«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.64K subscribers
18.6K photos
1.18K videos
1 file
10.9K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_кэпсээн

Редактор кыһалҕата

Айаал Таагырап тыа сиригэр учууталлаан баран, икки сыллааҕыта куоракка киирэн, республика хаһыатыгар сурук отделын биир эппиэтинэстээх үлэһитинэн – редактор диэн дуоһунаска үлэлиир. Кини киирбит суруктары тылларын көрөн-истэн, көннөрөн таһаарар эбээһинэстээх.

Көрдөөх кэпсээн: https://m.vk.com/@kiinkuorat-redaktor-kyalata

📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
НВК Саха бырагыраамата, от ыйын 27 күнэ

6:00 Сана кун 6+
8:00 Утро Якутии 6+
9:00 Сана кун 6+
10:00 Утро Якутии 6+
11:00 Тиэргэн 6+
11:30 Подворье 12+
12:00 "Якутия" информационная программа 12+
12:15 Просто вкусно 6+
13:15 Актуальное интервью 12+
13:30 "Саха сирэ" информационнай биэрии  12+
13:45 "Якутия" информационная программа 12+
14:00 Тэтим 6+
15:00 "Якутия" информационная программа 12+
15:15 Эйгэ 6+
16:30 VIII спортивные игры народов РС(Я)-2022 6+
18:00 "Саха сирэ" информационнай биэрии 12+
18:15 Сэмсэ санаа 12+
19:00 "Якутия" информационная программа 12+
19:15 Актуальное интервью 12+
19:30 Сайын 6+
20:30 "Саха сирэ-Якутия" информационная программа 12+
21:00 Тиэргэн 6+
21:30 Пинигинниин айан 12+
22:30 Итоги дня 12+
23:00 VIII спортивные игры народов РС(Я)-2022 6+
0:00 Сайын 6+
1:00 Сэмсэ санаа 6+
1:45 Актуальное интервью 12+
2:00 Итоги дня 12+
2:30 Тэтим 6+
3:30 Пинигинниин айан 12+
4:30 Документальный фильм с субтитрами 12+

Нэдиэлэтээҕи бырагырааманы көр

📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_история

«Соляная лавка» - Дьокуускай куорат бастакы маҕаһыына

Лааппы дьиэтэ 1826 сыллаахха тутуллубут, атыыһыт Афанасий Мигалкин бас билиитэ эбит.
Мигалкин манна тууһу хаһаанара уонна атыылыыра.
Аатырбыт Куруһаала Солянай лааппы кэнниттэн 4 сылынан арыллыбыта.
Лааппыны кэлин атын үлэҕэ-хамнаска туттубуттар.
2005 сыллаахха диэри олорор дьиэ буолбута биллэр.
Лааппы дьиэтин хас да үйэни уҥуордаабыт бэрэбинэлэрин нүөмэрдээн көтүрэн баран Ярославскай аатынан музей тэлгэһэтигэр харайыыга уурбуттара сүтэн хаалбыт диэн суруйаллар. Сорох суруйууларга история пааматынньыгын оһоххо оттор маска эрбээбиттэр дииллэр. Онон, дьиэ маһын дьылҕата биллибэт.
2006 сыллаахха былыргы лааппыны үтүгүннэрэн туппуттара.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

❇️ От ыйын 22 күнүгэр Саха сиринээҕи Арассыыйа почтата Саха АССР 100 сылынан 300 устуука маарка уонна 100 кэмбиэр атыыга тахсыбытын туһунан сонуну иһитиннэрбитэ.

✉️ Өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан тахсыбыт саҥа мааркаларга «Республика Саха (Якутия). 100 лет» диэн суруктаах, Саха сирин гербэтэ, сахалыы орнамент ойуулаах, маарканы Пушкин аатынан Нуучча драматическай тыйаатырын, Ирбэт тоҥ музейын, Национальный художественнай музей, Өлүөнэ очуостарын, АЛРОСА хампаанньа уонна Петр Бекетов пааматынньыгын, алмаас, көмүс ойуулара киэргэтэллэр. Кэмбиэргэ маарка тахсыбыт күнэ-дьыла ыйыллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ кэмбиэр атыыга бүппүт; бэлиэтээн эттэххэ, 17 солкуобайга атыыламмыт. Оттон  маарка сыаната 100 солк.

✉️ Саха АССР төрүттэммитэ 50 сылынан 1972 сыллаахха эмиэ Саха сирин тиэмэтигэр анал кэмбиэрдэрдээх мааркалар тахсан тураллар.
Ол таһаарыы өйдөммөт түгэннэрин туһунан #КиинКуорат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр ааҕыаххыт.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_АйылҕаттанАйдарыылаахтар

❇️ "...Бэйэм үлэбинэн "киирэ-тахса" сылдьан көрдөхпүнэ, өбүгэлэрбит барахсаттар аһары эстибиттэрин, таҥастара-саптара илдьирийбитин көрөбүн. Бэйэлэрин иһиттэххэ, эт сиэхтэрин, амтаннаах ас аһыахтарын баҕаралларын тириэрдэр үгэстээхтэр. Сирдээҕи олохторугар тугу аһаан олорбуттарынан төрүт аһынан күндүлүүр ордук. Кинилэр онтон ордук астыналлар, дуоһуйаллар. Холобурдаан эттэхпинэ, кыра этинэн, үрүҥ аһынан күндүлүөххэ наада...
❇️... Аал уокка кураанахтыы кутуу чэйи биэрэллэрэ үгүс. Бу эмиэ сыыһа. Чэйи чэй курдук, үүттээх биэриэххэ наада.


#КиинКуорат саҥа нүөмэригэр Дьааҥы айылҕаттан айдарыылааҕа Анастасия Картузованы кытта сэһэргэһии тахсыаҕа

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#Кк_Сонун

🐄🐄🐄 Дьокуускай куорат “Баҕарах” сүөһү иитэр комплекса бу сайын үс сайылыгынан үлэлии турар. Хаһаайыстыба уопсайа 800-чэкэ сүөһүлээх, онтон ыанар ынаҕа - 330 төбө.
Бүгүҥҥү күҥҥэ ортотунан 3,5 - 4 т үүтү ыы олороллор. Сыллааҕы былааннара 870 т, онтон 811 т куораттааҕы Үүт собуотугар туттарар.
Сыл алта ыйын түмүгүнэн үүтү оҥорон таһаарыы былаана 51 % туолбут.
🌿🌿🌿 Бу күннэргэ үс биригээдэ окко киирэн эрэр, былааннара 2 200 т от уонна 800 т сиилэс.
🌾🌾🌾Хаһаайыстыба быйылгыттан сонун салаалары саҕалаата. Ол курдук, оҕуруот аһын үүннэриини ылсан, 2 гектар сиргэ хортуоппуй үүннэрбит. Маны сэргэ сүөһү эбии аһылыгар бэйэ комбикормун, ону тэҥэ патока оҥорон таһаарыыны ылсыбыт.
🌿🌿🌿
Сайыҥҥы ыйдарга ыанньыксыттар орто хамнастара 50-60 тыһ. солк.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
 #КК_сонун

Балаҕан ыйын 11 күнүгэр диэри Дьокуускайга «Третьяковскай галерея» быыстапката үлэлиир


Музей аадырыһа:
Киров уул., 9
Үлэлиир бириэмэтэ:
чэппиэр-баскыһыанньа - 11.00-19.00,
сэрэдэ — 12.00-20.00.
Билиэт сыаната 600 солк, чэпчэтиилээхтэргэ – 300 солк,
сэттэ саастарыгар диэри оҕолор, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтара, I, II бөлөх инбэлииттэр, тулаайах, инбэлиит оҕолор босхо сылдьаллар.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Сөтүөһүттэр, сэрэхтээх буолуҥ!

Куйааска киһи үксэ сөрүүн уу кытылагар талаһар. Сөрүүкээн сынньанаары үгүстэр сэрэхтэрин сүтэрэллэр.

Арыгылаан баран хаһан да сөтүөлээбэт буолуҥ!
Испит киһи сэрэҕин сүтэрэр, хамсаныыта мөлтүүр, тулалыыр эйгэтигэр сатаан салайыммат. Куйааска салгыҥҥа уонна ууга температуралар араастаһыыларыгар, тымныы ууга киирэн баран иҥиирэ түүрэ тардыан сөп.

Кытылтан ыраах харбаан барымаҥ, бэйэҕит кыаххытын билинэн сылдьыҥ. Сөтүөлүү сылдьан титириэххитигэр дылы ууга сылдьымаҥ – былчыҥнар күүрэн, тартарыаххытын сөп.

Уу көлөлөрүгэр устан тиийимэҥ.

Үрдүк кытылтан ууга умсумаҥ. Уу анныгар туох баара биллибэт – эчэйиини ылыаххытын сөп.

Уу көлөтүн сүүрдээччилэр, балыксыттар быыһыыр сэлиэччиктэргитин ыларгатын умнумаҥ! Оҥочоҕо баар хас биирдии киһиэхэ быыһыыр сэлиэччик тиксиэхтээх. Сэлиэччиги кэтэн баран хатааһынын барытын хатыахтааххыт. Көрүнньэҥ эрэ гына кэтиллибит сэлиэччик киһи ууга түстэҕинэ ньылбырыс гынан хаалара дөбөҥ.

Оҕолор төрөппүт хонтуруола суох ууга сөтүөлүө суохтаахтар.

❗️Суһал сулууспа биир кэлим нүөмэрэ: 112

❗️Быыһыыр сулууспа оперативнай дьуһуурунайа :  (4112) 45-90-19. 

📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Кабачоктан маннык минньигэс барыанньа оҥоһулларын билэҕит дуо?

Эйиэхэ наада:
🔹 2 кг ыраастаныллыбыт кабачок;
🔹 2 устуука апельсин;
🔹 1 устуука лимон;
🔹 2 кг саахар.

Кабачогу кыра кээмэйдээх кубиктарга кырбыыбыт, сиэмэтин ыраастыыбыт. Апельсин хаҕын бытархай гына кырбыыбыт, уоннааҕытын туһаммаппыт, аһыы амтан биэриэҕэ. Лимону хаҕылаан, кыра гына кырбыыбыт.
Барытын биир миискэҕэ кутабыт, саахарбытын эмиэ. 6 чаас курдук туруорабыт, кабачокпут уута тахсан, саахарбыт ууллуохтаах. Ол кэннэ 1,5 чаас кэриҥэ мөлтөх уокка туруоран оргутабыт.

Нюргуяна уонна Семен Мальчеховтар минньигэс ырысыаптара

📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

🧘🏻‍♂️🧘🏻Бэйэбитигэр көмөлөһөргө үөрэниэххэ.

🔸Муостаҕа атаххытын кириэстии быраҕан олоруҥ.
🔸Ханнык баҕарар атаххыт уллуҥаҕын илиигитигэр ылыҥ уонна ис диэки өттүнэн ойоҕоһун көрүҥ.
🔸Улахан тарбаххытыттан тилэххитигэр барар хайысха – эһиги тоноҕоскут буолар.
🔸Хараххытынан көрөн, хоҥхочок уҥуоҕа (крестец), сис, түөс уонна моой салаалара диэннэргэ араарыҥ.
🔸Тилэхтэн саҕалаан улахан тарбаххытынан имитэн барыҥ.

☝🏻Тоноҕос ыалдьар сирэ атаххыт уллуҥаҕын баттаатаххытына ыалдьан биллэриэҕэ. Ыалдьар туочука курдук эбэтэр нүөлүйэн биллэр.

🤗Балары дэлби илбийэн, массаастаан, көхсүгүтүн сымнатаҕыт. Бастакы массаас кэннэ тута туһата биллэн барар.

🦶Атах уллуҥаҕа өссө ис уорганнары кытта быһаччы ситимнээх. Уллуҥахха 72 тыһыынча ньиэрбэ баар.

🤚🏻Онон бэйэни массаастаныы олус туһалаах. Атаххытын итии ууга уган, халыҥ наскы кэтэн, эккитин-сииҥҥитин барытын сылытан сылаанньыйыҥ.


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_сонун

👨🏻‍🚒 Ааспыт сууккаҕа үс ойуур баһаара уодьуганнанна.

Баһаары утары охсуһууга 969 киһи уонна 70 тиэхиньикэ үлэлиир.

⚡️Арассыыйа ЫБММ
Уус Майаҕа икки Бе-200 сөмөлүөтү баһаары умуруорууга ыытта.
Эбии Ми-8 бөртөлүөттэр көмөҕө кэлиэхтэрэ.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_сонун

🌊Дьокуускай сиригэр Өлүөнэ өрүскэ балыктыыр сирдэргэ нуорма олохтонно.

🎣 Ол курдук, балыксыт сууккаҕа 5 сордоҥу, 15 алыһары, 20 күстэҕи, 20 кыһыл хараҕы, 1 тэҥэлини, 40 тугунуогу, 3 майаҕаһы, 1 тууччаҕы, 1 бил балыгы хаптарыан сөп.

🐟 🐟🐟Биир сиргэ хас да хонук балыктыыр дьон үс суукка нуорматыттан элбэҕи бултууллара көңүллэммэт.

Хатыыһы бултаһар олоччу бобуулаах.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_сонун

“Саха” НКИХ халаантан эмсэҕэлээбит Дьааҥыларга анаабыт аһымал телемарафонун түмүгэр 3 796 000 солкуобай үбүнэн-харчынан көмө киирдэ.

Дьааңы дьонугар-сэргэтигэр гуманитарнай көмөнү хомуйаллар:
Курашов уул., 25, 405 кабинет.
🕗 10.00-20.00 ч.

Улахан кээмэйдээх малы ыытарга Дьааңы улууһун түмсүүтүн салайааччытыгар Гаврил Чемохановка эрийэҕит: 89142948201;

Биирдиилээн дьон харчынан көмөтүн Сбербанк каартатыгар 89142948201 нүөмэринэн ыытыаххытын сөп (Гаврил Александрович Чемоханов);

Көмөлөһүөн баҕалаах юридическэй сирэйдэр Уопсастыбаннай палаатаҕа Дьааҥы улууһун кураторыгар Раиса Контоеваҕа билсэҕит: 89627302075;

Гуманитарнай көмөнү хомуйар штабка волонтердар көмөлөрө наада: 89142290954.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Сахаларга от охсуутун биир ураты сиэринэн-туомунан элбэх дьону мунньан «күүлэйи» тэрийии буолар. Сиэри-туому киэҥ ходуһаҕа ыытыллыахтаах.

☝🏻Былыр баай дьон бэйэ-бэйэлэрин кытта мөккүһэн, үөр сылгыны туруораллар этэ диэн номохторго баар. Оттон билигин улуустарга, нэһилиэктэргэ Күүлэй күрэҕин ыытар үгэстэннилэр – бу, биллэн турар, норуот быһыытынан олохпут-дьаһахпыт укулаатын харыстааһын биир көрүҥэ, ону ааһан кэлэр көлүөнэҕэ саха дьарыгын көрдөрөр, пропагандалыыр буоллахпыт.

Күүлэй сиэрин-туомун манна аах: https://kiinkuorat.ru/articles/k-leyi-yytyy-siere-tuoma

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Ыйытык

🤔Таабырынна таай: Бастакыта нэлэс, ортокута чөмчөс, кэнникитэ лаглас баар үһү!


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

🤗эппиэккитин комментарийга хааллараарыҥ👇
#КК_ТускарТуһан

🐇Куруолук иитэргэ холонуохха

Куруолук түргэнник ситэр уонна элбэх түрүөхтээх дьиэ кыылыгар киирсэр.

☝🏻Тыһы куруолук дьыл хайа баҕарар кэмигэр буоһуур. Манна ордук үчүгэй кэм кыһын 11 чаастан 15-16 чааска, сайын сардыарда уонна киэһэ.

Тыһы куруолук буоһаан сылдьар кэмэ 29-32 күн, 5-6 оҕону төрөтөр. Төрүүллэригэр ыйааһыннара 50 граммнаах куруолук оҕолоро 20 күннэригэр 250 граммҥа тиийэллэр,

🐰4 ыйдарыгар 1,7 кг буолаллар.
Ордук этин, тириитин туһаныллар хайысхалаах боруодалары: белый великан (4,7-6 кг), шиншилла (2,5-4 кг), серый великан (4,5-6,8 кг), серебристый (4-4,8 кг) уо.д.а. иитэллэр.
Ангорскай боруода куруолуктан түүтүн эмиэ туһаналлар.

👍🏻Сылга биир тыһы куруолуктан төрүөҕүн киллэрэн туран 50 кг тахса эти, түүлээх боруодаттан 1-1,5 кг түүнү ылыахха сөп.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Үүтээн иһигэр

Хас да хонугу быһа кэрийэн кустаан, куобахтаан бараннар, сааһыттар биир киэһэ үүтээннэригэр мустаннар, кимиэхэ төһө ботуруон хаалбытын ааҕына, суоттуу олордулар. Кыттыгастар үһүөлэр: сааһынан саамай аҕалара нэһилиэк ЖКХ-тын тойоно, эттээх төгүрүк сирэйдээх, тириини тэһитэ аспыт курдук кыараҕас харахтардаах, үскэл көрүҥнээх, түөрт уон биэстээх Дэлиһиэй Бииктэрэбис, ЖКХ тэрилтэтигэр хачыгаардыыр отуччалаах Бааска уонна сүүрбэ биэс саастаах, дьаһалтаҕа суоппардыыр Онтуон. Дэлиһиэй кэргэнэ оскуолаҕа бухгаалтырдыыр, үс оҕолоох – улахана куоракка үөрэнэр, иккитэ оскуола дьонноро. Уолаттартан Онтуон кэргэннээх, биир оҕолоохтор, оттон атаһа Бааска сулумах, «ханна ыксаан» диэн өйдөбүллээх.

Дьэ, уолаттар тугу кэпсэттилэр? https://vk.com/@kiinkuorat-teen-iiger

📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta