This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Мин иннибэр быйыл саас ДНР-га кыргыһыы хонуутугар “сураҕа суох сүппүт” диэн ааҕыллар саха буойун уолун эдэркээн, ол эрээри олох аһыытын, ыарын номнуо этинэн-хаанынан билбит огдооботун араас инстанциялары кытта суруйсуута сытар.
Сүтүктээхтэр көрдөһүүлэринэн, ыстатыйаҕа ааттарын уларыттым. Суруктартан уонна кыыс кэпсээниттэн биллэххэ, Тунаара быйыл кулун тутар ый бүтүүтүттэн анал эпэрээссийэ кэмигэр таптыыр кэргэнин “сураҕа суох сүттэ” диэбиттэрин ылыммакка, сөбүлэспэккэ, көрдөөн эрэй-муҥ бөҕөтүн ааһаахтаабыт...
Сиһилии Владимир Степанов суруйуутугар ааҕыҥ
#сво #днр #сахалар #кыымноруотхаһыата #кыымру

Саҥа талыллыбыт Солоҕон нэһилиэгин баһылыга Александра Павловна Александрова, өбүгэбит үтүө үгэһин салҕаан, чугастааҕы кыра күөллэргэ күһүҥҥү муҥханы тэрийэри көҕүлээтэ.
Бу күннэргэ Чохооной, Сытыган, Таала күөллэрин муҥхалыырга түөрт уончалыы киһи кытынна. Ордук Сытыган күөлэ, элбэх лэһигирэс собонон күндүлээн, дьонун-сэргэтин үөртэ. Айылҕабыт бэлэҕиттэн нэһилиэкпит кырдьаҕастардаах ыалларыгар биирдии солуур собону түҥэтэн, үөрбүт ыал үксээтэ.
Быйыл күһүн 97 сааһын туолбут улууспут Бочуоттаах олохтооҕо, бар дьоно ытыктаан Сэбиэт Маарыйа диэн ааттыыр Мария Григорьевна Тарасова дойдутун дьонугар, ыччатыгар бары үтүөнү баҕаран туран, Солоҕон нэһилиэгин салалтатыгар, дьокутааттарыгар барҕа махталын тиэрдэр.
#горнай #солоҕон #кыымру

Амма улууһн дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлиттэн улуус баһылыгын быыбарын туһунан ыйыталастыбыт
--Софья Лаврентьевна, сотору кэминэн эһиэхэ улуус баһылыгын талар быыбар буолаары турар.
-- Хаарыан уолбут, Николай Архиповичпыт, соһуччу күн сириттэн күрэнэн олус харааһынныбыт, улаханнык суохтаатыбыт... Бүтүн улуус аҕа баһылыга суох хаалан хаалара диэн сүрдээх ыарахан. Улуус мунньаҕа быһылыкпытын талар быыбары ахсынньы 11 күнүгэр ыытыахха диэн биир санаанан быһаарбыппыт. Быыбар хампаанньата сэтинньи 14 күнүттэн саҕаланна. 6 киһи турунна. Баартыйабытыттан 2 күүстээх кандидат турар. Биһиги быыбардар чиэстээхтик, чиэһинэйдик, сиэрдээхтик, туох да хайдыһыыта, кирэ-хоҕо суохтук барыахтаахтар диэн эрдэттэн кытаанахтык быһаарсыбыппыт. Онон норуот бэйэтэ талан ылыаҕа. Этэргэ дылы, ким күүстээх – кыайыаҕа!

📝Иллэрээ күн "Саха" НКИХ Дьөккөн Сөдүөтүн туһунан биэриитин көрдөрдүлэр.👍 Ким кыайан көрбөтөх бу сигэнэн киирэн көрүөххүтүн сөп.
https://youtu.be/RvGhZv-Htbk Кыымнар Сөдүөтү биллиилээх ойуун быһыытынан эрэ буолбакка, хаһыаппыт дьиҥ эрэллээх ааҕааччытынан билэбит, махтанабыт. Ким да суруппат буолбут кэмигэр тохтообокко сурута сылдьыбыт этэ👍. 2018 сыллаахха кини туһунан суруйуу тахсыбыта. Ол сигэтэ бу баар:
https://kyym.ru/sonunnar/don/1402-d-kk-n-s-d-te

📝 Билэҕит дуу?
Сэтинньи 15 күнүттэн аахсыйа буола турар эбит. Диспансеризацияны эбэтэр профкөрүүнү ааспыт АЭБ " Карта жителя Якутии" баан каарталаах дьоҥҥо Дьокуускай "Чолбон" эбэтэр "Самородок" бассыайыннарыгар 25% наах чэпчэтии көрүллэр эбит.
Онуоха "ити чэпчэтии диспансеризацияны ааспыт ыйтан кэлэр ый 20 күнүттэн саҕалаан сыл бүтүөр диэри дьайар" диэбиттэр. Таах да, сылбыт бүтэрэ балтараа ый эрэ хаалбыт эбит. "Сыл устата дьайар" диэн, эһиилгини эмиэ эттэхтэрэ дуу? Итинник чэпчэтии көрүллэр успуорт эбийиэктэрэ эбиллиэхтэрэ диэбиттэр.
*Дьиҥинэн, бэйэ доруобуйатын итинник да манньата суох эрдэттэн көрдөрүнэ сылдьыахтаахпыт буоллаҕа😅. Буолаары буолан, сокуон быһыытынан, үлэлиир дьон диспансеризацияны ааһалларыгар биир үлэ күнүн үлэттэн көҥүллэтэр бырааптаахтар. Онтулара төлөнөр. Хас саастаах киһиэхэ, хас сыл буола-буола ол көҥүллэнэрин, ким икки күн көҥүллэтиэн сөбө уо.д.а. туһунан "Кыым" бэҕэһээҥҥи нүөмэригэр тахсыбыта.
* Иккис өттүттэн, итиччэ чэпчэтии көрүллүбүтүн туттумахтаһан, ороскуоту кыччатар туох куһаҕаннаах үһү?
Диспансеризацияҕа суруйтарар нүөмэр -- 122.

Бүгүн Дьокуускайга халлаан биллэрдик сылыйбытын бэлиэтээтигит дуо? Мантан ордук таһырдьа үлэлээччилэр үөрэр буолуохтаахтар✊🏼
Бу кэмҥэ киин куорат икки болуоссатыгар харыйалары туруоран бүтэрэн эрэллэр🤩
Саҥа дьылга диэри 44 эрэ күн хаалла☝🏼Ахсынньы үүннэ да, сыл бүтэһик ыйа биллибэккэ элэстэнэн ааһыа💨

Национальнай мэдиссиинэ киинин Перинатальнай кииниттэн Ньурба улууһун Васильевтар дьиэ кэргэннэрин үс игирэтин үөрүүлээхтик таһаардылар. Александралаах Владимир алтынньы 26 күнүгэр үс уолга биирдэ күн сирин көрдөрөн үс бүк үөрүүнү биллилэр. Кинилэр өссө кыыс уонна уол оҕолоохтор. Онон, аны биэс оҕолоох ыал ахсааныгар киирэллэр👍🏼
Быраастар кыһамньылаах сыһыаннарынан, оҕолор этэҥҥэ сайдан, улаатан эрэллэр. Төрөппүттэр уолаттарын Сандал, Эрчим, Уйгун диэн сахалыы ааттаабыттар.
Оҕолорго судаарыстыба уонна өрөспүүбүлүкэ таһымнаах босуобуйалары аныылларын таһынан, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан 100 тыһ. солк. сууммалаах сэртипикээттэри биэриэхтэрэ.
#кыымру #ньурба #үсигирэ
https://t.iss.one/kyymsakha

Kyym.ru
Хаҥалас Улахан Ааныгар бэҕэһээ хайаттан Эбэҕэ уу бөҕө кутта диэн бассаапка сөҕөн үллэстэллэр
Хаҥалас Улахан Ааныгар 16.11.2022 эмискэ Өлүөнэ эбэҕэ үөһээ хайаттан уу бөҕө кэллэ диэн дьон соһуйуу-өмүрүү бөҕө буолбуттара.
Онуоха, ытык кырдьаҕастара Ойуку Харитонов киһи соһуйара суох, уруккуттан тахсар уу диэбит👆🏼

БТО диэн бойобуой террористическай тэриллии үс кыттыылааҕын туппуттар. Кинилэр 2003 сыллаахха икки атын омук бэрэстэбиитэлин өлөрбүттэрэ биллэр.
Сиэртибэлэртэн биирдэстэрэ Герцен аатынан үнүбэрсиэккэ устудьуоннуу сылдьар нанай уола Сергей Бельды буолар. Кинини, саҥа дьыл иннинэ киэһэ 18.00 чаас саҕана уопсайыгар киирэн истэҕинэ, хара таҥастаах уонтан тахса скинхед саба түһэн сэймэктээбиттэр. Сиэхситтэр уолчаан этигэр 68 быһах суолун хаалларбыттар.
#кыымру #санктпетербург #дьай

Саха сиринээҕи ветеринария департамена алтынньы 28 күнүгэр Москубаҕа Кыыллар доруобуйаларын харыстабылын федеральнай киинигэр (ВНИИЗЖ) бүрүссүллүөскэ 23 ыт уонна куоска анаалыстарын ыыппыта. Анал лабораторияҕа 19 ыт уонна 4 куоска хаанын ИФА ньыматынан бэрэбиэркэлээбиттэр.
Сэтинньи 16 күнүгэр анаалыс түмүгэ чопчуламмыт: 12 ыт уонна 2 куоска анаалыһа – “положительнай”, 7 ыт уонна биир куоска – “сомнительнай” уонна биир куоска анаалыһа чопчу ыалдьыбатах диэн буолбут.
Инньэ гынан, “зоозащитниктарбыт” дэнэр сорох бөлөхтөр “Дьокуускайга бүрүссүллүөһүнэн саба бүрүнэн приют ыттарын барытын өлөрөөрү соруналлар” эҥин диэн “долгуйан” эрэллэр...
#бруцеллез #ытайдаана #кыымру
https://t.iss.one/kyymsakha
Сэтинньи 16 күнүгэр анаалыс түмүгэ чопчуламмыт: 12 ыт уонна 2 куоска анаалыһа – “положительнай”, 7 ыт уонна биир куоска – “сомнительнай” уонна биир куоска анаалыһа чопчу ыалдьыбатах диэн буолбут.
Инньэ гынан, “зоозащитниктарбыт” дэнэр сорох бөлөхтөр “Дьокуускайга бүрүссүллүөһүнэн саба бүрүнэн приют ыттарын барытын өлөрөөрү соруналлар” эҥин диэн “долгуйан” эрэллэр...
#бруцеллез #ытайдаана #кыымру
https://t.iss.one/kyymsakha
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Телеграм-ханаалбыт сурутааччыларын ортотугар маннык шрифтээх, "Бары дойду пролетарийдара холбоһуҥ" диэн тумулук этиилээх хаһыаты аахпыт дьоллоох дьон бааргыт дуу? Кээмэйэ билиҥҥини икки гыммыт саҕа буолара. Үгүстэр дьиэ эркинигэр саайыллыбыт тоһоҕоҕо мунньаллара олоҕурбут, күннээҕи көстүүгэ кубулуйбут курдуга 😅. Оттон уонна таһырдьа тымныыттан сылаас дьиэҕэ субу саҥа киирбит хаһыат хатыламмат ураты сытын өйдүүгүт? Иһигэр кэмбиэрдээх сурук, аккырыыкка баар буоллаҕына, букатын да күннүүрбүт🤗.
Бэҕэһээ, сэтинньи 18 күнүгэр, Дьокуускай куорат Аан дойдутааҕы Хомус түмэлигэр, искусство эйгэтигэр ураты буочардаах скульптор Түмэн Хамаганов Пурбо уола "Үс кут ситимэ" видеоклибын сүрэхтэниитэ буолан ааста. Сааланы толору киһи мустубутунан сылыктаатахха, дьон-сэргэ бу айымньыны улаханнык сэҥээрбитэ, интэриэһиргээбитэ көстөр.
Дьэ туох айымньыта эбитий?
Пластилинтан имитиллэн-хомутуллан, онтон боруонсаҕа кутуллан оҥоһуллубут сүрдээх дириҥ философскай, итэҕэлгэ чугас хоһоонноох оҥоһук буолар.
Түмэн Пурбо уола бэйэтэ этэринэн, бу оҥоһукка ылсыбыта 2 сыл буолбут.
Оҥоһуктар билигин Москуба куорат Саха представительствотын түмэлигэр хараллан тураллар.
Клип оҥоруутугар биллэр-көстөр ыччаттарбыт үлэлэспиттэрэ хайҕаллаах. Олор истэригэр, хомусчут-импровизатор Алена Слепцова, режиссер Ньургуяна Антонова-Дьол, стилист Любовь Васильева о.д.а. бааллар. Чаҕылхай үрдэл сулус буолан тырымнаабыт, тарбаҕар талааннаах Түмэҥҥэ айар үлэтигэр ситиһиилэри баҕарабыт. Айымньыларыҥ аата-суола Аан дойдуга дуораһыйа иһилиннин, соһуччу оҥоһуктаргынан норуоккун үөрдэ тур!

Эрдэһит Артыамый, оронуттан тураат, хоһоон айбыт, бар дьонун бассаабынан эҕэрдэлээбит😀👍🏼
Саҥа сарсыарда саҕаланна,
Сахабыт сирэ уһугунна,
Сырыы айан сүпсүлгэнэ
Саҥаттан курдук буолла.
Оскуолаҕа ойдулар оҕолор,
Орто саастаах үлэҕэ,
Оҕонньоттор олбуор иһигэр
Олорбокко да мөҕүстүлэр.
Олохпут оҥкулун устунан
Оргууй устан истэҕэ,
Онтуҥ эмиэ дьол
Орто дойду олоҕор.
Оһох буруота унаарар,
Ойбон мууһа тэһиллэр,
Олбуор иһэ күрдьүллэр
Ол аата олох оргуйар.
Саҥа күҥҥэ эрэл, итэҕэл бөҕөргөөтүн!
Артыамый.
Саҥа сарсыарда саҕаланна,
Сахабыт сирэ уһугунна,
Сырыы айан сүпсүлгэнэ
Саҥаттан курдук буолла.
Оскуолаҕа ойдулар оҕолор,
Орто саастаах үлэҕэ,
Оҕонньоттор олбуор иһигэр
Олорбокко да мөҕүстүлэр.
Олохпут оҥкулун устунан
Оргууй устан истэҕэ,
Онтуҥ эмиэ дьол
Орто дойду олоҕор.
Оһох буруота унаарар,
Ойбон мууһа тэһиллэр,
Олбуор иһэ күрдьүллэр
Ол аата олох оргуйар.
Саҥа күҥҥэ эрэл, итэҕэл бөҕөргөөтүн!
Артыамый.
Бэҕэһээ, алтынньы 18 күнүгэр, "Саха Өрөспүүбүлүкэтин тылларын туһунан" сокуон олоххо киирбитэ 30 сылыгар аналлаах "Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тылбаас туруга уонна кыһалҕата" диэн кэпсэтии буолан ааста.
Билигин, уруккуттан да биллэрин курдук, киирии тыллары, тиэрминнэри сахатытыы, тэрилтэлэри тылбаасчыттарынан хааччыйыы, сахалыы ойуу киинэ тылбааһын элбэтии кыһалҕалара сытыытык тураллар. Ол курдук, былаас уорганнарыгар үлэ бүтүннүү нуучча тылынан барара биллэр. Саха тыла оннооҕор пресс-сулууспаларыгар туттуллубат, ол иһин сонун барыта нууччалыы суруллан тарҕанар.
Ол да буоллар, кэпсэтиини кэлэр 2023 сылга СӨ сокуоннара бары икки тылынан тахсыахтаахтар диэн докумуон олоххо киирдэҕинэ уонна саҥа тэриллэ сатыыр СӨ тылларын сайыннарар киин иһинэн Тиэрмин хамыыһыйата үлэлээтэҕинэ, нууччалыы-сахалыы тылбаас эйгэтигэр үчүгэй уларыйыылар тахсаллар ини диэн эрэл санаалаах түмүктээтилэр.
Видеоҕа - "Кыым" хаһыат эрэдээктэрэ Иван Гаврильев
#кыымру #хифу #сахатыла

Бэҕэһээ "Арассыыйа - мин устуоруйам" пааркаҕа Олоҥхо декадатын чэрчитинэн биир сонун тэрээһин буолла. Ол курдук, "Олоҥхо үйэлээх аартыгынан" быыстапка саҕаланна уонна цифровой худуоһунньуктар олоҥхо сюжеттарыгар мультимедийнай анимация уруһуйдарын быыстапката сүрэхтэннэ.
Киһи элбэх, ордук ыччат, оҕо тоҕуоруста. Аныгы технология көмөтүнэн, олоҥхо уобарастарын уустаан-ураннаан айан оҥорбуттарын, ону хамнатан көрдөрбүттэрин көрөөччүлэр сөҕө-махтайа, абааhылары дьиксинэ да ылыннылар. Кэнэҕэскитин маннык мультиктар да оҥоһуллуохтарын сөп эбит👍🏻
Анимация-уруhуй куонкурус бырайыагын ааптара Туйаара Стручкова, бэйэтэ архыып үлэһитэ, идэтинэн историк эбит. Анимацияны, Олоҥхону хобби оҥостон, дьон бөҕөнү түмэн сообщество тэрийэн, салгыы бу бырайыак үөскээн тахсыбыт. Тэрийээччилэр өссө да киэҥ-куоҥ бырайыактары былаанныыллар.
#россиямояистория #олоҥхо #кыымру