«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.59K subscribers
18.2K photos
1.12K videos
1 file
10.6K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
🗣 Төрүт сокуоҥҥа уларыйыы киирэрэ, кэм тулхадыйбат ирдэбилэ буолбутун ылыныахпытын наада. Мин көрөрбүнэн, сүрүн болҕомто социальнай көмөҕө уонна үлэһит киһиэхэ ууруллуохтаах диэн тосхол баһыйар. Судургутук санаан көрөр да буоллахха, үлэһит киһи тоҕо дьадаҥы буолуохтааҕый?!
➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/2020/06/die-kergen-syannaһa-inniki-kүөҥҥe-tutullar/
🗣 Төрүт сокуоммутугар киирэр уларытыылар биһиги дойдубутун күүстээх держава быһыытынан өссө бөҕөргөтөр дьылҕалаахтарын өйдөөн туран, үгүстэр өйүөхтэрэ диэн бүк эрэллээхпин. Санаан да көрдөххө, хайа салайааччы, хайа киһи, төрөппүт дойдубут ыһылларыгар-тоҕулларыгар, мөлтүүрүгэр баҕарыай, олорор мутугун кэрдиниэй?! Аан дойду экономическай, политическай систиэмэтэ олус күүскэ уларыйда, сороҕор сатарыйда да диэххэ сөп, өссө туох-туох буолан иһиэ биллибэт. Онтон барытыттан көмүскэллээх буолуубут – күүстээх, дьиэк киллэрбэт Төрүт сокуоммут ‒ Конституциябыт!
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/2020/06/arassyyja-tutula-өssө-bөҕөrgүүr/
Дьиэҕэ хайдах куоластыыбыт?

📌Дьиэттэн олорон куоластааһыҥҥа бэс ыйын 25-30 күннэригэр эбэтэр от ыйын 1 күнүгэр кыттыаххытын сөп.

📌Бэс ыйын 16 күнүттэн от ыйын 1 күнүн 16.00 ч. диэри бэйэҕит быыбардыыр учаастаккытыгар биллэриҥ. Аймахтаргытынан эбэтэр волонтердарынан илдьиттиэххитин сөп.

📌Хаһан табыгастааҕын быһаарсаҕыт.
Эбэтэр “Госуслуги” нөҥүө сайаапка биэриэххэ сөп.

kiinkuorat.ru
❗️Дьиэттэн тахсыбакка эрэ хайдах куоластыыбыт?

Өскөтүн регистрацияламмыт сиргититтэн атын сиргэ олорор буоллаххытына, ханнык баҕарар атын учаастакка куоластыаххытын сөп.
Дьиэҕэ кэлбит быыбардыыр хамыыһыйа үлэһиттэрэ дьиэҕэ киирбэккэ туран куоластатыахтара. 
Куоластыырга бэлэмҥит туһунан сайаапката биэриҥ:

Ханнык баҕарар МФЦ офиһыгар (бэс ыйын 5-21 күннэригэр).
Ханнык баҕарар быыбардыыр учаастакка (бэс ыйын 5-21 күннэригэр).
Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар (бэс ыйын 5-21 күннэригэр).
Ханнык баҕарар территориялаах хамыыһыйаҕа (бэс ыйын 5-21 күннэригэр).

kiinkuorat.ru
Үлэ-хамнас, олох-дьаһах туһунан ыйытыылары биэриэххитин сөп.

kiinkuorat.ru
🌿Сирэм от мэччирэҥнээх, дьэрэкээн бэйэлээх сибэкки оһуордаах-дьарҕаалаах, чаҕыл күннээх, итиинэн илгийэр самаан сайыммыт тиийэн кэлбит үөрүүтүн, сахалар араҕас чэчири анньан, толуу-мааны сэргэлэри тоҕуорута туруоран, Ыһыах ыһар үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит үтүөкэн үгэстээхпит.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/2020/06/sardana-avksenteva-byjylgy-uraty-yһyah-tuһunan-sanaalara/
“Кыһыл зонаҕа” үлэлии сылдьар дьону кытта үһүс кэпсэтиибит тахсар. Эмчиттэр кэллиэгэлэригэр махтаналлар уонна бар дьону харыстанарга сүбэлииллэр. Сэрэтэр үлэни ыытыы эмтиирдээҕэр судургу буоларын нэһилиэнньэҕэ өйдөтүөххэ наада диэн санааны тиэрдэллэр.

Мария Борисовна Саввина – Дьокуускайдааҕы клиническэй балыыһа пульмонолог бырааһа:

– Биһиги коронавируһу утары ураты эрэсиимнээх үлэбит дьаҥ тарҕаныаҕыттан, кулун тутартан саҕаламмыта.
Үлэбит хайысхата тосту уларыйда диэххэ сөп. Сэбиргэхтэппит киһи элбэх. Билигин, холобур, 24 ыарахан туруктаах ыарыһах баар.
Киирэр киһи ахсаана элбэх буолан, өрөбүлэ суох кэриэтэ, сарсыарда 8 чаастан киэһэ олох хойукка диэри үлэлиибит. Күн аайы ыалдьыбыт дьон утары киирэ турар, ону кытта үтүөрэн тахсааччы да баар буолар.
Күнү быһа харыстанар көстүүмнэрбитин кэппитинэн сылдьабыт. Тыынарга, хамсанарга-имсэнэргэ уустуктардаах. Күнүскү симиэнэ 8-тыы чаас көстүүмнээх үлэлиир, түүҥҥү симиэнэ 16-лыы чаас сылдьар. Биһиги үлэбит ыараханын иһин, биһиэхэ сытар ыарыһахтарбытыгар өссө уустук балаһыанньа үөскүүр. Бу ыарыы кинилэргэ уйулҕа өттүнэн кытта олус охсуулаах диэн бэлиэтии көрөбүн... https://kiinkuorat.ru/2020/06/pulmonolog-byraas-mariya-savvina-koronavirus-kenne-tyҥa-chөlүger-tүspet/
📌Былырыын Туйаара-Кэтрин ийэтэ Сьюзен Крейтиин Ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр сахалыы “Күөрэгэй” диэн ырыаны толорбуттарын сэргии көрбүт буолуохтааххыт. Бүгүҥҥү нүөмэргэ Америкаҕа олорор, уу сахалыы саҥарар биир дойдулаахпыт Туйаара-Кэтрин Егорова-Крейт ыалдьыттыыр.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/2020/06/tujaara-ketrin-sahalyy-үchүgejdik-saҥarabyn/
Быйыл устудьуоннар тутар этэрээттэрэ 2 тыһыынча кэриҥэ байыаһы Саха сиригэр уонна тас сытар регионнарга үлэлэтэр былааннаахтар. Бу туһунан Арассыыйа устудьуоннарын тутар этэрээттэрин Саха сиринээҕи штабын салайааччыта Айсен Соловьев иһитиннэрэр. Санатан эттэххэ, бу ый 12 күнүттэн Саха сирин тутар этэрээттэрин үлэтэ саҕаланна.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/2020/06/tutar-etereet-үlete-saҕalanna/
Дойду бары муннугар БКЭ (биир кэлим эксээмэн) саҕаланара чугаһаата. Оскуоланы бүтэрээччилэр ким-туох идэлээх, ханнык үөрэххэ баралларын, ханнык хайысханан олохторун суолун түстүүллэрин чопчу быһаарынан олорор буолуохтаахтар. Бүгүн М.К. Аммосов аатынан ХИФУ саха салаатын, чуолаан саха литературатын кафедратын кытта билиһиннэриэм. Саха литературатын кафедрата биир бастыҥ үөрэх салаата диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Ол туоһутунан өрөспүүбүлүкэбит бас-көс дьоно үксэ тыл үөрэхтээхтэрэ, айар-суруйар дьоҕурдаахтара буолар. Бүгүҥҥү ыалдьытым – саха литературатын кафедратын сэбиэдиссэйэ, филологическай наука доктора Валентина Григорьевна Семенова.

Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/2020/06/uran-tylga-uһujar-ajar-үleҕe-aryallyyr/
🗣 Билигин үгүс саха ыччата туспа тэрилтэлээх, олох суолугар саҥаны, сонуну, аныгылыы хайысханы баһылыыр. Бүгүн кэпсиир ыалдьытым – дьиэ-уот боппуруоһугар тыhыынчанан дьоҥҥо көмөлөспүт предприниматель, «Приоритет» ХЭУо хаһаайката Марина Яковлева.

Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/2020/06/marina-yakovleva-bas-biler-dieleeh-orduk/
🍃Владислав Коротов — Манчаары Баһылай аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи спорт төрүт көрүҥнэрин киинин үлэһитэ, педагог, суруналыыс, фотограф, кинигэ таһаарааччы, сахалыы тыыннаах дьиэ кэргэн аҕа баһылыга:

– Бу ыарыы кэмигэр оҕо булгуччу салгыҥҥа сылдьыахтаах, дьарыктаныахтаах, тыыныахтаах, сүүрүөхтээх-көтүөхтээх. Биһиги 3 ый кэриҥэ дьиэҕэ олордубут. 11 саастаах кыыспыт, 4 сааһыттан художественнай гимнастиканан, кэлин чэпчэки атлетиканан дьарыктаммыт оҕо дьиэҕэ хаайтарбыта сүрдээх ыарахан буолла.⤵️
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/2020/06/oҕo-tya-siriger-sajylyahtaah/
📌 Уус кыыс диэн этэргэ киһи тыла тахсыбат курдук. Дьиҥэр, бу дьоҕур ордук эр дьоҥҥо бэриллэр ээ. Ол эрээри сатабыллаах, илиитигэр дьоҕурдаах кэрэ аҥаар айбыта-туппута тупсаҕай, нарын тарбах оҥорбута ураты уран буолар.

Бүгүҥҥү талба талааннаах ыалдьыппыт Анна Колесова Сунтаартан төрүттээх. Ойор күннээх оҕо сааһа Олоҥхо дойдутугар ааспыта. Билигин Туймаада туонатын олохтооҕо. Таһыттан көрдөххө, нарына-намчыта, сэмэйэ, килбигэ. Кинини лобзик, шуруповерт тутуурдаах сылдьарын сатаан санаабаккын.⤵️
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/2020/06/tupputun-tupsarar-sanaabytyn-satyyr-anna-kolesova/
«Тыа сириттэн даҕаны, куораттан даҕаны миэхэ элбэх киһи суруйда, көрдөстө. Ат сүүрдүүтэ диэн саха дьоно бары даҕаны сөбүлүүр үгэспит буолар. Бэрээдэги тутуһан кураанах трибуналаах от ыйын 4 күнүгэр ыытыахпыт», — диэн Айсен Николаев иһитиннэрдэ...
®️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/2020/06/at-sүүrdүүte-ot-yjyn-4-kүnүger-buoluoҕa/
🐎🐎🐎 Быйыл сааскыттан коронавирус барыны-бары булкуйда. Дьөһөгөй оҕотугар сүгүрүйээччилэри да сүгүннээбэтэ. “Аттар хаһан сүүрэллэр?” диэн ыйытыы бөҕө социальнай ситимҥэ күн аайы хос-хос элбэхтик күөрэйэр. Ол ахсын арыт буолар үһү диэн үөрдэр, үксүгэр буолбат үһү диэн хомотор. Кэлин бэс ыйын бүтүүтэ ыытыллар буолла диэн биллэрии дуораана сүтэ илигинэ, аны ааспыт бээтинсэҕэ өрөспүүбүлүкэҕэ сайыҥҥы ат сүүрүүлэрин боппуттар диэн официальнай биллэрии тахсыбыта. Ити сурах тыһыынчанан аты таптааччыларга этиҥ эппитин курдук иһиллибитэ. Социальнай ситимнэргэ сүгүрүйээччилэр хомойбуттарын биллэрбиттэрэ.

📌Арассыыйа атын регионнарыгар, коронавирус биһигиннээҕэр да тарҕаммыт сирдэригэр кытта аты сүүрдүү ыам ыйыттан саҕаламмыта. Биһиэхэ тоҕо ыытыллыа суохтааҕый? Айдаан бөҕө.

Онтон эмискэ бэс ыйын 29 күнүгэр „Саха“ НКИХ киэһээҥҥи сонуннарыгар Ил Дархан бирииһэ от ыйын 4 күнүгэр ыытыллар буолбутун биллэрдэ.⤵️

Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/2020/07/dөһөgөj-dajyyta-kүүsteeh/