«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.6K subscribers
18.4K photos
1.17K videos
1 file
10.7K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_КинигэДолбуура

📚Суруйааччы Константин Эверстов олус үчүгэй тэттик кэпсээннэрдээх “Оһолу-моһолу туораан” диэн “Айарга” тахсыбыт кинигэтин бэркэ сэргээн аахтым. Харахпар араас барыта көстөн ааста. Ити чуо бу 80-с сыллартан ыла биһиги олохпутугар буолан ааспыт харсыылар, сэриилэр кыттыылаахтарын туһунан, ол айдааҥҥа даҕатан, дьиҥэр, күннээҕи олохпутугар баар аҕай, омсолоох көстүүлэри билэн олорон суруйтаабыт диэхпэр дылы.

Бастатан туран, сэриигэ сылдьыбыт киһи өйө-мэйиитэ атын буолар. Олох сыаннаһын уруккутунааҕар ырааҕынан атыннык ылынар буолар эбит. Элбэх түгэҥҥэ туспа көрүүлээх киһини сир аайы тута ылынан да биэрээччилэрэ суох. Ити кэрдиис кэмнэри ааспыппыт. Билэбит.

Бу “Оһолу-моһолу...” кинигэҕэ кэпсэнэринэн, эдэркээн киһи ол өйө-санаата сыыйа хайдах уларыйара чуо ойууланар. Тиһэҕэр эйэлээх олоххо “бэйэтин булунуута”, уопсастыбаҕа хайа өттүттэн киирэн туһаны аҕалар суолга турунуута көстөр.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_КинигэДолбуура

📚 "КӨМҮӨЛ" кинигэ кыһатыгар
"Сымнаҕас көмүс түсчүттэрэ" ураты тыыннаах кинигэ таҕыста.

Кинигэни В.В.Габышев, Н.Н.Сметанин, П.Н.Коркин хомуйан оҥордулар.

📖"Үгүс күннээх сыралаах үлэбит, утуйбатах түүннэрбит саха хорсун булчуттарын, сонордьуттарын, охотоведтарын туһунан кэпсиир көмүс кинигэ буолан таҕыста. Элбэх кэпсээннээх, сонуннаах, кэрэ хаартыскалардаах баҕарбыппыт хоту буолан үөртэ", - диэн ааптардар санааларын үллэстэллэр.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_КинигэДолбуура
#КК_Фотофакт

📕 “Үөдэй” кинигэҕэ Ньурба улууһун Үөдэй нэһилиэгин төрдө-ууһа, аҕа уустара ханан тарҕанан үөскээн-тэнийэн олорбуттара, туох дьарыктаахтара, төрүччүлэрэ толору ырытыллыбыт.

Маннык хабааннаах кинигэ нэһилиэк, улуус аайы элбэхтик тахсар, ол эрэн ньурбалар киэннэрэ хабар халыыбынан, далааһынынан сөхтөрөр эбит. Кинигэҕэ түҥ былыргыттан саҕалаан бу күннэргэ диэри нэһилиэк олоҕо-дьаһаҕа кэпсэммит. Таһаарааччылар улуус, өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа архыыптарыгар дьаныардаахтык үлэлээбиттэр.


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_КинигэДолбуура

📚Норуоттар икки ардыларынааҕы суруналыыстар федерацияларын чилиэнэ, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин телевидениетин уонна радиотын туйгуна, Уус Алдан улууһун Мүрү, Суотту нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, элбэх научнай-популярнай ыстатыйалар, биэриилэр, кинигэлэр ааптардара Павел Васильевич Пермяков – Тэлэкэ «Борогонские якуты» кинигэтэ сүрэхтэннэ.

Кинигэ ааптара Уус Алдан улууһун Бороҕон улууһа диэн аатын уларытарга туруорсар энтуазиаст, кыраайы үөрэтээччи, патриот, киэҥ билиилээх, далааһыннаах көрүүлээх киһи, умсугутуулаахтык суруйар суруналыыс, общественник. «Мүрүйээдэ», «Лөгөй уонна кини кэмэ: архыып докумуоннара» диэн дьоһуннаах кинигэлэрдээх.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta