#КК_Сэргээ
👍🏻Саха многоборьетын федерациятын бэрэсидьиэнэ, “Прогресс” тутуу тэрилтэтин генеральнай дириэктэрэ, “Дыгын оонньууларын” сүрүн үбүлээччитэ Алексей Семенович Пинигин:
💬 «Биһиги куорат ыһыаҕын кэмигэр ыытыллар “Дыгын оонньуулара” күрэхтэһиигэ биэс сыл устата абсолютнай кыайыылаахха сүрүн бириис быһыытынан 1 мөл.солк. туттаран кэллибит. Эһиил 3 000 000 солк. туттарарга диэн быһаардыбыт. Ону таһынан, Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев “Уаз-Патриот” массыынаны туруорар. Онон саха многоборьетын көрүҥэ өссө сытыырхайыаҕа. Кыттааччылар ахсааннара элбээн, географиябит кэҥээн иһэр. Сахабыт төрүт оонньууларын сайыннарыах кэриҥнээхпит. Оҕолорбут, ыччаттарбыт күүстээх-уохтаах, кыраһыабай, чэгиэн буолалларын туһугар үлэ барар».
📰 Ол туһунан "Киин куорат" бу чэппиэрдээҕи таһаарыытыгар Баһылай Посельскай суруйуутугар ааҕыҥ.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат
#КК_Сэргээ 👍🏻Саха многоборьетын федерациятын бэрэсидьиэнэ, “Прогресс” тутуу тэрилтэтин генеральнай дириэктэрэ, “Дыгын оонньууларын” сүрүн үбүлээччитэ Алексей Семенович Пинигин: 💬 «Биһиги куорат ыһыаҕын кэмигэр ыытыллар “Дыгын оонньуулара” күрэхтэһиигэ биэс…
#КК_Дьон
Алексей Пинигин: «Хамаанда үлэтэ элбэҕи быһаарар»
https://kiinkuorat.ru/articles/aleksey-pinigin-hamaanda-lete-elbe-i-by-aarar
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Алексей Пинигин: «Хамаанда үлэтэ элбэҕи быһаарар»
https://kiinkuorat.ru/articles/aleksey-pinigin-hamaanda-lete-elbe-i-by-aarar
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Forwarded from Эхо столицы❄️|Новостной канал
Журналисту приходится переживать вместе с собеседником его жизнь, радости, проблемы и страдания
Только такая статья, пропущенная через себя, через сердце и душу, близко воспринимается читателем. Когда я беседовала с Александром, кровь пульсировала в висках, тяжелела голова, а совсем скоро он должен начать рассказывать, как отрезал себе ногу.
Подробнее: https://exo-ykt.ru/articles/aleksandr-esli-by-ne-otrezal-sebe-nogu-davno-umer-by
📲 @exostolicy

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#КК_СурукКиирдэ
✍️Тыл сайдыытын программатыгар кэлэр сылга 101 мөл.солк. көрүллүбүт. Саха тылын сайыннарыыга ити сумматтан төһөтө эмэ тиксиэҕэ.
Олоҥхо декадата буолла, ол иннинэ Күөрэгэйдэр фестиваллара ааста...Олунньуга Ийэ тыл күнүн ньиргитиэхтэрэ. Төгүрүк остуол бөҕө буолуоҕа...
Сороҕор улаханнык кыйаханыах санаам кэлэр, доҕоттор! Мин оҕолорум Докуускай көннөрү орто оскуолатыгар үөрэнэллэр, аата эрэ сахалыы кылаастар. 2-ис кылааспытыгар нэдиэлэҕэ биирдэ литература ааҕыыта, биирдэ саха тыла буолар. Аны туран илиилэригэр учебник ылбатылар-тиийбэт үһү. Онон саха тылыгар дьиэҕэ үлэ диэн төрүт суох.
4-үс кылааспытыгар былырыын нэдиэлэ көтө-көтө саха тыла, литературата буолар этэ-ол аата ыйга 2 саха тыла, 2 литература. Бэһис кылааска тахсыыга оҕолору профильларга араарабыт диэн кылаастарынан ыстылар. Уруккута сахалыы кылааска ханна да сатаан киирбэтэх араас омук оҕотун мустулар-оннук гынан сахалыы кылааһы суох гыннылар. Маннык түгэн сыл аайы үгүс оскуолаларга хатыланар эбит!Мөлтөх оҕолору кытта хаалбатынар диэн дьон оҕолорун гуманитарнай, математическай, юнармия кылаастарыгар биэрэ сатаатылар.
Үс сааһыгар диэри сахалыы ииппит оҕом детсакка саха группатыгар киирэн баран 2 ый иһигэр нуучча буолла! Группа улахан аҥаара "кэл-бар" да диэни сахалыы өйдөөбөттөр...
Онон үрдүкү былааска, тыл актыбыыстарыгар буолар төгүрүк да, түөрт муннук да остуоллар көннөрү боростуой дьоҥҥо туох да туһата суохтар! Сыл аайы көрүллэр харчы тылбытын симэлийииттэн быыһаан эрэрэ эмиэ көстүбэт!
Кыһыыбыттан, оҕолорбун сахалыы иитэ сатыырбар хантан да өйөбүл кэлбэтиттэн ардыгар ытыах эрэ санаам кэлэр!

Forwarded from Театр Олонхо
КОНЦЕРТ!!! КОНЦЕРТ!!! КОНЦЕРТ!!!
✨✨"ИhИЙЭН ИhИЛЛЭН"✨✨
🌟 Айылҕа чуумпуран утуйар, сулустар сипсиһэн сэһэргэһэр кэмнэригэр, Олоҥхо Театрын чуор кулгаахтаах, дьүрүлгэн тэтимнээх тутаах дьоно, хомоҕой хоһуйуулаах кутуллар көмүс дорҕооннорун искитигэр иҥэринэ өйү-санааны сааһылана, кэлэргитигэр ыҥырабыт.
💫 Буолар сирэ: "Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар театрдара" (Чернышевскай аатынан уул., 14)
🕰️ Буолар кэмэ: Ахсынньы 12 к., 18:30
📞 т. 34-03-19
💳 Билиэттэр онлайн манна атыыланаллар ➡️➡️➡️ https://clck.ru/3ExCGE

#КК_Кэпсээн
Төрөппүт эрэ «ийэ» диэн үрдүк ааты сүкпэт…
(Историческай проза)
Ааптар: Мария Поскачина
... «Аҕаа, барымаа! Аҕаа, мин барсабын!» – диэн улаханнык уйуһуйбут, ытыы-ытыы сүүрэн иһэр уончалаах уол оҕо ардах кэнниттэн ат туйаҕыттан түһэн суолга лоппоччу хаппыт бөлтөгөртөн иҥнэн умса баран түстэ. Ол ытабыллаах хаһыыттан Өлүөнэ өрүс кытылыгар хоммут бэс ыйынааҕы айылҕа барахсан тупсан турар кэминээҕи сандаарбыт сарсыардааҥҥы наҕыл чуумпута биирдэ бытарыс гыммыт курдук буолла, чыычаах күйгүөрэ, кэҕэ этэрэ – барыта хайдах эрэ бу аймалҕантан куттаммыт дуу, кыбыстыбыт дуу курдук, ах баран ылла.
Салҕыыта: https://kiinkuorat.ru/articles/t-r-pp-t-ere-iye-dien-rd-k-aaty-s-kpet

КИИН КУОРАТ
Төрөппүт эрэ «ийэ» диэн үрдүк ааты сүкпэт…
(Историческай проза)
#КК_Сэргээ
👋Ахсынньы 14 күнүгэр СӨ Национальнай библиотекатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи "Город мастеров" быыстапка-дьаарбаҥка ыытыллар.
70-тан тахса маастар түмсүөҕэ.
👍🏻Буор босхо маастар-кылаастар буолуохтара.
Сиһилии хаартыскаҕа баар⬆️⬆️⬆️
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
👋Ахсынньы 14 күнүгэр СӨ Национальнай библиотекатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи "Город мастеров" быыстапка-дьаарбаҥка ыытыллар.
70-тан тахса маастар түмсүөҕэ.
👍🏻Буор босхо маастар-кылаастар буолуохтара.
Сиһилии хаартыскаҕа баар⬆️⬆️⬆️
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан
🫁 Электроннай табахтан энчирээбит тыҥа төттөрү чөлүгэр түспэт!
Кальян – көннөрү табахтааҕар 100-200 төгүл буортулаах.
Айкос – сигарета никотинын 84 % баар, 60 % концерогеннай сүһүрдэр эттик.
🚬Сигарета, кальян, вэйп, айкос, электроннай табах, буруота суох табах:искэн ыарыыны үөскэтэр эттиктэрдээхтэр, дэбигэстик үөрэниэххэ, ылларыахха сөп.
🚬ХХ-ис үйэҕэ 100 мөл. киһи табахтааһынтан өлбүтэ.
🚬Аан дойдуга 7,5 млрд. киһиттэн, 1 млрд. киһи – табахсыт.
🚬Аан дойдуга күн аайы табахтан 14 тыһ. киһи өлөр.
🚬Арассыыйаҕа сылга 330-400 тыһ. киһи табахтааһынтан үөскүүр ыарыылартан суорума суолланаллар.
🚬Арассыыйаҕа 44 млн. киһи табахсыт – 60 % эр дьон.
🚬Табахтааһын олоҕу аччаабыта 10-12 сылынан кылгатар.
🚬Аан дойдуга күҥҥэ 15 млрд. сигарета тардыллар.

Forwarded from «КИИН КУОРАТ» хаhыат
#КК_Сэргээ
❗️«Киин куорат» хаһыакка 30% чэпчэтиилээх сурутууну мүччү тутумаҥ
📰Ахсынньы 2-12 күннэригэр “Киин куорат” хаһыакка 2025 сыллааҕы сурутууга 30 % чэпчэтии биллэриллэр.
“Киин куорат” хаһыакка 2025 сыл бастакы аҥаарыгар сурутуу сыаната:
Дьиэҕэ: 1205,22 солк.
Аб. ящикка: 1156,50 солк.
Сурутуу индексэ: ПИ054-П
📰Сэрии бэтэрээннэригэр, 1-2 группалаах инбэлииттэргэ туспа сурутуу декадата ыытыллар. “Киин куорат” хаһыакка 2025 сыл бастакы аҥаарыгар бэтэрээннэргэ уонна инбэлииттэргэ сурутуу сыаната:
Дьиэҕэ: 1103,34 солк.
Аб. ящикка: 1064,40 солк.
Сурутуу индексэ: ПИ054-Р
ЧЭПЧЭТИИЛЭЭХ СУРУТУУНУ МҮЧЧҮ ТУТУМАҤ!

СӨ Национальнай библиотекатыгар Инбэлииттэр күннэригэр босхо юридическай консультациялар ыытыллыахтара.
🗓️Ахсынньы 4 күнэ
📱 Сиһилии информация: 8 (4112) 507-695, 8-924-174-86-65.

🎄Үгэс быһыытынан сыл аайы тэриллэр «Үтүө санаа харыйата» аһымал аахсыйа Дьокуускайга «Бубль-Гум» маҕаһыын икки филиалыгар ыытыллар: Кальвица уул., 14/5 уонна Дзержинскэй уул., 71.
«Үтүө санаа харыйата» аһымал аахсыйаҕа быйыл коррекционнай оскуолалартан, оскуола-интэринээттэртэн уонна оҕо дьиэлэриттэн кытталлар.
Аахсыйа ахсынньы 29 күнүгэр диэри ыытыллар.
❇️Ким баҕалаах, оҕо дьиэлэрин иитиллээччилэрин уонна коррекционнай оскуола үөрэнээччилэрин баҕа санааларын толоруохтарын сөп. Тэрээһиҥҥэ кыттарга оҕо аата суруллубут аккырыыкканы талан баран, ол оҕоҕо саҥа дьыллааҕы бэлэх оҥоһуллар.

❄️❄️❄️❄️❄️❄️
Эһээ Дьыл хайдах үөскээбитин билэҕит дуо?
❄️❄️❄️❄️❄️❄️
🎄Ол туһунан Гаврил Спиридонович Угаров – биологическай наука доктора, профессор, РФ Үрдүк үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ, норуокка Эһээ Дьыл диэн уобараһынан киэҥник биллэр ытык киһибит маннык кэпсээн турардаах:
💬Улуу поэт Евгений Евтушенкоҕа: “Я люблю чистоту и печальность чуть расплющенных лиц якутят, будто к окнам носами прижались и на елку чужую глядят”, - диэн баар. Бу дириҥ ис хоһоонноох айымньыны ааҕан баран, саха оҕолоро, кырдьык, бэйэлэрэ бырааһынньыктара суох эбит дии санаабытым. Бу хоһооҥҥо баар түннүк өстүөкүлэтэ – кыраныысса. “В лесу родилась елочка” ырыа, Дед Мороз уонна Снегурочка, Баба Яга, Кащей курдук дьоруойдар бары сахалар киэннэрэ буолбатахтар эбээт.
Литератураны хаһыстым. Аан маҥнай Санта Клаус үөскээбит эбит. Кини Ороһооспо персонаһа. Ону Европаҕа аҕалаллар. Онтон Петербурга кэлэр. Ону бэйэлэригэр ханыылыы сатаан, атын дьоруойдары толкуйдууллар. “Морозко” диэн норуот остуоруйатыттан оҕонньору, Толстой остуоруйатыттан Хаарчаананы ылаллар.
Бастаан утаа киһи бөҕөтө: “Сахалар хаһан Моруос оҕонньордоммуттарай?”- дии-дии сиилээбитэ. Мин онно кыһаммакка, идеябын анньан испитим.
Эһээ Дьыл тымныыны илдьэ сылдьыбат. Тымныыны кини оҕуһа – Дьыл Оҕуһа таһаарар.
Кэнники Августина Филиппова айбыт уобарастара, Атласовтар толкуйдаабыт персонажтара баар буоллулар. Миигин самнара сатаан, “Саха Тымныы оҕонньоро – Чысхаан” дии сылдьыбыттара. Кыайбаттарын өйдөөн, “Тымныы тойоно” диир буолбуттара. Ыччаты дьэ булкуйан эрэбит.
Саха номоҕунан, Чысхаан тымныыны таһаарар кыаҕа суох. Кини тымныы оҕуһун сиэтээччи буолуон сөп.
Эһээ Дьыл диэн тыыннаах персонаж. Саҥа дьылга эрэ буолбатах, сылы эргиччи баар гына толкуйдаммыта.

Telegram
«КИИН КУОРАТ» хаhыат
🌐 Kiinkuorat.ru
📩Электроннай аадырыс: [email protected]
📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Forwarded from Управление образования ОА г.Якутска
Уважаемые граждане!
⚡️ 4 декабря 2024 г. приглашаем на Общереспубликанский день приема граждан в Управление образования Окружной администрации г.Якутска с 14:00 ч. до 18:00 ч. (по местному времени) по адресу: г. Якутск, ул. Лермонтова, 79, 1 этаж, актовый зал. Предварительная запись по 📞 40-03-42.
Прием будут проводить начальник Управления образования Петрова Мария Петровна, заместители, руководители отделов общего и дошкольного образования.
@yaguo_official
Прием будут проводить начальник Управления образования Петрова Мария Петровна, заместители, руководители отделов общего и дошкольного образования.
@yaguo_official
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#КК_Спорт
Керемясов кэриэһигэр Дьокуускай VI чемпионата
🤼♂️ Арассыыйа физическэй култууратын уонна спордун үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үтүөлээх тренерэ Валерий Петрович Керемясов 65 сылыгар аналлаах Дьокуускай куорат көҥүл тустууга чемпионата алтыс төгүлүн ыытылынна.
Бастыҥ үлэлээх тренердэр Владимир уонна Ян Емельяновтарга “Тустуу сайдыытыгар киллэрбит кылааттарын иһин” РФ Бочуотунай грамоталара туттарылыннылар. Сүрүн судьуйа Станислав Афанасьев турнирга 93 бөҕөс кыттарын, турнир ыытыллар бэрээдэгин билиһиннэрдэ.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/keremyasov-kerie-iger-dokuuskay-vi-chempionata

#КК_Сонун
Ахсынньы 6-8 күннэригэр Комсомуол болуоссатыгар «Ахсынньытааҕы дьаарбаҥка» ыытыллыаҕа.
Дьаарбаҥкаҕа тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйата - эт, арыы, балык, полуфабрикаттар атыыга тахсыахтара.