«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.65K subscribers
18.6K photos
1.18K videos
1 file
10.8K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_Сэргээ

«Мин баар буолуохтаах хаартыскам» — болҕомтону тардыбыт истиҥ тыыннаах испэктээк

🎭 Сэтинньи бүтүүтэ үс күн устата Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ Матрена уонна Алексей Павловтар салайааччылаах Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар быйыл «Кыһыл көмүс мааска» бириэмийэ сүүмэрдиир түһүмэҕин ааспыт нуучча суруйааччыта Виктор Астафьев “Фотография, на которой меня нет” айымньытын матыыбынан туруоруллубут «Мин баар буолуохтаах хаартыскам» испэктээк үгүс көрөөччүнү түмпүтэ.

Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/min-baar-buoluohtaah-haartyskam-bol-omtonu-tardybyt-isti-tyynnaah-ispekteek

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Федор Поповка аналлаах пааматынньык Кыайыы күнүгэр арыллыаҕа

❇️Баһылык Евгений Григорьев 2024 сыл түмүгүнэн суруналыыстары кытта көрсүһүүтүгэр Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Поповка аналлаах пааматынньык ыам ыйын 9 күнүгэр аһыллыаҕа диэн иһитиннэрэн турар. 

Пааматынньык турар миэстэтинэн Дзержинскэй уонна Дьоруой бэйэтин аатын сүгэр уулуссалар быһа охсуһуулара анаммыта. Федор Попов аатынан сквери тупсарыы үлэтэ быйыл түмүктэммитэ.

Улуу Кыайыы 80 сылыгар бэлэмнэнии чэрчитинэн, итини сэргэ Дьокуускайга Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын аатын сүгэр уулуссаларга, уопсастыбаннай туоналарга тупсарыы, өрөмүөн үлэтэ ыытыллыаҕа. Былааҥҥа маны сэргэ Гериатрия балыыһатыгар киирэр суолу оҥоруу, Кыайыы болуоссатыгар хапытаалынай өрөмүөн киирбиттэр.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Forwarded from ПРО Автобус
Доброй ночи уважаемые горожане и гости столицы!

Завтра 21.12.2024 (суббота) запланировано к выходу по городским маршрутам 215 единиц автобусов, по пригородным маршрутам - 18 автобусов. Итого 233 единиц автобусов.

Полный выход автобусов согласно утвержденным графикам движения ожидаются по следующим маршрутам:
Маршрут 1
Маршрут 5
Маршрут 6
Маршрут 7
Маршрут 11
Маршрут 12
Маршрут 14
Маршрут 16
Маршрут 17
Маршрут 20
Маршрут 35
Маршрут 100
Недовыпуски транспорта и возможное увеличение интервалов движения автобусов в связи с техническими неисправностями ожидаются по маршрутам:
Маршрут 2
Маршрут 3
Маршрут 4
Маршрут 18
Маршрут 19
Маршрут 41

По пригородным маршрутам 21.12.2024 (суббота) ожидается 100%-ный выход транспорта.

Просим учесть данную информацию при планировании своих поездок. Следите за новостями на нашем канале #ПРОАвтобус. Мы будем держать Вас в курсе событий по Вашим маршрутам.
#КК_Сонун

Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ.

Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга былырыын Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар олохтообут 1 мөл. солк. кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүрү икки бүк улаатыннарарын эттэ. Улуу Кыайыы 80 сылынан Саха сирин 13 тыһыынча олохтооҕугар төлөбүр оҥоһуллуоҕа, сэрии кыттыылаахтарын огдооболоругар, Ленинград блокадатын, концлааҕыр сиэртибэлэригэр, тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии сылларын оҕолоругар төлөбүрдэр эмиэ улаатыахтара. 

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

🚌Дьокуускай куорат уопсастыбаннай тырааныспарын эйгэтигэр 1993 сылтан үлэлиир «СоюзАвто» чааһынай тэрилтэ салайааччыта  Андрей Косицкай:
💬2024 сыл ахсынньы ыйынааҕы туругунан 16 бэдэрээтчиттээхпит (бу иннинэ 18 этэ). Бу тэрилтэлэр холбоон 430 оптуобустаахтар, онно 300 суоппар үлэлиир. 200 курдук эбии наада. 
Пассажирдарга, нэһилиэнньэҕэ табыгастаах буоллун диэн. Холобура, ханнык эмэ маршрут салайааччыта айан-сырыы схеманы уларытар этиилээх таҕыстаҕына, куорат салалтатын кытта ону тэҥҥэ дьүүллэһэбит.

Оптуобустар маршруттарыгар киирбит уларыйыыларга уопуттаах суоппардарбыт этиилэрэ бастакы уочарат учуоттаммыта. 

Сыллата куораппыт улаатан, кэҥээн иһэр. Ол курдук, холобура, куораты хааччыйыыга соторутааҕыта эрэ уонча эрэ маршрут баар буоллаҕына, билигин 18 маршрут сүүрэр.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Улуу Кыайыы 80 сылыгар бэлэмнэнэбит

⭐️ Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар аналлаах мемориальнай дуоскалары инвентаризациялааһын түмүгүнэн 25 дуоска саҥардыллара быһаарыллыбыт.

Урут хаһаайына суох 17 эбийиэк, ол иһигэр Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар, бэтэрээннэригэр аналлаах пааматынньыктар, муниципальнай бас билиигэ бэриллибиттэр.

Кыайыы пааркатыгар «Килбиэннээх үлэ куората» стела туруоҕа, парковка, сцена оҥоһуллуохтара, уот-күөс тардыллыаҕа.

Култуурунай-маассабай уонна спортивнай үлэ былааныгар «Проспект Победы», «Танцующий город» уонна «Стена Победы» саҥа тэрээһиннэр бааллар, Кангалаас – Табаҕа хайысханан сүүрүү о.д.а. киирбиттэр.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Хапытаалынай өрөмүөн пуондатыгар хомуллар усунуос хаарбах дьиэттэн көһөрүүнү кытта туох ситимнээҕий?

🏠 «СӨ элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ хапытаалынай өрөмүөнүн пуондата» кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэ дьиэни бас билээччилэри кытта үлэҕэ салаатын начаалынньыга Саида Петрова бэлиэтииринэн, 2024 сыл ахсынньы 16 күнүнээҕи туругунан региональнай бырагырааматтан 3 738 элбэх кыбартыыралаах дьиэ таһаарыллыбыт.
«Дьиэбит саахалланар туруктааҕынан билинилиннэҕинэ, эрдэ төлөөбүт усунуоспут ханна барарый диэн элбэх ыйытыы киирэр. Бастатан туран, киирбит харчы хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан дьиэни көтүрүүгэ туһаҕа тахсар. Иккиһинэн, дьиэ саахалланар туруктааҕынан билиниллиэр диэри ааҕыллыбыт иэһи төлүүргэ тиэтэйиэххэ наада. Тоҕо диэтэххэ дьиэни бас билээччи олохтоох бэйэни салайыныы уорганыгар иэһэ суоҕун туһунан ыспараапканы тиксэриэхтээх. Ахсынньы 31 күнүгэр диэри бу иэһи пенята суох төлүүр кыах баар», — диир Саида Николаевна.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Дьон

Афанасий Томскай: «Таах олорор саҕа куһаҕан суох»

❇️ Мин бүгүҥҥү дьоруойум – “Киһи сатыырын киһи сатыахтаах” диэн толкуйунан салайтаран, олоҕун суолун оҥостор ыал аҕа баһылыга, иһирэх кэргэн, амарах аҕа, эйэҕэс эһэ, тимири кытта эллэһэр уустук дьарыгы талан, араас суол оҥоһуктары, тэриллэри айан-тутан таһаарар Афанасий Арианович Томскай. 

Кинини мин 19 лиитэрэлээх уу иһитин көтөҕөлүү сатаабакка, иҥнэтэн кутар гына, көрдөххө судургу эрээри,  тобуллаҕас толкуйтан торумнанан тахсыбыт быйылгы оҥоһугун сэргээн тиийэн билсибитим: https://kiinkuorat.ru/articles/afanasiy-tomskay-taah-oloror-sa-a-ku-a-an-suoh

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сэргээ

Дьиэ кэргэнинэн ааҕабыт

📚 Аныгы дьон оҕону бэйэ эрэ холобурунан иитэр кыахтааҕын бэркэ өйдүүр буолан, ааҕыыны көҕүлүүргэ ийэ, аҕа, эбэ, эһэ бары кыттыһаллара хайҕаллаах.

Дьиэ кэргэнинэн хоһоон ааҕалларын уонна уус-уран айымньыны билиһиннэрэр буктрейлердары оҥорбуттарын сэҥээрэн көрүҥ: https://blogi.nlrs.ru/93902/123496?utm_source=whatsapp&utm_medium=messenger&utm_campaign=pt-886&utm_eid=218


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Куорат уокуруктарын управаларын уонна куорат таһынааҕы нэһилиэктэр дьаһалталарын салайааччыларын 2024 сыл түмүгүнэн олохтоохторго отчуоттара салҕанар.

❇️❇️❇️
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Пригороднай сэлиэнньэтигэр буолар:
Буолар сирэ: Совхозная уул, 27
Бириэмэтэ: 18.00 ч.

❇️❇️❇️
Ахсынньы 24 күнүгэр Гагаринскай уокурукка:
Буолар сирэ: «Созвездие» библиотека уонна МВД, Мординов уул., 21/1
Бириэмэтэ: 17.00 ч.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_КинигэДолбуура

📚Норуоттар икки ардыларынааҕы суруналыыстар федерацияларын чилиэнэ, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин телевидениетин уонна радиотын туйгуна, Уус Алдан улууһун Мүрү, Суотту нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, элбэх научнай-популярнай ыстатыйалар, биэриилэр, кинигэлэр ааптардара Павел Васильевич Пермяков – Тэлэкэ «Борогонские якуты» кинигэтэ сүрэхтэннэ.

Кинигэ ааптара Уус Алдан улууһун Бороҕон улууһа диэн аатын уларытарга туруорсар энтуазиаст, кыраайы үөрэтээччи, патриот, киэҥ билиилээх, далааһыннаах көрүүлээх киһи, умсугутуулаахтык суруйар суруналыыс, общественник. «Мүрүйээдэ», «Лөгөй уонна кини кэмэ: архыып докумуоннара» диэн дьоһуннаах кинигэлэрдээх.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сэргээ

❄️ Аам-даам туманнаах, амырыын тымныы кыһыны Дьыл оҕуһа аҕаларын туһунан остуоруйалартан, үһүйээннэртэн билэбит. Бу оҕус Ураа-лаҥкыр муостара улуу тымныынан уһуутуу сылдьар гына айыллыбыттар. Оҕус Муустаах Байҕалтан Орто Дойдуга таҕыстаҕына тымныы түһэн Дьыл – Кыстык кэмэ саҕаланар , оттон Байҕалыгар төнүннэҕинэ Дьыл бүтэн, илгэлээх итии Сайын эргийэр. Ол иһин Оҕуһу Дьыл оҕуһа диэн ааттаабыттар.

Дьыл Оҕуһа бастаан Байҕалтан тахсарыгар Муоһа өссө да үүнэ илик буолар, онтон дьэ муостара сыыйа утуу-субуу үүнэн, Орто Дойду тымныйан, кыыдааннаах кыһын кэлэр дииллэр эбит. Оттон саас ол муостара утуу-субуу түстэхтэринэ тымныы кылаана тостон, улам сылыйан барар дииллэр. Ол кэнниттэн Муустаах Байҕалга сынньана, утуйа баран хаалар эбит.

“Ыыс быдаан тыыннаах, Болуо муус муруннаах, Кыаһаан муус кыламаннаах, Аймыр муус арҕастаах, Көмнөх хаар көлөһүннээх, Хайыр ойбон харахтаах, Уһун ураа муостаах,
Күнү – ыйы күкүрдүүр
Күр муус көҕүстээх,
Олуурдаах улуу дьыл – Оҕуһун Туругурдан утаардаҕым буоллун”
диэн Өксөкүлээх Өлөксөй “Өрүс бэлэхтэрэ” поэматыгар Дьыл оҕуһун ойуулуур.

“Кини бэйэлээх Хаамыталаан хачыгыраатаҕын аайы
Халыҥ хаар хаҥаатын,
Сүүрэкэлээн күүһүгүрэйдэҕин аайы
Сүдү тымныы сүлүһүннүрдүн,
Муннун бууһугураттаҕын аайы
Мунан барар буркун турдун,
Тыынан кыскырыттаҕын аайы
Тымныы дьыбар тыйыһырдын,
Ураа лаҥкыр муоһуттан
Улуу сата туран,
Уһун хобдох тыал олохтоннун!
Уолум обургу, олуурдаах
Улуу дьыл оҕуһа, Аас – майах аргыстанан,
Иҥсэ-мэнэгэй эҥэрдэнэн, Оп- соллоҥ ойоҕостонон,
Дьаҥ-дьаһах таһаҕастанан, Ыарыы- сүтүү көтөллөнөн”...
Өксөкүлээх Өлөксөй “Өрүс бэлэхтэрэ”

Саха киһитэ төһө да амырыын тымныылаах дойдуга олордор тымныыны сирбэт - Дьыл оҕуһугар өстөммөт. Кылгас, куйаас сайыныгар тоҕо түһэн күүстээхтик үлэлээн кыстыыр отун-маһын, аһын-үөлүн хаһаанан, дьиэтин-уотун оҥостон тымныы кыһыны көрсөр. Ким тулуурдаах, ким үлэһит, ким санаатын түһэрбэт, ким күүстээх санаалаах ол дьылы этэҥҥэ туоруур. Сылтан сыл хатыланар тымныылары - тымныы муоһа тостон сандал саас кэлиэ диэн билэрэ саха киһитигэр күүс-уох биэрэр.


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
На ежегодном «Балу чемпионов» наш Якутск получил награду как самый спортивный муниципалитет в республике!
Эту заслуженную награду я воспринимаю как победу всех горожан – любителей спорта и физической культуры. Мы видим, как наши усилия по развитию материально-технической базы спорта позволяют все большему числу жителей нашего города самого разного возраста приобщаться к занятиям физической культурой и спортом. На многих предприятиях возобновилась традиция спартакиад трудовых коллективов, в том числе у нас, в мэрии. С большим охватом проводятся общегородские школьные спартакиады.

Особые надежды мы возлагаем на подрастающее поколение. Для них мы строим новые ДЮСШ и спортзалы, велодорожки и воркауты, ремонтируем действующие спортивные объекты.
Вот, сегодня на открытии нового здания Мархинской СОШ №1 познакомился с юной спортсменкой. Милена Самсонова учится в третьем классе, боксом в школьной секции занимается всего полгода, но уже успела занять второе место на республиканском турнире. Желаю ей больших спортивных успехов и ярких побед, но, конечно, не в ущерб учебе!
#СпортНормаЖизни