«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.63K subscribers
18.5K photos
1.17K videos
1 file
10.8K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
Forwarded from Столица
🗣О схемах объезда общественного транспорта в период подготовительных мероприятий 9 мая

🚌МКУ «Городская дорожно-транспортная служба» ГО «город Якутск» информирует о временных схемах объездов городского общественного транспорта в период подготовительных мероприятий 9 мая 2024 года с 06:00 часов до 08:00 часов по ул. Хабарова, на участке от ул. Набережная Романа Дмитриева до улицы Богатырёва.

@yakutsk_stolica #городскойтранспорт #общественныйтранспорт
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#КК_Дьон

🎨Худуоһунньук Лилия Ушницкая: «Худуоһунньук үлэтин туох даҕаны үтүрүйүө суоҕа»

Ксилография, линогравюра ньыматынан оҥоһуллубут үрүҥ-хара хартыыналар саха искусствотын биир ураты хайысхата. Валериан Васильев, Афанасий Мунхалов, Эллэй Сивцев үлэлэрэ барыбытыгар даҕаны оҕо сааспытын санатар буолуохтаахтар. Бүгүҥҥү ыалдьыппыт — ксилография ньыматын баһылаан эрэр эдэр худуоһунньук, АГИКИ устудьуона Лилия Ушницкая.
Лилия бэйэтин үлэлэригэр “былыргылыы” ньыманан аныгы кэми ойуулуурга дьулуһар. “От охсуута”, “Муҥха”, “Эбээ” хартыыналарын көрдөххө, уруккуну өйдөөн кэлэр курдуккун.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/huduo-unnuk-liliya-ushnickaya-huduo-unnuk-letin-tuoh-da-any-t-r-y-suo-a

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Поздравляю православных жителей города Якутска со светлым праздником Пасхи!

Искренняя вера придает нам сил для созидательного труда, заряжает энергией для добрых дел и помощи ближним, укрепляет нас перед тяжелыми испытаниями.

Пусть каждая семья и каждый дом наполнятся радостью и любовью! Крепкого здоровья и благополучия, реализации всех добрых помыслов и начинаний! С праздником!
#КК_ТускарТуһан

🏵Ньургуһунунан эмтэнии туһунан норуот эмчитин сүбэтэ

Тыынар уорганнара уонна тыҥа ыарыылаахтар ньургуһуннаах хонууга хаамаллара туһалааҕын былыргы сахалар билэллэрэ. Билиҥҥи дьаҥнаах кэмҥэ, салгын сии таарыйа, ньургуһун үүнэр сиригэр дьаарбайыахха сөп.

➡️Сиһилии:
https://kiinkuorat.ru/articles/nurgu-unu-emke-tu-anyy

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

👨‍👩‍👧‍👦Приемнай дьиэ кэргэни үйэлэрин тухары арыаллыыбыт

“Айыыһыт” рубрикабыт бүгүҥҥү таһаарыытыгар приемнай дьиэ кэргэни арыаллааһын туһунан кэпсиэхпит. Оҕону иитэ ылбыт ыалы Киин үлэһиттэрэ улаатан киһи буолуор диэри арыаллыыллар, көмө буолаллар. Ииттэрэ биэрэн баран умнан кэбиһэр оҕо дьиэлэрэ билигин суохтар – ол урукку үйэ бэрээдэгэ этэ. Билиҥҥи үйэҕэ иитиллиигэ барбыт оҕо дьиэ кэргэҥҥэ үчүгэйдик олохсуйарыгар, судаарыстыба дьиэтигэр төннөн кэлбэтин туһугар, толору дьиэ кэргэҥҥэ этэҥҥэ олорон бигэ тирэхтээх киһи буолан тахсарыгар үгүс оҥоһуллар.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/priemnay-die-kergeni-yelerin-tuhary-aryallyybyt

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

🏚Хаарбах дьиэттэн көһөрүү тэтимин ыһыктыбат

Хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ Дьокуускай куоракка икки улахан бырагыраама үлэлиир – «2019-2025 сылларга гражданнары хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү» өрөспүүбүлүкэ бырагырааматын таһынан 150 мөл. солк. бүддьүөттээх муниципальнай аадырыстаах бырагыраама.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/haarbah-dietten-k-r-tetimin-y-yktybat

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

🛍Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр аһылык наборун тиэрдэллэр

Улуу Кыайыы күнүн көрсө ыам ыйын 2 күнүттэн Дьокуускайга олорор анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр бородуукта наборун тиэрдии саҕаланна.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев Промышленнай уокурук олохтооҕо мобилизованнай кэргэнэ Ирина Петровна Д. тус бэйэтинэн туттарда.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/anal-bayyannay-dayyy-kyttyylaahtaryn-die-kergetteriger-a-ylyk-naborun-tierdeller

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

🍞Пасхаҕа кулич

Туох наадата:
- сымыыт – 2 уст.;
- саахар – 130 г;
- туус – 0,75 ч.нь.;
- ванильнай саахар – 10 г;
- доруоһа – 6 г;
- кефир – 320 мл;
- үүт – 50 мл;
- ынах арыыта – 70 г;
- хаппыт изюм, курага, вишня – 140 г;
- бурдук – 630 г (быһа холоон).

Глазурьга:
- сымыыт үрүҥэ – 1 уст.;
- саахар пудрата – 225 г (быһа холоон);
- лимон сога – 5 мл.

Астааһына:
Кефири уонна үүтү кыратык сылытабыт. Ынах арыытын эрдэттэн уулларан сойутабыт. Изюму сууйан баран, үрдүгэр сылаас уу кутан 10-15 мүн. сытыара түһэбит, онтон куурдабыт. Кураганы, вишняны эмиэ сууйуллар, куурдуллар. Итиэннэ хаппыт фрукталарбытын бытархай гына кырбыыбыт...➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/kefirten-tugu-astyybyt

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Ама, маннык буолуо дуо?

Дьокуускай куоракка киэҥ хабааннаах өрөмүөн үлэтэ аан бастаан оҥоһуллар. Тупсарыы, саҥардыы үлэтин былаана номнуо быһаарыллан турар. Ол эрэн сорох дьон куораппыт хайдах уларыйаары турарын билбэт эбит. Онон аны алта сылынан хайдах куоракка олоруохтаахпытын кэпсиибит.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/ama-mannyk-buoluo-duo

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta