#КК_Дьон
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
💠Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/ulyana-koryakina-saham-tylyn-saamay-s-metin-olo-ho-o-k-r-b-n
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

#КК_Сонун
Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар Өлүөнэ күргэтин тутуу 2025 сылтан саҕаланарын туһунан эттэ.
Санатар буоллахха, дойду баһылыга Владимир Путин Өлүөнэ өрүс күргэтин тутууну үбүлээһин болдьоҕун кылгатарга сорудахтаан турар. Аан дойдуга суох баараҕай бырайыак үс федеральнай уонна биэс өрөспүүбүлүкэ таһымнаах массыына суолларын ситимниир аналлааҕын билэбит. Ол түмүгэр Новосибирскай, Красноярскай курдук Сибиир атын даҕаны куораттарыттан таһаҕаһы тиэйиини тыһыынчанан килэмиэтирэнэн кылгатыахтаах. Ону сэргэ сылы эргиччи сырыы табаар сыанатыгар, ороскуот кээмэйигэр үчүгэйинэн дьайара сабаҕаланар.

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
❇️Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар, ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.
Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн арыллыбытыгар улаханнык махтанабын уонна, бу ыарахан күннэрин, кэмнэрин санаппыппар бырастыы гынарыгар көрдөһөбүн.
Онон, медик идэлээх, сылтан ордук өлүүнү-сүтүүнү илэ көрөн кэлбит, билигин олоҕун ыраас лиистэн саҕалаан эрэр дьоруойум аһаҕас, кырдьыктаах кэпсээнин чуумпуран олорон истиэҕиҥ, ааҕыаҕыҥ: https://kiinkuorat.ru/articles/medik-baa-yrbyt-bayyaspyn-d-y-ten-baran-so-orum

#КК_Сэргээ
«Мин баар буолуохтаах хаартыскам» — болҕомтону тардыбыт истиҥ тыыннаах испэктээк
🎭 Сэтинньи бүтүүтэ үс күн устата Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ Матрена уонна Алексей Павловтар салайааччылаах Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар быйыл «Кыһыл көмүс мааска» бириэмийэ сүүмэрдиир түһүмэҕин ааспыт нуучча суруйааччыта Виктор Астафьев “Фотография, на которой меня нет” айымньытын матыыбынан туруоруллубут «Мин баар буолуохтаах хаартыскам» испэктээк үгүс көрөөччүнү түмпүтэ.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/min-baar-buoluohtaah-haartyskam-bol-omtonu-tardybyt-isti-tyynnaah-ispekteek

Федор Поповка аналлаах пааматынньык Кыайыы күнүгэр арыллыаҕа
❇️Баһылык Евгений Григорьев 2024 сыл түмүгүнэн суруналыыстары кытта көрсүһүүтүгэр Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Поповка аналлаах пааматынньык ыам ыйын 9 күнүгэр аһыллыаҕа диэн иһитиннэрэн турар.
Пааматынньык турар миэстэтинэн Дзержинскэй уонна Дьоруой бэйэтин аатын сүгэр уулуссалар быһа охсуһуулара анаммыта. Федор Попов аатынан сквери тупсарыы үлэтэ быйыл түмүктэммитэ.
Улуу Кыайыы 80 сылыгар бэлэмнэнии чэрчитинэн, итини сэргэ Дьокуускайга Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын аатын сүгэр уулуссаларга, уопсастыбаннай туоналарга тупсарыы, өрөмүөн үлэтэ ыытыллыаҕа. Былааҥҥа маны сэргэ Гериатрия балыыһатыгар киирэр суолу оҥоруу, Кыайыы болуоссатыгар хапытаалынай өрөмүөн киирбиттэр.

Forwarded from ПРО Автобус
Доброй ночи уважаемые горожане и гости столицы!
Завтра 21.12.2024 (суббота) запланировано к выходу по городским маршрутам 215 единиц автобусов, по пригородным маршрутам - 18 автобусов. Итого 233 единиц автобусов.
Полный выход автобусов согласно утвержденным графикам движения ожидаются по следующим маршрутам:
Маршрут 1
Маршрут 5
Маршрут 6
Маршрут 7
Маршрут 11
Маршрут 12
Маршрут 14
Маршрут 16
Маршрут 17
Маршрут 20
Маршрут 35
Маршрут 100
Недовыпуски транспорта и возможное увеличение интервалов движения автобусов в связи с техническими неисправностями ожидаются по маршрутам:
Маршрут 2
Маршрут 3
Маршрут 4
Маршрут 18
Маршрут 19
Маршрут 41
По пригородным маршрутам 21.12.2024 (суббота) ожидается 100%-ный выход транспорта.
Просим учесть данную информацию при планировании своих поездок. Следите за новостями на нашем канале #ПРОАвтобус. Мы будем держать Вас в курсе событий по Вашим маршрутам.

Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ.
Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга былырыын Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар олохтообут 1 мөл. солк. кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүрү икки бүк улаатыннарарын эттэ. Улуу Кыайыы 80 сылынан Саха сирин 13 тыһыынча олохтооҕугар төлөбүр оҥоһуллуоҕа, сэрии кыттыылаахтарын огдооболоругар, Ленинград блокадатын, концлааҕыр сиэртибэлэригэр, тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии сылларын оҕолоругар төлөбүрдэр эмиэ улаатыахтара.

🚌Дьокуускай куорат уопсастыбаннай тырааныспарын эйгэтигэр 1993 сылтан үлэлиир «СоюзАвто» чааһынай тэрилтэ салайааччыта Андрей Косицкай:
💬2024 сыл ахсынньы ыйынааҕы туругунан 16 бэдэрээтчиттээхпит (бу иннинэ 18 этэ). Бу тэрилтэлэр холбоон 430 оптуобустаахтар, онно 300 суоппар үлэлиир. 200 курдук эбии наада.
Пассажирдарга, нэһилиэнньэҕэ табыгастаах буоллун диэн. Холобура, ханнык эмэ маршрут салайааччыта айан-сырыы схеманы уларытар этиилээх таҕыстаҕына, куорат салалтатын кытта ону тэҥҥэ дьүүллэһэбит.
Оптуобустар маршруттарыгар киирбит уларыйыыларга уопуттаах суоппардарбыт этиилэрэ бастакы уочарат учуоттаммыта.
Сыллата куораппыт улаатан, кэҥээн иһэр. Ол курдук, холобура, куораты хааччыйыыга соторутааҕыта эрэ уонча эрэ маршрут баар буоллаҕына, билигин 18 маршрут сүүрэр.

Улуу Кыайыы 80 сылыгар бэлэмнэнэбит
⭐️ Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар аналлаах мемориальнай дуоскалары инвентаризациялааһын түмүгүнэн 25 дуоска саҥардыллара быһаарыллыбыт.
Урут хаһаайына суох 17 эбийиэк, ол иһигэр Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар, бэтэрээннэригэр аналлаах пааматынньыктар, муниципальнай бас билиигэ бэриллибиттэр.
Кыайыы пааркатыгар «Килбиэннээх үлэ куората» стела туруоҕа, парковка, сцена оҥоһуллуохтара, уот-күөс тардыллыаҕа.
Култуурунай-маассабай уонна спортивнай үлэ былааныгар «Проспект Победы», «Танцующий город» уонна «Стена Победы» саҥа тэрээһиннэр бааллар, Кангалаас – Табаҕа хайысханан сүүрүү о.д.а. киирбиттэр.

Хапытаалынай өрөмүөн пуондатыгар хомуллар усунуос хаарбах дьиэттэн көһөрүүнү кытта туох ситимнээҕий?
🏠 «СӨ элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ хапытаалынай өрөмүөнүн пуондата» кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэ дьиэни бас билээччилэри кытта үлэҕэ салаатын начаалынньыга Саида Петрова бэлиэтииринэн, 2024 сыл ахсынньы 16 күнүнээҕи туругунан региональнай бырагырааматтан 3 738 элбэх кыбартыыралаах дьиэ таһаарыллыбыт.
«Дьиэбит саахалланар туруктааҕынан билинилиннэҕинэ, эрдэ төлөөбүт усунуоспут ханна барарый диэн элбэх ыйытыы киирэр. Бастатан туран, киирбит харчы хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан дьиэни көтүрүүгэ туһаҕа тахсар. Иккиһинэн, дьиэ саахалланар туруктааҕынан билиниллиэр диэри ааҕыллыбыт иэһи төлүүргэ тиэтэйиэххэ наада. Тоҕо диэтэххэ дьиэни бас билээччи олохтоох бэйэни салайыныы уорганыгар иэһэ суоҕун туһунан ыспараапканы тиксэриэхтээх. Ахсынньы 31 күнүгэр диэри бу иэһи пенята суох төлүүр кыах баар», — диир Саида Николаевна.

Афанасий Томскай: «Таах олорор саҕа куһаҕан суох»
❇️ Мин бүгүҥҥү дьоруойум – “Киһи сатыырын киһи сатыахтаах” диэн толкуйунан салайтаран, олоҕун суолун оҥостор ыал аҕа баһылыга, иһирэх кэргэн, амарах аҕа, эйэҕэс эһэ, тимири кытта эллэһэр уустук дьарыгы талан, араас суол оҥоһуктары, тэриллэри айан-тутан таһаарар Афанасий Арианович Томскай.
Кинини мин 19 лиитэрэлээх уу иһитин көтөҕөлүү сатаабакка, иҥнэтэн кутар гына, көрдөххө судургу эрээри, тобуллаҕас толкуйтан торумнанан тахсыбыт быйылгы оҥоһугун сэргээн тиийэн билсибитим: https://kiinkuorat.ru/articles/afanasiy-tomskay-taah-oloror-sa-a-ku-a-an-suoh

Дьиэ кэргэнинэн ааҕабыт
📚 Аныгы дьон оҕону бэйэ эрэ холобурунан иитэр кыахтааҕын бэркэ өйдүүр буолан, ааҕыыны көҕүлүүргэ ийэ, аҕа, эбэ, эһэ бары кыттыһаллара хайҕаллаах.
Дьиэ кэргэнинэн хоһоон ааҕалларын уонна уус-уран айымньыны билиһиннэрэр буктрейлердары оҥорбуттарын сэҥээрэн көрүҥ: https://blogi.nlrs.ru/93902/123496?utm_source=whatsapp&utm_medium=messenger&utm_campaign=pt-886&utm_eid=218

Блоги Якутии
Дьиэ кэргэнинэн ааҕабыт - Блоги Якутии
Аныгы дьон оҕону бэйэ эрэ холобурунан иитэр кыахтааххын бэркэ өйдүүр буолан, ааҕыыны көҕүлүүргэ ийэ, аҕа, эбэ, эһэ бары кыттыһаллара хайҕаллаах. Ол туоһута бу роликтар – дьиэ кэргэнинэн хоһоон ааҕалларын уонна уус-уран айымньыны билиһиннэрэр буктрейлердары…
#КК_Сонун
Куорат уокуруктарын управаларын уонна куорат таһынааҕы нэһилиэктэр дьаһалталарын салайааччыларын 2024 сыл түмүгүнэн олохтоохторго отчуоттара салҕанар.
❇️❇️❇️
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Пригороднай сэлиэнньэтигэр буолар:
Буолар сирэ: Совхозная уул, 27
Бириэмэтэ: 18.00 ч.
❇️❇️❇️
Ахсынньы 24 күнүгэр Гагаринскай уокурукка:
Буолар сирэ: «Созвездие» библиотека уонна МВД, Мординов уул., 21/1
Бириэмэтэ: 17.00 ч.