НВК САХА
28.3K subscribers
35.3K photos
14.4K videos
16 files
8.64K links
Download Telegram
🔮ГОРОСКОП. Ахсынньы 5 күнэ.

♎️Ыйааһын
♏️Скорпион
♐️Охчут
♑️Чубуку
♒️Күрүлгэн
♓️Балыктар

@nvk_sakha
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺🪖✊🏻АРТИЛЛЕРИСТ САХА УОЛА!

Анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр биһиги военкордарбыт Николай Бястинов уонна Петр Шестаков салгыы үлэлииллэр.

Запорожье, Донецкай, Луганскай өрөспүүбүлүкэлэргэ сылдьан баран аны Курскай уобаласка тиийдилэр.

«Старшина» диэн позывнойдаах, Нам улууһуттан сылдьар артиллерист уол биир дойдулаахтарын көрдөһүүтүн ылынан артиллерия хайдах үлэлиирин көрдөрдө.

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🌐«Эйгэ»: "Тииҥчээн" кинигэ, орнитолог сүбэтэ, Бастыҥнар хамсааһыннара (03.12.24)

-Оҕолорго аналлаах справочнай матырыйааллаах "Тииҥчээн" тэттик кинигэ туһунан.

-Саха сиригэр кэнники кэмҥэ араас көтөрдөр кэлиилэрэ элбээбит - орнитолог сүбэтэ.

-Бастыҥнар хамсааһыннара оҕолорго аналлаах саҥа дьыллааҕы ханнык аахсыйалары бэлэмнии сылдьалларый?

-Ахсынньы 11-12 күннэригэр ыытыллар «Инники идэҕэ хардыы» эдэр чинчийээччилэр XVIII пуорумнарын быйылгы уратытын туһунан

-Сэбиэскэй сойуус дьоруойа Федор Кузьмич Попов аатынан Дьокуускай куорат 20 №-дээх орто оскуолата тэриллибитэ быйыл 80 сыла уонна Саха АССР миниистирдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытынан үлэлээбит, өрөспүүбүлүкэҕэ тутуу эйгэтин сүрүннээбит Николай Семенович Охлопков аатынан Нам улуустааҕы гимназиятын быйыл тэриллибитэ 30 сыллаах үбүлүөйдэрэ. Сайдыы. Ситиһии туһунан сырдатыахпыт.

Биэриини НВК «Саха» YouTube ханаалыгар көрүҥ.

Эбэтэр НВК «Саха» ВКонтакте бөлөҕөр көрүҥ.

@nvk_sakha
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🤷‍♂️«Сэмсэ тыл»: Зеленскэй санаата былыттаах халлаан курдук (04.12.24)

Ааспыт нэдиэлэҕэ Зеленскэй НАТО-ҕа хаалбыт Украинаны ыллаххытына, уоту тохтотуохха сөп диэн дьэ айахтаппыта. Sky News-ка биэрбит интервьютугар кини – сорох сирин биэрэн кэпсэтиигэ барыан сөбүн эппитэ. Аны сотору буолаат, Украинаны барытын НАТО-ҕа ылыахтааххыт диэн турда. НАТО-ҕа икки хонуктааҕыта атыны туойар этэ дии. Дьиҥэр, Украина норуота бу киһиттэн сылайан, эйэлэһиигэ барыан баҕарар эбит. Бу туһунан сиһилии политолог Чокуур Гаврильев ырытар.

@nvk_sakha
🇷🇺 Путин анонсировал новые способы подачи заявок на программу «Время героев»

Президент России Владимир Путин в ходе встречи с военнослужащими сообщил, что заявки на участие в программе «Время героев» можно отправлять не только через интернет, но и по почте.

📬 Для бойцов, находящихся на линии боевого соприкосновения, необходимо написать письмо и направить его по следующему адресу:

344002, Ростовская область, г. Ростов-на-Дону, ул. Пушкинская, д. 70/54 , Южно-Российский институт управления - филиал РАНХиГС

📝 В заявке нужно указать ФИО, дату рождения и занимаемую должность, а также при наличии описать свой гражданский управленческий опыт и государственные награды.

@nvk_sakha
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
⏺️Саха оҕото сахалыы тылы көргө-нарга сөптөөхтүк туттарыгар көмөлөһөр сыаллаах, сыанаҕа көҥүллүк тутта-хапта сылдьарыгар, хамаандаҕа биир тыыҥҥа киирэн оонньууругар аналлаах "Саха КВН" күрэҕэ Таатта улууһугар сылын аайы ыытыллар.

@nvk_sakha
Forwarded from ЧОХООН
БИЛИИГИН ТУРГУТ

🟢 Күн аайы эбиллибэт билии көҕүрүүр☝️

🔴 Бэйэҕин тургутан оонньоон көр, эн хоруйуҥ СӨП дуу, СЫЫҺА дуу?
"Билиигин тургут" рубрикаҕа саҥа оонньуу таҕыста👏

🟡 ЧОХООН Rutube эбэтэр YouTube холбоо, суруттар.

@chokhoon
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
«Аһаҕастык»: Адаптивнай спорт чыпчаалын дабайа... 1 чааһа (05.12.24)

РФ үтүөлээх учуутала Юрий Ощепков доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору спорт кылаан чыпчаалыгар сирдиир сүдү тренер. Кини салайыытынан Өрөспүүбүлүкэ, Уһук илиҥҥи эрэгэйиэн уонна Россия таһымыгар чөмпүйүөннэр уонна призердар тахса тураллар. Уһуйааччы быһыытынан хайдах методикалааҕый? Спортивнай санааны хайдах иитэрий? Ол туһунан аһаҕастык кэпсэтэбит.

Кэпсэтии бастакы чааһа.

Биэриини НВК «Саха» YouTube ханаалыгар көрүҥ.

Эбэтэр НВК «Саха» ВКонтакте бөлөҕөр көрүҥ.

@nvk_sakha
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
⏺️Үөһээ Бүлүү улууһугар «Ыал олох төрдө» диэн ааттаах форум ыытылынна. Тэрээһин пленарнай чааһын таһынан түөрт секциянан үлэ барда.

Сиһилии кэлэр сюжекка көрүҥ.


@nvk_sakha
Саха сиригэр СВО кыттыылаахтарын өйүүр сыаллаах 30 кэриҥэ култуурунай тэрээһин ыытылынна

Өрөспүүбүлүкэҕэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр сыаллаах 29 култуурунай тэрээһин буолан ааста. Манна хомуллубут көмөнү барытын байыаннай сулууспалаахтарга ыыппыттар. Бу туһунан СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Саха сирин артыыстара өрөспүүбүлүкэ таһыгар көһө сылдьар кэнсиэрдэри тэрийэллэр. Ол курдук, С.А. Зверев аатынан СӨ үҥкүү тыйаатыра, Мииринэй тыйаатыра #ПозывнойКультура бырайыак чэрчитинэн ЛНР-га, ДНР-га уонна Запорожскай уобаласка гастроллуу бара сылдьыбыттара.

«Биһиги артыыстарбыт бүгүн, Аҕа Дойду Улуу сэриитин кэмигэр курдук, өбүгэлэрбит үгэстэрин салҕаан, фроҥҥа кэнсиэр тэрийэн саллааттарбыт санааларын өрө көтөҕөллөр», – диэн СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев эттэ.

Саха сиригэр аан бастакынан Илиҥҥи байыаннай уокурук «Мы есть мы» вокальнай-инструментальнай ансаамбыл кэнсиэрдэрэ иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи фашизмы утары форум чэрчитинэн ыытыллыбыта.

Биэдимэстибэҕэ эппиттэринэн, тыйаатырдар гастроллара, аһымал кэнсиэрдэр тохтоло суох ыытыллаллар, байыастар дьиэ кэргэттэригэр, чугас дьонноругар бырайыактар олоххо киирэллэр.

СӨ култуура тэрилтэлэригэр быстах хомуурунан барбыт байыастар, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ, оҕолоро кэнсиэрдэргэ, испэктээкиллэргэ, киинэҕэ, быыстапкаларга босхо сылдьыахтарын сөп.

@nvk_sakha
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🤩Саха сиригэр оскуола оҕолоругар анаан «Медиахакатон» куонкурус саҕаланна

Дьокуускайга ахсынньы 5 күнүгэр «Медиахакатон» айар куонкурус саҕаланна. Манна оскуола оҕолоро тэрилтэлэргэ 12 бырайыак оҥорон таһаарыахтара.

Бириис пуондата - 100 000 солкуобай.

Видео: Ольга Окоемова / «Якутия 24» 📹

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
⏺️Дьокуускай таһынааҕы Марха бөһүөлэккэ социальнай тутуу барар. Итинтэн иккитэ үөрэх салаатыгар ыытыллар.

Ол курдук кадеттарга интернат дьиэ, оттон Марха бастакы нүөмэрдээх оскуолатыгар эбии корпус тутуллар.

@nvk_sakha
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
💠🌐"Якутия с тобой" уопсастыбаннай хамсааһын бэрэссэдээтэлэ Анна Ефимова Волонтер күнүнэн бары волонтердары, үтүө дьыаланы оҥорооччулары эҕэрдэлээтэ.

Каадырга: Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство коллеһын волонтердара уонна устудьуоннара.

Видео: Марианна Созонова / НВК «Саха»

@nvk_sakha
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Эйгэ: Айар студиялаах Ньургуйаана Сутакова, мээчиги күөрэтэр Жерготовтар, "Тоҥ балык-2024" кыайыылаахтара (05.12.24)

Биэриигэ айар студиялаах Ньургуйаана Сутакова дьиэ кэргэнинээн, мээчиги күөрэтэр Жерготовтар, "Тоҥ балык-2024" кыайыылаахтара Колесовтар, Лаптевтар ыалдьыттаатылар.

Биэриини НВК «Саха» YouTube ханаалыгар көрүҥ.

Эбэтэр НВК «Саха» ВКонтакте бөлөҕөр көрүҥ.

@nvk_sakha
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
⏺️Патриоттуу өйү-санааны күүһүрдэр күнү көрсө Нам улууһун үөрэнээчилэригэр “Бастакылар күннэрэ” диэн фестиваль 2-с төгүлүн ыытылынна.

@nvk_sakha
🥼🩺2024 сылга 160-тан тахса земскэй быраас уонна фельдшер тыа сиригэр үлэлиир

Өрөспүүбүлүкэтээҕи биэдэмистибэ иһитиннэрбитинэн улууска 161 исписэлиис, ол иһигэр 90 быраас уонна 71 фельдшер үлэлии барбыт. Былырыын 117 быраас уонна 49 фельдшер хабыллыбыт, ол иһигэр хотугу улуустарга. Быйыл бырагыраама уопсай үбүлээһинэ 231 мөл. солк.-га тэҥнэспит.

Сиһилии👉 https://nvk-online.ru/new/2024-sylga-160-tan-tahsa-zemskej-byraas-uonna-feldsher-tya-siriger-leliir/

@nvk_sakha