«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.66K subscribers
18.8K photos
1.21K videos
1 file
11K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_Сонун

Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар төлөбүрдэри нэдиэлэ бүтүөр диэри оҥоруохтара

❇️ Маннык дьаһалы Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Быраабыыталыстыба уонна дьаһалта салалтатын кытта мунньахха биэрдэ. 

Улуу Кыайыы 80 сылынан Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэригэр оҥоһуллар төлөбүрү 2 мөл. солк. диэри үрдэтэр туһунан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Туһулааһыныгар этэн турар. 

Маны тэҥэ олунньу 20 күнүгэр диэри сэрии кыттыылаахтарын огдооболоругар, Лениград блокадатын, концлааҕырдар сиэртибэлэригэр бары анаммыт төлөбүрдэри барытын оҥорорго сорудахтаата.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/a-a-doydu-seriitin-kyttyylaahtarygar-t-l-b-rderi-nediele-b-t-r-dieri-o-oruohtara


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Кириһиэнньэ сөтүөтүгэр пассажирдары тиэйэр оптуобустар ананнылар

🏊‍♂️ Тохсунньу 18 - 20 күннэригэр Кириһиэнньэ сөтүөтүгэр кыттыыны ылыан баҕалаахтары тиэйиигэ Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспата оптуобустары анаата.

Ол курдук, тохсунньу 18 күнүгэр күнүс 12:30 чаастан киэһэ 22:00 чааска диэри уонна тохсунньу 19 күнүгэр сарсыарда 08:00 чаастан киэһэ 22:00 чааска диэри пассажирдары "Умуллубат уот" таһыттан Күөх хонууга диэри анал оптуобустар таһыахтара.

🙌🏻Бүгүҥҥү күҥҥэ үгэс буолбут Кириһиэнньэ сөтүөтэ тэриллэр миэстэтэ ыраастанна, Чернышевскай уонна Аржаков уулуссаларын быһа охсуһар сирдэринэн киирэр суол оҥоһуллар. 

Дьокуускай уонна Ленскэй епархията сөтүө сирин тохсунньу 18 күнүгэр күнүс 13.00 чаастан сибэтии гыныаҕа, диэн Гражданскай оборонаҕа уонна нэһилиэнньэни ыксаллаах быһыыттан-майгыттан көмүскээһиҥҥэ управление иһитиннэрэр.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Дьокуускайга Арктикатааҕы эпос уонна искусство киинин уонна Адаптивнай комплексы тутуу былаан быһыытынан барар

❇️ Ил Дархан Айсен Николаев уонна куорат баһылыга Евгений Григорьев Дьокуускайга икки бөдөҥ эбийиэги тутуу хаамыытын кытта билистилэр – Арктикатааҕы эпос уонна  искусство киинин кытта Доруобуйаларынан хаарчахтаах оҕолорго адаптивнай комплексы.

❇️Арктикатааҕы эпос уонна искусство дьиэтигэр судаарыстыбаннай филармония, Олонхо тыйаатыра уонна Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыр киириэхтээхтэр, маны сэргэ быыстапкалыыр саала үлэлиэхтээх. Тутуу уопсай иэнэ 33 тыһ. кв. м тэҥнэһэр, үрдүгэ – 36,7 м. Көрөөччү саалата 1530 миэстэлээх.

❇️Адаптивнай комплекс үөрэнэр куорпуһа 550 миэстэлээх, маны сэргэ 150 миэстэлээх интэринээттээх, 200 миэстэлээх оҕо саадтаах. Тутуу иэнэ 17 тыһ. кв. м тахса.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

«Саҥа дьыллааҕы Дьокуускай» күрэх кыайыылаахтара билиннилэр

🎄 Саҥа дьыл аптаах-алыптаах күннэригэр тапталлаах Дьокуускайбыт өссө киэркэйэр, кыһыҥҥы остуоруйа дойдутугар кубулуйар. Бу кэмҥэ куорат тэрилтэлэрэ аныгы уот-күөс, иллюминация көмөтүнэн, сорохтор хаары, мууһу чочуонайдыы чочуйан, тиэргэннэрин киэргэтэллэрэ ордук кэрэхсэбиллээх.

Уһун өрөбүллэр саҕаланыахтарын аҕай иннинэ киин куорат Олохтоох дьаһалтата «Саҥа дьыллааҕы Дьокуускай» күрэх түмүгүн таһаарбыта, кыайыылаахтарын наҕараадалаабыта: https://kiinkuorat.ru/articles/sa-a-dyllaa-y-dokuuskay-k-reh-kyayyylaahtara-bilinniler

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сэргээ
#КК_ТөрөппүтКыһата

⬆️⬆️⬆️Дьокуускай куораттааҕы "Айыы кыһата" оскуола учуутала Рустам Каженкин "САХАЛЫЫ-НУУЧЧАЛЫЫ ОЙУУЛААХ ТЫЛБААСЧЫТ" айан-тутан таһаарбытын сэргээҥ🙌🏻

Ийэ тылбытын хараанныыр араас ньыманы тобулуоҕуҥ!

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Forwarded from Sakha_serial_nvk
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
НВК "Саха" ханаалыгар САҤА СЕРИАЛ! 🧡

"Уот Дьулустаан" 🔥

Тохсунньу 27 күнүттэн 🗓
21:00 чааска  көтүппэккэ көрүҥ!

Сценарист: Катерина Григорьева - Кэрэмэс Сыдьаай
Режиссер: Елена Эверстова

@sakhaserialnvk
@nvk_sakha
#КК_ТускарТуһан

❇️Дьокуускай куорат дьаһалтатын Үөрэххэ управлениета тымныы күннэргэ оскуола оҕолоро үөрэммэт бэрээдэктэрин быһаарар:

🔸Тыала суох, -45°С тымныы сатыылаатаҕына 1-5 кылаас оҕолоро үөрэммэттэр.
1 м/с тыаллаах буоллаҕына -44°С үөрэммэттэр.
2 м/с тыаллаах буоллаҕына -43°С тымныыга 1-5 кылаастарга актированнай күннэр биллэриллэллэр.
3-5 м/с тыалга — -42°С тымныыга үөрэммэттэр.

🔸1-8 кылаастар тыала суохха -48°С тымныыга үөрэммэттэр.
1 м/с түргэннээх тыалга -47°С тымныыга үөрэммэттэр.
2 м/с тыалга -46°С тымныыга актированнай күн биллэриллэр, 3-5 м/с түргэннээх тыалга — -45°С тымныыга үөрэммэттэр.

🔸-50°С тымныыга оскуола оҕото барыта үөрэммэт.
1 м/с түөргэннэх тыаллаах -49°С тымныыга оскуолалар үлэлээбэттэр.
2 м/с тыалга – -48°С тымныыга, 3-5 м/с — -47°С.

☝🏻Төрөпүттэр күн-дьыл туругун туһунан информацияны өрөспүүбүлүкэтээҕи араадьыйа ханаалларыттан, ГТРК «Саха» уонна Дьокуускай дьаһалтатын официальнай сайтыттан Якутск.рф истэҕит.


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сэргээ

Бириэмэни мээрэйдээһин туһунан

✍️Саха сиригэр 120-чэ сыл анараа өттугэр кэлэ сылдьыбыт Макарий диэн иеромонах маннык суруйбут: «Сахалар сулустар хамсааһыннарын үчүгэйдик билэллэр. Сулустар кинилэргэ сирдьит уонна чаһы буолаллар».

«Күн тахсыыта»- күн тахсан эрдэҕинэ;
«Күн оройо»- күн үөһээ тахсыыта;
«Күн ортото»- күн ортолоон турдаҕына;
«Күн арҕаалаата»- күн арҕаа диэки;
«Күн киириитэ»- күн киирэн эрдэҕинэ;

Күнүскү кэми (сайын уонна кыһын)атыннык, кыра-кыра сүһүөхтэринэн араараллара:
«Халлаан суһуктуйда
»- олох эрдэ, күн тахсыан аҕай иннинэ;
«Халлаан сырдаан эрэр»- сарсыардааҥы саһарҕа түһүүтэ;
«Тыҥ хатыыта»- сарсыарда эрдэ, саһарҕа тахсыыта;
«Күн тахсыыта»- күн тахсан эрэр кэмэ;
«Күн ойдо»- күн үөһэ тахсыыта;
«Күн лаппа ойдо»- күн лаппа үөһээ тахсыыта;
«Күн уоттанна»- күн уотун сылааһа кэлиитэ;
«Күн ортото»- күн халлаан оройугар турар кэмэ;
«Күн арҕаалаата»- күн арҕаа түһэн эрэр кэмэ;
«Күн лаппа арҕаалаата»- күн саҥа киирэн эрдэҕинэ;
«Күн уота өллө»- күн сардаҥалара сылыппат буолбут кэмнэрэ;
«Күн мас үрдүгэр түстэ»- күн мастар кэннилэригэр түһэн эрдэҕинэ;
«Күн киириитэ»- күн киирэн эрэр кэмэ;
«Тыҥ сүтэ илигинэ»-  киэһээҥҥи саһарҕа өссө умулла илигинэ;
«Боруҥуй буолла»- халлаан саҥа хараҥаран эрдэҕинэ;
«Лаппа хараҥарда»- халлаан киһи хараҕар биллэр гына хараҥарыыта.

Маны билэр этигит дуо?

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Кириһиэнньэ сөтүөтүгэр пассажирдары тиэйэр оптуобустар ананнылар

🏊‍♂️ Тохсунньу 18 - 20 күннэригэр Кириһиэнньэ сөтүөтүгэр кыттыыны ылыан баҕалаахтары тиэйиигэ Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспата оптуобустары анаата.

Ол курдук, тохсунньу 18 күнүгэр күнүс 12:30 чаастан киэһэ 22:00 чааска диэри уонна тохсунньу 19 күнүгэр сарсыарда 08:00 чаастан киэһэ 22:00 чааска диэри пассажирдары "Умуллубат уот" таһыттан Күөх хонууга диэри анал оптуобустар таһыахтара.

🙌🏻Бүгүҥҥү күҥҥэ үгэс буолбут Кириһиэнньэ сөтүөтэ тэриллэр миэстэтэ ыраастанна, Чернышевскай уонна Аржаков уулуссаларын быһа охсуһар сирдэринэн киирэр суол оҥоһуллар. 

Дьокуускай уонна Ленскэй епархията сөтүө сирин тохсунньу 18 күнүгэр күнүс 13.00 чаастан сибэтии гыныаҕа, диэн Гражданскай оборонаҕа уонна нэһилиэнньэни ыксаллаах быһыыттан-майгыттан көмүскээһиҥҥэ управление иһитиннэрэр.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Оптуобустар сырыыларыгар ыйытыылааххыт?

"Тута сибээс" линията үлэлиирин туһунан санатабыт🙌🏻

☎️300-900 нүөмэринэн эрийэн оптуобус сырыытыгар сыһыаннаах ыйытыыларгытын биэриэххитин сөп: расписаниелара, айаннарын арыта (интервал), тарифтар уонна төлөбүр ньымалара о.д.а.

☎️Маны тэҥэ бу нүөмэргэ эрийэн араас кыһалҕалаах боппуруостары быһаарсыаххытын сөп - оҕо, аҕам саастаах киһи каартатын сүтэрдэҕинэ, оптуобуска малгытын умуннаххытына о.д.а.

☎️ 300-900 нүөмэринэн оптуобус сырыытын тупсарар араас санааҕытын, туруорсуугутун кытта этиэххитин сөп.

"Тута сибээс" күн аайы 07:00-21:00 ч., эбиэтэ, өрөбүлэ суох үлэлиир.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

❇️Арассыыйа бэрэсидьиэнин Владимир Путин ыйааҕынан анал байыаннай, эбэтэр террористары уодьуганныыр дьайыыга, маны тэҥэ Сирия Арабскай өрөспүүбүлүкэтигэр анал соругу толоро сылдьан сураҕа суох сүппүт, эбэтэр билиэҥҥэ түбэспит байыастар оҕолоругар ый аайы социальнай төлөбүр олохтонуоҕа.

Ыйдааҕы төлөбүр олох таһымын алын кээмэйигэр тэҥнэһиэҕэ. Ый бастакы күнүн кэннэ төлөнөр буолуоҕа.

2024 сыл ахсынньы 1 күнүн кэннэ билиэҥҥэ түбэспит эбэтэр сураҕа суох сүппүт байыас хамандыыра тустаах бирикээс таһаардаҕына биирдэ оҕолоругар төлөбүр ананар.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

«Өймөкөөн – Тымныы полюһа» экстремальнай марафон кыайыылаахтарынан Александр Моедо уонна Леонид Зыков буоллулар

❄️Тохсунньу 11 уонна 12 күннэригэр буолан ааспыт «Өймөкөөн – Тымныы полюһа» VI-с экстремальнай марафон Саха сирин 13 оройуонуттан уонна Арассыыйа 16 регионуттан, ол иһигэр Красноярскай, Челябинскай, Иркутскай, Балашиха, Москва куораттартан 50 спортсмен кыттыылаах буолан ааста.

50 кыраадыстан тымныыга 50 км уһуҥҥа ультрамарафон кыайыылааҕынан Өлүөхүмэ улууһуттан Александр Моедо буолла. Кини чэпчэки атлекаҕа спорт маастара, ис дьыала уорганнарын үлэһитэ.

42,2 км уһуннаах сүүрэр суолу бастакынан Хаҥалас улууһун бэрэстэбиитэлэ Леонид Зыков түмүктээтэ. Леонид Зыков – ЫБММ үлэһитэ, хайыһарга, чэпчэки атлетикаҕа, мини-футболга өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх призера уонна чемпиона, «Өймөкөөн – Тымныы полюһа» марафон икки төгүллээх муҥутуур кыайыылааҕа. 


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta