«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.65K subscribers
18.6K photos
1.18K videos
1 file
10.8K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_КинигэДолбуура

📚Норуоттар икки ардыларынааҕы суруналыыстар федерацияларын чилиэнэ, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин телевидениетин уонна радиотын туйгуна, Уус Алдан улууһун Мүрү, Суотту нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, элбэх научнай-популярнай ыстатыйалар, биэриилэр, кинигэлэр ааптардара Павел Васильевич Пермяков – Тэлэкэ «Борогонские якуты» кинигэтэ сүрэхтэннэ.

Кинигэ ааптара Уус Алдан улууһун Бороҕон улууһа диэн аатын уларытарга туруорсар энтуазиаст, кыраайы үөрэтээччи, патриот, киэҥ билиилээх, далааһыннаах көрүүлээх киһи, умсугутуулаахтык суруйар суруналыыс, общественник. «Мүрүйээдэ», «Лөгөй уонна кини кэмэ: архыып докумуоннара» диэн дьоһуннаах кинигэлэрдээх.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сэргээ

❄️ Аам-даам туманнаах, амырыын тымныы кыһыны Дьыл оҕуһа аҕаларын туһунан остуоруйалартан, үһүйээннэртэн билэбит. Бу оҕус Ураа-лаҥкыр муостара улуу тымныынан уһуутуу сылдьар гына айыллыбыттар. Оҕус Муустаах Байҕалтан Орто Дойдуга таҕыстаҕына тымныы түһэн Дьыл – Кыстык кэмэ саҕаланар , оттон Байҕалыгар төнүннэҕинэ Дьыл бүтэн, илгэлээх итии Сайын эргийэр. Ол иһин Оҕуһу Дьыл оҕуһа диэн ааттаабыттар.

Дьыл Оҕуһа бастаан Байҕалтан тахсарыгар Муоһа өссө да үүнэ илик буолар, онтон дьэ муостара сыыйа утуу-субуу үүнэн, Орто Дойду тымныйан, кыыдааннаах кыһын кэлэр дииллэр эбит. Оттон саас ол муостара утуу-субуу түстэхтэринэ тымныы кылаана тостон, улам сылыйан барар дииллэр. Ол кэнниттэн Муустаах Байҕалга сынньана, утуйа баран хаалар эбит.

“Ыыс быдаан тыыннаах, Болуо муус муруннаах, Кыаһаан муус кыламаннаах, Аймыр муус арҕастаах, Көмнөх хаар көлөһүннээх, Хайыр ойбон харахтаах, Уһун ураа муостаах,
Күнү – ыйы күкүрдүүр
Күр муус көҕүстээх,
Олуурдаах улуу дьыл – Оҕуһун Туругурдан утаардаҕым буоллун”
диэн Өксөкүлээх Өлөксөй “Өрүс бэлэхтэрэ” поэматыгар Дьыл оҕуһун ойуулуур.

“Кини бэйэлээх Хаамыталаан хачыгыраатаҕын аайы
Халыҥ хаар хаҥаатын,
Сүүрэкэлээн күүһүгүрэйдэҕин аайы
Сүдү тымныы сүлүһүннүрдүн,
Муннун бууһугураттаҕын аайы
Мунан барар буркун турдун,
Тыынан кыскырыттаҕын аайы
Тымныы дьыбар тыйыһырдын,
Ураа лаҥкыр муоһуттан
Улуу сата туран,
Уһун хобдох тыал олохтоннун!
Уолум обургу, олуурдаах
Улуу дьыл оҕуһа, Аас – майах аргыстанан,
Иҥсэ-мэнэгэй эҥэрдэнэн, Оп- соллоҥ ойоҕостонон,
Дьаҥ-дьаһах таһаҕастанан, Ыарыы- сүтүү көтөллөнөн”...
Өксөкүлээх Өлөксөй “Өрүс бэлэхтэрэ”

Саха киһитэ төһө да амырыын тымныылаах дойдуга олордор тымныыны сирбэт - Дьыл оҕуһугар өстөммөт. Кылгас, куйаас сайыныгар тоҕо түһэн күүстээхтик үлэлээн кыстыыр отун-маһын, аһын-үөлүн хаһаанан, дьиэтин-уотун оҥостон тымныы кыһыны көрсөр. Ким тулуурдаах, ким үлэһит, ким санаатын түһэрбэт, ким күүстээх санаалаах ол дьылы этэҥҥэ туоруур. Сылтан сыл хатыланар тымныылары - тымныы муоһа тостон сандал саас кэлиэ диэн билэрэ саха киһитигэр күүс-уох биэрэр.


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
На ежегодном «Балу чемпионов» наш Якутск получил награду как самый спортивный муниципалитет в республике!
Эту заслуженную награду я воспринимаю как победу всех горожан – любителей спорта и физической культуры. Мы видим, как наши усилия по развитию материально-технической базы спорта позволяют все большему числу жителей нашего города самого разного возраста приобщаться к занятиям физической культурой и спортом. На многих предприятиях возобновилась традиция спартакиад трудовых коллективов, в том числе у нас, в мэрии. С большим охватом проводятся общегородские школьные спартакиады.

Особые надежды мы возлагаем на подрастающее поколение. Для них мы строим новые ДЮСШ и спортзалы, велодорожки и воркауты, ремонтируем действующие спортивные объекты.
Вот, сегодня на открытии нового здания Мархинской СОШ №1 познакомился с юной спортсменкой. Милена Самсонова учится в третьем классе, боксом в школьной секции занимается всего полгода, но уже успела занять второе место на республиканском турнире. Желаю ей больших спортивных успехов и ярких побед, но, конечно, не в ущерб учебе!
#СпортНормаЖизни
#КК_Дьон

Саха дорҕооно: уруккута уонна билиҥҥитэ

💠«Иһийии», «иһиллэнии» диэн тыллары кытта төрүт инструменнар туох ситимнээх буолуохтарын сөбүн дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдэр бастакы холонууну Дьокуускайга Олоҥхо тыйаатырын артыыстара Хотугу норуоттар тыйаатырдарын сыанатыгар көрдөрдүлэр.

«Иһийэн иһиллэн» бырайыак биир уратытынан истээччи бэйэтин санаатын артыыстардыын бииргэ үллэстиитэ буолла. Бу туһунан Олоҥхо тыйаатырын артыыската, СӨ култууратын туйгуна Иванида Бугуловалыын кэпсэттибит: https://kiinkuorat.ru/articles/saha-dor-oono-urukkuta-uonna-bili-ite

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Саҥа дьылы хайдах көрсөҕүн да...

🎄2025 сылы хайдах сөпкө көрсөр, тугу таҥнар, ас-үөл, бэлэх туһунан күндү ааҕааччыларбытыгар анаан  сүбэлэри хомуйдубут.

🎄Саҥа дьылы ханнык өҥүнэн көрсөбүт?

🎄Тугу кэтэн көрсөбүт

🎄Тугу астыыбыт?

🎄Баайы-дуолу, доруобуйаны, ситиһиини тардар бүлүүдэлэр

🎄Туох ончу көҥүллэммэтий?

🎄Ханнык утах саҥа дьыллааҕы остуолга туруохтааҕый?

🎄Остуолбутун хайдах киэргэтэбит

🎄Моҕой сылыгар тугу бэлэхтиибит?

🎄Моҕой сылын ханна, хайдахкөрсөбүт?


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Куорат Ытык сүбэтэ бүгүҥҥү салалта үлэтин өйүүр

❇️Куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна Куорат дууматын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов Ытык сүбэни кытта көрүстүлэр. 

Евгений Григорьев ааһан иһэр 2024 сыл сүрүн түмүктэрин билиһиннэрэригэр «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыак тырааныспар инфраструктуратын тупсарарын, 2030 сылга диэри Дьокуускай куорат дойду баһылыга Владимир Путин бигэргэппит маастар-былаанынан сайдарын бэлиэтээтэ, о.д.а. үтүө өрүттэргэ тохтоото.

2025 сылга инфраструктураны сайыннарыыга, уопсастыбаннай туоналары тупсарыыга, социальнай эбийиэктэри тутууга туһуланар үлэ тэтимин ыһыктыбатын эрэннэрдэ. 

Николай Лепчиков бэрэссэдээтэллээх Куорат Ытык сүбэтэ Дьокуускай куорат бүгүҥҥү олоҕор көхтөөх кыттыыны ылар. Бэйэтин кэмигэр куорат хомунаалынай хаһаайыстыбатын салайбыт Николай Лепчиков кэлиҥҥи сылларга кыстыкка бэлэмнэниигэ болҕомто күүһүрбүтүн бэлиэтээтэ. 

🙌🏻Кырдьаҕастан сүбэтин, эдэртэн эйэтин ыл.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

«Спортивнай» түөлбэ инженернэй ситимэ кэлим былаанынан тардыллыаҕа

💠Дьокуускай куорат эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ историятыгар аан бастаан инженернэй тиһиктэр биир кэлим былааннара (КСИОТ) оҥоһуллан бигэргэтилиннэ.

Ол эбэтэр ититии, уунан, уотунан хааччыйыы курдук инженернэй дьаһаллары биир кэлимник быһаарар кыаҕы биэрэр докумуон ылылынна. Эбэн эттэххэ, КСИОТ оҥоруу уонна бигэргэтии уопута Арассыыйаҕа суоҕун кэриэтэ.  Докумуонҥа куорат баһылыга Евгений Григорьев ахсынньы 17 күнүгэр илии баттаата.
🙌🏻«Спортивнай» түөлбэ (КРТ) 2а, 2б, 2г, 4а, 4б, 4в уонна 17-с кыбаарталларынан тайыаҕа. Тутуу 10 сылга тиийэ болдьохтоох ыытыллыаҕа.

КСИОТ диэн тугуй?

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Өссө биир саҥа оскуола👍🏻

🏫 Ахсынньы 21 күнүгэр Марха 1 №-дээх орто оскуолатын эбии тутуутун үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар. Саҥа эбийиэк «Үөрэхтээһин» бэрэсидьиэн национальнай бырайыагынан тутулунна.

Манна 977 оҕо үөрэнэр. Эрдэ миэстэ тиийбэт буолан оҕолор икки сменанан үөрэнэ сылдьыбыттара. Саҥа корпуска 5-11 кылаас оҕолоро үөрэнэр буолуохтара.

Оскуола эбии тутуута - 5785 кв.м. иэннээх, 326 миэстэлээх. Үөрэнэр кабинеттары сэргэ саҥа эбийиэккэ үҥкүү хоһо, библиотека, медиатека, спорт саалата уонна мастырыскыай, оҕо көҕүлээһиннэрин киинэ, 300 миэстэлээх актовай саала уонна 160 миэстэлээх остолобуой бааллар👍🏻👍🏻👍🏻

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta