🚌Бырайыас туһунан:
💬Бырайыас ыарааһына бастатан туран олохтоохторго охсор. Билигин, дьон саҥа схемаҕа үөрэнэр кэмигэр, кыс ортото, сыананы үрдэтэр наадата суох.
Сыана хаһан үрдүүрэ билиҥҥитэ биллибэт - ол эрэн бу олох ирдэбилэ буоларын өйдүөх тустаахпыт.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

🚌Суоппар тиийбэтин туһунан:
💬 Идэ суолтатын өрө таһаарыахха. ЯПАК суоппардарыгар уопсай дьиэ бэриллэр. Оҕолорун уһуйааҥҥа киллэриини дьаһайыахха. Санаторнай-курортнай сынньалаҥнарын тэрийиэххэ наада о.д.а. Хамнастарын эһиил эмиэ индексациялыахпыт.
Уһук Илин ипотекатын уопсастыбаннай тырааныспар суоппардарыгар кытта биэриэххэ диэн этиини федеральнай таһымҥа көтөҕөбүт.

🚌109-ус маршрут туһунан:
💬Суут быһаарыытынан, 2025 сылтан муниципалитеттар икки ардыларынааҕы таһымнанар, куорат бүддьүөтүттэн субсидияламмат.
109-ус маршрут 53% Жатай олохтоохторо. Бу маршрукка Тырааныспар министиэристибэтин кытты үлэлиибит. Дьону оптуобуһа суох хаалларыахпыт суоҕа.
Саталга 106-ыс маршрут сылдьар.

🚌Сылаас тохтобуллар тустарынан:
💬Сылаас тохтобуллары тутуу салҕаныаҕа. Вандализм баар. ИДьМ кытта ыкса үлэлиибит.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
💬Сылаас тохтобуллары тутуу салҕаныаҕа. Вандализм баар. ИДьМ кытта ыкса үлэлиибит.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
💬Куорат пааркатыгар кыһыннары үлэлиир аэротренажер үлэлээтэ. Ити дьиэ кэннинэн турар тутуллан иһэн тохтообут дьиэҕэ аквапарк тутар былаан баар.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
💬Куорат суолларын ноҕорууската олус улахан. Ыарахан уйуктаах массыыналар көҥүллэммэт суолларыгар киирэллэрэ элбэх - ол суол үйэтин кылгатар.
Камераларынан хонтуруолу өссө элбэтиэхпит. Ыйааһынныыр пууннар эбиллиэхтэрэ.
Өлүөнэ күргэтэ тутулуннаҕына транспортнай-логистическай киин хайаан да тутуллуохтаах.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Камераларынан хонтуруолу өссө элбэтиэхпит. Ыйааһынныыр пууннар эбиллиэхтэрэ.
Өлүөнэ күргэтэ тутулуннаҕына транспортнай-логистическай киин хайаан да тутуллуохтаах.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Сатал тула үөскээбит сытыы боппуруос туһунан:
💬Дьон туттан олорор дьиэлэрин докумуоннуулларыгар араастаан төһүү буола сатыыбыт. Манна холуобунай ыстатыйа таарыллар, ол эрэн дьон биһиэхэ бастакынан туруохтаахтар.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
💬Дьон туттан олорор дьиэлэрин докумуоннуулларыгар араастаан төһүү буола сатыыбыт. Манна холуобунай ыстатыйа таарыллар, ол эрэн дьон биһиэхэ бастакынан туруохтаахтар.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Куорат мээрин быыбарын уларытыы туһунан:
💬Миэхэ Арассыыйа атын бөдөҥ куораттарын холобур оҥороллор. Маныаха куорат былааһа уонна регионнааҕы, федеральнай таһымҥа сатаан үлэлэһии баар буолуохтаах диэн.
Быыбары тохтотон, мээр Куорат Дууматын бигэргэтиитинэн талар буолуллара дьон иннигэр эппиэтинэһи аччаппат.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
💬Миэхэ Арассыыйа атын бөдөҥ куораттарын холобур оҥороллор. Маныаха куорат былааһа уонна регионнааҕы, федеральнай таһымҥа сатаан үлэлэһии баар буолуохтаах диэн.
Быыбары тохтотон, мээр Куорат Дууматын бигэргэтиитинэн талар буолуллара дьон иннигэр эппиэтинэһи аччаппат.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Дьокуускай куорат баһылыга СВО кытта барар диэн сурах туһунан:
💬СВО миэхэ олус чугас тиэмэ, үгүс билэр дьонум, атастарым онно сулууспалыы сылдьаллар. Икки уоппускабын онно бара сырыттым.
Мин баһылык буолуом иннинэ куорат олохтоохторугар андаҕар (присяга) биэрбитим. Үлэбин үлэлиэм, кыахпын барытын туһаныам диэн. Онон СВО-ҕа баран хаалар кыаҕым суох. Үлэбиттэн тэйбэппин. Онно сылдьар уолаттар тустарыгар дууһабынан ыалдьабын, өйүүбүн.

Сахалыы ыраастаныыга сылдьаҕын дуо? Дьон тылыттан хайдах харыстанаҕын?
💬Суох. Оннугум суох. Талисманым да суох.
Таңараҕа , үрдүк күүстэргэ итэҕэйэбин.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
💬Суох. Оннугум суох. Талисманым да суох.
Таңараҕа , үрдүк күүстэргэ итэҕэйэбин.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Саҥа дьылга кимнээххэ бэлэх бэлэмниигин?
💬Саҥа дьылы төрөппүттэрбин, дьиэ кэргэммин, оҕолорбун кытта көрсөбүн. Кинилэргэ бэлэх туттартыам, өссө атыылаһа иликпин.
24:00 чааһы үгэспинэн хайа үрдүгэр (Птицефабрикаҕа) көрсөбүн. Кэлээриҥ😅
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
💬Саҥа дьылы төрөппүттэрбин, дьиэ кэргэммин, оҕолорбун кытта көрсөбүн. Кинилэргэ бэлэх туттартыам, өссө атыылаһа иликпин.
24:00 чааһы үгэспинэн хайа үрдүгэр (Птицефабрикаҕа) көрсөбүн. Кэлээриҥ😅
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Бэйдиэ ыттар тустарынан:
💬Дьон эппиэтинэһин үрдэтэр үлэ барыахтаах. Сылга 3-4 кэлэн ыттарын приюттан ылар дьон бааллар.
Оттон дьиикэй ыттар (көҥүлгэ үөскээбит) тустарынан туспа көрүү баар - онно анаан үлэлиир сокуон наада.

Экология. Горканал туһунан:
💬Дьокуускай күөллэрин ситимэ ырааһырарын туһугар кыамталаах насоснай станция үлэлиэн наада. Быйыл ууну аһардар схеманы оҥоруу саҕаланна. 2026 сылтан үлэ саҕаланыахтаах.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
💬Дьокуускай күөллэрин ситимэ ырааһырарын туһугар кыамталаах насоснай станция үлэлиэн наада. Быйыл ууну аһардар схеманы оҥоруу саҕаланна. 2026 сылтан үлэ саҕаланыахтаах.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Кыстыгы хайдах туоруохпутуй?
💬 Саҥа дьыл иннинэ үгэспитинэн күүһүрүү эрэһиимигэр киирэбит. Суукканы эргиччи дьуһуурустубалыыбыт. Туох эмэ буолар түгэнигэр салалта өттүттэн бэлэм буолабыт. Ону кытта куорат сулууспалара бары бэлэмнэр.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
💬 Саҥа дьыл иннинэ үгэспитинэн күүһүрүү эрэһиимигэр киирэбит. Суукканы эргиччи дьуһуурустубалыыбыт. Туох эмэ буолар түгэнигэр салалта өттүттэн бэлэм буолабыт. Ону кытта куорат сулууспалара бары бэлэмнэр.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун
❇️Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 19 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин иһитиннэриэҕэ.
Ил Дархан ааһан эрэр сыл сүрүн түмүктэрин таһаарыаҕа, чугастааҕы уонна уһун болдьоххо өрөспүүбүлүкэ сайдыытын, парламент, бырабыыталыстыба уонна олохтоох салайыныы уорганнарын үлэлэрин сүрүн хайысхаларын быһаарыаҕа. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Үөрэхтээһин” национальнай бырайыагынан тутулла турар киин куорат 29 №-дээх оскуолатыгар эбии тутуу аҕыйах хонугунан үлэҕэ киирээри турар.
🔹Дириэктэр Марфа Анатольевна Яковлева суруналыыстарга иһитиннэрбитинэн, үс этээстээх, 8 тыһ. тахса квадратнай миэтэрэ иэннээх, 350 миэстэлээх эбии тутуу оскуола сүрүн дьиэтин оруолун толорор кыахтаах.
🔹Уопсайа 12 тыһ. квадратнай миэтэрэҕэ тиийэ кэҥээбит оскуолаҕа бүгүҥҥү күҥҥэ 1464 оҕо үөрэнэр. Эһиилги үөрэх дьылыттан үөрэнээччи ахсаана биллэ эбиллэрэ күүтүллэр.
🔹Оскуола барыйыагын, дизайнын учууталлар, үөрэнээччилэр, төрөппүттэр бука бары санааларын холбоон толкуйдаабыттар.
🔹Оскуола аныгылыы тииптээх миэбэлэ, оборудованиета барыта таңыллан, силигин ситэн турар.
🔹Саҥа оскуола биир киэн туттуута – электроннай интерактивнай экран кылаас аайы баар. Манна үөрэххэ туттуллар учебниктар, араас босуобуйа о.д.а. барыта киирэн сылдьар.
🔹Эбийиэк дьиэ үрдүгэр икки спорт балаһааккалаах уонна сүүрүүнэн-хаамыынан дьарыктанар анал зоналаах.
🔹"Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуу сакаасчыта – “Главстрой” МХТ, тутааччы – “Оптима-Строй” ХЭТ.

Telegram
«КИИН КУОРАТ» хаhыат
🌐 Kiinkuorat.ru
📩Электроннай аадырыс: [email protected]
📩Электроннай аадырыс: [email protected]
#КК_Сонун
🎦 Ахсынньы 17 күнүгэр “Россия 24” тэлэбиидэнньэ ханаалын “Куораты кытта быһа эпиир” биэриитигэр Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев 2025 сылга кэтээн көрүү камератын ахсаанын 1 тыһыынчаҕа диэри элбэтэр былаан баарын иһитиннэрдэ.
«Куттала суол куорат» муниципальнай бырагырааманан Дьокуускайга бүгүн 470 камера үлэлиир, оттон икки сыллааҕыта баара-суоҕа 130-140 эрэ камера баара. Онон 2025 сылга ити ахсааны 1000-ҕа тиэрдии - улахан хардыы буолуоҕа», - диэтэ Евгений Григорьев.
Баһылык иһитиннэрбитинэн, камеранан кэтээн көрүү ситимэ «Ростелеком» хампаанньаны кытта үлэ уонна Macroscop платформа баазатыгар куорат бэйэтин бырайыагын көмөлөрүнэн ситиһиллэр.
Саҥа камералары бастатан туран бөх мустар сирдэригэр туруоруллуохтара. Маны сэргэ кэтээн көрүү камералара уулусса-суол ситимин ыарахан уйуктаах тиэхиньикэттэн харыстыахтара. Саататар-аралдьытар тэрилтэлэр тастарыгар куттал суох буолуутун хааччыйыыга эмиэ үлэлиэхтэрэ.

#КК_Күллэринньик
✍️Аҕыйах хонуктааҕыта 2-ис кылаас оҕолоро Моруос Оҕонньорго сурук суруйдулар. Кылаас салайааччыта төрөппүттэргэ түҥэттэ.
"Мин аатым А...., үөрэҕим син ама, хотя это не важно. Баһаалыста миэхэ 28 устуука Виктор Цой плакатын уонна уп-улахан куоската бэлэхтээ. Конечно эн суох буоллаххына, дьонум моторчиктаах лего биэрдинэр. Чэ буоллун, пока!"😅
"Дед Моруос, мин маамам кыратык эмис соҕус, ону саатар кып-кыратык ырарыгар көмөлөс, пж пж пж🙏»
«Дорообо! Миэхэ саҥа дьылга розовай гитара наада, только тыаһа суох. А то паапам ынырык нервнай!"🫢
"Саҥа дьылга наһаа элбэх бадаарак наада. Элбэх харчы наада. Элбэх ас наада. Если что мин мечтам вилберриска артикула - 275443584".😉
"Миэхэ бэлэхтээ айфон16, наушник "маршал" уонна 5 ыт оҕотун. Мама будет в шоке!"😝

Forwarded from ПРО Автобус
Доброй ночи уважаемые горожане и гости столицы!
Завтра 19.12.2024 (четверг) запланировано к выходу по городским маршрутам 250 единиц автобусов, по пригородным маршрутам - 26 автобусов. Итого 276 единиц автобусов.
Полный выход автобусов согласно утвержденным графикам движения ожидаются по следующим маршрутам:
Маршрут 1
Маршрут 4
Маршрут 5
Маршрут 6
Маршрут 7
Маршрут 11
Маршрут 12
Маршрут 14
Маршрут 17
Маршрут 20
Маршрут 35
Маршрут 100
Недовыпуски транспорта и возможное увеличение интервалов движения автобусов в связи с техническими неисправностями ожидаются по маршрутам:
Маршрут 2
Маршрут 3
Маршрут 16
Маршрут 18
Маршрут 19
Маршрут 41
По пригородным маршрутам 19.12.2024 (четверг) ожидается 100%-ный выход транспорта.
Просим учесть данную информацию при планировании своих поездок. Следите за новостями на нашем канале #ПРОАвтобус. Мы будем держать Вас в курсе событий по Вашим маршрутам.