Forwarded from Лоһуура
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Сунтаар Туойдаах бөhүөлэгэр быраттыы Ероскумовтар оҥоһуктара диэн кэллэ.
#КК_Сэргээ
Биирдиилээн киһи моҥкуруут буолуута
❇️Ылыллыбыт иэс, биллэн турар, төлөнүөхтээх. Ол эрээри араас төрүөтүнэн иэһи-күүһү кыайан төлөспөт туруктаныы эмиэ баар буолар. Оннук түгэҥҥэ тэрилтэлэр уонна урбаанньыттар моҥкуруукка бараллар. Ол тэҥэ 2015 сылтан саҕалаан биирдиилээн киһи (физическое лицо) да моҥкуруут буолбутун биллэрэр кыахтаммыта. Ол бэрээдэгэ “Моҥкуруут буолуу туһунан” (“Закон о несостоятельности (банкротстве)” 127 №-дээх Федеральнай сокуоҥҥа эбиллэн биэрбит 10-с баска сиһилии сурулла сылдьар.
Биирдиилээн киһи моҥкуруут буолуутун, моҥкуруукка барыы хаамыытын туһунан «Киин куорат» хаһыакка анаан Судаарыстыбаннай регистрация, кадастр уонна картография федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Ольга Николаевна Егорова кэпсиир: https://kiinkuorat.ru/articles/biirdiileen-ki-i-mo-kuruut-buoluuta
📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

⬆️⬆️⬆️Маныаха эбии төрдүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ Ийэ хапытаала көрүллэр буолуоҕа. Ол туһунан сокуон 2025 сыл бастакы кыбаарталыгар көрүллүөхтээх👍🏻
📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Telegram
«КИИН КУОРАТ» хаhыат
🌐 Kiinkuorat.ru
📩Электроннай аадырыс: [email protected]
📩Электроннай аадырыс: [email protected]
#КК_Сэргээ
✈️ Саха сиригэр тохсунньу 9 күнүттэн 2 саастарыттан 12 саастарыгар диэри оҕолорго сөмөлүөт билиэтигэр 50% чэпчэтии оҥоһуллар буолуоҕа👍🏻👍🏻👍🏻Ол туһунан Ил Дархан пресс-конференциятыгар иһитиннэрдэ.
Чэпчэтии «Якутия», «Полярные авиалинии» уонна «Алроса» авиахампаанньаларга олохтонуоҕа☝🏻
Халлаанынан эрэ сырыылаах, ыраах сытар улуустарга бэртээхэй чэпчэтии👏

#КК_Фотофакт
🤳Кыайыы 50 сыла спорткомплекска Саҥа дьыллааҕы дьаарбаҥка буола турар🎄

#КК_Видео
🤳19-ус нүөмэрдээх оптуобус суоппара - Тымныы Моруос Оҕонньор 🎅Хас биирдии айанньыты кэмпиэтинэн күндүлүүр👍🏻

#КК_ТускарТуһан
Саҥа дьылы чэгиэн көрсүөх
❇️Аҕыйах хонугунан 2025 сылы көрсөр үөрүүлээх түгэммит тосхойуо. Бука бары да бу аптаах, бэйэтэ туһунан алыптаах, сырдыкка-кэрэҕэ угуйар, ыра санаа туолуутугар эрэли саҕар, ас эгэлгэтэ тардыллыбыт баай-байылыат остуоллаах Саҥа дьыл бырааһынньыгын күүтэн эрдэхпит.
Саҥа дьыл бырааһынньыктарыгар доруобуйаны айгыраппат курдук сөпкө аһыыр туһунан үрдүкү категориялаах эндоскопист-быраас, СӨ үтүөлээх бырааһа Владимир Николаевич Федотовтан сүбэлииригэр көрдөстүбүт: https://kiinkuorat.ru/articles/sa-a-dyly-chegien-k-rs-h

#КК_Спорт
Николай Тарскай аата үйэлэргэ өлбөөдүйбэт
❇️Биллиилээх судаарыстыбаннай-уопсастыбаннай диэйэтэл Н.Н. Тарскай үбүлүөйдээх 100 сылын бэлиэтиир дьаһаллары ыытар туһунан СӨ Ил Дархана Айсен Николаев 2023 с. уурааҕар олоҕуран, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайааччылаах өрөспүүбүлүкэ тэрийэр хамыыһыйата көдьүүстээхтик үлэлээтэ. Ааһан эрэр 2024 сыл устата үтүө ааты үйэтитэр үгүс өрүттээх дьаһаллар буолуталаатылар.
Министиэристибэлэр, бөдөҥ тэрилтэлэр, чуолаан Уус Алдан улууһун дьаһалтата, дьоно-сэргэтэ түмсүүлээхтик, биир сомоҕо буолан, үбүлүөйдээх дьаһаллар көхтөөхтүк ыытылыннылар. Түмүктүүр дьаһал ахсынньы 19 күнүгэр Дьокуускайга Саха тыйаатырыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолан ааста: https://kiinkuorat.ru/articles/nikolay-tarskay-aata-yelerge-lb-d-ybet