«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.6K subscribers
18.3K photos
1.15K videos
1 file
10.7K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
«КИИН КУОРАТ» хаhыат
#КК_Кэпсээн ӨКҮҮЧЭ Ааптар: Варя Егорова-Чэмэлиинэ «Эдьиий, ити эбээ тоҕо охтоору гынар курдук хаамарый?» –аҕыстаах Лида эдьиийин батыһан сүүрэр икки хаамар икки ардынан иһэн ыйытта. Кини дэриэбинэҕэ киирэн дьоҥҥо лэппиэскэ сыыһын сиэбититтэн үөрбүтэ ааһа…
#КК_Кэпсээн

ӨКҮҮЧЭ

Ааптар: Варя Егорова-Чэмэлиинэ


Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ.
Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи. Холкуоска от, саах тиэйээччи, нуормаһыт. Ааллаах Үүҥҥэ бурдук таһарга холкуостартан биирдии киһини ылаллара. Бу бүгүн эмиэ өлүүтүн кэһии гынан мунньан аҕалбыт. Онон дьоро күн. Сороҕо түүнүгүрбүт да буоллар, ону ол диэбэккэ үөрэ-көтө сииллэр.

Салҕыыта: https://kiinkuorat.ru/articles/k-che-1

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сэргээ

❗️«Киин куорат» хаһыакка 30% чэпчэтиилээх сурутууну мүччү тутумаҥ

📰Ахсынньы 2-12 күннэригэр “Киин куорат” хаһыакка 2025 сыллааҕы сурутууга 30 % чэпчэтии биллэриллэр.

“Киин куорат” хаһыакка 2025 сыл бастакы аҥаарыгар сурутуу сыаната:
Дьиэҕэ: 1205,22 солк.
Аб. ящикка: 1156,50 солк.

Сурутуу индексэ: ПИ054-П

📰Сэрии бэтэрээннэригэр, 1-2 группалаах инбэлииттэргэ туспа сурутуу декадата ыытыллар. “Киин куорат” хаһыакка 2025 сыл бастакы аҥаарыгар бэтэрээннэргэ уонна инбэлииттэргэ сурутуу сыаната:
Дьиэҕэ: 1103,34 солк.
Аб. ящикка: 1064,40 солк.
Сурутуу индексэ: ПИ054-Р

ЧЭПЧЭТИИЛЭЭХ СУРУТУУНУ МҮЧЧҮ ТУТУМАҤ!

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сэргээ

❄️Ахсынньы бүтэй кэм. Айылҕа бүтүннүү утуйар. Сулустар сипсиһэр кэмнэрэ. Оннук кэмҥэ киһи билгэтэ күүһүрэр. Ол иһин былыргы сахалар балаҕаҥҥа хаайтаран олорон, олоҥхону, остуоруйаны истэллэрэ, таабырыннаһаллара, чабырҕахтаһаллара. Киһи өйө-санаата сытыырхайар, куйаар урсунунан, халлаан хаттыгаһынан айанныыр.

Ый саҥатын эргин аам-даам туманнаах тымныы түһэр. Бу тымныы тохсунньуга диэри салҕанан барар. Ый ортотун диэки кыратык салгын хамсаан ылар. Ону Дьыл оҕуһун тыына дииллэр. 

Ахсынньы сөҥүүтэ суох буоллаҕына, эмиэ оннук саас, сайын турар. Ахсынньыга тымныы, хаардаах, сотору-сотору тыаллаах, кырыалаах буоллаҕына — үчүгэй үүнүү буолар. Бу ыйы бэс ыйа батыһар.

Ахсынньыга тымныы, хаара суох буоллаҕына, бэс ыйыгар кураан буолар, оттон хаардаах, ичигэс ый буоллаҕына, бэс ыйыгар тымныйар. Ахсынньылаах тохсунньуга тыалырдаҕына, бэс уонна от ыйыгар тоҥоруулар (хаһыҥҥар) түһүөхтэрэ. Ойбон томточчу тоҥор буоллаҕына – уута суох саас. Ый түүн кыһыллыҥы өҥнөнөр эбэтэр иитэ эмиэ кытархай буолар – хаар түһэр.

Ахсынньы ый билгэтэ:
Ахсынньы сөҥүүтэ суох буоллаҕына, эмиэ оннук саас, сайын турар. Ахсынньыга тымныы, хаардаах, сотору-сотору тыаллаах, кырыалаах буоллаҕына — үчүгэй үүнүү буолар.
Ахсынньы 1 күнэ— бу күн хайдах буолар да, кыһын эмиэ маннык.
Ахсынньы 9 күнэ  — Лэгэнтэйэп күнэ. Дьыл чиэппэрэ. Кыһыны туоруур аһы-үөлү, оту-маһы суоттанарга биир кэрдиис бэлиэ кэм. Эһэ (тыатааҕы) кытаанахтык утуйар, бөрө торҕоннуур.
Ахсынньы 12 күнэ — буурҕа түстэҕинэ, ахсынньы 19- гар диэри сэттэ хонуктаах силлиэ түһэр.
Ахсынньы 19 күнэ — кыһыҥҥы Ньукуола. Күн кылгыырын уһуга. Бу күн тымныы буоллаҕына — сайынын өлгөм үүнүүнү күүтэллэр.
Ахсынньы 25 күнэ — Испирдиэнэп күнэ. Бу күнтэн саҕалаан саамай күүстээх тымныы уонна тыал түһэр.
Ахсынньы 26 күнэ — күн кутуйах хаамыытынан уһуур.
Ахсынньы 29 күнэ — кыраһа түстэҕинэ — ичигэс, сарсыарда улаханнык тымныйдаҕына — Кириһиэнньэҕэ (тохсунньу 19 күнүгэр) диэри тымныы турар.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

❇️Сэтинньи 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри СӨ Хапытаалынай өрөмүөн пуондата иэстээхтэртэн пенита суох төлөбүрдэри тутар.

☝🏻”Прощеные дни” аахсыйаҕа иэстэрин барытын сабар уонна кэлэр ыйы толору төлүүр эрэ дьон хапсаллар.

🙌🏻Иэстэрэ улаатан сууттаммыт дьон бу аахсыйаны эмиэ туһаныахтарын сөп.

📱Сиһилии билсэр төлөпүөн: 8 (4112) 319-014,
эбэтэр Fondkr.ru саайтка
«Обратная связь» кнопканы баттаан кэпсэтиини сакаастыыгыт, пуонда үлэһиттэрэ бэйэлэрэ эрийиэхтэрэ.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_СурукКиирдэ

✍️Орджоникидзеҕа наһаа красивай, прям от кутюр саҥа платье кэппит курдук мап-мааны елка😍 ол эрээри ити Ленина курдук палатка туруоруо эбиттэр, тоҥмут, чараас таҥастаах оҕо наһаа элбэх, ыччаттар.
Дьон быйыл наһаа элбэх, Ленин площадыттан Орджоникидзеҕа диэри 1 Май парадыттан итэҕэһэ суох халыҥ халҕаһа анньан тиийдэ. Онуоха сценалара быыкаа.
Ыраахтан туох да көстүбэтин ааһан, звук иһиллибэт.
Сцена анныгар турар аҕыйах дьоҥҥо 15 мүнүүтэни быһа тыл эттилэр.
Бу тымныыга дьону күүттэрэн тоҕо да итиччэ уһуннук кэпсээбиттэрэ буолла.
Ол оннугар "елочка зажгись" диэннэрин смакуйдуо этилэр.
"Раз, два, три" эрэ буолла быһыылаах. Итиччэ уһуннук күүппүккэ устуойута суох.
Уопсайынан, ити Орджоникидзе болуоссатыгар улахан экран, элбэх динамик эҥин баар буолуо эбит, «Елочка зажгись» дииллэрэ иһиллэрин уонна көстөрүн курдук.


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

🌲Саҥа дьылга бэлэмнэнэн саҕалыыбыт

❇️Дьокуускайдааҕы лесничество иһитиннэрэринэн, быйыл атыыга 50-ча эрэ тыыннаах харыйа уонна 800 устуука бэс тахсыахтара.

🎄Лаглайбыт күөх харыйаны (бэһи эбэтэр дьиҥнээх харыйаны) бэйэҕит кэрдэн ылыаххытын баҕарар буоллаххытына "Дьокуускайдааҕы лесничествоттан" (Курашов уул., 46) көҥүл ылыахтааххыт.
09:00-17:00

☝🏻Биир киһи иккиттэн элбэх маһы кэрдибэт.
1-3 м үрдүктээх икки маһы кэрдэн ылыы көҥүлүн сыаната - 300 солк.

Лесничествоҕа пааспардаах, инн-наах тиийэн дуогабар түһэрсэҕит.

❇️Маһы кэрдиини тыаттан буолбакка, ЛЭП уонна гаас турбата ааһар солооһуннарыгар көҥүллүүллэр.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Госдуумаҕа Үлэ кодексатыгар киирэр уларыйыылары көрүөхтэрэ. Онно этиллэринэн хат буолбут дьахталлары уонна дьиэ кэргэннээх дьону, кинилэр сайаапкаларынан, тэрилтэ дьиэттэн үлэлииллэрин көҥүллүүр буолуохтаах.

"Удаленкаҕа" ким көһүөн сөбүй:
🔹Оҕо күүтэр уонна 3 саастарын туола илик оҕолоох дьахталлар.
🔹Соҕотох ийэлэр, инбэлиит оҕолоохтор.
🔹Ийэтэ суох оҕону иитэр аҕа.
🔹14 саастарын туола илик үстэн элбэх оҕону иитэр төрөппүт, иккис төрөппүт үлэтэ суох буоллаҕына.

Маннык сокуон олоххо киириэ дии саныыгыт дуо?
Сэҥээриктэ хааллар:
👍🏻 — киириэҕэ
🔥 — киирбэт
🙏🏻 — саарбах

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Фотофакт

🐉 🐍
Арассыыйа наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салааатын Криолитозона биологическай проблемаларын институтун иннигэр ааһан эрэр сыл уонна кэлэр сыл символлара турбуттар.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Фотофакт

🐟🧊💎"Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" бэстибээл биир кэрэхсэбиллээх күрэҕинэн "Строганина-2024" буолбута саарбаҕа суох.

Күрэх хас да түһүмэҕинэн олус тыңааһыннаахтык ааста. Биир уустук түһүмэх дьиэтээҕи сорудах буолла.

❄️Оҕо айымньытын дыбарыаһын уһуйааччыта Александр Ильич Винокуров кэргэнэ Елена Николаевналыын бу түһүмэххэ кыайыылаах тахсыбыттара.

Хаартыскаҕа кинилэр Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылыгар анаммыт хотугу дьиэ кэргэн олоҕун ойуулуур үлэлэрин кэрэхсээҥ😍Муус ураһа тула олох күөстүү оргуйар, дьиэ кэргэн Саҥа дьылы көрсөргө бэлэмнэнэр. Композиция ортотугар аал уот умайар-олох, алаһа дьиэ, дьиэ кэргэн тирэхтээх буолуутун символа.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сэргээ

👍🏻Саха многоборьетын федерациятын бэрэсидьиэнэ, “Прогресс” тутуу тэрилтэтин генеральнай дириэктэрэ, “Дыгын оонньууларын” сүрүн үбүлээччитэ Алексей Семенович Пинигин:
💬 «Биһиги куорат ыһыаҕын кэмигэр ыытыллар “Дыгын оонньуулара” күрэхтэһиигэ биэс сыл устата абсолютнай кыайыылаахха сүрүн бириис быһыытынан 1 мөл.солк. туттаран кэллибит. Эһиил 3 000 000 солк. туттарарга диэн быһаардыбыт. Ону таһынан, Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев “Уаз-Патриот” массыынаны туруорар. Онон саха многоборьетын көрүҥэ өссө сытыырхайыаҕа. Кыттааччылар ахсааннара элбээн, географиябит кэҥээн иһэр. Сахабыт төрүт оонньууларын сайыннарыах кэриҥнээхпит. Оҕолорбут, ыччаттарбыт күүстээх-уохтаах, кыраһыабай, чэгиэн буолалларын туһугар үлэ барар».

📰 Ол туһунан "Киин куорат" бу чэппиэрдээҕи таһаарыытыгар Баһылай Посельскай суруйуутугар ааҕыҥ.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Журналисту приходится переживать вместе с собеседником его жизнь, радости, проблемы и страдания

Только такая статья, пропущенная через себя, через сердце и душу, близко воспринимается читателем. Когда я беседовала с Александром, кровь пульсировала в висках, тяжелела голова, а совсем скоро он должен начать рассказывать, как отрезал себе ногу.

Подробнее: https://exo-ykt.ru/articles/aleksandr-esli-by-ne-otrezal-sebe-nogu-davno-umer-by

📲@exostolicy
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#КК_СурукКиирдэ

✍️Тыл сайдыытын программатыгар кэлэр сылга 101 мөл.солк. көрүллүбүт. Саха тылын сайыннарыыга ити сумматтан төһөтө эмэ тиксиэҕэ.
Олоҥхо декадата буолла, ол иннинэ Күөрэгэйдэр фестиваллара ааста...Олунньуга Ийэ тыл күнүн ньиргитиэхтэрэ. Төгүрүк остуол бөҕө буолуоҕа...
Сороҕор улаханнык кыйаханыах санаам кэлэр, доҕоттор! Мин оҕолорум Докуускай көннөрү орто оскуолатыгар үөрэнэллэр, аата эрэ сахалыы кылаастар. 2-ис кылааспытыгар нэдиэлэҕэ биирдэ литература ааҕыыта, биирдэ саха тыла буолар. Аны туран илиилэригэр учебник ылбатылар-тиийбэт үһү. Онон саха тылыгар дьиэҕэ үлэ диэн төрүт суох.
4-үс кылааспытыгар былырыын нэдиэлэ көтө-көтө саха тыла, литературата буолар этэ-ол аата ыйга 2 саха тыла, 2 литература. Бэһис кылааска тахсыыга оҕолору профильларга араарабыт диэн кылаастарынан ыстылар. Уруккута сахалыы кылааска ханна да сатаан киирбэтэх араас омук оҕотун мустулар-оннук гынан сахалыы кылааһы суох гыннылар. Маннык түгэн сыл аайы үгүс оскуолаларга хатыланар эбит!Мөлтөх оҕолору кытта хаалбатынар диэн дьон оҕолорун гуманитарнай, математическай, юнармия кылаастарыгар биэрэ сатаатылар.
Үс сааһыгар диэри сахалыы ииппит оҕом детсакка саха группатыгар киирэн баран 2 ый иһигэр нуучча буолла! Группа улахан аҥаара "кэл-бар" да диэни сахалыы өйдөөбөттөр...
Онон үрдүкү былааска, тыл актыбыыстарыгар буолар төгүрүк да, түөрт муннук да остуоллар көннөрү боростуой дьоҥҥо туох да туһата суохтар! Сыл аайы көрүллэр харчы тылбытын симэлийииттэн быыһаан эрэрэ эмиэ көстүбэт!
Кыһыыбыттан, оҕолорбун сахалыы иитэ сатыырбар хантан да өйөбүл кэлбэтиттэн ардыгар ытыах эрэ санаам кэлэр!


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Forwarded from Театр Олонхо
КОНЦЕРТ!!! КОНЦЕРТ!!! КОНЦЕРТ!!!

"ИhИЙЭН ИhИЛЛЭН"

🌟 Айылҕа чуумпуран утуйар, сулустар сипсиһэн сэһэргэһэр кэмнэригэр, Олоҥхо Театрын чуор кулгаахтаах, дьүрүлгэн тэтимнээх тутаах дьоно, хомоҕой хоһуйуулаах кутуллар көмүс дорҕооннорун искитигэр иҥэринэ өйү-санааны сааһылана, кэлэргитигэр ыҥырабыт.

💫 Буолар сирэ: "Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар театрдара" (Чернышевскай аатынан уул., 14)
🕰️ Буолар кэмэ: Ахсынньы 12 к., 18:30
📞 т. 34-03-19
💳 Билиэттэр онлайн манна атыыланаллар ➡️➡️➡️ https://clck.ru/3ExCGE
#КК_Кэпсээн

Төрөппүт эрэ «ийэ» диэн үрдүк ааты сүкпэт…
(Историческай проза)

Ааптар: Мария Поскачина


... «Аҕаа, барымаа! Аҕаа, мин барсабын!» – диэн улаханнык уйуһуйбут, ытыы-ытыы сүүрэн иһэр уончалаах уол оҕо ардах кэнниттэн ат туйаҕыттан түһэн суолга лоппоччу хаппыт бөлтөгөртөн иҥнэн умса баран түстэ. Ол ытабыллаах хаһыыттан Өлүөнэ өрүс кытылыгар хоммут бэс ыйынааҕы айылҕа барахсан тупсан турар кэминээҕи сандаарбыт сарсыардааҥҥы наҕыл чуумпута биирдэ бытарыс гыммыт курдук буолла, чыычаах күйгүөрэ, кэҕэ этэрэ –  барыта хайдах эрэ бу аймалҕантан куттаммыт дуу, кыбыстыбыт дуу курдук, ах баран ылла.
Салҕыыта: https://kiinkuorat.ru/articles/t-r-pp-t-ere-iye-dien-rd-k-aaty-s-kpet

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сэргээ

👋Ахсынньы 14 күнүгэр СӨ Национальнай библиотекатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи "Город мастеров" быыстапка-дьаарбаҥка ыытыллар.

70-тан тахса маастар түмсүөҕэ.
👍🏻Буор босхо маастар-кылаастар буолуохтара.

Сиһилии хаартыскаҕа баар⬆️⬆️⬆️

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta