«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.59K subscribers
18.1K photos
1.11K videos
1 file
10.6K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
🗣Иван Шамаев дириэктэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей үөрэнээччилэрэ бары кэриэтэ аан дойду биллэр-көстөр тэрилтэлэригэр үлэлииллэр диэҥҥэ өссө төгүл итэҕийдим. Бүгүн кэпсиир ыччатым KPMG диэн аан дойдуга биллэр IT хампаанньа тарбахха баттанар үлэһитэ Наталья Александрова.
https://kiinkuorat.ru/2020/06/saha-kyyһa-kpmg-tutaah-үleһite/
🐎 Саха сиригэр спортивнай уораҕайдарга тэрээһиннэр, оннооҕор эрчиллиилэр бобулланнар муунтуйдубут. Фанаттар күрэхтэһиини көрбөккө, тыыммыт хаайтарар. Онуоха, хата, Москваттан, Уфаттан, Германияттан Саха сириттэн сылдьааччылар урут үктэммэтэх да улахан түһүлгэлэрбитигэр, холоммотох да таһымнарбытыгар кыайыыларын үөрэ иһиттибит. ➡️➡️➡️ https://kiinkuorat.ru/2020/06/arҕaaҥҥy-aarymalarga/
🗣Бааһынай хаһаайыстыба олоҕун-дьаһаҕын Күндэйэ олохтооҕо, “Сырдык Аартык” тыа хаһаайыстыбатын потребительскай хаһаайыстыбатын бэтэринээр бырааһа Мария Николаевна Терентьева кэпсиир.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/2020/06/suntaarga-sajylyk-tүbүge-saҕalanna/
Аграфена Гаврильевна Михайлова (Кузьмина),
үлэ бэтэрээнэ, социалистическай үлэ ударнига, Ньурба улууһа, Маар бөһүөлэгин бочуоттаах олохтооҕо:

– Мин Ньурба улууһун Чаппанда нэһилиэгэр муус устар 21 күнүгэр 1937 сыллаахха төрөөбүтүм.
«Сэрии оҕолоро» диэҥҥэ чахчы киирэр эбиппин. Билигин 82 сааспын ааhан баран, олохпун барытын эргитэ санаатахпына, оҕо сааһым ким да баҕарбат ыарахан кэмнэрин ааспыппын.
Сир үрдүгэр кэлиэхпиттэн тулаайах этим.
Сиhилии: https://kiinkuorat.ru/2020/06/tulaajah-oҕonu-yallar-үүren-taһaarallara/
Дьон мааска, бэрчээккэ кэтэртэн ураты, атын дьону кытта көрсүһүүлэрин тохтотуон наада. Биир дьиэ кэргэн иһигэр 7-8 киһи ыалдьыбыта баар.😨❗️❗️❗️
Иван Герасимович ВАСИЛЬЕВ – Алгыстаах Уйбаан:

— Алгыһы киһи бэйэтин ис туругунан итэҕэйиэхтээх, арыллыахтаах. Алгысчыт, аныгылыы тылынан быһаардахха, спутниктан сигнал биэрэр араадьыйа курдук үлэлиир. Ол иһин онно дьиҥнээхтии холбонон олоруохха наада. Билигин литература элбэх кэмигэр Айыылар суолталарын үөрэтиҥ, ааҕыҥ, билиигитин хаҥатан алгыска бэлэмнэниҥ. Оччоҕо алгыс дьайыытын үчүгэйдик ылыныаххыт.

Дьиэҕитигэр алаадьы астанан сыт таһаарыҥ. Ыһыах мааны аһын астаан, кымыс, быырпах бэйэҕит сатаан оҥостубат буоллаххытына, атыылаһан бэлэмнэниҥ диэн сүбэлиэм этэ. Кымыс, быырпах уохтаах утахтар буоланнар киһи кутун-сүрүн көөнньөрөн таһымын үрдэтэллэр.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/2020/06/algys-tylyn-hajdah-iҥerinebit/
🌿🌿🌿 Аар-саарга аатырбыт, саха төрдө буолбут Улуу Туймаада Хочотун Үрүҥ Тунах Ыһыаҕын ытык алгыһын “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа ханаалыгар, бэс ыйын 21 күнүгэр, күнүс 12.00 чаастан көрүҥ, истиҥ, иҥэриниҥ!
https://kiinkuorat.ru/2020/06/onlajn-algys-bes-yjyn-21-kүnүger/
Сардана Авксентьева, Дьокуускай куорат баһылыга:

— Сахам сирин бары олохтоохторун самаан сайын салаллан кэлбитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Урукку сылларга Үрүҥ Тунах Ыһыахха 20 тыһыынчаттан тахса киһи Үс Хатыҥ түһүлгэтигэр тоҕуоруһа мустара. Быйыл Улуу Кыайыы 75 сылын уруйдуур ыһыахпыт онлайн форматынан тэриллэрэ, бастатан туран, аҕа көлүөнэ дьоммутугар суолталаах, ону бары өйдүөхтээхпит уонна ылыныахтаахпыт.

Ыһыах күн мин хайаан да сахалыы таҥаспын кэтэбин. Төһө даҕаны өрөбүл күн буоллар, үгэс курдук, сарсыардаттан куораппыт санитарнай туругун бэрэбиэркэлиэхпит. Наада буоллаҕына, оперативнай штаб мунньаҕын ыытыахпыт. Эбиэт саҕана ийэбинээн үгэс буолбут ыһыах аһын-үөлүн бэлэмниэхпит: арыылаах алаадьы астанан, эт буһаран, хос эбэм сылабаарын оргутан, дьиэлээхтэрбитин кытта сандалы тула олоруохпут.

Култуура уонна духуобунай сайдыы управлениета, уокуруктар, тэрилтэлэр араас хабааннаах тэрээһиннэри ыытан эрэллэр...

Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/2020/06/sieri-tuomi-telgeһe-iһiger-toloruohput/
🌿Егор Семенович Николев, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, «Германияны Кыайыы иһин”, “Японияны кыайыы иһин” 1 степеннээх уордьаннар хаһаайыннара:

Саамай сүдү национальнай суолталаах бырааhынньыкпыт Ыһыах буолар. Оттон миэхэ Туймаада Ыһыаҕа сыл аайы саамай кэтэһиилээх, дьоллоох түгэн.

Биhиги дьиэ кэргэн оҕолорбутун, сиэннэрбитин кытта Туймаада Ыhыаҕар эрдэттэн ох курдук оҥостор, сыл устата таҥас-сэп бэринэр, ас-үөл бэлэмнэнэр үгэстээхпит. Үс Хатыҥҥа киирэн ыһыах көрүн-нарын көрөн, аймах-билэ дьоммутун көрсөн дуоһуйа сынньанааччыбыт. Араас култуурунай, спортивнай тэрээhиннэри, атыыны-эргиэни кэрийээччибит уонна, биллэн турар, ыһыах саамай сүрүн туомугар — Күнү көрсүүгэ кыттыһааччыбыт. Мин төһө да сааһырдарбын, Дыгын Оонньууларын уонна ат сүүрдүүтүн көтүппэт идэлээхпин, трибунаҕа барытын ууран олорон көрөрбүн ордоробун.

Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/2020/06/ejeleeh-oloҕu-urujduohput/
🌿🌿🌿"Киин куорат" хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэрэ  бэрт интэриэһинэй матырыйааллардаах таҕыста! Сибиэhэй хаһыаты ааҕарга тиэтэҋиҥ!✊🏻👍🏻😀
🌿🌿🌿 Николай Васильев, Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническай балыыһа кылаабынай бырааһа:

Аан дойду үрдүнэн пандемия туран, хас биирдии киһи ыарыыны утары бэйэтин кыаҕынан күннэтэ охсуһар – ол кини гражданскай ытык иэһэ буолла. Биһиги, медиктэр, күннэри-түүннэри бары кыахпытын биэрэн, билиибитин-сатабылбытын ууран, дьаҥы уодьуганнааһын инники кирбиитигэр сылдьабыт.

Бу ыарахан ыарыыны утары охсуспуппут үһүс ыйыгар барда. Ол тухары медиктэр, балыыһа бары үлэһиттэрэ дьиэлэрин-уоттарын, дьоннорун-сэргэлэрин хаалларан туран, ытык иэстэрин чиэстээхтик толоро сылдьалларынан киэн туттабын, махтанабын. Сахам дьонугар өссө төгүл туһаайан этиэм этэ, бары биир санаанан салайтаран, ирдэбиллэри булгуччу тутуһан, бүтүн аан дойдуну аймаабыт ыарыыны кыайыахтаахпыт. Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ...
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/2020/06/4844/
🌿🌿🌿 Егор Филиппов, «Дыгын оонньууларын» түөрт төгүллээх кыайыылааҕа:

Мин тус бэйэм Ыһыаҕы куруук спорду кытта ситимниибин. Туймаада Ыһыаҕын биир саамай күүтүүлээх, элбэх киһи болҕомтотун тардар күрэҕинэн «Дыгын Оонньуулара» буолаллар. Спортсменнар сыл устата бэлэмнэнэн, биир күнү халтайга атаарбакка дьарыктанан, күүс-уох мунньунан, албастары баһылаан, эт-хаан туругун муҥутуур чыпчаалыгар тиийэн, кыл курдук тыҥаабыт турукка киирэн, Ыһыах түһүлгэтигэр үктэнэр буоларбыт. Саха омук умсугуйан, уйуһуйан туран көрөр күрэхтэһиитигэр бэртэн бэрди кытта, бастыҥтан бастыҥы кытта илин-кэлин түсүһэрбит.

Билигин биир да спортивнай саала үлэлээбэт, спортсменнар таһырдьа эрэ дьарыктанар бырааптаахпыт. Мин формабын тута сылдьаары даачабар дьарыктанабын. Арыт үөһээ мырааҥҥа тахсан сүүрүөхпүн сөп. «Дыгын Оонньууларын» хас биирдии көрүҥэр туһунан дьарык, толкуйдаах эрчиллии эрэйиллэр...

Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/2020/06/yһyaҕy-spordu-kytta-sitimniibin/
“Эмчиттэргэ махтал!” ааксыйа биллэрэбит! 🏥 🧑🏻‍⚕️👨‍⚕️👨🏻‍⚕️🧑🏼‍⚕️🏥

“Эхо Столицы” уонна “Киин куорат” хаһыаттар 🗞📰🗞Дьокуускай олохтоохторун коронавируһу утары үлэлии сылдьар эмчиттэргэ махтанар, өйөбүл буолар ааксыйаҕа кыттарга ыңырар.
👏🏻👏🏻👏🏻
Бэс ыйын 21 күнүгэр, Медицинэ үлэһитин күнүгэр, күнүс 16.00 чаастан балконнарбытыгар, тэлгэһэбитигэр тахсан ытыспытын таһынан эмчиттэри уруйдуоҕуҥ!
👏🏻👏🏻👏🏻
Ааксыйаҕа кыттыбыт хаартыскаларгытын уонна видеоларгытын социальнай ситимнэргэ #спасибомедикамЯкутск хештегинэн таһаараҕыт.
📸 📸📸
Дьокуускайга билигин пандемияны утары 712 медик үлэлиир: 202 быраас, 375 медсиэстэрэ уонна медбрат, 135 аччыгый медперсонал.
👏🏻👏🏻👏🏻
Дьокуускай эмчиттэрин дьаныардаах үлэлэригэр ис сүрэхпититтэн махтаныаҕыҥ!❤️❤️❤️
https://kiinkuorat.ru/2020/06/emchitterge-mahtal-aaksyja-billerebit/
«КИИН КУОРАТ» хаhыат
Video
👫👬👭👫👬👭👬👫👭
Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ''Оһуокай'' күрэҕин кыттааччылара‼️
*Хос быһаарыы*:
Билиҥҥи буола турар балаһыанньаҕа тирэҕирэн, дьаҥ ыарыыта турбутунан сибээстээн, быйылгы оһуокайбыт куйаар ситиминэн ''онлайн'' форматынан ыытылла турар. Онон дьүүллүүр сүбэҕэ уонна күрэххэ кыттааччыларга кэккэ уустуктар үөскээтилэр. 💥
Бүгүҥҥү күн туругунан 30 кыттааччыттан видеолара кэлэн, дьүүллүүр сүбэ ону сыаналыы, түбүгүрэ олоробут. Кыттыбыттарга махтал🙌👏🙌👏🙌👏
💥
Оһуокай күрэҕэ аан бастакытын ''онлайн'' нөҥүө ыытыллар буолан, быйыл кыттааччытын ахсаана элбээбитин туһунан иһитиннэрэбит. Улуустартан урут оһуокай күрэҕэр кыттыбатах сонун дьон кыттыбыттара кэрэхсэбиллээх буолла. Саҥаттан саҥа кыттааччылар итинник тахсан иһэллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Аны туран, бу күрэххэ элбэх ыччат кыттыбыта, биһигини олус үөртэ. Ол аата оһуокай кэскилэ кэҥиир, ыыра ыраатар диэн сэмэйдик хайҕаатахпыт буоллун. 👏👏👏👏👏👏👏👏👏
💥
Оһуокай туох-ханнык тиэмэҕэ хоһуйуллуохтааҕа балаһыанньаҕа ыйылла сылдьар. Онно көрдөххө, сорохтор видеоларын 7-8 мүнүүтэлээҕи эрэ устан ыыппыттар. Тиэмэлэрин кыайан арыйбатахтар да бааллар. 💥
Финалга 1️⃣5️⃣ бастыҥ оһуокай этээччилэр киириэхтэрэ. Ким киирбэтэх санааҕытын түһэрбэккит. Күрэх аата күрэх. Инникитин өссө күүскэ үлэлээн, тэтимирэн иһиэххит буоллаҕа. 💥
Видеоҕа ким хайдах сатанарынан уһулан ыытар. Айылҕаҕа да буоллун, ол эбэтэр соҕотоҕун да дьиэҕит иһиттэн оһуокайдаан ыытыаххытын сөп. Бэйэҕит баҕаҕытынан, сатабылгытынан көрөн уһулан ыытаҕыт. 💥
''Оһуокай'' күрэх 1️⃣-кы түһүмэҕин түмүгүн, сарсын күнүс 1️⃣2️⃣.0️⃣0️⃣ бу бөлөххө ыытыахпыт. Баҕар тардыллан, хойутуу ыытылыннаҕына, өйдүөххүт диэн эрэнэбит. Оһуокай видеота 14 мүнүүтэнэн быһыллар. 🙏🙏🙏🙏🙏🙏🙏🙏🙏
Барыгытыгар ситиһиилэри
*Оһуокай* күрэҕин дьүүллүүр сүбэтэ.
Сардана Авксентьева

Очень напряженная рабочая неделя. Не успеваю ничего писать. Докладываю вкратце об основном:

❗️Жесткая экономия позволила нам выделить 134,7 миллиона рублей на начало сноса аварийных домов в 17 квартале. Да, мало, нужны миллиарды, но это первый шаг, который я обещала жителям квартала.

❗️23 млн рублей будет направлено на ремонт придомовых территорий более чем 100 жилых домов (срок до октября)

❗️20 миллионов будет направлено строительство и реконструкцию уличного освещения, в т.ч., как и обещала - в Хатассах.

❗️Начали текущий ремонт 44 городских и пригородных улиц (срок – до конца июля). Начавшийся ремонт дорог в рамках нацпроекта БКАД вы видите, СМИ тоже освещают, в целом мы в графике. Также начаты работы по устранению выявленных недостатков за 2019 г. Оперативные штабы ежедневно.

❗️Сняли еще один административный барьер в градостроительных документах, внесли изменения в Правила землепользования и застройки.

❗️Провели публичное обсуждение Схемы теплоснабжения города. Ее реализация позволит более эффективно и надежно обеспечивать город теплом зимой.

❗️Еще немного позитива: в августе в муниципальное предприятие «Ба5арах» прибудет 100 коров холмогорской породы из Татарстана по линии Минсельхоза))) Ждем красавиц, ведь в следующем году нам нужно больше цельного молока.

❗️Вся ежедневная работа тут не помещается, поэтому следите за городскими новостями на сайте
якутск.рф.
#сарданаавксентьева #якутск 
#всерешаетчеловек
https://www.instagram.com/p/CBkfabppTce/?igshid=4rr16uy4w59d
🌿 1945 сыл ыам ыйын 9 күнэ дойдуга Кыайыы күнүнэн биллэриллибитэ. Сахабыт сиригэр аан бастакы үөрүүлээх Кыайыы ыһыахтара самаан сайын сатыылаан турар кэмигэр, бэс ыйыгар хас оройуон, нэһилиэк аайы ыһыллыбыта.
https://kiinkuorat.ru/2020/06/harah-uulaah-өrөgөj-yһyaҕa/