#КК_СурукКиирдэ
Куорат дьаһалтатыгар улаханнык махтанабыт
✍️«Киин куорат» телеграм-ханаалыгар «Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?» диэн суруйууну үтүктэн, бэйэм санаабын этиэхпин баҕардым. - Биһиги дьиэ кэргэн «Прометей» микрооройуоҥҥа бастаан тутуллан эрдэҕинэ дьиэ атыылаһан көһөн кэлбиппит уонча сыл буолла. Онно киһи да аҕыйах быһыылаах этэ, дьиэ да аҕыйах тутулуннаҕа. Онон 14-с оптуобуһунан Автодорожнайга тахсаммыт, үөрэхпитигэр, үлэбитигэр айанныыр этибит. Онтон кэлин дьиэ эбиллэн истэҕин аайы саамай куораппыт киинигэр тиийэр 14-с оптуобуспут иһирдьэ киирэн тахсар буолбута. Ол наһаа табыгастаах этэ. Онтон төһөнөн дьиэ-уот тутуллан, киһи элбээн истэҕин аайы бу оптуобуспут биһиги айаммытын толуйбат, эппиэттээбэт буолан испитэ. Тоҕо диэтэххэ наһаа элбэх эдэр, үлэлиир ыал олорор, киһи барыта массыыналаах буолбатах, наһаа элбэх оҕо үөрэнэ барар, кэлэр. Ол аайы бу оптуобуска сорох ардыгар баппакка, иккис, үһүс оптуобуһунан да барбыт-кэлбит дьон элбэх буолааччылар. Куруутун айанныыр буоламмыт, бэйэ икки ардыгар кэпсэтэбит эҥин буоллаҕа. Онон саамай абырыыр, куорат киинигэр барар оптуобуспут наһаа ноҕоруусканы көрсөр, элбэх киһилээх буолан хаалбыта. Онтон сиэммит улааппыта, оскуолаҕа барбыта, оччолорго «Прометейга» оскуола баар буоларын туһунан кэпсэтии да суох этэ. Оҕобутун куорат 26-с оскуолатыгар эмиэ бу 14-с оптуобуһунан сарсыарда илдьэбит, киэһэ аҕалабыт. Онтон орто сүһүөх кылаастартан бэйэтэ сылдьар буолбута. Оҕоҥ киэһэ хойут наһаа элбэх киһи симиллибит оптуобуһунан айаннаан кэлэрэ эмиэ ыарахан буоллаҕа. Онон наһаа эрэйдэммиппит. Өссө иккис сменаҕа үөрэнэр эрдэҕинэ оптуобуһу кэтэһэн-манаһан киэһээ аҕыс чааска кэлээхтиир этэ, ыарахан баҕайы рюкзагын сүкпүтүнэн. Онтон билигин аттыбытыгар оскуола аһыллан, оҕолор да, төрөппүттэр да олох абыраммыт буолуохтаахтар. Ааспыт ыйтан аны микрооройуоммутугар 5-с нүөмэрдээх оптуобус биһигинэн эргийэн куорат киинигэр тиийэр буолбутугар, кырдьык, наһаа үөрдүбүт. Тоҕо диэтэххэ аны икки араас оптуобуһунан барабыт, кэлэбит, талан олоробут. Аны бу 5-с оптуобус куорат киинигэр эрэ буолбакка, биһигини салгыы куорат балыыһатыгар тиийэ илдьэр. Онон биир эмит ыарыһаҕыҥ, билэр киһиҥ сытар буоллаҕына, ону көрсө барарга, көрдөрө да барар буоллаххына, олох чопчу тиийэҕин, мин онтон наһаа үөрдүм. Ааспыт ыйга оруобуна миигин Свердлов ууулуссаҕа турар харах балыыһатыгар ыыппыттара. Онно оруобуна медколледж таһыгар тохтобулга түһэн, балыыһабыттан олох чугас тиийдим. Уопсайынан, бу оптуобус биһигинэн эргийэн сылдьарын наһаа хайҕаатым уонна сөбүлээтим. Кырдьык, нэһилиэнньэ элбээтэ. Онон биһиэхэ наһаа наадалаах уонна бу оптуобус сылдьыбыта наһаа хайҕаллаах диэммин, сыта-тура, этэргэ дылы, сахалыы уу иһэ-иһэ хайҕыыбын. Урут кыайан тиийбэт элбэх сирбитигэр айанныыр буоллубут. Биирдэ эмэ мал-сал атыылаһа Строительнай ырыынакка да чуо тиийэбит. Онон бу маршруту киллэрбит куорат дьаһалтатыгар улаханнык махтанабыт.
А.И. Михайлова, «Прометей» олохтооҕо
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

Telegram
«КИИН КУОРАТ» хаhыат
🌐 Kiinkuorat.ru
📩Электроннай аадырыс: [email protected]
📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Forwarded from ПРО Автобус
Уважаемые жители! На одном из автобусов 12 маршрута не работает навигация в приложении "Умный транспорт", но автобус находится на линии. Просим учесть данную информацию при планировании своих поездок. К слову все автобусы данного маршрута на данный момент выходят по своему графику в полном составе в порядке очереди.
#ПроАвтобус
#Якутск
#Городскойтранспорт
#ПроАвтобус
#Якутск
#Городскойтранспорт
#КК_Сонун
🚌5-ис нүөмэрдээх маршрукка бүгүн эбии икки улахан оптуобус линияҕа таҕыста.
🚌Өссө икки улахан ЯПАК МУТ оптуобустара 7-ис маршрукка эбии тахсыахтара.
Ол туһунан дьаһалта бүгүн сарсыардааҥы планеркатыгар иһитиннэрдилэр.
Улахан оптуобустар киэһээ уонна сарсыарда дьон ордук тоҕуоруһар кэмигэр күүс-көмө буолуохтара.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
🚌5-ис нүөмэрдээх маршрукка бүгүн эбии икки улахан оптуобус линияҕа таҕыста.
🚌Өссө икки улахан ЯПАК МУТ оптуобустара 7-ис маршрукка эбии тахсыахтара.
Ол туһунан дьаһалта бүгүн сарсыардааҥы планеркатыгар иһитиннэрдилэр.
Улахан оптуобустар киэһээ уонна сарсыарда дьон ордук тоҕуоруһар кэмигэр күүс-көмө буолуохтара.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Telegram
«КИИН КУОРАТ» хаhыат
🌐 Kiinkuorat.ru
📩Электроннай аадырыс: [email protected]
📩Электроннай аадырыс: [email protected]
#КК_ТускарТуһан
Дьокуускай куорат олохтоох дьаһалтатын Суолга-тырааныспарга сулууспатын телеграмм ханаалыгар суруттарыҥ:
https://t.iss.one/ProAvtobusYkt
🚌Оптуобустар сырыыларын туһунан кырдьыктаах информация, суһал иһитиннэрии барыта иннэ тахсар☝🏻
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Дьокуускай куорат олохтоох дьаһалтатын Суолга-тырааныспарга сулууспатын телеграмм ханаалыгар суруттарыҥ:
https://t.iss.one/ProAvtobusYkt
🚌Оптуобустар сырыыларын туһунан кырдьыктаах информация, суһал иһитиннэрии барыта иннэ тахсар☝🏻
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун
ОДьКХ салаатын “D” категориялаах суоппардарын
ЯПАК МУТ үлэтин күүһүрдүүгэ ыытыахтара
🚌 ЯПАК МУТ салайааччыта Иннокентий Сергучев иһитиннэрбитинэн, тоҥон турбут оптуобустары ириэриэхтэрэ, суоппардарга медосмотр уонна инструктаж ыытыахтара.
Баһылык Евгений Григорьев хомунаалынай тэрилтэлэри куорат олохтоохторун өйүүргэ, кыһалҕаны быһаарарга көмөлөһөргө ыҥырда.
Ааспыт нэдиэлэ түмүгүнэн, ЯПАК МУТ графигы толоруута 98,8%, Союз Авто - 86,8% тэҥнэспит.
☎️"Тута сибээс" линиятыгар 300 кэриҥэ киһи эрийэн оптуобустар сырыыларын схематын, арыттарын ыйыталаспыттар.

Дьокуускай баһылыга оптуобус суоппардарын үлэҕэ ылыыга муниципальнай бырагырааманы үлэлэтиэххэ диэн этии киллэрэр
🚌Киин куорат оптуобустарыгар суоппар тиийбэт кыһалҕата хаһааҥҥытааҕар да сытыытык турарын бары билэбит.
Онтон сиэттэрэн муниципальнай бырагырааманы оҥорон, араас өйөбүл миэрэлэрин тобулан саҥа идэтийбит каадырдары бу үлэҕэ угуйуохха сөп диэн Евгений Григорьев бүгүҥҥү дьаһалта планеркатыгар этии көтөхтө.

Эмиэ сылаас тохтобулу сүргэйдилэр😱
❇️Бу сырыыга быһылаан Гагаринскай уокурукка таҕыста, матырыйааллар полиция уорганнарыгар тиксэрилиннилэр. Бастакы сабаҕалааһынынан, буруйу оҥорууга обургу саастаах оҕолор уорбаланаллар.
🔹Билиҥҥи туругунан, киин куорат үрдүнэн 45 сылаас тохтобул үлэлии турар.

Оптуобустар сырыыларыгар ыйытыылааххыт?
"Тута сибээс" линията үлэлиирин туһунан санатабыт🙌🏻
☎️300-900 нүөмэринэн эрийэн оптуобус сырыытыгар сыһыаннаах ыйытыыларгытын биэриэххитин сөп: расписаниелара, айаннарын арыта (интервал), тарифтар уонна төлөбүр ньымалара о.д.а.
☎️Маны тэҥэ бу нүөмэргэ эрийэн араас кыһалҕалаах боппуруостары быһаарсыаххытын сөп - оҕо, аҕам саастаах киһи каартатын сүтэрдэҕинэ, оптуобуска малгытын умуннаххытына о.д.а.
☎️ 300-900 нүөмэринэн оптуобус сырыытын тупсарар араас санааҕытын, туруорсуугутун кытта этиэххитин сөп.
⏰ "Тута сибээс" күн аайы 07:00-21:00 ч., эбиэтэ, өрөбүлэ суох үлэлиир.

Куорат уокуруктарын управаларын уонна куорат таһынааҕы нэһилиэктэр дьаһалталарын салайааччыларын 2024 сыл түмүгүнэн олохтоохторго отчуоттара салҕанар.
❇️❇️❇️
Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, буолар отчуоттар:
Губинскай уокурук
🔹Буолар сирэ: Пединститут, Ленин пр., 2
⏰ Бириэмэтэ: 17.00 ч.
Марха
🔹Буолар сирэ: Олег Кошевой аатынан Марха 1 №-дээх оскуолата, Олег Кошевой уул., 39
⏰Бириэмэтэ: 18.00 ч.

Forwarded from Управление образования ОА г.Якутска
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#Сынньалаҥҥа
📓 Видеоматериал "Сахалыы ыраастык саҥарыах" (Говорим по-якутски) подготовили учащиеся 10 класса Саха гимназии.
Руководитель Васильева Надежда Алексеевна, учитель якутского языка и литературы.
#сахатыла #сынньанаолорон #надосуге
@yaguo_official

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#КК_Сонун
📺 Ил Дархан Айсен Николаев ГТРК «Саха» ханаалга быһа эфиргэ тахсыаҕа. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын уонна баһылыгын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Эфир бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, күнүс 13:00 чааска буолуоҕа.
Биэрии кэмигэр 8 (4112) 32-02-02 нүөмэргэ эрийэн ыйытыы биэриэххэ сөп.
Быһа эфиргэ ааҕыллыбатах боппуруостары өрөспүүбүлүкэ баһылыгар тиэрдэллэр.
«Быһа кэпсэтии» биэрии онлайн-трансляциятын бу сигэлэринэн көрүөххэ сөп:
🌐https://vk.com/vestisakha;
✈️https://t.iss.one/vestisakha;
❗️https://gtrksakha.ru/news/2024/12/16/smotrite-programmu-pryamoj-razgovor-s-ajsenom-nikolaevym/

Forwarded from Саха театра
🎄🎄🎄САҤА ЭРГЭ ДЬЫЛ🎄🎄🎄
Саха театра кэлэн иһэр Саҥа Дьылынан эҕэрдэлээн туран ахсынньы 25, 26, 28, 29 күннэригэр, 18:00 чаастан «Саҥа Эргэ дьыл» аптаах кэмиэдьийэҕэ ыҥырар 🎭🎭🎭
⭐️⭐️⭐️⭐️⭐️⭐️⭐️⭐️⭐️
Бу эрэ күн Саха театрын эрчимнээх эдэр артыыстара эһиэхэ анаан үөрүү-көтүү аргыстаах, сүргэни көтөҕөр Саҥа Дьыл аптаах бырааһынньыгын бэлэхтиэхтэрэ!
Саҥа 2025 Дьылга дьолу-үөрүүнү түстүүр бастыҥ испэктээкилин көтүтүмэҥ!
✅ Пушкинскай карта
🎫 Билиэт сыаната 500-1500 https://iframeab-pre5643.intickets.ru/event/45834978
🎭 Билиэттэр Саха театр каассатыгар атыыга баар 34-13-31

#КК_Сонун 🚌5-ис нүөмэрдээх маршрукка бүгүн эбии икки улахан оптуобус линияҕа таҕыста. 🚌Өссө икки улахан ЯПАК МУТ оптуобустара 7-ис маршрукка эбии тахсыахтара. Ол туһунан дьаһалта бүгүн сарсыардааҥы планеркатыгар иһитиннэрдилэр. Улахан оптуобустар киэһээ…
#КК_Сонун
🚌 5 №-дээх маршрукка икки улахан КАВЗ оптуобуһу эптилэр
Бүгүн сарсыарда Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспата нэһилиэнньэттэн ордук элбэх үҥсүү киирбит 5 №-дээх маршруту бэрэбиэркэлээтэ.
Суол-тырааныспар сулууспатын салайааччыта Эдуард Садовников иһитиннэрбитинэн, бэрэбиэркэ «Малая Марха» тиһэх тохтобултан саҕаламмыт. Бу маршрут саамай элбэх үҥсүүнү түмпүт «Манньыаттаах» тохтобулугар сарсыарда 07:15 чааска оптуобус иһигэр киһи аҕыйаҕа бэлиэтэммит.
💬«Бу маршрукка билиҥҥитэ 2 улахан КАВЗ оптуобуһу эптибит», - диир Эдуард Садовников.
☎️Оптуобус сырыытыгар ыйытыылары, этиилэри, үҥсүүлэри Олохтоох дьаһалтаҕа 300-900 нүөмэргэ эрийэн биэриэххэ сөп, диэн иһитиннэрэр куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата.

#КК_Сэргээ
🚌 Санатар буоллахха, куорат иһигэр сүүрэр КАВЗ оптуобустар 84 пассажирскай миэстэлээхтэр (28 олорор уонна биир инбэлиит кэлээскэтин миэстэтэ), куорат кытыытыгар сылдьар оптуобустар 35-тэн 39-ка диэри миэстэлээхтэр. «Вектор» типтээх оптуобуска миэстэтэ – 30.
Саҥа оптуобустар биһиги тыйыс усулуобуйабытыгар үлэлииргэ анаммыттар, иккилии хос түннүктээх, салон иһигэр эбии ититиилээх, кондиционердаах. Биһиги туманнаах кыһыннарбытыгар анаан кыһыл өҥнөөх оптуобустары талбыттар.

🎄Киин куорат дьаһалтата "Саҥа дьыллааҕы Дьокуускай" күрэҕи биллэрэр.
▶️Күрэххэ юридическай сирэйдэр уонна урбаанньыттар кыттыахтарын сөп.
🎁Кыайыылаах харчынан бириэмийэлэнэр.
🗓️Сэтинньи 27 күнүттэн ахсынньы 25 күнүгэр диэри.
📝Сайаапкалары Урбаан департамена тутар: Ленин пр., 15, каб. 209,
📫 электроннай почта:[email protected].
Күрэх толору балаһыанньата:
https://yakutskcity.ru/press-tsentr/v-yakutske-obyavlen-konkurs-na-luchshee-novogodnee-oformlenie-sredi-predpriyatiy-i-organizatsiy/
⬆️Хаартыскаҕа:
1️⃣Ленин проспегар киэргэммит сибэкки маҕаһыына,
2️⃣"Алроса" хонтуоратын иннигэр муус оңоһук оңорон эрэллэр, 3️⃣Саңардыллыбыт проспект устун кэһэх оһуор умайбыта астык👍🏻
*Кэһэх - саха төрүт (традиционнай) оһуора сүрдээх дириҥ ис-хоһоонноох, өбүгэбит Аан дойдуну анаарбыт билиитин, удьуор үөрэҕин (генетика) уган хаалларбыт бичигэ эбит.

Хатас — саахымат туоната
♟️ Хатаска Иннокентий Иннокентьевич Захаров аатынан Хатастааҕы 7 №-дээх оҕо спорт оскуолатыгар И.И. Захаров төрөөбүтэ 90 сылыгар туһуламмыт 13-с төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи саахымакка түргэн оонньууга аһаҕас мемориал буолан ааста. Күрэххэ Уус Алдантан, Мэҥэ Хаҥаластан, Хаҥаластан, Намтан, Тааттаттан, Дьокуускайтан, Хатастан 10 саастарыттан 88-гар, Арассыыйа таһымыгар эбэтэр норуоттар икки ардыларыгар ыытыллыбыт VIII-с “Азия оҕолорун” кыттааччытыгар тиийэ бааллар.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/hatas-saahymat-tuonata