«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.64K subscribers
18.6K photos
1.18K videos
1 file
10.8K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_ТускарТуһан

Олунньу ыйга тугу үүннэрэбит?

Номнуо бэлэмнэнэн саҕалыыбыт🙌🏻


🍓🍓🍓Дьэдьэн🍓🍓🍓

Кэлиҥҥи сылларга саха дьоно клубника, дьэдьэн курдук урут сананан да көрбөтөх астарбытын ыһан, сайын устата дэлэччи-хоточчу үүнүү ылар буоллубут. Уопутурбут, бу үүнээйи уратыларын быһаарсыбыт оҕуруотчуттар, бэл, кыһыннары үүннэрэр таһымҥа тиийдилэр.

Клубника, дьэдьэн – олордууларынан, көрүүлэринэн-истиилэринэн, дьүһүннэринэн, амтаннарынан даҕаны уруулуу үүнээйилэр.

Бу үүнээйини амсайарга санаммыт буоллаххытына, туох нааданый?
 
💡 Фитолаампа хайаан да наада буолар эбит🤗
🪴 Анаан-минээн буор бэлэмнэниэхтээх🤔
🍓 Сиэмэни бэлэмнээһин эмиэ уратылаах☝🏻
🌱 Олордуу, ууну кутуу уонна көһөрүү кистэлэҥнэрин билиэхтээхпит🤗

Ол туһунан сиһилии манна аах.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

⬆️⬆️⬆️Таҥха иһиллээһин судургу уонна ордук тарҕаммыт көрүҥнэрин бэлэмнээтибит.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Уот, гаас, уу, ититии бардаҕына ханна эрийэбит?

🔸Уу бардаҕына ханна эрийэбит?
Киин диспетчерскэй сулууспаҕа: 44-91-54.

🔸Канализацияҕа саахал таҕыстаҕына
Канализация киин диспетчерскэй сулууспатыгар: 49-34-04.

🔸Уот бардаҕына
Дьокуускайдааҕы уот ситимин киинэ: 21-55-68.

🔸Лифт харан хааллаҕына, хаайтардаххытына
Биир кэлим аварийнай сулууспа: 43-55-15.

🔸Домофон үлэлээбэт?
Домофон-сервис: 40-20-78.

🔸Гаас сыта кэллэҕинэ
Гаас сулууспатыгар стационарнай төлөпүөнтэн: 04; суотабайтан: 104.

🔸Суһал медицинскэй көмө наада?
03, 103.

🔸Полиция көмөтө наада буоллаҕына
Стационарнай төлөпүөнтэн: 02; суотабайтан: 102.

🔸Буруо сытын биллэххитинэ, баһаар буоллаҕына
101, 01.

🔸Сөмөлүөт хаска кэлэрин, хаска көтөрүн билэргэ
“Дьокуускай” аэропорт төлөбүрдээх справочнайа: 14-006; “Маҕан” аэропордун справочнайа: 40-63-19. 

🔸Куорат кытыы бөһүөлэктэригэр айанныыр оптуобустар сырыыларын хантан билсэбит?
Автовокзал: 8 -(4112) 36-47-66, диспетчерскэй: 8 - (4112) 36-14-61. 

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

2025 сылга Ил Түмэн дьокутааттара биирдиилээн гражданнары кытта көрсөр графиктара таҕыста: https://kiinkuorat.ru/articles/2025-sylga-il-t-men-dokutaattara-biirdiileen-grazhdannary-kytta-k-rs-r-grafiktara

☝🏻Норуот дьокутааттарын кытта тус көрсүһүүгэ Ил Түмэн Уопсастыбаннай приёмнайын нөҥүө суруйтарыллар: Дьокуускай к., Ярославскай уул., 24/1, каб. 117.

Тэйиччиттэн суруйтарыы аадырыһа: https://www.iltumen.ru/reception.

Сиһилии билсэр төлөпүөн: 8 (4112) 43-53-74.

❇️Дьокутаат тус приемугар киирэргэ эрдэттэн суруйтарар булгуччулаах. Приемҥа пааспар ирдэнэр, диэн иһитиннэрэр Ил Түмэн аппараатын гражданнары кытта үлэҕэ салаата.


 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Ыккын сүтэрдэххинэ

🦮 Арай ыккыт төлө баран эбэтэр ханнык эмэ төрүөтүнэн алҕас тиэргэнтэн тахсар, сүтэр түгэнигэр 8-924-870-00-06нүөмэргэ эрийэн токкоолоһор кыахтааххыт.

Ону тэҥэ Дьокуускай к. Очиченко уул., 57 нүөмэригэр баар “Помоги выжить” приюкка сирэй тиийэн ыйыталаһыаххытын сөп.

☝🏻Сүрүнэ, ыккытын быстах да кэмҥэ көрүүтэ-истиитэ суох бэйдиэ ыытымаҥ, дьону эрэйгэ тэбимэҥ. Ыстараап улааппытын умнумаҥ.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

🫖Абыраллаах чэй

Билигин тымныйыы, тумуу, араас ОРВИ, грипп тарҕаммыт кэмигэр ыалдьыбыт киһи туругун чэпчэтэр чэй оҥостон иһиҥ.

☝🏻Имбирь,
🍋 лимон,
🍯 мүөт,
🍵 ханнык баҕарар чэй.

Барытын сылаас уунан саба кутан туруора түһэбит. Имбиирин элбэх гыннахха аһыы амтаннанар - бүөлэнэр муруңңа абыраллаах. Мүөтүн элбэх гыннахха амтана өссө минньийэр. Лимон элбэх С битэмииннээх буолан тумууну таһаарарга туһалыыр.
☝🏻Күөх чэйинэн оңордоххо хаан баттааһынын үрдэтиэн сөп - дабылыанньалара түһэн хаалар дьоңңо ааттаах.

Ыалдьыбыт буоллаххытына сотору-сотору оңостон иһиң🙌🏻
💧Ону сэргэ элбэх ууну иһэргитин умнумаң.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Хабараан тымныыттан харыстанарга сүбэлэр

❄️❄️❄️
Тохсунньу ый – дьыл оройо, тымныы өрөгөйө. Кириһиэнньэ тымныылара турар, кыһыммыт тыына сытыырхайар кэмнэригэр сыыһа туттан тымныйбат, сыыстарбат курдук ханнык сүрүн быраабылалары тутуһуохха нааданый?

Иҥэмтиэлээхтик аһаа

Хамсанаргын умнума

Хаттыктык таҥын

Киэргэли, симэҕи кэтимэ

Тымныыга табахтаама




https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Тумуу тумнарыгар тугу тутуһуохха

❄️Тымныы сатыылыыр кэмнэригэр иммунитет бэлэмэ суох буолан, кыра да үргүөргэ үрдэриэххэ, тымныйан ыалдьыахха сөп. Бу кэмнэргэ тумуулааччы, сөтөллөөччү үксүүр. Хайдах бэйэни харыстаныахха, эрдэттэн көрүнэ сылдьыахха сөбүй?

Ол туһунан сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/tumuu-tumnarygar-tugu-tutu-uohha

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

🌺Тохсунньу ыйга ыһыллар сибэккилэр:

- вербена гибридная;
- гайлардия остистая;
- гвоздика Шабо;
- гелениум осенний;
- кальцеолярия морщинистая;
- лизиантус (эустома);
- лобелия длинночерешковая (эринус);
- львиный зев;
- молочай многоцветковый;
- пеларгония;
- эхинацея пурпурная.
❇️ Бу сибэккилэри эрдэ ыстахха, сайын урутаан сибэккилиэхтэрэ, оттон элбэх сыллаах үүнээйилэр бастакы сылларыгар сибэккилээн саҕалыахтарын сөп.
❇️ Биллэн турар, күн сырдыгын солбуйар анал💡суох буоллахха, үчүгэй үүнүүнү ситиһэр уустук.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

🩺Хаанын баттааһына эмискэ тахсар киһи минньигэһи, туустааҕы, аһыыны аһыыра, арыгы иһэрэ, табах тардара хааччахтардаах. 

Дабылыанньа тахсыбыт кэмигэр икки илииҥ сөмүйэлэринэн кулгаахтаргын бүөлүү анньан баран үөһээ уонна муннуҥ диэки эргиир чиэппэрин курдук 60 төгүл эбэтэр 1 мүнүүтэ устата хамсат. Оччоҕуна хараҕыҥ сырдаан, үтүөрэн барыаҥ. 

🥤Дабылыанньа чэпчэки көрүҥэр: Уулаах отон оргуйбут уутун иһэ сылдьар туһалаах. Күн ахсын 5 г балык арыытын ис. Ол суох буоллаҕына, нэдиэлэҕэ үстэ эмис балыкта сиэ. 

✋🏻 Төбөҥ дыҥ курдук, кулгааҕыҥ куугунуур буоллаҕына: ытыһыҥ кырыытынан эбэтэр атын чэпчэки предметинэн моонньугун кыратык охсуолаа. 


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

🚶🏻‍♀️ Сатыы хаамыахха 🏃🏻‍♀️

“Чэ, сарсыҥҥыттан эрчиллэбин”, “Бэнидиэнньиктэн сүүрэн саҕалыам” диэн этиини үгүстүк истэбит. Бу биир үксүн бэйэни уоскутунууга этиллэн баран умнуллар тыллар. Дьиҥэр, сэттэ көлөһүнү тоҕон, көһүйүөххэ диэри хамсананан анаан эрчиллиитэ да суох, аҥаардас сатыы хаамыыны үксэтэн киһи чэбдик сылдьыан сөп эбээт.

Үлэ бириэмэтигэр устуулга хам хараҕаланан олорбокко, кэмиттэн кэмигэр туран, хос иһигэр даҕаны “дьаарбайан” ылыахха сөп.

Көһүнэн ырааҕа суох сирдэргэ сатыы сылдьарга үөрэниэххэ наада, оччотугар киһи этэ-хаана улугурбат. Кэм былдьаһыгыттан сатыы сылдьар кыаллыбат буоллаҕына, киэһэ утуйуох иннинэ дьаарбайан ылыахха сөп.

☝🏻Хамсаммат киһи этэ-сиинэ сааллан хааллаҕына, хоммут, сүүрүгэ суох уу кэриэтэ буолар. Онон, сүүрүктээх уу сытыйбат дииллэринии, хамсаныы күннээҕи олохпутугар олус туһалаах.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

⬆️⬆️⬆️Таҥха иһиллээһин судургу уонна ордук тарҕаммыт көрүҥнэрин бэлэмнээтибит.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

❇️Дьокуускай куорат дьаһалтатын Үөрэххэ управлениета тымныы күннэргэ оскуола оҕолоро үөрэммэт бэрээдэктэрин быһаарар:

🔸Тыала суох, -45°С тымныы сатыылаатаҕына 1-5 кылаас оҕолоро үөрэммэттэр.
1 м/с тыаллаах буоллаҕына -44°С үөрэммэттэр.
2 м/с тыаллаах буоллаҕына -43°С тымныыга 1-5 кылаастарга актированнай күннэр биллэриллэллэр.
3-5 м/с тыалга — -42°С тымныыга үөрэммэттэр.

🔸1-8 кылаастар тыала суохха -48°С тымныыга үөрэммэттэр.
1 м/с түргэннээх тыалга -47°С тымныыга үөрэммэттэр.
2 м/с тыалга -46°С тымныыга актированнай күн биллэриллэр, 3-5 м/с түргэннээх тыалга — -45°С тымныыга үөрэммэттэр.

🔸-50°С тымныыга оскуола оҕото барыта үөрэммэт.
1 м/с түөргэннэх тыаллаах -49°С тымныыга оскуолалар үлэлээбэттэр.
2 м/с тыалга – -48°С тымныыга, 3-5 м/с — -47°С.

☝🏻Төрөпүттэр күн-дьыл туругун туһунан информацияны өрөспүүбүлүкэтээҕи араадьыйа ханаалларыттан, ГТРК «Саха» уонна Дьокуускай дьаһалтатын официальнай сайтыттан Якутск.рф истэҕит.


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta