Forwarded from Наталья Михалева-Сайа
Forwarded from Наталья Михалева-Сайа
ААТТАНАР АЙЫЫ – АКСЕНЬЯ ПОСЕЛЬСКАЯ
Үҥкүү эйгэтигэр “на пальцах” – атах тарбаҕын төбөтүгэр туруу – балет үрдүк чыпчаалыгар тахсыы мүччүрүйбэт ирдэбилэ. Балет оскуолатыгар кыргыттары үс-түөрт сыл үөрэммиттэрин кэннэ 11-13 саастарыттан атах төбөтүгэр турууга ананан оҥоһуллубут пуантаҕа туруораллар.
Сахаҕа аан бастакынан атаҕын төбөтүгэр турбут балеринабыт – Аксенья ПОСЕЛЬСКАЯ ахсынньы 24 күнүгэр төрөөбүтэ 100 сааһын туолла. Саха искусствотын, култууратын историятыгар киирэр бэлиэ түгэни култуура министерствота үрдүк таһымҥа тэрийэн ыытта. Режиссер Андрей БОРИСОВ киирии тылыгар эппитин курдук, саха бастакы идэтийбит артыыстара бары – хонуу сибэккилэрин курдуктар этэ. Кинилэри ким да оҕо саастарыттан такайбатаҕа, этэргэ дылы, уу кутан, көрөн-харайан үүннэрбэтэҕэ, кинилэртэн толору испэктээҕи, буолаары буолан балеты – сценаҕа көрбүт да киһи бастаан саҕалыылларыгар суоҕа буолуо. Ол эрэн кинилэр бары тыалы-кууһу, өксүөнү-куйааһы нөҥүө Саха сирин алаастарыгар өһөстүк тыллан кэлэр кэрэ чэчиктэр курдук, саха олоҕун симии тыллан, чэлгийэн тахсыбыттара, идэтийбит искусство ирдэбиллээх эйгэтигэр эрэллээх хардыыларын оҥорбуттара.
Аксенья Посельская кинилэртэн биирдэстэрэ этэ. 1941 c. тыа хаһаайыстыбатын идэтигэр үөрэниэм диэн Чурапчы Мэлдьэхсититтэн Дьокуускайга тиийэн кэлбит уон сэттэ саастаах холкуостаах кыыс Саха тыйаатырын биллэриитигэр таба тайанан, үҥкүү кэрэ эйгэтигэр үктэнэр, тыйаатыр артыыһа буолар. 1944 с. САССР салалтата дьоҕурдаах ыччаты киин куораттар кыһаларыгар үөрэттэрэ ыыппыта. Аксенья Москваҕа аатырбыт Большой тыйаатыр иһинэн үлэлиир хореография училищетыгар тиийэн үөрэммитэ. Балет артыыһыгар баҕарбыт эрэ барыта үөрэммэт, этиллибитин курдук, бу сүрдэх ирдэбиллээх, көҥөс да эйгэ буолар. ССРС саамай Улахан тыйаатырын педагогтара Аксеньяны, сүүрбэтин ааһан, бу искусство туһугар “кырдьыбыт” киһини, айылҕаттан ураты дьоҕурдааҕын эрэ иһин үөрэтэн, атаҕын төбөтүгэр туруорбут буолуохтаахтар.
1947 с. саха бастакы балета “Полевой цветок” – “Сир симэҕэ” турбута. Бу балет тула ахтыылары аахтахха, киин куораппыт интеллигенциятын, салалта да ортотугар сир-буор аннынан сүрдээх улахан киирсии барбыт эбит. Киирсии сүнньэ – сүрүн оруолу кимҥэ итэҕэйэбит диэн. Тыйаатырга бу кэмҥэ соҕурууттан кэлбит, толору бэлэмнээх дьиҥнээх балериналар бааллара. Оруолу эрэйэ суох кинилэртэн кимиэхэ эрэ биэриэххэ дуу, Москубаҕа үөрэҕин ситэри бүтэрбэккэ оҕолонон кэлбит, “тарбах үрдүгэр”, классика ирдэбилинэн бэлэмнэнэр балеты кыайара биллибэт Посельскаяҕа дуу? Кини кыайбатаҕына, саха омугар балет “барсыбат эбит” да диэн түмүк оччотооҕу кэмҥэ тахсан кэлиэн сөптөөҕө. Ол эрэн Аксеньеҕа итэҕэйбиттэрэ. Оттон саха бастакы балерината бу итэҕэли үрдүк таһымҥа толорон, саха балетын кэскилигэр киэҥ аартыгы арыйбыта. Композитор Марк Жирков ахтарынан, балет уратылаах музыката бу үлэҕэ консультанынан ыҥырыллыбыт С.А. Зверев-Кыыл Уолун ыллаан биэрбит дьүрүллэригэр олоҕурбут, үҥкүүтүгэр сахалыы хамсаныылар эмиэ кини көрдөрбүтүнэн туруоруллубут эбиттэр. Онон, бу балет туруута - саха бэйэтэ музыкалааҕын, үҥкүүлээҕин, толорооччулардааҕын бигэргэтэн, омук быһыытынан сананыыны күүһүрдүбүт, сырдык эрэли күөртээбит уһулуччулаах түгэн эбит диэн билигин бигэргэтиэххэ сөп.
Аксенья ПОСЕЛЬСКАЯ тус олоҕун драмата, таптыыр киһитин, оҕотун аҕатын өлөрүүгэ буруйданан хаайыллыыта, онтон санаатын күүһүнэн олох үөһүгэр үктэнэн, туох баар сыратын саха үҥкүүтэ сайдарыгар анаан, үгүс элбэх ыччаты иитэн-такайан таһаарбыта – бу саха дьахтарын холооно суох хорсун быһыыта. Кыыһа Наталья ПОСЕЛЬСКАЯ ийэтин аатын, айар үлэтин үйэтитиигэ махталлаах үлэни төрүттээн хаалларда. Үөрэнээччилэрэ Учууталларыгар олус бэриниилээхтэрэ сөхтөрөр. Бу үбүлүөйү кинилэр көҕүлээннэр, эрдэттэн бэлэмнэнии үлэтэ барбытын манныктан билэбин. Арай миэхэ Балет оскуолатыттан Екатерина Аммосовабын диэн эрийбитэ. Кинигэ бэлэмнии сылдьабыт, онно Аксенья ПОСЕЛЬСКАЯҔА анабыл хоһоону суруйуоҥ дуо, диэн соһутта. Мин булгунан кэбиһэрим сатамматын курдук булгуччулаахтык кэпсэтэр, ол иһин быһыылаах, сөбүлэспиппин бэйэм да билбэккэ хааллым.

Аны киһим бастакы балерина олоҕун, дьылҕатын, үлэтин-хамнаһын туһунан туох суруллубуту барытын көтөҕөн аҕалан илиибэр туттаран кэбистэ. Үлүгэрдээх үлэни үлэлээбит, уустук дьылҕаны билбит дьахтар олоҕун хоһоон үс-түөрт күпүлүөтүгэр хайдах батарыах баҕайыбыный дии саныы сырыттахпына аны “хоһоон ырыа буолара буоллар, Николай Андросов сөбүлэһэр” диэн Екатерина Макаровна сорудахпын өссө ыаратта. Ырыа буолар хоһоон ирдэбилэ эмиэ атын, манныкка хоһоону баллада эҥин курдук ыаратан кэбиһэр табыллыбат.
Сахаҕа “Ааттамат Айыы” буолан номоххо киирбит дьахталлар бааллар. Оттон Аксенья ПОСЕЛЬСКАЯ эмиэ номоххо хаалбыт дьахтар. Атына – кини ааттанар, аата-суола саха балетын историятыгар кыһыл көмүһүнэн суруллар. Итинник сүрүн домоҕу тутуһан, хоһооммун суруйан биэрдим, биллэн турар, ырыаҕа ананартан уһун буолла, дьэ, дьүрүл хайдах тахсыан-тахсымыан долгуйа кэтэстим. Николай АНДРОСОВТЫЫН бу бастакы ырыабыт буолар. Аранжировкатыгар Николай МИХЕЕВ курдук улахан киһи ылсыбыт. Оттон толорооччута СИЭЙЭ УОЛА-АЙЫЛЫАТТА ДЬЫРЫЛЫАТ буолар диэни истэммин, ырыабыт сүрэхтэнэр түгэнигэр эрдэттэн тулхадыйбат эрэллээх тиийдим.
ДП-2 мунньахтыыр саалата кэрэни туругурда сылдьар искусство, култуура дьоно мустубуттарыттан, мэктиэтигэр, сырдаабыт, үрдээбит курдук. “Бастакы Балеринаҕа” ырыа аан бастаан толоруллуутун бу эркиннэр иһиттилэр, уҕараабат ытыс тыаһыттан лаампалар таас киэргэллэрэ лыҥкынаһан ыллылар.
Ырыа дьүрүлүн айааччы хоһоонтон Аксенья ПОСЕЛЬСКАЯ үлэтигэр, олоҕун суолтатыгар сыһыаннааҕы сатабыллаахтык быһан, иэйэ-куойа таҥан, саха аныгы ырыатын байытар бэлиэ айымньыны бар дьонугар утары уунна. Оттон мин Саҥа дьылбын саҥа ырыалаах, балет, музыка эйгэтиттэн саҥа доҕоттордоох көрүстүм.
БАСТАКЫ БАЛЕРИНАҔА
Саха бастакы балерината Аксения ПОСЕЛЬСКАЯҔА
Аан бастаан тарбаҕын үрдүгэр
Дугунан, киэргэллээх ааттаммыт,
Аан дойду кэрэҕэ угуйар
Алыбар ыччаты уһуйбут,
Сир нарын симэҕэр холонор
Аналы долгуйа ылыммыт
Баар этиҥ, бастакы сулуспут,
Сахалыы сандаарбыт кустукпут,
Ыам ыйын биир хара түүнүгэр
Балыырга түбэспит Күн Куобут...
Эйигин ким таптыа суох этэй,
Оттон эн талбытыҥ Кинини –
Эрэли буолбатах – эрэйи,
Сир дьолун кэччэйбит дьылҕаны,
Сүрэҕэр умайар төлөннүүн
Бэйэҕэр ханыылыы киһини.
Хаар курдук чэбдигэ көрүҥүҥ,
Хаар кыыһа эн чахчы буоллаҕыҥ,
Хаар ууллар сыралҕан уотугар
Тыллыбыт эбит дии, кыысчааныҥ.
Кыталык үҥкүүлүүр кырдалын
Ааттанар Айыыта буолаҥҥын
Тарбаҕыҥ үрдүгэр дугунан
Билигин даҕаны тураҕын,
Кэрэни кэрэхсиир бар дьоҥҥор
Үйэлээх бэлэҕи уунаҥҥын.
Эн ыраҥ, эн сыраҥ бу этэ -
Алгыһыҥ ыччакка тиийиитэ,
Аан дойду ытыһын таһынар
Ситиһии сахаҕа кэлиитэ.
САЙА

Forwarded from Лоһуура
Михаил Боппосов быйылгы хаартан оҥоһуга. 👍 Хатаска сиэннэригэр анаан оҥорон барбыт.
#КК_Дьон
Дмитрий Ариносов: «Дьон туһугар үлэ үөрдэр»
🚌Оптуобус суоппара – улахан болҕомтону, халбаҥнаабат холку майгыны, эппиэтинэһи, тулууру, дьону кытта үлэҕэ сатабылы эрэйэр биир дьоһун идэ. Уопсастыбаннай тырааныспар суоппара пассажирдарга куттал суох буолуутугар, суол быраабылатын тутуһууга уонна тиэхиньикэтэ уурбут-туппут курдук бары өттүнэн табыгастаах, бүтүн буоларыгар күн аайы сүҥкэн эппиэтинэһи сүгэр. Ону таһынан бу дьоһун идэни сүгээччи тыҥ хатыытыттан киэһэ хойукка диэри үлэлииргэ бэлэм буолуохтаах.
Бүгүн биһиги Дьокуускайдааҕы пассажирдары таһар автотранспортнай хампаанньа маршрутнай оптуобуһугар суоппарынан үлэлиир, бу идэҕэ 20-чэ сыл уруулга олорбут уопуттаах Дмитрий Ариносовы кытта үлэ-хамнас туһунан кэпсэтэбит: https://kiinkuorat.ru/articles/dmitriy-arinosov-don-tu-ugar-le-rder
📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

Уонна хаһан?
💬Сааһыран баран “Уонна хаһан?” диэн дэбиистээх олохпун олоробун. Уопсастыбаннай тэрээһиннэртэн хаалсыбакка, дьон-сэргэ ортотугар сылдьарбын, сылын аайы атын омук дойдуларынан айанныырбын сөбүлүүбүн. Элбэҕи билэн, көрөн, үөрэнэн, дуоһуйабын, астынабын.
Доруобуйабын көрүнэн, 2007 сылтан тымныы уу куттабын. Хайдах да халлаан буоллун, билигин да уу тоҥуор диэри, сөтүөлээн, хаарынан суунан, ойбоҥҥо умсан, моржалыыбын. 8-с кылааска үөрэнэр сиэн уолум Виктор кыра эрдэҕиттэн тэҥҥэ сылдьыһан, үөрэнэн, билигин бэйэтэ сайыннары, кыһыннары тымныы уу куттар.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/uonna-ha-an

#КК_Сонун
🎄🎄🎄
🚌 Саңа дьыл түүн босхо оптуобустар сылдьыахтара.
🎄🎄🎄
Ахсынньы 31 - тохсунньу 1 күнүн түүнүгэр 🙌🏻
100 №-дээх маршрут «Медцентр — Аэропорт» айанын оҥкула:
Медкиинтэн: 23:00, 24:00, 01:00, 02:00, 03:00, 04:00
Аэропортан: 23:00, 24: 01:00, 02:00, 03:00, 04:00, 05:00
Сылдьар хайысхата: Аэропорт — Өктөөп 50 сылын автострадата — Дзержинскэй — Лермонтов — Кирова — Поярков — Дзержинскэй — Ленин пр.— Петровскай — Лермонтов — Сэргэлээх шоссета — Медкиин.
🚌Суолга 2 оптуобус тахсар🚌

Telegram
«КИИН КУОРАТ» хаhыат
🌐 Kiinkuorat.ru
📩Электроннай аадырыс: [email protected]
📩Электроннай аадырыс: [email protected]
#КК_Дьон
Олох олоруу сэһэнин сэгэтэн көрдөххө…
📕 Киһи үксүгэр кинигэни ааҕан баран ууран кэбиһээччи. Ньурбаттан төрүттээх В.В. Литвинов «Олоҕум кэпсээннэрэ» диэн тас көстүүтүнэн дьоҕус эрээри, баай, дириҥ ис хоһоонноох кинигэтэ хайдах эрэ бэйэтин ураты тыынынан санаа атастаһар кэпсэтиигэ ыҥырар курдук…
Бу Орто дойдуга кэлбит хас биирдии киһи анал бэйэтэ сайдар бырагыраамалаах диэн суруйаллар, этэллэр. Ол туох бырагыраамалаах кэлэбитий диэн ыйытар оруннаах курдук… Үрдүк аналлаах айдарыылаах ааптардар Л.А. Секлитова уонна Л.Л. Стрельникова суруйалларынан, билигин «Киҥкиниир киэҥ куйаар» – «Сир» – «Киһи» бэйэ-бэйэлэригэр дьайсар ситим күүстэрин ньэгирэ, сайдыыта 5-с таһымтан 6-ка көһөр кэмэ. Ол көһүү кэмин күүһэ киһини киһи быһыытынан уһугуннарар тыыннаах. Тус бэйэтигэр эргилиннэрэн, бэйэтин киһи быһыытынан хаачыстыбатын өҥөйөн көрөн, сайдыы суолугар салайарын курдук өйдүөххэ сөп дии саныыбын.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/oloh-oloruu-se-enin-segeten-k-rd-hh

Forwarded from ПРО Автобус
📢 Уважаемые пассажиры!
В связи с туманом, пробками и предновогодней суетой интервал движения автобусов увеличен. Просим вас учитывать данную информацию при планировании своих поездок.
Обращаем ваше внимание, что 30 и 31 декабря автобусы будут курсировать по графику выходного дня.
Приносим извинения за возможные неудобства и благодарим за понимание! 🎄✨

Дьокуускай ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимигэр киирэр
Ахсынньы 29 күнүттэн киин куорат суһал сулууспалара, коммунальнай тэрилтэлэрэ бары ураты бэлэмнээх буолуу эрэһиимигэр үлэлииллэр.
Маннык дьаһал сэрэтии миэрэтин быһыытынан сыл аайы саҥа дьыл саҕана ылыллар.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

Forwarded from «КИИН КУОРАТ» хаhыат
#КК_Сынньалаңңа
🐍 Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Кытай култуууратыгар 12 бэлиэ бары бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтэр. Ону таһынан хас биирдии бэлиэ бэйэтигэр чугас, ханыылыы бэлиэни тардар. Дьэ, онон, Илиҥҥи гороскобунан күөх Моҕой эн төрөөбүт сылгар хайдах сабыдыаллыырын билиэхпит.
Моҕой илиҥҥи үгэһинэн муударай, мындыр өйдөөх, кистэлэҥ күүстээх быһыытынан биллэр. Ол гынан баран моҕой – барытын ааҕан-суоттаан сылдьар сиэмэх кыыл, онон кинини кытта сэрэхтээх уонна болҕомтолоох буолуохтааххытын умнумаҥ.
Кэлэр сылга улахан күүскүтүн, сыраҕытын духуобунай сайдыыга, ис кыаххытын сайыннарыыга уонна айылҕаны кытта сибээһи бөҕөргөтүүгэ ууруохтааххыт.
Сылларынан сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/k-h-mo-oy-uratylara-2025-syl-bi-iehe-tugu-belemniiriy

#КК_Гороскоп
💫 Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир?
2025 сыллааҕы гороскоп: https://kiinkuorat.ru/articles/keler-syl-tugu-kere-eliir

Forwarded from Евгений Григорьев, Глава ГО "город Якутск".
Какими событиями запомнится нам уходящий 2024 год в Якутске?
Как последовательный сторонник здорового образа жизни, физкультуры и спорта – начну именно с этого направления.
Тем более у нас здесь есть хорошие, большие и даже рекордные результаты!
В марте мы 2024 года торжественно открыли замечательный многофункциональный спортивный зал с умной спортплощадкой в селе Хатассы, это первая детско-юношеская спортшкола, построенная в городе за последние 10 лет.
В июне 2024 года открыт прекрасный многофункциональный спортивный зал по ул. Ильменской. Это первая ДЮСШ в Сайсарском округе, и 9-я по счету в Якутске. Это первый в нашем городе специализированный спортивный зал для занятий художественной гимнастикой. Объект построен в рекордно короткие сроки, за 9 месяцев.
В декабре 2024 года отрылся модульный спортивный зал Якутского городского лицея. Это третий подобный объект, построенный в Якутске, в 2023 году открыли два аналогичных спортзала для школ №10 и №20.
В июне 2024 года в Якутске состоялись Международные спортивные игры «Дети Азии». Спортивная и культурная программа игр прошли на высоком организационном уровне. В соревнованиях приняли участие юные атлеты из 30 зарубежных стран и регионов России. Спортсмены из 1-й и 2-й сборной РС(Я) завоевали в общей сложности 106 медалей, из них 49 медалей на счету ребят из г. Якутска.
В рамках подготовки к играм «Дети Азии» отремонтированы все основные спортивные объекты в г. Якутске, включая стадион «Туймаада». Мы также начали масштабную программу капитального ремонта всех существующих городских детско-юношеских спортивных школ, продолжим ее в 2025 и 2026 гг.
В 2024 году завершено строительство Крытого катка в мкр. Звездный, его торжественно откроют уже в 2025 году. Также на подходе в 2025 г. – Зал дзюдо и самбо в Губинском округе.
После завершения расселения жильцов аварийных домов продолжится строительство спортзала в мкр. Спортивный.
Кроме того, в 2024 году установлено 7 уличных спортивных площадок (воркаутов), из них 3 – в пригородах. Поддержка детского и юношеского спорта, здорового образа жизни, развитие спортивной инфраструктуры всегда будет важным приоритетом в моей работе!
Отрадно, что по итогам 2024 года отмечается увеличение численности горожан разного возраста, систематически занимающихся физической культурой и спортом. В 2023 г. этот показатель составлял 178 780 человек, то в 2024 г. – 180 658 человек. Это почти половина от численности населения города.
Что еще более важно, за счет ввода новых ДЮСШ, на 30 процентов увеличилось количество детей, занимающихся в муниципальных спортшколах.
#итоги2024года
#ИнфраструктураСпорта
#СпортНормаЖизни

🎆🎆🎆🎆🎆
Ханна салют ытар көҥүллэнэрий?
🎇🎇🎇🎇🎇
Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар Саҥа дьыл уонна Ороһуоспа бырааһынньыктарыгар анал балаһааккаларга эрэ салют ытыахха сөп. Ол эбэтэр талбыт сирбитигэр тахсан фейерверктиирбит табыллыбат. Олорор сиргэр ханна салют ытар көҥүллэнэрин көр.
Автодорожнай уокуруга
Крупская уул. – Теплай күөл, ДСК оройуона-Сэргэлээх күөл, Птицефабрика оройуона – 61.995136, 129.620233 күөл
Гагарин уокуруга
Белое озеро сирэ-уота
Губинскай уокурук
142-с кыбаартал, Губин уул. (хаалбыт сир), Кыайыы болуоссата, Солдатскай күөл, өрүс кытыла, 202-с дьоҕус түөлбэ
Октябрьскай уокурук
Теплай күөл, Сайсары күөл,
Промышленнай уокурук
Кыайыы 50 сыла уул., ПТУ-16 күөлэ
Сайсары уокуруга
Лермонтов уул. – Сайсары күөл кытыла, Билибин уул. (Билибин күөлэ), Мерзлотка дьоҕус түөлбэтэ
Строительнай уокурук
Пионерскай уул., 28, “Новинка” маҕаһыын иннинээҕи сир, 5№-дээх Оҕо спортивнай оскуолата (оскуола иннэ), Строителей уул., 8 (ЯГИТИ скверэ), П.Алексеев уул., 60 – ЯБМК спорт балаһаакката, П.Алексеев уул., 62 (“Хозмаркет” маҕаһыын иннигэр), Свердлов уул., 2/1 (аһаҕас балаһаакка), Пирогов уул., 6 (Пирогов уул., 4/1 көтүрүллүбүт дьиэ балаһаакката), Поярков уул., 10 (“Поярков” маҕаһыын иннигэр)
Киин уокурук
Хомсомуол болуоссата, Щорс күөлэ, Таалай күөл, Күөх хонуу
Марха
“Соленое” күөл
Пригороднай
“Большое” күөл (Новай уул., 2 турар дьиэ утары)
Тулагы Киллэм
Киллэм сэл. – Ньадылы күөл
Тулагы сэл. – Тулагинка боротуохата
Капитоновка сэл. – Хатыҥ үрэх боротуохата
Сыырдаах сэл. – Кымньыылаах күөлэ, Тулагинка боротуохата
Радиостанция учаастага – Связистар уул. спорт балаһаакката
Табаҕа
Табаҕа сэл. – Комсомольскай уул., 1А баар күөл, Табаҕа боротуохата
Эргэ Табаҕа сэл. – Табаҕа боротуохата
Кангалаас
Ленин уул, 5 (“Горняк” култуура дьиэтин сирэ-уота)
Маҕан
Хомустаах күөл,
Алымов уул., 29, 102№-дээх оптуобус тиһэх тохтобула
Хатас
Өлүөнэ өрүс боротуохата, Дьогудай күөл, Малгин даамбата, Баҕарах күөл, Владимировка сэл. Чонкой күөл
🙌🏻Олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара баһаартан сэрэхтээх буолуу тиэхиньикэтин хонтуруоллуохтаахтар, маны таһынан туһааннаах сирдэргэ санитарнай ыраастааһыны ыытыахтаахтар.