«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.66K subscribers
18.8K photos
1.21K videos
1 file
11K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_Дьон

Үлэ элбэҕэ, тыл аҕыйаҕа үчүгэй

Түөһүн күүһүнэн, илиитин эрчиминэн киһи тугу баҕарар кыайар, санаатын ууруо эрэ кэрэх диэн этии биһиги бүгүҥҥү кэпсэтэр киһибитигэр быһаччы сыһыаннаах.

Павел Павлович Романов –  тутааччы, уруһуйдьут, хоһоонньут, тыйаатыр артыыһа, мас ууһа уонна оҕолоругар амарах аҕа, дурда-хахха буолар дьиҥнээх эр бэрдэ: https://kiinkuorat.ru/articles/le-elbe-e-tyl-a-yya-a-ch-gey

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

⬆️⬆️⬆️Таҥха иһиллээһин судургу уонна ордук тарҕаммыт көрүҥнэрин бэлэмнээтибит.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Forwarded from Театр Олонхо
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Дмитрий Хоютанов испэктээккэ ыҥырар.
#КК_Сэргээ

Эргэ Саҥа дьылынан сардаана бэлэх!


🌺 Уус Алдан Майаҕас бөһүөлэгин олохтооҕо Олег Михайлович Копыриннаах дьиэлэригэр тохсунньу томороон тымныытыгар сардаана сибэкки чэчириир👍👍👍

Бэртээхэй дии?

Олег Михайлович урут аан дойду дьахталларын күнүгэр сиэн кыргыттарыгар, кэргэнигэр анаан ньургуһун тылыннарбыттаах. Кини биолог да, ботаник да буолбатах. Тыа сирин олохтооҕо, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри хачыгаар ыарахан үлэтигэр сылдьыбыт, ол иннинэ суоппардаабыт.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Дьон

Чэпчэки үлэҕэ киирсибэт

❄️Биһиги кыһыммыт биир ураты көстүүтэ – хаар хойуутук түһэн үллүктүүрэ. Сарсыарда аҕыс чаастан үлэлэригэр уулусса хаарын оймоон кэлэр дьон күрдьүллүбүт тиэргэн устун тэрилтэлэригэр киирэн иһэн хайдахтаах курдук өрө көтөҕүллэ түһэллэрин киһи тылынан хайдах ойуулуох эбитэ буолла?!

Оттон бу бачча халыҥнык түспүт хаары ким маннык ыраастык күрдьэрий? «Хас чаастан үлэлээн, бачча улахан территория маннык көрүҥү ыллаҕай?» – диэн син биир эмэ киһи төбөтүгэр киирэн ааһар болуохтаах.

Дьокуускай куорат кытыытыгар турар 34 нүөмэрдээх оҕо интэринээт-дьиэтигэр киһи эрэ сэниэтин-сылбатын ылар, омос көрдөххө боростуой эрээри, эппиэтинэстээх үлэҕэ 2011 сылтан үтүө суобастаахтык үлэлээн кэлбит Игорь Пантелеймонович Христофоровтыын кэпсэттибит: https://kiinkuorat.ru/articles/chepcheki-le-e-kiirsibet

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар төлөбүрдэри нэдиэлэ бүтүөр диэри оҥоруохтара

❇️ Маннык дьаһалы Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Быраабыыталыстыба уонна дьаһалта салалтатын кытта мунньахха биэрдэ. 

Улуу Кыайыы 80 сылынан Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэригэр оҥоһуллар төлөбүрү 2 мөл. солк. диэри үрдэтэр туһунан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Туһулааһыныгар этэн турар. 

Маны тэҥэ олунньу 20 күнүгэр диэри сэрии кыттыылаахтарын огдооболоругар, Лениград блокадатын, концлааҕырдар сиэртибэлэригэр бары анаммыт төлөбүрдэри барытын оҥорорго сорудахтаата.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/a-a-doydu-seriitin-kyttyylaahtarygar-t-l-b-rderi-nediele-b-t-r-dieri-o-oruohtara


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Кириһиэнньэ сөтүөтүгэр пассажирдары тиэйэр оптуобустар ананнылар

🏊‍♂️ Тохсунньу 18 - 20 күннэригэр Кириһиэнньэ сөтүөтүгэр кыттыыны ылыан баҕалаахтары тиэйиигэ Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспата оптуобустары анаата.

Ол курдук, тохсунньу 18 күнүгэр күнүс 12:30 чаастан киэһэ 22:00 чааска диэри уонна тохсунньу 19 күнүгэр сарсыарда 08:00 чаастан киэһэ 22:00 чааска диэри пассажирдары "Умуллубат уот" таһыттан Күөх хонууга диэри анал оптуобустар таһыахтара.

🙌🏻Бүгүҥҥү күҥҥэ үгэс буолбут Кириһиэнньэ сөтүөтэ тэриллэр миэстэтэ ыраастанна, Чернышевскай уонна Аржаков уулуссаларын быһа охсуһар сирдэринэн киирэр суол оҥоһуллар. 

Дьокуускай уонна Ленскэй епархията сөтүө сирин тохсунньу 18 күнүгэр күнүс 13.00 чаастан сибэтии гыныаҕа, диэн Гражданскай оборонаҕа уонна нэһилиэнньэни ыксаллаах быһыыттан-майгыттан көмүскээһиҥҥэ управление иһитиннэрэр.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Дьокуускайга Арктикатааҕы эпос уонна искусство киинин уонна Адаптивнай комплексы тутуу былаан быһыытынан барар

❇️ Ил Дархан Айсен Николаев уонна куорат баһылыга Евгений Григорьев Дьокуускайга икки бөдөҥ эбийиэги тутуу хаамыытын кытта билистилэр – Арктикатааҕы эпос уонна  искусство киинин кытта Доруобуйаларынан хаарчахтаах оҕолорго адаптивнай комплексы.

❇️Арктикатааҕы эпос уонна искусство дьиэтигэр судаарыстыбаннай филармония, Олонхо тыйаатыра уонна Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыр киириэхтээхтэр, маны сэргэ быыстапкалыыр саала үлэлиэхтээх. Тутуу уопсай иэнэ 33 тыһ. кв. м тэҥнэһэр, үрдүгэ – 36,7 м. Көрөөччү саалата 1530 миэстэлээх.

❇️Адаптивнай комплекс үөрэнэр куорпуһа 550 миэстэлээх, маны сэргэ 150 миэстэлээх интэринээттээх, 200 миэстэлээх оҕо саадтаах. Тутуу иэнэ 17 тыһ. кв. м тахса.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta