ сылдьар туруу үлэһит кыыс оччолорго куонкуруска кыттарыгар эмиэ наһаа долгуйара, ити эрээри тыа сиригэр дохуоту киллэрэр салааны тэрийэр ыра санаатын хамыыһыйа сэҥээрбитэ🙌🏻

Бу күннэргэ минсельхоз "Семейная ферма" граҥҥа кыттыыга баҕалаахтартан докумуон хомуйар, кулун тутар 16 күнүгэр диэри. Бүгүҥҥү туругунан 12 сайаапка киирбит.

Салгыы Агростартап гранын куонкурсугар кыттыыга докумуон хомуллуута саҕаланыаҕа. Былырыын саас буолбута. Быйыл да наһаа уһаппакка ыытыллара былааннанар дииллэр минсельхозка.

Ресурснай кииҥҥэ бизнес-былаан суруйууга көмөлөһүүгэ сайаапка ахсаана 100-тэн таҕыста. Онон быйыл да балачча киһи киирсээри сылдьар.

Санаттахха, былырыын куонкуруска 120-тэн тахса сайаапка киирбититтэн, 18 киһи агрогрант ылбыта. Билигин ол дьон бары ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар

#агростартап #семейнаяферма #нацпроектпутина
РФ минсельхоһа иһитиннэрбитинэн, 2023 сылга Агростартап программанан Россияҕа 850-тан тахса бырайыагы өйүөхтэрэ.

Онно анаан дойду үрдүнэн 3 млрд солк тыырылынна.

Быйылгыттан эт-үүт оҥорон таһааран, тыа сиригэр дохуот аахсар, саҥа үлэ миэстэтин таһаарар туһунан бырайыактаахтарга муҥутуур суума 7 мөл солк быһылынна. Эрдэ бу суума 5 мөл солк этэ.

#агростартап #село #агробизнес #нацпроектпутина
Дьэдьэн🍓😋

2021 сыллаахха Амма Болугуругар «Дьэдьэн ферматын» арыйыахха сөп эбит диэн оҥорбут бизнес-былааным олоххо киирбитэ буоллар, билигин хайдах салаллан иһиэ эбитэ буолла🤔 былаан туолуутугар өрө мөхсө сылдьар буолуом этэ😅

Үлэһиттэр, отчуоттар, атыыга батарыы... Сыал туолуутугар туруулаһыы💪🏼🤝🤞🏻👌🏻

Бүлүүгэ көтөр иитэр ферманы тэрийэбин диэн бизнес-былааннаах Мария үлэтэ өрө тахсыы бөҕө, киэн туттабын👍🏻🤩

Баҕар мин фермабар эмиэ «Болугурга Полинаҕа дьэдьэннии бардыбыт", - диэччи ахсаана күннэтэ эбиллэн иһиэ эбитэ буолуо👍🏻🤩🍓🏃🏻‍♀️🏃🏻

Ону дьылҕа-хаан атын суолу тэлэн биэрэн💞, билигин Хоточчуга сүөһү төбөтө эбиллэрин, үүт дэлэйэрин, үүт-эт ас хайдах минньигэстик астанарын үөрэтэ, олоххо киллэрсэ сылдьабын🧑🏼‍🌾👩🏻‍🌾🌿🌿🌿🐄🐂🐎🐖🐐🦃🥛🥩🥓

Онтон бу Сунтаартан кийииттээх буоллаххына, сылы эргиччи маннык аһыыгын диэн хаартыска👍🏻 Шурочкам ийэтэ Валентина Петровна сир астыырын да, ону кэһии гынан ыытарын да олус сөбүлүүр киһи😘

#тыасирэ #изгородавсело #хоточчу
Бүгүн, кулун тутар 19 күнүгэр, Саха сиригэр Арктика күнэ.

Арктика эргимтэтин улуустарын сайдыытыгар сүҥкэн оруоллаах, ураты суолталаах тэрээһиннэр ыытыллаллар, дьаһаллар ылыллаллар.

Мин Булуҥ оройуонугар олорбут дьоллоохпун. Дьиҥнээх олоҕу билбит кэмнэрим диэн кэпсиибин.

Киһи киһиэхэ үтүө сыһыана, олох туһугар туруулаһыы, үлэни сыаналааһын - бу кэмнэргэ миэхэ күүскэ иҥмиттэрэ.

Арктика - дьиҥнээх олох.

Бу күннэргэ Нерюнгри Иенгратыгар норуоттар ардыларынааҕы таба иитиитигэр чемпионат буола турар. ЯСИА фотокорреспондена Мария Васильева түһэриитигэр хаартысканы көрөҕүт.

Мин эмиэ Булуҥҥа сылдьан элбэх таба сүлүөтүгэр сылдьыбытым. Сүүрэн кэлбит таба тылын туора быраҕан, тыынан сурдурҕуу турара харахпар көстөр, кулгаахпар иһиллэр😍😍😍

#арктика #булунскийулус
Бүгүн Саха сиригэр сылгыһыт күнүн бэлиэтиибит.

Т/х миниистирэ Александр Атласов сылгы иитиитигэр көрдөрүүлэри кэпсээтэ.

2023 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, 182 114 сылгы, ол иһигэр 122 637 биэ баар.
Россия статустаах сылгы иитэр 26 племенной хаһаайыстыбалаахпыт. 4 сылгы собуоттаахпыт. Саха боруодатыгар 10 тыһ кэриҥэ племенной сылгыттан, биэтэ 6 тыһ тахса. Бастакы саха сылгытын иитиигэ племенной собуот Аммаҕа тэриллибитэ.

Сылгы этин оҥорон таһаарыы, тыыннаах ыйааһынынан, 13 889,7 тн тиийдэ. Быйыл 569 мөл. солк, ол иһигэр фед.бюджеттан 167,2 мөл. солк. ыытыллыаҕа.

Тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга биэ төбөтүгэр 5-тии тыһ. солк. тириэрдиигэ 331 мөл. солк; племенной төрүөҕү биэрэр биэлэргэ 75,9 мөл. солк; сылгы собуоттарын өйөөһүҥҥэ 63,9 мөл. солк; сылгы базатын тутууга 63 мөл. солк. көрүлүннэ.

"Саҥа саҕалыыр саҕалааччы" уонна «Дьиэ кэргэн фермата» федпрограммаларынан 2012-2022 сс. сылгы иитиитинэн дьарыктанар 281 б/х 591 мөл. солк суумалаах грант ылан, база тутунна, эбии сылгы уонна техника атыыласта.
Кулун тутар 23-24 күннэригэр, “Семейная ферма” дьиэ кэргэнинэн ферма тэриммиттэргэ грант биэриитигэр программа куонкурса буолар. Минсельхоз тэрийэн ыытар.
Быйыл 67 сайаапка киирдэ. Уопсай суумата – 126,5 мөл солк. Бизнес-былаан муҥутуур суумата – 15 мөл солк.

Быйыл Үөһээ Халыматтан, Дьааҥыттан тиийэ бааллар.

“Семейная ферма” – федеральнай программа, В.В. Путин көҕүлээбит 12 национальнай бырайыагыттан биирэ.

“Буоларын курдук, сайаапка биэрээччи элбэх. Тыа сиригэр үлэлэринэн бэйэлэрин көрдөрбүт бөдөҥ хаһаайыстыбалар бааллар. Кинилэри сэргэ саҥа тэриммит дьоҕус фермалар эмиэ киирсэллэр. Быйылгы бэрээдэккэ уларыйыылар бааллар. Ол курдук, урукку өттүгэр хайаан да 3 үлэһити ылыахтаах эбит буоллаҕына, билигин бизнес-былааныгар суруллар суума 10 мөл. солк. – 1 үлэһити ылар. Итиэннэ Арктика олохтооҕо эбии 10 баалы сурунар”, - диэн иһитиннэрдилэр минсельхозка.

Программа 2012 сылтан үлэлиир, уопсайа 261 КФХ грант ылла, уопсай суума 1,4 млрд солк.

#минсельхозрся #нацпроектпутина #семейнаяферма #агрогрант
https://ysia.ru/do-15-mln-na-razvitie-hozyajstva-mogut-poluchit-semejnye-fermy-v-yakutii/

Поступило всего 67 заявлений из 19 районов республики:

Хангаласский – 12, Чурапчинский – 8, Усть-Алданский – 6, Таттинский – 6, Мегино-Кангаласский – 5, Кобяйский – 4, Намский, Амгинский – 3, Верхоянский, Оймяконский, Горный, Сунтарский – 2, Вилюйский, Олекминский, Нюрбинский, Ленский, Томпонский, Нерюнгринский, Усть-Майский – 1.

Пятерых, изъявивших желание участвовать в конкурсе, исключили из списка после проверки заявительного пакета документов: Верхнеколымский – 1, Томпонский – 1, Мегино-Кангаласский – 2, Нюрбинский — 1.
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
"Семейная ферма" грант куонкурса салҕанан барар. Эбиэт кэннигэр хамыыһыйаҕа бэйэлэрин бизнес-былааннарын бырайыагын намнар көмүскээн саҕалаатылар.

Быйыл Нам улууһуттан үс КФХ кыттар.

Миниистир солбуйааччыта Николай Афанасьев намнар аграрийдара үчүгэйдик үлэлииллэрин бэлиэтээтэ. "Мин Нам улууһун хаһаайыстыбаларыгар барыларыгар сылдьыбытым. Үчүгэйдик үлэлээн олороллор", - диэтэ кини.

Куонкуруска барыта 67 сайаапка киирбититтэн, биэс сайаапка бастакы түһүмэх кэнниттэн туоратылынна.

Саамай элбэх кыттааччылаах - Хаҥалас улууһа. Хаҥаласка быйыл "Тыа хаһаайыстыбатын сылынан" биллэриллибитэ. Хаҥаластар, график быһыытынан, сарсын кэпсииллэр.

Куонкурус иккис түһүмэҕэ - презентация - баалынан сыаналанар. Хамыыһыйа чилиэннэрэ хас биирдии кыттааччыга 1-тэн 5-кэ диэри баал туруораллар.

#минсельхозрся #семейнаяферма #нацпроектпутина
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
«Семейная ферма» грант ылыыга куонкурус иккис күнэ. Бүлүү улууһа саҕалаата. Биир киһи кыттар - Кырбасова Анастасия Васильевна Сатаҕайтан.

Кинини Бүлүү улууһун т/х департамена уонна нэһилиэк салалтата өйүүллэр.

Истиҥ, көрүҥ эрэ хайдах-туох кэпсииллэрин. Улуустарыгар фермерскай хайысха сайдыытыгар санааларын.

#семейнаяферма #нацпроектпутина #вилюйскийулус
Хаар халыҥа олус. Куобах суолун көрөн, ону хаартыскаҕа түһэрээри тоҥуу хаарынан сырыттым. Охтон түһэбин, туруорууй диэн, от тиэйэ сылдьар киһини "сордуубун"😂🤭

Салгын ырааһа, күн сардаҥата сылааһа🤩💥

Наһаа элбэх да буолбатар, куобах орохторо бааллар, биир сиргэ саһыл суолун көрдүбүт.

Суол...

#тыасирэ