#КК_Дьон
Үлэ элбэҕэ, тыл аҕыйаҕа үчүгэй
✊Түөһүн күүһүнэн, илиитин эрчиминэн киһи тугу баҕарар кыайар, санаатын ууруо эрэ кэрэх диэн этии биһиги бүгүҥҥү кэпсэтэр киһибитигэр быһаччы сыһыаннаах.
Павел Павлович Романов – тутааччы, уруһуйдьут, хоһоонньут, тыйаатыр артыыһа, мас ууһа уонна оҕолоругар амарах аҕа, дурда-хахха буолар дьиҥнээх эр бэрдэ: https://kiinkuorat.ru/articles/le-elbe-e-tyl-a-yya-a-ch-gey
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

Чэпчэки үлэҕэ киирсибэт
❄️Биһиги кыһыммыт биир ураты көстүүтэ – хаар хойуутук түһэн үллүктүүрэ. Сарсыарда аҕыс чаастан үлэлэригэр уулусса хаарын оймоон кэлэр дьон күрдьүллүбүт тиэргэн устун тэрилтэлэригэр киирэн иһэн хайдахтаах курдук өрө көтөҕүллэ түһэллэрин киһи тылынан хайдах ойуулуох эбитэ буолла?!
Оттон бу бачча халыҥнык түспүт хаары ким маннык ыраастык күрдьэрий? «Хас чаастан үлэлээн, бачча улахан территория маннык көрүҥү ыллаҕай?» – диэн син биир эмэ киһи төбөтүгэр киирэн ааһар болуохтаах.
Дьокуускай куорат кытыытыгар турар 34 нүөмэрдээх оҕо интэринээт-дьиэтигэр киһи эрэ сэниэтин-сылбатын ылар, омос көрдөххө боростуой эрээри, эппиэтинэстээх үлэҕэ 2011 сылтан үтүө суобастаахтык үлэлээн кэлбит Игорь Пантелеймонович Христофоровтыын кэпсэттибит: https://kiinkuorat.ru/articles/chepcheki-le-e-kiirsibet

Ирина Романова: «Биһиги бэйэбит кэммит историятын суруйабыт...»
🪶 «Киин куорат» бүгүҥҥү ыалдьыта – 2024 сыл түмүгүнэн СӨ Суруналыыстарын сойууһун «Кыһыл көмүс бөрүө» үрдүк бириэмийэтин лауреата буолбут Ирина Леонидовна Романова.
Эрдэ быһа түһэн эттэххэ, кини тапталлаах аҕата Леонид Владимиров Саха сирин суруналыыстыкатыгар кыһыл көмүс буукубунан суруллубута.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/irina-romanova-bi-igi-beyebit-kemmit-istoriyatyn-suruyabyt
📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

👏50 сыл бииргэ олорбут Надежда уонна Федот Максимовтарга Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатыгар Ил Дархан Айсен Николаев олохтообут «Килбиэннээх дьиэ кэргэн» анал бэлиэни туттардылар.
Үрдүк наҕарааданы үбүлээрдэргэ Олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Владимир Аржаков туттарда.
Федот Павлович уонна Надежда Афанасьевна Максимовтар 1970 сыллаахха Амма улууһун сэллик балыыһатыгар үлэҕэ киирэн билсэн, ыал буолан олоруохтарыттан, нэһилиэк, билигин Дьокуускай куорат уопсастыбаннай олоҕор көхтөөх кыттыыны ылаллар, чөл олоҕу тарҕаталлар. Биэс оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, үөрэхтээх, үлэһит дьон гына иитэн таһаарбыт, чахчы да, килбиэннээх ыал.
Максимовтар куорат, өрөспүүбүлүкэ, аан дойду таһымнаах тэрээһиннэр көхтөөх кыттыылаахтара. Бэйэлэрин кэмигэр «Эрэл» вокальнай-инструментальнай ансаамбылы тэрийэ сылдьыбыттар. Билигин даҕаны балалайкаҕа оонньууллар, бальнай үҥкүүнэн дьарыктаналлар, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Айар тыл абылаҥыттан — уруһуй ускуустубатыгар
📰Бэчээт күнүгэр сыһыаран, бүгүн эһиэхэ айар тыл илбиһин баһылаабыт, кыраҕы харахтаах, сытыы бөрүөлээх суруналыыс, олохторун орто омурҕанын кэнниттэн дьүһүйэр (уруһуйдуур) ускуустуба абылаҥнаах эйгэтигэр сыстан айа-тута сылдьар талба талааннаах биир идэлээхтэрим туһунан кэпсиим.
Сардааналаах Еленаны кытта 2000 сс. саҕаланыыларыгар “Киин куорат” хаһыакка кэрэспэдьиэннии сылдьан билсибитим. Кинилэр “Эхо столицы” хаһыакка үлэлииллэрэ. Төһө да биирбит – нууччалыы, иккиспит сахалыы тыллаах таһаарыылар буолбуттарын иһин, үлэҕэ, сынньалаҥҥа тутуспутунан сылдьарбыт. Олоххо олус көхтөөх, туох да уустуктан, моһолтон иҥнэн турбат, бүгүрү үлэһит, көнө сүрүннээх, тыла да суох киһини саҥардан тэйиэх, “атас туһугар атах тостор” тумулук санаанан салайтарар, бэйэлэрин тула дьону түмэ тардар ураты дьоҕурдаах бэһиэлэй кэллиэгэлэр – кинилэр этэ.
Салҕыыта: https://kiinkuorat.ru/articles/ayar-tyl-abyla-yttan-uru-uy-uskuustubatygar

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#КК_Дьон
✍️«Хас биирдии киһи «ааҕылла илик кинигэ», ис иһигэр киирдэххэ, кистэнэ сылдьар талааннаах, тус дьоҕурдаах буолар» дииллэрэ оруннаах.
Бу биидьийэҕэ суруналыыс, публицист, театральнай уонна литературнай ырытааччы, ыллыырын, уруһуйдуурун сөбүлүүр, суруналыыс быһыытынан үлэтин куорат «Эхо столицы» хаһыатыттан саҕалаабыт, «Якутия» хаһыакка култуура отделын салайбыт Елена Васильевна Степанова-Пинигина уруһуйдарын көрүҥ, сэргээҥ, билсиҥ.
📰Биир идэлээхпит хаһааҥҥыттан, хайдах уонна тоҕо уруһуй алыптаах эйгэтигэр киирбитин хаһыат бу нэдиэлэтээҕи нүөмэригэр ааҕыаххыт.

Сөбүлүүр дьарыктан киһи дьоллонор, санаата көнньүөрэр
❇️Үлэттэн иллэҥ кэмнэригэр сөбүлүүр дьарыктаах, ураты умсугуйар эйгэлээх, өрүү кэрэни, ураны болҕойор, айарга-тутарга дьулуурдаах дьон тоҕо эрэ ис-истэриттэн сырдыы сылдьар буолаллар. Сөбүлүүр дьарыктан киһи дьоллонор, санаата көнньүөрэр диэн маны этэн эрдэхтэрэ.
Мин бүгүн биир оннук, куруук мичээрдээбитинэн көрсөр, уруһуйдуурга, кэрэ оҥоһуктары чочуйарга айылҕаттан тарбаҕар талааннаах эдэркээн устудьуон кыыс Вилена Поротованы кытта билиһиннэриэхпин баҕарабын: https://kiinkuorat.ru/articles/s-b-l-r-daryktan-ki-i-dollonor-sanaata-k-nn-rer

Удьуор утума: үс көлүөнэ — үс санаа
❇️Төрөөбүт дойдубут туһугар олохторун бүтүннүү анаабыт дьон эдэр көлүөнэҕэ мэлдьи сөптөөх холобур.
Бу ахтыыны суруйаары, оҕо сааспын санаатым.
Мин сайыҥҥы сынньалаҥым куруук «Кыһыл күөл» сайылыгын кытары сибээстээх этэ. Хос эбэм Степанова Александра Николаевна, эбэм Степанова Валентина Филипповна уонна эдьиийим Степанова Александра Николаевна бары үйэлэрин тухары сопхуоска үлэлээбит дьон: https://kiinkuorat.ru/articles/uduor-utuma-s-k-l-ne-s-sanaa

Галина Алексеева: «Хара кыталык» дьоруойдара олорбут сирдэрэ — Чочу»
✍️ Саха норуодунай бэйиэтэ, бөдөҥ драматург Иван Гоголев-Кындыл төрөөбүтэ 95 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх тэрээһиннэр күргүөмнээхтик ыытыллаллар.
Биир оннук тэрээһининэн Дьокуускай куоракка Былатыан Ойуунускай аатынан литература түмэлигэр быыстапка буолла. Манна норуодунай бэйиэт төрөөбүт нэһилиэгэр Чочуга баар түмэлтэн сүүрбэ сэдэх матырыйаал кэлэн турда.
Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – Галина Николаевна Алексеева, Бүлүү улууһун Чочу нэһилиэгин Иван Гоголев-Кындыл аатын сүгэр түмэл дириэктэрэ: https://kiinkuorat.ru/articles/galina-alekseeva-hara-kytalyk-doruoydara-olorbut-sirdere-chochu

Валентина Ефремова: «Эдэр көлүөнэм туһугар олус долгуйабын»
❇️Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа 101 саастаах Валентина Васильевна Ефремова – өлөллөрүн-тиллэллэрин кэрэйбэккэ кыргыспыт, Улуу Кыайыыны уһансыбыт көлүөнэ чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ.
Ефремова Валентина Васильевна олоҕо толору тургутуулаах. Аҕа дойду Улуу сэриитин уотунан ааспыт, тапталынан уонна эрэл кыымынан толору дьыл-хонук –кини хорсунун уонна тулуурун туоһута.
Валентина Васильевна тохсунньу 8 күнүгэр 1924 сыллаахха Вышний Волочек куоракка Путиловскай завод үлэһитин дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кини сэрии иннинэ муора байҕалын устун ыраах айанныыр штурман буолар баҕалаах этэ, ол гынан баран сэрии кини былаанын уларыппыта.
Салҕыыта: https://kiinkuorat.ru/articles/valentina-efremova-eder-k-l-nem-tu-ugar-olus-dolguyabyn

Тамара Пивоварова: «Тэлгэһэм бүтүннүү алаадьы буолуор диэри...»
💔Икки оҕотун СВО-ҕа атаарбыт ийэлиин кэпсэттим. Ийэ сүрэҕэ хайдахтаах курдук тулуурдааҕын, улахан уола дьоруойдуу охтубутун төһө да иһиттэр, син биир кэтэһэрин, ийэ буорун буллардахпына эрэ итэҕэйиэм диирин олус ытыктыы, уйадыйа иһиттим.
Тамара Михайловна Пивоварова Мэҥэ Хаҥалас Тиэлигититтэн төрүттээх, икки уоллаах, биир кыыс оҕолоох ийэ. Кэргэнэ 28 сыл анараа өттүгэр бу дойдуттан баран, үс оҕотун соҕотоҕун атахтарыгар туруоран, ньир-бааччы олорон истэхтэринэ, 2022 сылга саҕаламмыт анал байыаннай дьайыы олохторун икки аҥы хайытан огдолуппут.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/tamara-pivovarova-telge-em-b-t-nn-alaady-buoluor-dieri

Наталья Христофорова: «Дьиэм истиэнэлэрин уруһуйдаан мөҕүллэрим»
🖼️ Бүгүҥҥү ыалдбыппыт – Афанасий Осипов хартыыналарын галереятын сэбиэдиссэйэ, Арассыыйа худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ, график-худуоһунньук, СӨ Култууратын туйгуна, айа-тута сылдьар, ыраас ыра санаалаах Наталья Алексеевна Христофорова: https://kiinkuorat.ru/articles/natalya-hristoforova-diem-istienelerin-uru-uydaan-m-llerim

Күүстээх-уохтаах буолар баҕатын толорбут атаһым
❇️Эдэр-эмэн саастарбытыттан “эн-мин” дэһэн кэлбит үөлээннээҕим Николай Данилович Кронников үбүлүөйдээх 75 сааһын томточчу туолла. Дьиҥинэн, кырдьаҕастарга киирсэр элбэх саас, ол гынан баран көлүөнэм киһитэ оннук санаммат.
“Күүстээх, бөҕө буолбут киһи” диэн санаалаах уолчаан Мырылаҕа алтыска үөрэнэ сылдьан “Физкультура и спорт России” сурунаалга суруйтарбыта. Араас хамсаныылары сонургуу көрөн үтүктэрэ. Ахсыс кылааһы бүтэриэр диэри оскуолатын иһигэр, оройуон күрэхтэһиилэригэр, сүүрүүлэргэ, ыстаныыларга, тустууга, баскетболга кыттыталыыра. Ситиһиилэммэтэр да, күрэхтэһэриттэн дуоһуйууну ылара, ийэтин, дьонун үөрдэрэ: https://kiinkuorat.ru/articles/k-steeh-uohtaah-buolar-ba-atyn-tolorbut-ata-ym

Айар тыл абылаҥыттан – уруһуй ускуустубатыгар
✍️ 🎨 🖌️ Елена Васильевна Степанова-Пинигина – РФ Суруналыыстарын Сойууһун “Көмүс бөрүөлээҕэ”, СӨ Култууратын туйгуна, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайката. Идэтинэн – тыл үөрэхтээҕэ, публицист, тыйаатыр туруорууларын уонна уус-уран литэрэтиирэ ырытааччыта, кумааҕы, электроннай да таһаарыыларга үгүс суруйуулардаах суруналыыс, эрэдээктэр, дизайнер. Төһө да дойдутуттан тэйиччи, Москубаҕа олордор, күн бүгүнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэбит үтүө аатын тарҕатыыга, үйэтитиигэ, култуура, тыйаатыр, уус-уран суруйуу эйгэтигэр үлэлэһэр талааннаах дьоммутун, тэрилтэлэрбитин сырдатыыга төһүү кылаатын киллэрсэ сылдьар: https://kiinkuorat.ru/articles/ayar-tyl-abyla-yttan-uru-uy-uskuustubatygar-1