«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.59K subscribers
18.2K photos
1.11K videos
1 file
10.6K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
📌Куорат дьаһалтата профилактическай миэрэни тутуһууну кыраҕытык көрөр, хонтуруоллуур. Өскөтүн эһиги салайар хампаанньаҕыт эбэтэр ТСЖ элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ дезинфекция үлэтин ыыппат буоллаҕына, Биир кэлим дьуһуурунай-диспетчерскэй сулууспаҕа эрийиэххитин сөп. Төлөпүөннэрэ: (4112) 44-42-29, 44-42-51. Ону таһынан СӨ судаарыстыбаннай тутууга уонна олоҕу-дьаһаҕы кэтээн көрүүгэ сулууспатын Управлениетыгар эрийиэххитин сөп:  (4112) 34-50-53, 34-26-44, тел./факс (4112) 34-22-49, эл. адрес: [email protected]. Киирбит сайаапкалар тустаах управаларга бэрэбиэркэҕэ тиэрдиллиэхтэрэ.❗️❗️❗️
Forwarded from OnnukKrdk
Күндү биир дойдулаахтарбыт!
*Күн киһитэ көмүскэс, айыы киһитэ аһыныгас* диэн санаанан салайтаран, ыарахан ыарыыны кытта туруулаһар элбэх киһи олоҕун сырдаппыт, үгүс киһиэхэ көмөлөспүт суруналыыс *Ирина Петровна Мартыноваҕа* көмө-тирэх буоларгытыгар көрдөһөбүт.
Эмтэнии кыраныысса таһыгар эбэтэр дойду киин куораттарын улахан клиникаларыгар эрэ кыаллар кыахтаах диэн түмүк кэлбитинэн, дьиэ кэргэн эмискэ этиҥ эппитин курдук кытаанах балаһыанньаҕа киирдэ. *Эмтэнии төлөбүрдээх буоларын бары өйдүүбүт*
Көмөлөһөргө кэргэнигэр Яковка ыытыахха сөп
89248672056 номерга сбербана прикрепленнай.
Эбэтэр Ирина счетугар быһа ыытыахха сөп. Мартынова Ирина Петровна.
Счёт номера
42307810276066724585
ЯКУТСКОЕ ОТДЕЛЕНИЕ N8603 ПАО
СБЕРБАНК
БИК
049805609

корр счёт
30101810400000000609

ИНН
7707083893
КПП
143502001
диэҥҥэ ыытыҥ🙏🙏🙏
Коронавирус хара хамсыгын утары инники кирбиигэ үрүҥ халааттаах аанньалларбыт турдулар. Дьаҥ тарҕаныаҕыттан эмчит киһи суолтата хас да сүүс бүк үрдүү түстэ. Кинилэр эрэ сырдык тыыммытын өрүһүйэр кыахтаахтарын саҥа өйдөөбүт курдукпут.

Сардаана Михайловна ТАКЫРОВА —  Дьокуускайдааҕы клиническэй балыыһа Перинатальнай киинин акушерскай инфекционнай салаатын сэбиэдиссэйэ:
– Коронавирус утары үлэҕэ биһиги муус устар 1-кы күнүттэн холбоспуппут. Төрүүр дьиэ иһинэн 10 куойкалаах обсервация салаатын аспыппыт. Онно тас дойдуттан эбэтэр Арассыыйа кииниттэн кэлбит, ыалдьыбыт дьону кытта алтыспыт, температуралаах, ОРВИ сибикилээх хат дьахталлары киллэрэн барбыппыт.

Муус устарга биир даҕаны анаалыска коронавирус булуллубатаҕа. Бастакы ыалдьыбыт хат дьахтар ыам ыйыгар баар буолбута. Ол аата ыам ыйыттан биһиги отделениебыт “акушерскай инфекционнай салаа” аатын сүкпүтэ. Уопсайа 150 дьахтар сытан ааста. 71 кэрэ аҥаар оҕолонно, ол иһигэр 23 эпэрээссийэнэн, урут эпэрээссийэлээх 1 ийэ, игирэни төрөппүт 1 ийэ бааллар... https://kiinkuorat.ru/2020/06/tөrүүr-die-kyһyl-zonatygar/
📌Биһиги күннээҕи олохпут-дьаһахпыт укулаата, дьиэбит ичигэс, уулуссабыт ыраас, куораппыт тупсаҕай буолара барыта Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын салаата хайдах үлэлиириттэн быһаччы тутулуктаах. Дьокуускай олохтоохторо сотору бэйэни салайыныы биир хайысхатыгар – Сири-уоту уопсастыбаннас бэйэтэ салайыныытыгар (Территориальное общественное самоуправление) киириэхтээхпит. Ол туһунан сиһилии уонна да атын сытыы боппуруостары тула Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын уонна энергетикатын департаменын начаалынньыга Дина Николаеваны кытта кэпсэттибит.
https://kiinkuorat.ru/2020/06/dina-nikolaeva-tos-bejeni-salajynyy-kөdүүsteeh-nymata/
🗣Иван Шамаев дириэктэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей үөрэнээччилэрэ бары кэриэтэ аан дойду биллэр-көстөр тэрилтэлэригэр үлэлииллэр диэҥҥэ өссө төгүл итэҕийдим. Бүгүн кэпсиир ыччатым KPMG диэн аан дойдуга биллэр IT хампаанньа тарбахха баттанар үлэһитэ Наталья Александрова.
https://kiinkuorat.ru/2020/06/saha-kyyһa-kpmg-tutaah-үleһite/
🐎 Саха сиригэр спортивнай уораҕайдарга тэрээһиннэр, оннооҕор эрчиллиилэр бобулланнар муунтуйдубут. Фанаттар күрэхтэһиини көрбөккө, тыыммыт хаайтарар. Онуоха, хата, Москваттан, Уфаттан, Германияттан Саха сириттэн сылдьааччылар урут үктэммэтэх да улахан түһүлгэлэрбитигэр, холоммотох да таһымнарбытыгар кыайыыларын үөрэ иһиттибит. ➡️➡️➡️ https://kiinkuorat.ru/2020/06/arҕaaҥҥy-aarymalarga/
🗣Бааһынай хаһаайыстыба олоҕун-дьаһаҕын Күндэйэ олохтооҕо, “Сырдык Аартык” тыа хаһаайыстыбатын потребительскай хаһаайыстыбатын бэтэринээр бырааһа Мария Николаевна Терентьева кэпсиир.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/2020/06/suntaarga-sajylyk-tүbүge-saҕalanna/
Аграфена Гаврильевна Михайлова (Кузьмина),
үлэ бэтэрээнэ, социалистическай үлэ ударнига, Ньурба улууһа, Маар бөһүөлэгин бочуоттаах олохтооҕо:

– Мин Ньурба улууһун Чаппанда нэһилиэгэр муус устар 21 күнүгэр 1937 сыллаахха төрөөбүтүм.
«Сэрии оҕолоро» диэҥҥэ чахчы киирэр эбиппин. Билигин 82 сааспын ааhан баран, олохпун барытын эргитэ санаатахпына, оҕо сааһым ким да баҕарбат ыарахан кэмнэрин ааспыппын.
Сир үрдүгэр кэлиэхпиттэн тулаайах этим.
Сиhилии: https://kiinkuorat.ru/2020/06/tulaajah-oҕonu-yallar-үүren-taһaarallara/
Дьон мааска, бэрчээккэ кэтэртэн ураты, атын дьону кытта көрсүһүүлэрин тохтотуон наада. Биир дьиэ кэргэн иһигэр 7-8 киһи ыалдьыбыта баар.😨❗️❗️❗️
Иван Герасимович ВАСИЛЬЕВ – Алгыстаах Уйбаан:

— Алгыһы киһи бэйэтин ис туругунан итэҕэйиэхтээх, арыллыахтаах. Алгысчыт, аныгылыы тылынан быһаардахха, спутниктан сигнал биэрэр араадьыйа курдук үлэлиир. Ол иһин онно дьиҥнээхтии холбонон олоруохха наада. Билигин литература элбэх кэмигэр Айыылар суолталарын үөрэтиҥ, ааҕыҥ, билиигитин хаҥатан алгыска бэлэмнэниҥ. Оччоҕо алгыс дьайыытын үчүгэйдик ылыныаххыт.

Дьиэҕитигэр алаадьы астанан сыт таһаарыҥ. Ыһыах мааны аһын астаан, кымыс, быырпах бэйэҕит сатаан оҥостубат буоллаххытына, атыылаһан бэлэмнэниҥ диэн сүбэлиэм этэ. Кымыс, быырпах уохтаах утахтар буоланнар киһи кутун-сүрүн көөнньөрөн таһымын үрдэтэллэр.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/2020/06/algys-tylyn-hajdah-iҥerinebit/
🌿🌿🌿 Аар-саарга аатырбыт, саха төрдө буолбут Улуу Туймаада Хочотун Үрүҥ Тунах Ыһыаҕын ытык алгыһын “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа ханаалыгар, бэс ыйын 21 күнүгэр, күнүс 12.00 чаастан көрүҥ, истиҥ, иҥэриниҥ!
https://kiinkuorat.ru/2020/06/onlajn-algys-bes-yjyn-21-kүnүger/
Сардана Авксентьева, Дьокуускай куорат баһылыга:

— Сахам сирин бары олохтоохторун самаан сайын салаллан кэлбитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Урукку сылларга Үрүҥ Тунах Ыһыахха 20 тыһыынчаттан тахса киһи Үс Хатыҥ түһүлгэтигэр тоҕуоруһа мустара. Быйыл Улуу Кыайыы 75 сылын уруйдуур ыһыахпыт онлайн форматынан тэриллэрэ, бастатан туран, аҕа көлүөнэ дьоммутугар суолталаах, ону бары өйдүөхтээхпит уонна ылыныахтаахпыт.

Ыһыах күн мин хайаан да сахалыы таҥаспын кэтэбин. Төһө даҕаны өрөбүл күн буоллар, үгэс курдук, сарсыардаттан куораппыт санитарнай туругун бэрэбиэркэлиэхпит. Наада буоллаҕына, оперативнай штаб мунньаҕын ыытыахпыт. Эбиэт саҕана ийэбинээн үгэс буолбут ыһыах аһын-үөлүн бэлэмниэхпит: арыылаах алаадьы астанан, эт буһаран, хос эбэм сылабаарын оргутан, дьиэлээхтэрбитин кытта сандалы тула олоруохпут.

Култуура уонна духуобунай сайдыы управлениета, уокуруктар, тэрилтэлэр араас хабааннаах тэрээһиннэри ыытан эрэллэр...

Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/2020/06/sieri-tuomi-telgeһe-iһiger-toloruohput/
🌿Егор Семенович Николев, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, «Германияны Кыайыы иһин”, “Японияны кыайыы иһин” 1 степеннээх уордьаннар хаһаайыннара:

Саамай сүдү национальнай суолталаах бырааhынньыкпыт Ыһыах буолар. Оттон миэхэ Туймаада Ыһыаҕа сыл аайы саамай кэтэһиилээх, дьоллоох түгэн.

Биhиги дьиэ кэргэн оҕолорбутун, сиэннэрбитин кытта Туймаада Ыhыаҕар эрдэттэн ох курдук оҥостор, сыл устата таҥас-сэп бэринэр, ас-үөл бэлэмнэнэр үгэстээхпит. Үс Хатыҥҥа киирэн ыһыах көрүн-нарын көрөн, аймах-билэ дьоммутун көрсөн дуоһуйа сынньанааччыбыт. Араас култуурунай, спортивнай тэрээhиннэри, атыыны-эргиэни кэрийээччибит уонна, биллэн турар, ыһыах саамай сүрүн туомугар — Күнү көрсүүгэ кыттыһааччыбыт. Мин төһө да сааһырдарбын, Дыгын Оонньууларын уонна ат сүүрдүүтүн көтүппэт идэлээхпин, трибунаҕа барытын ууран олорон көрөрбүн ордоробун.

Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/2020/06/ejeleeh-oloҕu-urujduohput/
🌿🌿🌿"Киин куорат" хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэрэ  бэрт интэриэһинэй матырыйааллардаах таҕыста! Сибиэhэй хаһыаты ааҕарга тиэтэҋиҥ!✊🏻👍🏻😀
🌿🌿🌿 Николай Васильев, Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническай балыыһа кылаабынай бырааһа:

Аан дойду үрдүнэн пандемия туран, хас биирдии киһи ыарыыны утары бэйэтин кыаҕынан күннэтэ охсуһар – ол кини гражданскай ытык иэһэ буолла. Биһиги, медиктэр, күннэри-түүннэри бары кыахпытын биэрэн, билиибитин-сатабылбытын ууран, дьаҥы уодьуганнааһын инники кирбиитигэр сылдьабыт.

Бу ыарахан ыарыыны утары охсуспуппут үһүс ыйыгар барда. Ол тухары медиктэр, балыыһа бары үлэһиттэрэ дьиэлэрин-уоттарын, дьоннорун-сэргэлэрин хаалларан туран, ытык иэстэрин чиэстээхтик толоро сылдьалларынан киэн туттабын, махтанабын. Сахам дьонугар өссө төгүл туһаайан этиэм этэ, бары биир санаанан салайтаран, ирдэбиллэри булгуччу тутуһан, бүтүн аан дойдуну аймаабыт ыарыыны кыайыахтаахпыт. Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ...
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/2020/06/4844/