#КК_сонун
Дьокуускай куоракка ититии сезона балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҕаланыаҕа.
Доруобуйа харыстабылын уонна социальнай эйгэ эбийиэктэригэр сылааһы бастакынан биэриэхтэрэ☝️Маны сэргэ олорор дьиэлэри эмиэ холбоон саҕалыахтара👍. Бу туһунан баһылык Евгений Григорьев “Россия 24” ханаалга быһа эпиир кэмигэр иһитиннэрдэ.
Киин куоракка 2943 элбэх кыбартыыралаах дьиэ баар, онтон 95%-ныгар ититии систиэмэтин ыраастааһын үлэтэ түмүктэммит, 70% дьиэ оттукка бэлэм буолбутун туоһулуур пааспары ылбыт.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

#КК_фотофакт
😍Пригороднай сэлиэнньэтигэр Дьокуускай куорат 12 нүөмэрдээх орто оскуолатыгар сыһыары тутуу үлэтэ күөстүү оргуйар👍.
Учууталлар, төрөппүттэр, оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын кэннэ кэлэн, саҥа эбийиэк тутуллан ырааппытын көрөн соһуйдулар, үөрдүлэр😍🤩.
"Оскуолабыт 80 сыллаах үбүлүөйүгэр дьоһун бэлэх", - дэһэллэр. “Тыый! Тутуу ырааппыт!", "Эчи, улаханыын!", "Киһи хайдах да салҕааһын эрэ диэбэт, тыла тахсыбат" диэн саҥа аллайдылар🤩 Бу туһунан бэйэбит кэр.иһитиннэрдэ.
Санатар буоллахха, тутуу үлэтэ 2021 сыл ахсынньы ыйыттан саҕаламмыта уонна быйыл ахсынньы ыйга үлэҕэ киириэхтээх.

🌺🌸🌼 Сайсары уокуругун управата атырдьах ыйын 25 күнүттэн балаҕан ыйын 4 күнүгэр диэри “Тиэргэни бастыҥ киэргэтиигэ” куоластааһыны ыытар.
Манна сайын устата дьэрэкээн сибэккинэн, чээлэй күөҕүнэн олохтоохтору үөрдүбүт 5 тиэргэн кыттар:
1. Новокарьернай уул., 22/2
2. Мерзлотнай уул., 30
3. Билибин уул., 19
4. Лермонтов уул. 140
5. Чайковскай уул., 32/8.
Бүгүҥҥү туругунан Чайковскай уул., 32/8 (5 хаартыска) 61% куолаһы ылан, инники күөҥҥэ иһэр.
PS. Эһиги ханнык тиэргэҥҥэ куоластыыгыт? Хаартыскалары көрүҥ, санааҕытын суруйуҥ.

#КК_поэзия
Үлэ уонна спорт бэтэрээнэ Александра Васильевна Гуляева Орто Халыма улууһун Эбээх бөһүөлэгиттэн төрүттээх. Бастакы идэтэ фармацевт. Онтон 1975 сыллаахха СГУ-ну бүтэрэн, төрөөбүт улууһугар биология, химия учууталынан 36 сыл үлэлээбитэ. Александра Васильевна ааспыт сылга хоһооннорун бастакы хомуурунньугун бэчээттэппитэ. Бүгүн кини хоһооннорун кытта билсиһиннэрэбит.
Халыма күһүнү көрсөр
Хотуттан күһүнү көһөрөн,
Аастылар айанньыт-кубалар,
Хотугу тыал былыты ытыйан,
Биир гына халлааны сабардыыр.
Тыалбыт күүһүрдэр күүһүрэн,
Былыппыт хараардар харааран,
Сотору кыыдамын аҕалан,
Маҥан хаар дойдубун бүрүйэр.
Таптыыбын дьыл маннык көстүүтүн,
Сайыммыт барахсан бүтүүтүн,
Хаас үөрэ бөлөхтөөн көтөрүн,
Халыма күһүнү көрсөрүн.
Атын хоһоонноро: https://vk.com/@kiinkuorat-taptyybyn-dyl-mannyk-ksttn
📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

🇷🇺Үөрэх нэдиэлэтин саҕаланыыта Арассыыйа былааҕын күөрэтии дойду бары оскуолаларыгар киирэр. Былааҕы өрө анньар чиэскэ бастыҥ үөрэнээччилэр тиксэллэр.
✅Дойдуга бэриниилээх буолууну ыччакка иҥэрэр үгэһи оскуолаларга аан бастаан Саха өрөспүүбүлүкэтэ киллэрбитэ биллэр. 2019 сыллаахтан оҕолор гимн толороллор.
☝🏻Бу тэрээһин туох-хайдах буолуохтааҕын үөрэттибит:
🔸Оскуолалар былааҕы көтөҕүү туомун, дьыл кэмиттэн көрөн, таһырдьааҥы балаһааккаларыгар, актовай эбэтэр спортивнай саалаларыгар ыытыахтаахтар.
🔸Маҥнайгы уруок саҕаланыан иннинэ шеренганан стройдаан тураллар. Былааҕы знаменнай бөлөх таһаарар.
🔸Былаах күөрэйбитин кэннэ тэрээһин информационнай чааһа ыытыллыахтаах.

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#КК_сонун
🤩"Үрдэл" пааркаҕа "Үйэлээх мас: прошлое, настоящее, будущее" мас уустарын күөн күрэһин оҥоһуктара.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
🤩"Үрдэл" пааркаҕа "Үйэлээх мас: прошлое, настоящее, будущее" мас уустарын күөн күрэһин оҥоһуктара.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан
✅Күһүңңү кэмңэ сыыстаран ыалдьар, тымныйар, тумуулуур киһи элбэх.
Иммунитеты күүһүрдэр битэмииннээх ас оҥосторго сүбэлиибит.
🍋Лимон
Имбирь
🍯 Мүөт
🔸Лимоммутун сылаас суодалаах ууга суокканан эбэтэр иһит сууйар губканан аалан сууйабыт (ыраас, саңа губканы туттуң).
🔸Хараарбыт өттүн уонна кутуруктарын быһан быраҕабыт, кыра гына кырбастыыбыт.
🔸Имбири кыра ньуосканан аалан ыраастыыбыт, бытархай гына кырбыыбыт.
🫙бааҥкабытын бастаан содалаах уунан сууйабыт, уксус кутан сайҕыыбыт. Түгэҕэр мүөт кутабыт уонна: 2 нь. лимон+2нь. имбирь+мүөт - барытын дьапталҕанан кутан иһэбит.
☝🏻Үрдүгэр эмиэ мүөт кутуллар. Холодильникка биир хонук турдаҕына бэлэм буолар, лимон суога тахсар.
Ууга суурайан эбэтэр чэйи кытта сии сылдьыҥ, иммунитеккытын бөҕөргөтүҥ.

✅ Атырдьах ыйыгар Дьокуускайтан Хаҥаласка, Горнайга, Намҥа оптуобустар сырыылара саҕаламмыта. Нэдиэлэҕэ иккитэ сылдьар саҥа тупсаҕай оҥоһуулаах оптуобустары дьон сөбүлээтэ.
🚌 Балаҕан ыйын 1-кы күнүттэн оптуобустар ити хайысхаларынан күн аайы айанныыр буолуохтара.
🎫 Дьокуускай - Покровскай - 177 солк.
Дьокуускай - Мохсоҕоллоох - 222 солк.
Дьокуускай - Маҕарас - 192 солк.
Дьокуускай - Бэрдьигэстээх - 404 солк.
Дьокуускай - Нам - 192 солк.
Дьокуускай - Хатырык - 265 солк.
🧳 Нуорманы таһынан мал илдьии - 50 солк.

✅ Владимир Путин ыйааҕынан «За развитие Сибири и Дальнего Востока» мэтээл олохтонно.
Бу мэтээлинэн Арассыыйа уонна тас дойду гражданнарын дойдуларын туһугар сүҥкэн кылааттарын иһин наҕараадалыахтара.
Мэтээл 32 мм диаметрдаах, үрүҥ көмүстэн оҥоһуллубут.

✅ Дьокуускайга ОДьКХ өҥөлөрүн бу аадырыстарынан төлүөххэ сөп:
🔸202 мкр., корп. 15А
🔸 "Белое озеро" ырыынак, Можайскай уул., 27А
🔸«Якутжилстрой» дьиэтигэр, Каландаришвили уул., 25
🔸Жатай, Севернай уул., 25/1
🔸«Манньыаттаах» ырыынак, Рыдзинскай уул., 24 Б
☝🏻Атын өҥөлөр (уот ситимигэр холбонуу, субсидия оҥотторуу о.д.а.) барыта эрдэттэн сурутуунан эрэ оҥоһуллаллар (Ф.Попов уул., 21)
✅Ону тэҥэ онлайн ньыманан төлүөххэ сөп:
🔸 https://www.dvec.ru/dalsbyt/ ПАО «ДЭК» саайтыгар тус кабинет арынан (хамыыһыйата суох)
🔸«Сбербанк-онлайн» (1% хамыыһыйалаах)
🔸 «Телекард» сервис уонна «Дальневосточный» ГПБ банкоматтарыттан.
🔸Интернет-бааннар нөҥүө: «Росбанк», «ВТБ», «Россельхозбанк» «Кукуруза (Евросеть)», «Золотая корона», «Все платежи», «Paystore», «e-Pos» о.д.а.«CyberPlat» холбоммут сервистэринэн.
🔸 «Квартплата+» мобильнай сыһыарыынан.
🔸«Почта России» бары отделениеларыгар.