«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.59K subscribers
18.1K photos
1.11K videos
1 file
10.6K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_Сонун

«Арассыыйа — мин историям» историческай паарка Тымныы Оҕонньору кытта көрсүһүүгэ ыҥырар

🎅 Ахсынньы 8 күнүгэр «Арассыыйа – мин историям» историческай паарка Дьокуускай куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын Саҥа дьыллааҕы тэрээһиҥҥэ ыҥырар.

Бырагыраамаҕа оонньуур, мааска дьаарбаҥката, быыстапка, Тымныы Оҕонньору кытта көрсүһэн, баҕа санаалаах суругу илиитигэр туттарыы, маастар-кылаастар уо.д.а. баар.  Буолар күнэ: Ахсынньы 8 күнэ, күнүс 14:00–16:00 чч. Аадырыһа: К. Уткин уул., 5 Билсэр төл.: +7 (4112) 40-35-97 


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
🎄Саҥа дьыллааҕы харыйаҕытын туруордугут дуо?
Anonymous Poll
13%
Туруоран 🎄
59%
Эс, эрдэ дии!🧐
28%
Олох хойут туруорааччыбын👋
#КК_Сонун

Сарсыҥҥыттан, ахсынньы 7 күнүттэн, 2 №-дээх уонна 19 №-дээх оптуобустар уларытыллыбыт схеманан сылдьыахтара

🚌 Ахсынньы 7 күнүттэн 2 №-дээх уонна 19 №-дээх маршруттарыгар сырыыларыгар уларыйыы киирэр. 
Ол курдук, 2 №-дээх маршрут нэһилиэнньэ туруорсуутунан уонна Дьокуускайдааҕы харах балыыһатыгар таарыйар сыалтан Свердлов уулуссатынан киирэн ааһыаҕа. Ол оннугар Халтурин уулуссатыгар 19 №-дээх оптуобус киириэҕэ, бу машрут маны сэргэ 17 №-дээх оскуоланан ааһыаҕа.
Олохтоох дьаһалта Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспатыгар иһитиннэрэллэринэн, маннык схема уопсастыбаннай тырааныспар сырыытын чинчийэр хамыыһыйанан ахсынньы ортотугар бүтэһиктээх быһаарыы ылыллыар диэри үлэлиэҕэ. 
Бары боппуруостарынан 300-997 төлөпүөнүнэн эбэтэр Михаил Николаев пр., 11, 3-с этээс аадырыска билсэргитигэр ыҥыраллар.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Дьон

Аан дойду көрөөччүтүгэр үйэлээх сыаннас биир эбит...

🎥 Саха киинэтэ аан дойду таһымнаах бэстибээллэргэ киэҥник биһирэнэр, улаханнык уруйданар, аҥаардастыы айхалланар, суон сураҕырар. Ол эрээри кэнники кэмҥэ анал үөрэхтээхтэр, чинчийээччилэр саха киинэтэ бэйэтин уратытын сүтэрэр кутталлаах диэн дьиксинэллэр...
Бу туһунан Владимир Кочарян «Якутское кино. Путь самоопределения» диэн кинигэтигэр хас да интервьюга уонна ыстатыйаҕа ытырыктата аахпытым. Арай саха киинэтин төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, аксакал Алексей Романов: «Биһиги бэйэбитин сүтэриэхпит диэн итэҕэйбэппин, тоҕо диэтэххэ саха киинэтин феномена сөпкө баран иһэрбитин бигэргэтэр», – диэн эрэллээх этиитин кытта сөбүлэһиэхпин эрэ баҕарабын. Ити чиҥ санаатын режиссер «Хаар куйаар номохторо» диэн саҥа киинэтинэн итэҕэттэ: https://kiinkuorat.ru/articles/aan-doydu-k-r-chch-t-ger-yeleeh-syannas-biir-ebit



https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Музыка Үрдүкү оскуолатын тутууну түмүктүүргэ федеральнай бүддьүөттэн 1,5 млрд солк. ыытыахтара

🏫 Дойду баһылыга Владимир Путин сорудаҕынан федеральнай бүддьүөттэн Дьокуускайга тутуллар В.А. Босиков аатынан Музыка үрдүкү оскуолатын тутууну түмүктүүргэ эбии үп тыырыллыаҕа, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан Айсен Николаев. 
Дойду баһылыга Владимир Путин сорудаҕынан тутуу 2026 сылга түмүктэниэхтээх. Онуоха федеральнай бүддьүөттэн 2025 сылга  – 663,138 мөл. солк., 2026 сылга – 872,603 мөл. солк. Тыырыллар буолбут.

Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/muzyka-rd-k-oskuolatyn-tutuunu-t-m-kt-rge-federalnay-b-dd-tten-1-5-mlrd-solk-yytyahtara

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Дьэллик ыты көрдөххүнэ

🐕 Иччитэ бырахпыт эбэтэр иччилээх ааттаах да, көрүүтэ-истиитэ суох  көҥүл көччүйэр түөрт атахтаах доҕор, хомойуох иһин, билигин да  дэлэй. Төһө эмэ анал сулууспа үлэһиттэрэ дьэллик ыты тутууга үгүс күнү-дьылы ыыталларын, хааһына үбэ харыыта суох барарын үрдүнэн балаһыанньа итинник.

Сайсары уокуругар, чааһынай сектора киэҥ да буолан буолуо,  бу дьыл 11 ыйыгар 273 ыт тутуллубут! Ити иһигэр кэнники нэдиэлэҕэ – 3 ыт. 

Сокуон быһыытынан, бэйдиэ сылдьар ыт тутуллар (отлов), төрөөбөт-ууһаабат оҥоһуллар (стерилизация), быһыы ылар (вакцинация) уонна  тутуллубут сиригэр төһө эрэ кэм буолан баран ... төттөрү ыытыллар. Эрэйдээх сокуон диэтэҕиҥ!

📱Ол да буоллар көрүүтэ-истиитэ суох, дьоҥҥо сэрэхтээх ыт бэйдиэ сылдьарын көрдөххүтүнэ, ааһа турумаҥ:
• Дьуһуурустубалыыр кэлим диспетчерскэй сулууспа +7 (4112)-44-42-51, 44-42-29 нүөмэригэр уонна “СРБЖ” ХЭУо +7-914-301-65-54төлөпүөнүгэр эрийэн, ыт хайа диэки сылдьарын этэн, туттарар кыахтааххыт.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сэргээ

❇️Дьокуускай куорат национальнай гимназиятыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах, алын кылаас оҕолоругар аналлаах "Ступеньки к творчеству" научнай-практическай конференция саҕаланна.

👍🏻Быйыл тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ 39 оскуолатыттан 230 кыттааччы Дьокуускайтан уонна 18 улуустан кэлбиттэр.

Тыҥааһыннаах конференция күн устата ыытыллар.
Кыттааччылар 7 секциянан арахсан бырайыактарын көмүскүүллэр.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Ыккын сүтэрдэххинэ

🦮 Арай ыккыт төлө баран эбэтэр ханнык эмэ төрүөтүнэн алҕас тиэргэнтэн тахсар, сүтэр түгэнигэр 8-924-870-00-06нүөмэргэ эрийэн токкоолоһор кыахтааххыт.

Ону тэҥэ Дьокуускай к. Очиченко уул., 57 нүөмэригэр баар “Помоги выжить” приюкка сирэй тиийэн ыйыталаһыаххытын сөп.

☝🏻Сүрүнэ, ыккытын быстах да кэмҥэ көрүүтэ-истиитэ суох бэйдиэ ыытымаҥ, дьону эрэйгэ тэбимэҥ. Ыстараап улааппытын умнумаҥ.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Арассыыйа олохтооҕун үксэ Саҥа дьылга путевка бэлэх тутуон баҕарарын ыйытыктар быһаарбыттар. Иккис миэстэҕэ харчы, үһүскэ-гаджет. Ханнык бэлэххэ үөрэҕин?
Anonymous Poll
22%
😎путёвкаҕа үөрүөм да этэ
33%
🤔саамай туһалаах бэлэх - харчы
0%
🤗гаджет эбэтэр техника
22%
🎄сүрүнэ, бэлэх ис дууһаттан буолуон наада
24%
🤷🏻‍♀️бэлэх туппатахпына да хомойбоппун
#КК_Сэргээ

❗️«Киин куорат» хаһыакка 30% чэпчэтиилээх сурутууну мүччү тутумаҥ

📰Ахсынньы 2-12 күннэригэр “Киин куорат” хаһыакка 2025 сыллааҕы сурутууга 30 % чэпчэтии биллэриллэр.

“Киин куорат” хаһыакка 2025 сыл бастакы аҥаарыгар сурутуу сыаната:
Дьиэҕэ: 1205,22 солк.
Аб. ящикка: 1156,50 солк.

Сурутуу индексэ: ПИ054-П

📰Сэрии бэтэрээннэригэр, 1-2 группалаах инбэлииттэргэ туспа сурутуу декадата ыытыллар. “Киин куорат” хаһыакка 2025 сыл бастакы аҥаарыгар бэтэрээннэргэ уонна инбэлииттэргэ сурутуу сыаната:
Дьиэҕэ: 1103,34 солк.
Аб. ящикка: 1064,40 солк.
Сурутуу индексэ: ПИ054-Р

ЧЭПЧЭТИИЛЭЭХ СУРУТУУНУ МҮЧЧҮ ТУТУМАҤ!

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сэргээ

🎄Үгэс быһыытынан сыл аайы тэриллэр «Үтүө санаа харыйата» аһымал аахсыйа Дьокуускайга «Бубль-Гум» маҕаһыын икки филиалыгар ыытыллар: Кальвица уул., 14/5 уонна Дзержинскэй уул., 71.

«Үтүө санаа харыйата» аһымал аахсыйаҕа быйыл коррекционнай оскуолалартан, оскуола-интэринээттэртэн уонна оҕо дьиэлэриттэн кытталлар.
Аахсыйа ахсынньы 29 күнүгэр диэри ыытыллар.

❇️Ким баҕалаах, оҕо дьиэлэрин иитиллээччилэрин уонна коррекционнай оскуола үөрэнээччилэрин баҕа санааларын толоруохтарын сөп. Тэрээһиҥҥэ кыттарга оҕо аата суруллубут аккырыыкканы талан баран, ол оҕоҕо саҥа дьыллааҕы бэлэх оҥоһуллар.  


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сэргээ

Кинилэр итэҕэс буолбатахтар, арыый уратылар...

❇️Талааннаах педагог оҕону «итэҕэс» эбэтэр «мөлтөх» диэн араарбат, атарахсыппат, кими да туораппат, кини иитиллээччилэригэр биир тэҥник сыһыаннаһар. Ураты болҕомтону эрэйэр оҕолору кытта үлэлиир, биир тылы булар эттэххэ эрэ дөбөҥ.

Бу туһунан ааспыт нэдиэлэҕэ Ф.И.Авдеева төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах  Бүтүн Арассыыйатааҕы «Авдеева V-с ааҕыылара» научнай-практическай конференцияҕа киэҥ далааһыннаах кэпсэтии таҕыста, ырытыһыы, дьүүллэһии түһүлгэтэ түстэннэ. Тэрээһиҥҥэ 300-тэн тахса киһи хабылынна. Манна даҕатан эттэххэ, быйылгы конференцияҕа Беларусь, Кыргызстан өрөспүүбүлүкэлэриттэн, Москва куораттан тиийэ кыттаннар, ааҕыылар таһымын өссө үрдэттэ.

Ол туһунан сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/kiniler-ite-es-buolbatahtar-aryyy-uratylar


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta