«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.6K subscribers
18.4K photos
1.17K videos
1 file
10.7K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_Кэпсээн

ЫҺЫАХ ТҮҮН

Арай биирдэ кутуу суолунан (тыраассанан) кэргэнниилэр айаннаан испиттэр. Түүн. Сайын ыһыах кэмэ буолан, сырдык эбит. Сирдэрин ортолообуттарын кэннэ, арай көрдөхтөрүнэ, суолга биир маҥан таҥастаах эдэрчи дьахтар турар үһү. Массыынаны тохтотор курдук, илиитин сэниэтэ суох ууммут.

Кэргэнниилэр тохтоон, кэннинээҕи олбоххо олордубуттар. Салгыы айаннаабыттар. Эр киһи дьахтартан ханна айаннаан иһэрин ыйытыласпыт да, анарааҥҥыта тугу да хоруйдаабатах. Онуоха дьиктиргии санаабыттар, ол эрээри саҥарбатахтар. “Ыһыах саҕана араас буолар” диэн, отур-ботур кэпсэппиттэр. Арай, биир хараҥа лааҥкы, сыгынахтаах сир аттынан ааһан истэхтэринэ дьахтардара:
– Көрөҕүт дуо?! – диэн хаһыытыы түспүт. – Ол, ол, онно!

Уонна хараҥа ойуур диэки тарбаҕынан ыйар үһү.
Эр киһи соһуйан:
– Тугу?! – диир. Дьахтардара тарбаҕынан хараҥа ойуур диэки ыйан олорон:
– Мин онно, биир тиит мутугар, ыйанан турабын... – диэбит.

Ити кэнниттэн хайдах эрэ сирэйэ көҕөрө өлөн барбыт, хараҕын уота бастаан чаҕылыс гыммыт, онтон өлбөөдүйэн киирэн барбыт. Эмискэ тыбыс-тымныы салгын саба биэрбит, киһи тулуйуо суох амырыын сыта массыыналарын тунуйбут. Оччолооҕу көрөөт, эр киһи кэргэнэ сарылыы түспүт. Бу кэмҥэ эмискэ утары иһэр массыына уота сандаарыс гыммыт да, массыыналара суол кытыытыгар сүүрдэн тахсыбыт. Нэһиилэ туормастаан, тохтообуттар. Хата, саахал тахсыбатаҕар махтал буолбут.

Арай көрбүттэрэ – массыыналарын кэннинээҕи аана аһаҕас, дьахтардара суох. Чугас эргин көрүтэлээбиттэр да, киһи баар сибикитэ биллибэт үһү.

“Тыый, ханна түһэн хааллаҕай?” диэн, кэргэнниилэр олус диэн соһуйаллар. Дьахтардарын көрдүү сатыыллар да, булбаттар. Бу икки ардыгар халлаан өссө сырдыыр. Кэргэнниилэр массыыналарын көрүнэн баран, дьиэлиир аакка бараллар. Аара туох буолбутун, сэрэххэ диэн, улуустааҕы ГАИ-га биллэрэллэр.

Кэлин истибиттэрэ, милииссийэ үлэһиттэрэ быһылаан буолбут сириттэн чугас ойуур саҕатыгар дьахтар ыйанан турар өлүгүн булбуттар. Ол дьахтары көрдөөбүттэрэ 2-3 сыл буолбут үһү.

Арай бэйэтэ өлбүтүн дуу, соруйан өлөрбүттэрин дуу – баччааҥҥа диэри быһаара иликтэр дииллэр. Ол барахсан бэйэтин “дьаһайтараары” айанньыттарга көһүннэҕэ.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Кэпсээн

Дьааһык киэһэ

Эһэм оҕо сылдьан биир дьиктини көрбүтүн кэпсээбиттээх. Бадаҕа, уончалаах уол эбитэ үһү. Сир тоҥуута, улуу добдурҕа саҕана, кыракый бөһүөлэктэригэр бэркэ ытыктанар кырдьаҕас олохтон туораабыт. Үтүө киһи өлбүтүгэр нэһилиэк кытта иһийбиккэ дылы буолбут. Өлбүттээхтэр дьиэлэригэр бокуонньугу билэр-билбэт үгүс дьон тиһэх суолугар атаараары мустубут.

Эһэм дьоно өлүөхсүтү чугастык билэр буолан, үс күнү мэлдьи бокуонньугу харайыыга илии-атах буолан көмөлөспүттэр. Эһэбин кыра сорукка сырытыннарбыттар. Улахан дьон оҕолору киэһэ хараҥарыыта таһырдьа мэнээк таһаарбаттар, айдаардыбаттар эбит.

Кырдьаҕас өлбүтэ иккис күнүгэр эһэм дьонун кытта өлбүттээхтэр дьиэлэригэр хонор буолбут. Улахан дьон түүн үөһүгэр диэри чүмэчи симик уотугар олорон отур-ботур ону-маны кэпсэппиттэр. Эһэм тымныы дьиэҕэ тоҥон, баҕар, өлбүт киһиттэн тэһииркээн да буолуо, уута кэлбэккэ сыппыт. Эбиитин дэлби хабаҕырбыт. Атын ыалга дьиэҕэ ииктиэ дуо, баҕарбатар да таһырдьа тахсарга күһэллибит.

Толору ый дьэлтэйэн, тэлгэһэ бүтүннүү сырдаан көстөрүттэн эгди буолан, эһэм тэйиэс турар убуорунайга барбыт. Арай ол баран иһэн хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, дьиэ хаҥас ойоҕоһугар туох эрэ хамсыырга дылы гыммыт. Эһэм муодарҕаан одуулаабыта ол хамсыыр күлүк соҕотох буолбатах эбит. Хас даҕаны киһи омоонугар майгылыыр, балаҕан үрдүгүн саҕа күлүктэр барыҥнаһаллар эбит. Тугу эрэ быһаарсар, мөккүһэр курдук даллаҥнаһаллар, ол быыһыгар дьиэ эркинигэр сыстан сарай диэки сыбдыҥныыллар. Эһэм ыга куттанан, убуорунайга өр да өр кирийэн олорбут. Убайа Ыстапаан таһырдьа наадатыгар тахсыбытыгар эрэ, дьэ биирдэ дьиэҕэ киирбит. Улахан дьоҥҥо кэпсээбитигэр: «Саҥарба, дьааһык киэһэ хараҥаҕа мэнээк хаампат куолу», — диэн саба саҥарбыттар.

Эһэм сааһын тухары элбэх киһини тиһэх суолугар атаарыыга сырыттаҕа буолуо да, хаһан даҕаны итинниги көрбөтөҕүм диир. Киһи үтүөтэ, талбата өллөҕүнэ, абааһылар мунньахтыыр идэлээхтэр быhыылаах диэн, боччумуран олорон кэпсээбитэ.


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Кэпсээн

🫐Биһиги кэммит кэрэхсэбиллээх суруйааччыта Александр Постников-Сындыыс “КЫҺЫҤҤЫ СУГУН” эссе-сэһэнин манна таһаарбыппытын бэркэ сэҥээрэн аахпыккыт 🙌🏻

😊Аахпакка хаалбыт, көтүппүт дьоҥҥо эссе-сэһэн бары чаастарын сигэлэрин түмэн таһаарабыт:

Бочугурас состоруулаах улардар
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun

Эдьигээн дьиктилэрэ
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-1

Арыыттан 17 куобаҕы
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-2

Икки хабдьы толуга…
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-3

Балтараа сүүстүү умсаах
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-5

Чөккөөкү тойоно
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-6

Тыатааҕыттан холдьоҕуллуу
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-7

Долгун арҕаһынан айан
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-8

Киһи муҥутуур кыаҕын тургута…
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-9

Кыһыҥҥы сугун
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-10

Буранынан бөрөнү эккирэтии
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-11

Хахчааҥҥа
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-12


Сыалаахха
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-13

Ампаардаахха
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-14


Атыыр муҥхаттан – уһаарбаҕа тиийэ…
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-15

Кэбээйи соботунан – Эдьигээн күндүөбэйинэн…
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-16


Куонараҕа
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-17


Табаһыттарга
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-18


Хотойдор дойдуларыгар
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-19


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Кэпсээн

Биһиги кэммит кэрэхсэбиллээх суруйааччыта Борис ПАВЛОВ күлүм кэпсээннэриттэн

📕Забастовка
 
Мэхээлэ үлэтиттэн кэлбитэ дьоно телевизор көрө олороллоро. Депутакка кандидаттары туруоруу хампаанньата бара турара. Күөх экрантан хаалтыстаах, килэгир ачыкылаах киһи тугу эрэ кэпсээн күлүмнэтэр. Илиитэ биир кэм эп-элэҥнэс.

Чэйдии олорон ол туһунан кэпсэтии буолла.
- Сиидэрэп маладьыас, - диир кэргэнэ, тэриэлкэҕэ хойуу миини кута-кута. – Дьахталларга  оҕолоннохторуна харчыларын эбэбин диэтэ.
- Дьөгүөрэп ордук, - диир алтыска үөрэнэр уола Куонаанчык. – Оҕолорго көҥүлү биэриэххэ наада диэтэ. Куолаһы киниэхэ биэрэр сөп.
- Пахай, - диэтэ тохсуска үөрэнэр кыыһа Дуунньа. – Дьөгүөрэп кулгааҕа даллаҕара бэрт. Оттон Сиидэрэп мунна токур. Ыстапаанапка куоластыахха наада. Кини санна да кэтит, уҥуоҕа да уһун…

Мэхээлэ иккис күнүгэр үлэтиттэн кэлбитэ дьоно эмиэ телевизор иннигэр олороллор. Күөс оргуйбут, ол эрээри дьоно аҕаларын да аһатар, бэйэлэрэ да аһыыр быһыылара  көстүбэт. Мэхээлэ кэтэстэ. Аччыктаата. Ыҥыран көрбүтүгэр: «Тохтоо, тулуй, Дьөгүөрэп программатын ситэри истиэххэ», -  диэтилэр. Киэһэ хойут чэйдээтилэр. Эмиэ кандидаттар тустарынан кэпсэттилэр. Ыстапанап программата Сиидэрэптээҕэр туох ордуктааҕын ырытыстылар. Онтон Куонааскы эмискэ эргиллэ түһэн, уҥуох тиниктээн хадьырыйа олорор  Мэхээлэттэн ыйытта:
- Аҕаа, эн куоласкын кимиэхэ биэрэҕин?
- Ким билэр доҕор, оттон… оттон тырахтарыыстарга ким тугу биэриэх буолар?
- Ыларын эрэ билэр. Киһи бөҕө, - диэтэ кэргэнэ.
- Маннык дьоннордоох буолан баччааҥҥа диэри сайдыбаппыт, - диэтэ Куонааскы.

Онтон Дуунньа күлэн тоҕо баран иһэн, айаҕын ытыһынан хам туттан, хоһугар куймурус гынан хаалла.
Мэхээлэ үһүс күнүгэр үлэтиттэн кэлбитэ дьонноро эмиэ телевизор иннигэр олороллор. Мэхээлэ кэтэстэ. Аччыктаата. Онтон:
- Бу туох үлүгэрэй? Тэлэбиисэри сиэри гынныгыт дуо? – диэн баран тиийэн розеткаттан арааран кэбистэ. Онуоха дьонноро кыыһыран турдулар.
- Ньүдьү балай! – диэтэ кэргэнэ.
- Билигин демократия үйэтэ. Күүһүнэн өттөйөр сыыһа, - диэтэ Куонааскы. – Забастовката биллэриэххэ. Мантан ыла бэйэтэ астанан аһаатын.
- Эн культ-лиичинэскин, - диэтэ Дуунньа уонна сөмүйэтинэн супту аста. – Забастовка биллэрэр саамай сөп. Кэһэйдин.

Төрдүс күнүгэр Мэхээлэ холуочук кэллэ. Дьоно телевизор иннигэр олороллор. Хаалтыстаах, тараҕай төбөлөөх киһи тугу эрэ дакаастаан этэн-тыынан көппөҥнөтөр. Мэхээлэ сыгынньахтаммакка эрэ хоско алтахтаан киирэн телевизоры тэбэн саайда. Солярка сыттаах хаатыҥка тараҕай киһи төбөтүн арыый ойоҕолуу саайылынна. Телевизор охтон «күр» гынна, алдьанар, үлтүрүйэр тыас барчаланна… Кэргэнэ «уой» диэтэ уонна оһох диэки харбыаласта. Куонааскы «мууһум» диэн баран таһырдьа ыстанна. Дуунньа куттаммыттыы хоһун диэки дьылыс гынан хаалла.
Бэһис күнүгэр Мэхээлэ үлэтиттэн кэлбитэ күөс быргыччы буһан тоһуйда. Тута остуол тула олорон аһаатылар. Ортолуу аһаан иһэн, кэргэнэ ыйытта:
- Мэхээлэ, ыаллар телевизор атыылыыллар эбит. Хайыыбыт?
- Суох, - диэтэ Мэхээлэ уонна ньирэй баһын саҕа сутуругун остуолга уурда, - Мин куул лиичинэспин эһиэхэ биллэрэн иһиэм.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Кэпсээн

Салааскалаах сайыҥҥы оҕо
 
Өҥүрүк куйаас күн…
Тураахтар айахтарын атан, уот остоолботун үрдүгэр аҕылаһа олороллор. Бөһүөлэккэ ыт охсор киһи көстүбэт. Арай мин күнүскү аһылыкпын аһаан, тиритэ-хорута үлэбэр баран иһэбин. Ол истэхпинэ, Тааттыныскай уулуссаҕа турар дьиэ олбуорун аана тэлэллэ түһээтин кытта, туруусугунан эрэ сылдьар түөртээх-биэстээх бэдик, кыһын оонньуур салааскатын соспутунан сүүрэн тилигирэтэн таҕыста. Күн уотугар килэрийбит сирэйэ тиритэн-хорутан көлөһүн аллыбыт, чоҕулус харахтара уулуссаны уҥуор-маҥаар көрөн кылахачыспыттар.

Уолчаан муннуттан субуруҥнуур кырынаастарын кирдээх ботуой курдук илиилэринэн туора-маары ньуххана-ньуххана, кыһын эрэ сырылыахтаах «сыарҕатынан» уулусса буорун бурҕатан, чачыгыраччы күлэ-күлэ сүүрэн туораахтанна. Күнү-ыйы билиммэт аныгы үйэ кырачаан геройун сырылас салааскатыгар олорсоору, кэнниттэн икки кыысчаан бычыгырыы-бычыгырыы эккирэтэн туллуктанна…

Утуктуу сыппыт тураҥ буор бурҕайда, остоолбоҕо олорор тураахтар дааҕырҕаһа көттүлэр, уулуссаттан үрдүк олбуорунан бүөлэммит дьиэлэргэ ыттар үрэн маргыстылар, түннүктэргэ дьоннор сирэйдэрэ мэлэҥнэстилэр, күлүккэ саһан олорор чыычаахтар чыбыгырыы дайдылар. Чуҥкуйбут уулусса кырачаан киһи сырылас сыарҕатыттан соҕотохто уһуктан, көйгүөрэ түстэ…

Оо, оҕо саас барахсан…
Ардыгар эн солуута да суох кыччыгый көстүүгэр киһини толкуйдатар түгэннэр элбэхтэриэн… Ити туох да кыһалҕата суох, күөх сайын салаасканы соһон сырылатар оҕо барахсан орто дойду олоҕурбут сокуонугар кыһаллыбатын, өссө ааһа баран билиммэтин көрдөрдөҕө соһуччутун, баламатын… Кырдьыга да, ама хайа киһи илэ өйүнэн өҥүрүк куйаас сайын хара буорга салааскалаах сылдьыбытын көрбүккүтүй? Сайдыылаах үһүс үтүмэҥҥэ көлүөһэ барыны бары баһыйар, хара буорга наука сокуонунан хантайбыт ылахтаах сыарҕа халыйбат диэн тимир аргуменнары утарар, итинник олоҕурбут өйдөбүлгэ сөп түбэспэт ураты дьон олоҕу хамсаталлара, киһи үөйбэтэҕин үөйэллэрэ кэрэтик да көстөр буоллаҕа үһү…

Көҥүллүк көччүйэр кырачаан киһи барахсан… Эйиигин туох санаа хамсатар, олох устун сирдиир… Эн билигин сиртэн сэрбэйэ иликкинэ, иһиҥ тот эрэ буоллар, дууһаҥ уонна сүрэҕиҥ баҕатынан тойтоһуйа сүүрэҕин, ыраастан ыраас кылыгырыы тыгар дьүүктэ уутунуу өйүҥ-санааҥ дьэҥкэ, сырдык.
Аныгы үйэ тулалыыр эйгэтин адьырҕалара киртиппэтэх, суута-сокуона соҥнооботох, салыҥнаах санаалара сабыдыаллаабатах саҥа кэм киһитэ барахсан көҥүл санааҕын күөмчүлэтимэ, ымсыы санааҕа ылларыма, саһарҕалаах күннээх сандаарар олоҕуҥ толору хаһаайына буолан саҥаны ай-тут, тулалыыр эйгэҥ туллубат тулааһына буолан өрөй-чөрөй, улугурбут уулусса буорун уһугуннара бурҕат!!!

СЫНДЫЫС

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Кэпсээн

КЫРАЧААН КҮРҮӨЙЭХ

Бастакы чааһа.

Ааптар: Александр ПОСТНИКОВ-СЫНДЫЫС


- Эбээ, эбээ! – дии-дии оҕо ис-иһиттэн эҥсэн ытамньыйа-ытамньыйа атах балай сүүрэн истэ. Ол иһэн суолун быһа түспүт үрэхтэн иҥнэн чугурус гынна. Чочумча, харылыыр-курулуур сааскы хара ууну саллыбыттыы, эмиэ да сонурҕаабыттыы көрөн турда. Моһолго түбэспит кырачаан хараҕар мунаарыы күлүгэ элэҥнээтэ…

Салҕыыта: https://kiinkuorat.ru/articles/kyrachaan-k-r-yeh

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Кэпсээн

КЫРАЧААН КҮРҮӨЙЭХ
Иккис чааһа

Ааптар: Александр Постников-СЫНДЫЫС

Тыы анныгар сыҥсыйа сытан иһиттэҕинэ эккирэтээччилэр: «Ылдьаана, сиэниҥ хайа диэки барбытын көрдүҥ дуо?» - диэн ыйыттылар. Сандал эбэм этэн биэрэрэ буолуо диэн сымыһаҕын быһа ытыран иһийиэҕинэн иһийэн сытта.

Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/kyrachaan-k-r-yeh-1

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Кэпсээн

КЫРАЧААН КҮРҮӨЙЭХ
Үһүс чааһа.

Ааптар: Александр Постников-СЫНДЫЫС

Сандал эдьиийин кытта киэҥ тиэргэннэригэр ханан отон, хаптаҕас, сугун, уохта, дьэдьэн үүнэрин, ханна чаччыгыныар уйата баарын барытын эндэппэккэ билэллэр. Биир сыл ампаардарыгар уйаламмыт сылгы чыычааҕын кэтээн көрөн аһаппыттара. Ол чыычаахтара сылын аайы кэлэн уйаланар буолбута. Ити кистэлэҥнэрин кини эдьиийин эрэ кытта билэллэр уонна ону кимиэхэ да кэпсиэ суохтаахпыт диэн тыл тылларын бэрсибиттэрэ. Аны эдьиийин кытары ууну-уоту ортотунан ааспыт дьон. Оннук биирдэ эмиэ дьыссааттан күрээннэр, эбэлэригэр тиийэн хортуоппуй отун быыһыгар саһа сытан тутуллубуттара. Онуоха улахан киһи быһыытынан үксүн эдьиийэ мөҕүллэн да биэрбитэ… Эбэлэрин дьиэтэ дьыссааттан чугас уонна эбээ барахсан куруук дьиэтигэр баар диэн Сандаллаах онно күрүү сатыыллар.

Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/kyrachaan-k-r-yeh-2

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Кэпсээн

😤Наар бэлэмҥэ сылдьар дьүөгэлээхпин

📖Эр дьоммут бырааһынньыктарын үөрэ-көтө бэлиэтээтибит, аны кэрэ аҥаардар, королевалар, принцессалар бырааһынньыкпыт чугаһаата. Сорохтор бу күн тиэрэ түһэн сыталлар, сорохтор эрдэрэ, күүстээх аҥаардара туох баар сатабылларын киллэрэн билиитэ иннигэр буһар-хатар, сорох мааны өттө рестораҥҥа баран чөкөһөн олороллор.

Оттон биир дьүөгэм «ас астыыртан сөп буоллум, биһиги аһаары бу сиргэ кэлбэтэхпит, онтон да атын аралдьыйар элбэх, ону ааһан бииргэ бырааһынньыктыыр кыттыгас киһиҥ кураанах ытыһын тоһуйан кэлэрэ сиэргэ баппат курдук» диэн санаатын үллэһиннэ.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/naar-belem-e-syldar-d-geleehpin

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta