«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.59K subscribers
18.2K photos
1.12K videos
1 file
10.6K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
Киин куорат орто оскуолаларыгар уопсайа 18 биир кэлим эксээмэн ыытыллар пууна тэрилиннэ диэн үөрэх управлениета иһитиннэрэр. 241 аудитория бэлэм. 1913 оскуоланы бүтэрэр оҕо БКЭ-ни туттарыаҕа.
Пууннар Роспотребнадзор бары ирдэбилигэр эппиэттииллэр. Ол курдук социальнай тэйиччи туттуу анал бэлиэлэрэ баар буоллулар. Эксээмэн ыытыллар сирдэригэр салгыны ыраастыыр, анал сириэстибэлээх дозатордар туруорулуннулар. Видеонан кэтээн көрүү систиэмэлэрин холбоотулар. Ааҥҥа тимири көрдүүр тэрил баар буолуоҕа. Оҕолор киирэн иһэн температураларын бэрэбиэркэлэтиэхтэрэ, кинилэргэ харыстанар сириэстибэлэри туттарыахтара. Көрүдүөрдэргэ уулаах кулердар, биирдэ туттуллар ыстакааннар ууруллуохтара. Онон эксээмэн туттарааччыларга усулуобуйа барыта олохтонуо. https://kiinkuorat.ru/2020/07/bke-ҕe-belemmit/
Өрүс пордун эргииригэр суол үлэһиттэрэ оллур-боллур сирдэри, ол эбэтэр норуокка биллэринэн “сытар полицейскайдары” баар оҥоруохтара. Ол туһунан Дьокуускай куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Евгений Григорьев салайааччылаах тустаах хамыыһыйа иһитиннэрдэ. 
Түүҥҥү түлүрбэхтэр массыынанан, матассыыкылынан сүүрдэр сирдэригэр кубулуйда, утуппакка сордоотулар диэн куорат олохтоохторо үҥсүбүттэрэ ыраатта. Түүн аайы Кальвица, Энергетиктэр, Гольминка, 1-кы База эргин киһи кулгааҕа тулуйбат тыаһа-ууһа буолар. Тимир көлөлөөхтөр, куоталаһа-куоталаһа  гаастыыллар, киһиргээн төттөрү-таары айанныыллар. Суолга сэрэхтээх буолуу быраабылаларын кэһэллэр, ону таһынан дьон утуйарыгар мэһэйдииллэр.
ГИБДД үлэһиттэрэ мунньахха маннык “полицейскайдар” көдьүүстээх буолуохтарын саарбахтыылларын биллэрдилэр. Евгений Григорьев кинилэргэ ханнык миэстэҕэ оҥоһуллара табыгастааҕын быһааралларыгар сорудахтаата.
“Сөптөөх миэрэни сотору кэминэн ылыныахпыт, уһатар-кэҥэтэр сатаммат. Быһаарарга уолдьаста. Оллур-боллур сирдэр оҥоһулуннахтарына көрүөхпүт”, – диэтэ баһылык эбээһинэһин толорооччу.
Хамыыһыйа ГИБДД-ны кытта биир сүбэнэн схеманы оҥоруох, үлэни ыытыах буолла. https://kiinkuorat.ru/2020/07/tүүҥҥү-tүlүrbehteri-tohtotuohtara/
📌– Уу! Суол диэ… Хаһан тупсар үһүнүй? Саатар киин уулуссалар дьаамалара оҥоһуллубат дии. Бэйэм Жорницкай уулуссаҕа олоробун. Бу оройуоҥҥа дьэ, киһилии суол тутуллунна диэбитим да, быйыл эмиэ алдьанан эрэр. Уопсайынан, биһиги суолбут хаһан тупсуо үһүнүй!!! Аны туран, Петр Алексеев уонна Лермонтов уулуссаларын быһа охсуһуулара сабыллан турар буолан, дьон кыһалҕаттан кып-кыараҕас КПД дьиэлэр быыстарынан айанныыллар,суол быһылаана бөҕө тахсар. Маны тоҕо хонтуруолга ылбаккытый?!
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/2020/07/suolbut-bystar-mөltөh/
📌70 сааһыгар чугаһаабыт Мария Захарова билигин даҕаны олоххо актыыбынай позициятын тута сылдьар.
Эниэргийэ бөҕөтө. Билигин да массыына ыытар. “В”, “С” категориялаах суоппар. 50 сыл тухары, бүгүҥҥү күҥҥэ диэри массыына уруулуттан түспэт. Чугас дьонугар сүүрэн-көтөн биэс дьиэни тутан биэрбит. “Билигини да көлүөһэ үрдүгэр сылдьабын”, – диэн киэн тутта кэпсиир.

Тоҕус оҕолоох ыалга соҕотох кыыс оҕо төрөөн, далбарга иитиллибит. “Төрөппүттэрим барахсаттар олус да үчүгэйдик ииппиттэр”, – диэн күндү дьонун сылаас тылынан ахтар. Мария Васильевна дьиэтигэр сылаас холумтаннаах хаһаайка, ыалдьытымсах Далбар Хотун.

Мария Васильевна Захарова, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
– Мин Автодорожнай уокурукка, Покровскай тракт 9 килэмиэтиригэр олоробун. Сааһым 70-мар чугаһаатым. Сунтаар улууһун Күүкэй нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Кэргэним Аркадий Иванович Яковлевтыын этэҥҥэ олоробут. Оҕолор, сиэннэр, хос сиэн тапталларыгар угуттанабыт.  Кини “Алмазы Анабара” геологтар начальниктарынан билиҥҥэ диэри үлэлии сылдьар. Эт саастыыбыт. Чааһынай дьиэлээхпит. Орто дойдуга кэлбит киһи дьиэ туттуохтаах, мас олордуохтаах уонна оҕо төрөтүөхтээх. Удьуорун ууһатан, кэннигэр кэнчээри ыччаты хаалларыахтаах диэн бигэ санаалаахпын. Дьиэм таһыгар мас, үүнээйи арааһын олордобун.  Манна туох суоҕуй диэх курдук… Тэлгэһэбэр хатыҥ, бэс, харыйа, кытыан, сарбынньах, акация, долохоно, яблоня, хаппырыас, сирень, бузина, моонньоҕон, тэтиҥ, талах арааһын үүннэрбитим. Ситэн-силигилээн аҕай тураллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ тиэргэммэр сардаана сибэкки тыллан, кэрэ бэйэтэ тэтэрэн турар. Харахпын манньытар, сүрэхпин үөрдэр.⤵️⤵️⤵️
https://kiinkuorat.ru/2020/07/suoppar-mariya-telgeһetiger/
📌Ньурбалар кэрэ эйгэҕэ куруук бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьаллар. Тарбахтарыгар талааннаах, духуобунаһы өрө туппут, айылҕаттан айдарыылаах иистэнньэҥнэр бу улууска элбэхтэр. Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ханнык баҕарар күрэхтэргэ, куонкурустарга, ыытыллар бэстибээллэргэ өрүү көхтөөхтүк кытталлар. Биир киһи идея киллэрдэҕинэ, бары саба түһэн, сомоҕолоһон, ылсыбытынан барар үтүө үгэстээхтэр.

Ньурба куоратыгар “Арыллыы” диэн ааттаах кыбытык тигии түмсүүтэ баар. Салайааччылара – Галина Дмитриевна Федорова. Бу түмсүү тэриллибитэ төрдүс сылыгар барда. Иистэнньэҥнэр уус-уран оҥоһук маастара, худуоһунньук Аммос Прокопьевич Давыдов айбыт эскиһинэн үс паннону тигэн таһаардылар. Мантыҥ көннөрүү тигии буолбатах ээ, кыбытык тигии. Мээнэ киһи кыайан ылсыбат үлэтэ.⤵️
https://kiinkuorat.ru/2020/07/kybytyk-tigiige-maastardar/
Өлүөнэ өрүс күнүгэр Табаҕа тумуһугар смотровой балаһаакка аһыллыыта буолан ааста. Куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара манна туран эбэ кэрэ көстүүтүн кэрэхсии көрүөхтэрэ.  
Бырайыак предпринимательство, атыы-эргиэн, туризм миниистирэ Ирина Высоких көҕүлээһининэн, биллэр-көстөр предприниматель, меценат Максим Феоктистов көмөтүнэн олоххо киирдэ.
Бу сиргэ дьыл ханнык баҕарар кэмигэр дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар, Элиэнэ өрүс эҥсиллэ устарын, саас көмүөл мууһа барарын анаан-минээн көрө кэлэр.
Табаҕа тумуһа – киһи кута-сүрэ тохтуур, өйдүүн-санаалыын ырааһырар, дьиэ кэргэнинэн, доҕоттору кытта сынньанарга бэртээхэй сир. Манна “Северная мозаика” база бэркэ үлэлиир. “Хрустальная” базаттан эбэ көстөн турар. “Улуу Тоҕой” туркомплекс ыалдьыттарын сылы быһа үөрэ-көтө көрсөр. ⤵️⤵️⤵️
https://kiinkuorat.ru/2020/07/tabaҕa-tumuһugar-saҥa-balaһaakka/