«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.6K subscribers
18.3K photos
1.15K videos
1 file
10.7K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_Фотофакт

📚 Бүгүн Сайсары уокуругар 2-с нүөмэрдээх "Маяк" библиотека хапытаалынай өрөмүөн кэнниттэн ааҕааччыларыгар аанын арыйар үөрүүлээх күнэ үүннэ😍🤩👏

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

🏈 🏀 🥊 🤼
Арассыыйаҕа бүттүүнүгэр кэнники сылларга маассабай спорт киэҥник тэнийэн эрэрин бэлиэтии көрөр буолуохтааххыт.

👍🏻Кэлэр сылтан, дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн, "Земскэй тренер" диэн идэтийбит тренердэри үлэҕэ угуйар бырагыраама үлэтэ саҕаланара былааннанар.

"Земскэй тренер" усулуобуйата учууталларга, медиктэргэ оҥоһуллар бырагыраамаҕа маарыҥныыр буолуохтаах.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

🏠 Ахсынньы 17 күнүгэр Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев “Россия 24” ханаалга “Куораты кытта быһа эпиир” биэриигэ хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү хаамыытыгар тохтоото.


Маастар-былаанынан 2030 сылга диэри Дьокуускай куоракка биир даҕаны хаарбах туруктаах дьиэ хаалыа суохтаах. 

Киин куоракка 2017 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри хаарбаҕынан билиниллибит дьиэлэртэн көһөрүү былаана болдьоҕун иннигэр түмүктэнэр. Бу көрдөрүү бүгүҥҥү күҥҥэ 97% тиийэн турар. 

Онон, баһылык бэлиэтээбитинэн, билигин 2017 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри хаарбаҕынан билиниллибит 957 элбэх кыбартыыралаах дьиэни көтүрүү бырагырааматын олоххо киллэрии территориялары кэлимник сайыннарыы былаанын, тустаах муниципальнай бырагыраама уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн киирэр үп суотугар номнуо саҕаланна. 

👍🏻Аэропорт хайысхатынан, саҥа «Спортивнай» түөлбэҕэ тутуллар оҕо саадын уонна спорт саалатын тутар сирдэргэ турар хаарбах дьиэлэри көтүрүү саҕаланна.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#КК_Видео

29-ус оскуолаҕа эбии тутуу быһыытынан олоххо киирбит эбийиэк 350 миэстэлээх дьиэтин-уотун көрүүттэн-истииттэн Дьокуускай куорат баһылыгын Евгений Григорьев ааһан эрэр сыл түмүктэрин таһаарар пресс-конференцията саҕаланна.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
🚌Бастакы ыйытыы «Эхо столицы» хаһыаттан оптуобустар сырыыларын туһунан буолла.

Баһылык кэпсээбитинэн, уларыта тутуу барыта научнай чинчийии, кээмэйдээһин түмүгүнэн киирдэ. Реформа дьыл түөрт кэмигэр ыытыллыбыт чинчийии түмүгэр тирэҕирэр.
Бастаан оптуобустары саҥардыы, онтон толорооччулары бөдөҥсүтүү барда.

💬Эһиил өссө эбии саҥа тиэхиньикэ атыылаһан чааһынай пассажирдары таһааччылары өйүөхпүт.

Сиһилии "Киин куорат" кэлэр нүөмэригэр🙌🏻

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
💬Куорат киин уулуссаларыттан кытыы нэһилиэктэр оптуобустарын ылыахпыт. Медкиин уонна Аэропорт оройуонугар автовокзаллар үлэлиэхтэрэ.
Ол түмүгэр кытыы нэһилиэктэр бырайыастара икки бүк чэпчиэхтээх.

Сиһилии "Киин куорат" кэлэр нүөмэригэр🙌🏻

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
🚌Реформаны тоҕо сайын саҕалаабатыгыт?

💬Оптуобустарбыт күһүн биирдэ кэлбиттэрэ. Онтон олору докумуоннааһын, бэрэбиэркэлэри ааһыы сэтинньи 18-гар диэри барда. Ол иһин тардылынныбыт. Сааһы кэтэһэр кыахпыт суоҕа - 15-ис, 25-ис маршруттарбыт быйыл кыһыны туоруур кыахтара суоҕа.


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
🚌Бырайыас туһунан:

💬Бырайыас ыарааһына бастатан туран олохтоохторго охсор. Билигин, дьон саҥа схемаҕа үөрэнэр кэмигэр, кыс ортото, сыананы үрдэтэр наадата суох.
Сыана хаһан үрдүүрэ билиҥҥитэ биллибэт - ол эрэн бу олох ирдэбилэ буоларын өйдүөх тустаахпыт.


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
🚌Суоппар тиийбэтин туһунан:

💬 Идэ суолтатын өрө таһаарыахха. ЯПАК суоппардарыгар уопсай дьиэ бэриллэр. Оҕолорун уһуйааҥҥа киллэриини дьаһайыахха. Санаторнай-курортнай сынньалаҥнарын тэрийиэххэ наада о.д.а. Хамнастарын эһиил эмиэ индексациялыахпыт.
Уһук Илин ипотекатын уопсастыбаннай тырааныспар суоппардарыгар кытта биэриэххэ диэн этиини федеральнай таһымҥа көтөҕөбүт.


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
🚌109-ус маршрут туһунан:

💬Суут быһаарыытынан, 2025 сылтан муниципалитеттар икки ардыларынааҕы таһымнанар, куорат бүддьүөтүттэн субсидияламмат.
109-ус маршрут 53% Жатай олохтоохторо. Бу маршрукка Тырааныспар министиэристибэтин кытты үлэлиибит. Дьону оптуобуһа суох хаалларыахпыт суоҕа.
Саталга 106-ыс маршрут сылдьар.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
🚌Сылаас тохтобуллар тустарынан:

💬Сылаас тохтобуллары тутуу салҕаныаҕа. Вандализм баар. ИДьМ кытта ыкса үлэлиибит.


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
💬Куорат пааркатыгар кыһыннары үлэлиир аэротренажер үлэлээтэ. Ити дьиэ кэннинэн турар тутуллан иһэн тохтообут дьиэҕэ аквапарк тутар былаан баар.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta