#КК_Сэргээ
СҮЛЛҮҮКҮН ДИЭН КИМИЙ?
Сүллүүкүн – саха омук мифологиятыгар уу анныгар олорор харамай. “Сюльльюкюн” диэн өйдөбүлү өссө В.Л.Серошевскай научнай үлэтигэр киллэрбитэ. Эбии бүрээттэргэ “шүлүкүн” диэн уу иччитэ баарын суруйбута. Славян омуктарга эмиэ дириҥ уу анныгар олохсуйар тыыннаах дууһалаах “шилукуннар” тустарынан уос номоҕо элбэх.
Сүллүүкүннэр уу анныттан, ойбонтон орто дойдуга тахсалларыгар биһиги харахпытыгар икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх киһи буолан көстөллөр. Уос номоҕор кэпсэнэринэн, кинилэр үксүн дьахтар, ардыгар эрэ эр киһи буолан кубулуналлар. Кинилэр Саҥа дьыл уонна Кириһиэнньэ быысаһар кэмнэригэр ыалдыттыыллар.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/s-ll-k-n-dien-kimiy
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

Дьааҥы улууһугар "Удивительные дети" диэн ураты дьоҕурдаах, талааннаах оҕолор улуустааҕы күрэхтэрэ буолан ааспыт.
Биһиги ханаалбытыгар урут тахсыбыт видео дьоруойа 3 саастаах Дьулустаан Аммосов үс тылынан (сахалыы, нууччалыы, английскайдыы) ааҕан, алпаабыт буукубаларын ааттаан, тыһыынчаҕа диэри сыыппараны бэрээдэгинэн уонна таҥнары эмиэ үс тылынан лабырҕаччы ааҕан кыайыылаах аатын ылбыт👏
🥰Дьулустаан Дьааҥы улууһун Баатаҕайыгар “Солнышко” уһуйааңңа кыра бөлөххө сылдьар. Биэс оҕолоох Аммосовтар улахан уоллара.
📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

«ИННОСФЕРА» куонкурустан өйөбүл ылан
🌍 Саҥа дьыл иннинэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оҕо креативнай уонна тэхиньиичэскэй кииннэрин өйүүр «ИННОСФЕРА 2025» куонкурус бастакы түһүмэҕин кыайыылаахтара билиннилэр.
Кэнчээри ыччат инновация эйгэтигэр бастакы хардыылары оҥороругар, сайдыы аартыгын арыйарыгар күүс-көмө, өйөбүл буолар күрэх туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэтин тус сыаллаах пуондатын корпоративнай коммуникацияҕа салаатын салайааччыта Иван Сивцев кэпсээтэ: https://kiinkuorat.ru/articles/innosfera-kuonkurustan-y-b-l-ylan

Тохсунньу 13 күнэ - Баһылайап чэчиэринньигэ.
Сүллүүкүттэр бу күн оҕолуун-уруулуун бары тахсаллар.
☝🏻Бу күн таҥха иһиллэммэт.

👏Биһиги хаһыаппыт общественнай корреспондена Вера Канаева 2024 сыл түмүгүнэн “Бастың уопсастыбаннай корреспондент” бириэмийэни ылла.

Тохсунньу ый 13 түүнүн бүтүүтэ, 14 чыыһыла үүнүүтэ (Эргэ Саҥа Дьылы көрсө) түүн утуйаргар тус-туспа кумааҕыга 12 баҕа санааҕын суруй уонна бүк тутан баран сыттыгын анныгар ук.
Сарсыарда уһуктаат, сыттыгын анныттан үс кумааҕыны көрбөккө эрэ тардан ылаҕын🙌🏻
Онно туох кэлбитэ бу сыл устата туолар диэн буолар🤞
❇️Итэҕэй-итэҕэйимэ, биир эмэ баҕа санаа хайаан да туолар. Сорохторго үһүөн туолаллар.
Тоҕо диэтэххэ, киһи бу үс баҕа санаатын сыал-сорук оҥостон кэбиһэр уонна ситиһэр дииллэр🤫
🎶🎶🎶
Дьол бэйэтэ тоhуйан,
Дьон дьолломмот - сымыйа.
Эрдээх сурэх уотунан,
Кинини киhи айар!

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#КК_Сэргээ
#КК_Дьон
🗞️Бүгүн, тохсунньу 13 күнэ - Бэчээт үлэһиттэрин күнэ. Биир идэлээхтэрбитин ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит!
✍️ Бу биидьийэҕэ эһиги “Эхо столицы” хаһыаппытыгар уон сыл үлэлээбит сытыы бөрүөлээх, талба талааннаах суруналыыс, ханнык да эйгэҕэ тиийдэр, хорутуулаахтык, таһаарыылаахтык үлэлиир биир идэлээхпит, билигин “Арктик капитал” сир баайын хостуур ХЭТ пресс-сулууспатын салайааччыта Сардаана Сивцева иллэҥ кэмигэр уруһуйдаабыт үлэлэрин көрөҕүт.
🎨 Уруһуйтан лаппа ыраах киһи, туораттан көрдөххө, эмискэ уруһуй алыбыгар ылларбыта туһугар дьикти. Бэйэтэ да этэр ээ: “Урут колобуогу кытта төгүрүк буолбакка, түөрт муннуктаах гына ойуулуур киһи буоллаҕым. Уруһуйтан оннук ырааҕым”,-диэн. Ол бэйэтэ бэрт кылгас кэм иһигэр, соло кэмчи кэмигэр хайдах курдук уруһуйдары айан-тутан таһаарбыта миигин эрэ сөхтөрбөт буолуохтаах.
📰Хайдах, туохтан саҕалаабыта интэриэһиргэтэр?
Оччотугар хаһыаппыт бу нэдиэлэтээҕи нүөмэрин ылан ааҕаарыҥ🙌🏻

Эргэ Саҥа дьылынан сардаана бэлэх!
🌺 Уус Алдан Майаҕас бөһүөлэгин олохтооҕо Олег Михайлович Копыриннаах дьиэлэригэр тохсунньу томороон тымныытыгар сардаана сибэкки чэчириир👍👍👍
Бэртээхэй дии?
Олег Михайлович урут аан дойду дьахталларын күнүгэр сиэн кыргыттарыгар, кэргэнигэр анаан ньургуһун тылыннарбыттаах. Кини биолог да, ботаник да буолбатах. Тыа сирин олохтооҕо, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри хачыгаар ыарахан үлэтигэр сылдьыбыт, ол иннинэ суоппардаабыт.

#КК_ТөрөппүтКыһата
⬆️⬆️⬆️Дьокуускай куораттааҕы "Айыы кыһата" оскуола учуутала Рустам Каженкин "САХАЛЫЫ-НУУЧЧАЛЫЫ ОЙУУЛААХ ТЫЛБААСЧЫТ" айан-тутан таһаарбытын сэргээҥ🙌🏻
Ийэ тылбытын хараанныыр араас ньыманы тобулуоҕуҥ!

Бириэмэни мээрэйдээһин туһунан
✍️Саха сиригэр 120-чэ сыл анараа өттугэр кэлэ сылдьыбыт Макарий диэн иеромонах маннык суруйбут: «Сахалар сулустар хамсааһыннарын үчүгэйдик билэллэр. Сулустар кинилэргэ сирдьит уонна чаһы буолаллар».
«Күн тахсыыта»- күн тахсан эрдэҕинэ;
«Күн оройо»- күн үөһээ тахсыыта;
«Күн ортото»- күн ортолоон турдаҕына;
«Күн арҕаалаата»- күн арҕаа диэки;
«Күн киириитэ»- күн киирэн эрдэҕинэ;
Күнүскү кэми (сайын уонна кыһын)атыннык, кыра-кыра сүһүөхтэринэн араараллара:
«Халлаан суһуктуйда»- олох эрдэ, күн тахсыан аҕай иннинэ;
«Халлаан сырдаан эрэр»- сарсыардааҥы саһарҕа түһүүтэ;
«Тыҥ хатыыта»- сарсыарда эрдэ, саһарҕа тахсыыта;
«Күн тахсыыта»- күн тахсан эрэр кэмэ;
«Күн ойдо»- күн үөһэ тахсыыта;
«Күн лаппа ойдо»- күн лаппа үөһээ тахсыыта;
«Күн уоттанна»- күн уотун сылааһа кэлиитэ;
«Күн ортото»- күн халлаан оройугар турар кэмэ;
«Күн арҕаалаата»- күн арҕаа түһэн эрэр кэмэ;
«Күн лаппа арҕаалаата»- күн саҥа киирэн эрдэҕинэ;
«Күн уота өллө»- күн сардаҥалара сылыппат буолбут кэмнэрэ;
«Күн мас үрдүгэр түстэ»- күн мастар кэннилэригэр түһэн эрдэҕинэ;
«Күн киириитэ»- күн киирэн эрэр кэмэ;
«Тыҥ сүтэ илигинэ»- киэһээҥҥи саһарҕа өссө умулла илигинэ;
«Боруҥуй буолла»- халлаан саҥа хараҥаран эрдэҕинэ;
«Лаппа хараҥарда»- халлаан киһи хараҕар биллэр гына хараҥарыыта.
Маны билэр этигит дуо?

Telegram
«КИИН КУОРАТ» хаhыат
🌐 Kiinkuorat.ru
📩Электроннай аадырыс: [email protected]
📩Электроннай аадырыс: [email protected]
#КК_Сэргээ
Арассыыйа түөрт үлэ күннээх нэдиэлэҕэ көһүө дуо?
❇️Судаарыстыбаннай Дуума үлэҕэ уонна социальнай политикаҕа кэмитиэтин салайааччыта Ярослав Нилов Арассыыйаҕа 4 күннээх үлэ нэдиэлэтэ баар буолуон сөп диэн этэр.
4 күннээх үлэ нэдиэлэтэ туох туһалааҕый? Онуоха, олохтоохтор санааларын истээри, 2024 сылга ыйытык оҥорбуттар. Биллибитин курдук, хас иккис киһи бу туһунан баҕарар эбит. 71% респондент, биэс күннээх графигынан үлэлээччилэр, маннык кылгаабыт нэдиэлэ ноҕоруускатын кыайыахпыт диэн эппиттэр (34 саастарыттан эдэрдэр).
“4 күннээх үлэ нэдиэлэтигэр Арассыыйа олохтооҕун 26% ордубут биир күннэрин дьиэ кэргэнигэр уонна оҕолоругар аныыбыт диэбит, 22% — сынньалаҥҥа, 16% — эбии үлэҕэ. 13% – дьиэ-уот дьыалатынан, 11% эбии үөрэхтээһининэн, бэйэни сайыннарыынан дьарыктаныахтарын баҕараллар эбит. Оттон Арассыыйа олохтооҕун 9%-на бу күнү – тус бэйэлэригэр, дьыалаларыгар, 8% киһи – көхтөөх сынньалаҥҥа, сөбүлүүр дьарыкка, спорка аныахпыт диэбиттэр”, – диэн чинчийиигэ этиллэр.
Ол быыһыгар идиэйэни утарааччылар эмиэ бааллар (45 саастарыттан уонна онтон аҕалар), кинилэр, төттөрүтүн, түөрт күн устата үлэ барыта кыаллыа суоҕа диэн санаалаахтар, ону тэҥэ үлэ төлөбүрэ долгутар эбит. Арассыыйа олохтоохторо үлэ күнүн ахсаанын аҕыйатан, үлэ чааһын 8-тан 10 чааска диэри уһатан, акылааты намтатарга дьулуһуохтара диэн дьиксинэллэр.
🤔Санатан эттэххэ, билигин Арассыыйаҕа, РФ Үлэ Кодексыгар олоҕуран, үлэ бириэмэтин уһуна нэдиэлэҕэ 40 чаастан ордуо суохтаах. Ол үрдүнэн үлэ нэдиэлэтэ араас буолуон сөп: биэс күннээх, алта күннээх, толорута суох үлэ нэдиэлэтэ эбэтэр өрөбүллэрдээх уларыйа сылдьар графиктаах. Бу барыта үлэ эбэтэр кэлэктиип дуогабарыгар суруллар, биитэр тэрилтэ бэйэтин ис быраабылатыгар олоҕуруон сөп. Ыйдааҕы хамнастара МРОТ анаабытыттан намыһах буолуо суохтаах (2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 22 440 солк.).

Аны хаһан сынньанабыт?
🗓️Аҕыйах эрэ хонуктааҕыта сынньанан, үлэбитигэр саҥа тахсан истэхпитинэ, социальнай ситимнэринэн бу сылга хас күн үлэлиирбит, сынньанарбыт туһунан таблицалары ыытан киирэн барбыттара. Аны туран, аныгыскы кылгас үлэ нэдиэлэтэ хаһан буоларын туһунан суруйдулар.
Маны бары да сэргии аахтыбыт, тоҕо диэтэххэ, Арассыыйа олохтоохторо сынньалаҥы, бырааһынньыктары, өрөбүллэри наһаа сөбүлүүбүт, наһаа кэтэһэбит.
Онон, үлэһит дьону муус устар бүтүүтэ кылгас үлэ нэдиэлэтэ күүтэр. Ол курдук, нэдиэлэҕэ үс эрэ күн үлэлиэхпит, муус устар 28-тан муус устар 30 күнүгэр диэри.
Онтон ыам ыйын 1 күнэ өрөбүлүнэн биллэриллэр, бу күн Саас уонна Үлэ бырааһынньыгын бэлиэтиибит. Ыам ыйын 2 күнэ эмиэ өрөбүл, тоҕо диэтэххэ тохсунньу 4 күнэ (субуота) онно көһөн биэрэр. Бу РФ бырабыыталыстыбатын дьаһалынан бигэргэммитэ.

Оҕолорбутун ситиһиигэ сирдиир киин
💠Дьокуускай куорат кытыы нэһилиэктэригэр үөрэх тэрилтэлэрэ оҕо аймахха эрэ буолбакка, бүтүн нэһилиэнньэ олоҕор тыын суолталаахтар.
Ол курдук, Табаҕа орто оскуолатыгар «Точка роста» киин арыллыаҕыттан, чахчы, дьон-сэргэ талаһар, тардыһар сиригэр кубулуйда. Ол туһунан салайааччы Юлия Игоревна Дроздова сиһилии кэпсээтэ: https://kiinkuorat.ru/articles/o-olorbutun-siti-iige-sirdiir-kiin

«Сайдыс» урбаан хайысхатыгар дьоһун хардыылары оҥорор
💠2017 сыллаахха Нам улууһун З.А. Тихонова аатынан «Түөлбэ» оҕо киинин иһинэн «Сайдыс» биисинэс-инкубатор арыллыбыта. Эбии үөрэхтээһин тэрилтэтигэр өрөспүүбүлүкэҕэ бу бастакы биисинэс-инкубатор буолар.
Бүгүн «Сайдыс» салайааччыта Аксинья Семеновна Павлованы кытта эбии үөрэхтээһин сонун хайысхатыгар туох ситиһиилээхтэрин, инники былааннарын туһунан сэһэргэстибит: https://kiinkuorat.ru/articles/saydys-urbaan-hayyshatygar-do-un-hardyylary-o-oror