#КК_Сонун
🦆Сааскы кус абылаҥа
Халлааммыт сылыйан, сааспыт кэлэн, эр дьон кустуу, балыктыы барыталаан эрэллэр. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн муус устар 25 күнүттэн иитиэх кустаах (подсадной) булт көҥүлэ саҕаланна. Кус болдьоҕо улуустарынан атын-атын көҥүллээх, ол иһин булчуттарга анаан СӨ Экология министиэристибэтэ бигэргэппит болдьоҕун таһаарабыт.
➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/saasky-kus-abyla-a
📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

Тиэргэн өрөмүөнэ быйыл ханнык аадырыстарга ыытылларый?
«ВКонтакте» социальнай ситим нөҥүө быһа эпииригэр быһалык Евгений Григорьев быйыл сайын ханнык аадырыстарга тиэргэн өрөмүөнэ ыытыллаары турарын уонна эһиилги былааҥҥа киирэргэ бүгүҥҥүттэн сайаапка түһэрэр наадатын иһитиннэрдэ.
«Былырыын түмүктэммит Үс сыллаах тупсарыы сылларынан куорат үрдүнэн 128 тиэргэҥҥэ өрөмүөн ыытылынна. Дойду баһылыга Владимир Путин сорудаҕынан, Дьокуускай куорат маастар-былаанынан, бу үлэ салҕанар»,– диэтэ Евгений Григорьев.
➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/tiergen-r-m-ne-byyyl-hannyk-aadyrystarga-yytyllaryy

#КК_Дьон
🎼«Бу дьоллоох олохпутун таптааҥ...»
Улахан экраҥҥа соторутааҕыта тахсыбыт, саха киинэтин историятыгар номнуо саамай элбэх каассаны хомуйбут “Карина” киинэ сүрүн дьоруойа кыысчаан сарсыарда уһуктан таҥна олорон “Сэрии буолбатын...” ырыаны киҥинэйэн ыллаабытын бэлиэтии истибит буолуохтааххыт – бу режиссер (Марианна Сиэгэн) көрөөччүгэ өссө биир кистэлэҥ илдьитэ диэххэ сөп.
Тоҕо диэтэххэ «Карина» киинэ олоххо баары кэпсиирин таһынан, киһини толкуйдатар өрүтэ үгүс. Ол туһунан элбэхтик суруйдулар, ырытыстылар. Оттон биһиги бүгүн киинэҕэ аҕыйах сөкүүндэ иһиллэн ааспыт ырыа историятын сэгэтэн көрөбүт.
➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/bu-dollooh-olohputun-taptaa

#КК_ТускарТуһан
⚽️Оонньууну оройуттан тутабыт!
Мантан саас даачаҕа, айылҕаҕа сынньана тахсыахпыт, дьиэ кэргэнинэн, кэлэктиибинэн, кылааһынан походтар саҕаланыахтара. Үчүгэй сынньалаҥ көрө-нара, күлүүтэ-үөрүүтэ суох табыллыбат. Бүгүн ааҕааччыларбытыгар араас көрдөөх оонньуулары бэлэмнээтибит. Ааҕыҥ, сэргээҥ, тускутугар туһаныҥ!
➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/oonnuunu-oroyuttan-tutabyt

Forwarded from Столица
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
6 мая в городе Якутске прошел традиционный Крестный ход от Преображенского собора до часовни Георгия Победоносца на площади Победы, посвященный празднованию Святой Пасхи и Дня Победы.
@yakutsk_stolica #КрестныйХод #Якутск
@yakutsk_stolica #КрестныйХод #Якутск
#КК_Сонун
👨👩👧👦Туймаада ыһыаҕа быйыл Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар ананар
Туймаада ыһыаҕа быйыл бэс ыйын 29-30 күннэригэр «Үс Хатыҥ» комплекса 27-с төгүлүн ыытыллар уонна Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылларыгар уонна VIII-с «Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга ананар.
Ааспыт нэдиэлэҕэ Олохтоох дьаһалтаҕа куорат баһылыгын солбуйааччы – дьаһалта аппараатын салайааччыта Руслан Тимофеев салайааччылаах Туймаада ыһыаҕын тэрийэр хамыыһыйа уочараттаах мунньаҕа өрөмүөн, былааннанар тэрээһиннэр туһунан кэпсэттэ.
➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/tuymaada-y-ya-a-byyyl-die-kergen-uonna-o-o-saas-syllarygar-ananar-1

🚌Ыам ыйын 9 күнүгэр сарсыарда оптуобустар сырыылара уларыйыаҕа
Суол-тырааныспар сулууспата иһитиннэрэринэн, ыам ыйын 9 күнүгэр Кыайыы бырааһынньыгар бэлэмнэниинэн сибээстээн сарсыарда 06:00 чаастан 08:00 чааска диэри Хабаров уулуссатын Роман Дмитриев аатынан кытылтан Богатырёв уулуссатыгар диэри кэрчигэр оптуобустар сырыылара хаарчахтанар, атын, уларытыллыбыт схеманан айанныахтара.

📕Кинигэни кэрэхсээн
Ааспыт Учуутал уонна уһуйааччы сылынан Кэбээйи улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ үтүөлээх учуутала, «Учууталлар учууталлара» бэлиэ хаһаайына, ытык кырдьаҕас Анна Николаевна Васильева бачча сааһыгар тиийэн олорон «Үлэ, идэ үөрүйэҕинэн» диэн сүдү сыаналаах кинигэни оҥорбута үгүс эдэр дьоҥҥо холобур буолар.
➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/kinigeni-kerehseen

🚌«Азия оҕолоро» оонньууларга атыылаһыллыбыт оптуобустар Дьокуускайга хаалыахтара
Ыам ыйын 2 күнүгэр ВКонтакте социальнай ситимҥэ буолан ааспыт быһа эпииригэр куорат баһылыга Евгений Григорьев балаҕан ыйыгар диэри куорат оптуобустарын маршруттарын кытта саҥа ирдэбиллэргэ сөп түбэһэр дуогабардары баттаһыы ыытылларын этэн турар.
Санатар буоллахха, куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин киэҥ хабааннаах уларыйыы күүтэр.
➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/aziya-o-oloro-oonnuularga-atyyla-yllybyt-optuobustar-dokuuskayga-haalyahtara

🎤Дьокуускай «Тиэргэнинэн ыллыыбыт» аахсыйаҕа холбосто
Ыам ыйын 5 күнүттэн Дьокуускай куорат Бүтүн Арассыыйатааҕы «Тиэргэнинэн ыллыыбыт» аахсыйаҕа кыттыста.
Бастакынан М.П. Обутова–Эверстова аатынан Култуура киинин кэлэктиибэ Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Роман Тихонович Николаевы эҕэрдэлээтэ. Эҕэрдэҕэ Ыччат уонна социальнай коммуникация миниистирэ Петр Шамаев уонна Марха управатын салайааччыта Николай Ксенофонтов кыттыстылар.
➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/dokuuskay-tiergeninen-yllyybyt-aahsyya-a-holbosto

🚧Кыайыы бырааһынньыгын күнүгэр кэккэ уулуссаларынан тырааныспар сырыыта хаарчахтанар
Кыайыы бырааһынньыгын күнүгэр кэккэ уулуссаларынан тырааныспар сырыыта хаарчахтанар
«Суол-тырааныспар сулууспата» МХТ иһитиннэрэринэн, Дьокуускай куоракка ыам ыйын 9 күнүгэр Улуу Кыайыы 79 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэринэн сарсыарда 08:00 чаастан киэһэ 23:00 чааска диэри Кыайыы болуоссатын таһынааҕы уулуссаларга тырааныспар сырыыта хаарчахтанар.
Ол курдук:
- Хабаров уулуссатын Чиряев уулуссатыттан Богатырев уулуссатыгар диэри кэрчигэ;
- Богатырев уулуссатын Хабаров уулуссатыттан Губин уулуссатыгар диэри кэрчигэ;
- Богдан Чижик уулуссатын Богатырев уулуссатыттан Федор Попов уулуссатыгар диэри кэрчигэ;
- Бестужев-Марлинскай уулуссатын Богдан Чижик уулуссатыттан Федор Попов уулуссатыгар диэри кэрчигэ;
- Роман Дмитриев аатынан кытыл Хабаров уулуссатыттан 202-с түөлбэҕэ киириигэ диэри кэрчигэ.

🕯Ыам ыйын 8 күнүгэр «Өйдөбүнньүк чүмэчитэ» аахсыйа ыытыллыаҕа
Дьокуускай куорат ыам ыйын 8 күнүгэр үгэс буолбут Бүтүн Арассыыйатааҕы «Өйдөбүнньүк чүмэчитэ» аахсыйаҕа кыттар.
Аахсыйа кыттыылаахтара биир мүнүүтэлээх иһийэн туран уонна чүмэчилэринэн «Помним» диэн тылы таһааран, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр өлбүттэр сырдык ааттарыгар сүгүрүйүөхтэрэ.
Аахсыйа киэһэ 20:00 чаастан Кыайыы болуоссатыгар ыытыллар, мустуу — киэһэ 19:00 чаастан Триумфальнай аарка анныгар. Чүмэчилэри тэрийээччилэр тарҕаталлар.
Бу киэһэ 19:00 чаастан 22:00 чааска диэри, Олохтоох дьаһалта суолга-тырааныспарга сулууспата иһитиннэрэринэн, оптуобустар уларытыллыбыт схеманан сылдьыахтара.