«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.66K subscribers
18.8K photos
1.21K videos
1 file
11K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_Поэзия

🌊Долгуннар
Ааптар: Луиза Кобельянова-Сандаар Күн
Сандаара


Айылҕа күүһүн көрөммүн
Хоhуйарга сананным.
Байхал уулаах Байкаал күөл
Долгуннарын үнкүүтүн.

Эчи кини кэрэтиэн,
Долгулдьуйар бэйэтиэн.
Ыраас уута күлүмнээн,
Сүүс араастыы ыhыллар.

Күүстээх бааллаах долгуннар
Эриллэ үөhээ көтөллөр.
Алмаас таастыы таммахтар
Күн уотугар оонньууллар.

Көрөн тэҥҥэ үнкүүлүөх,
Үөрүөх санааҕа ыллардым.
Бу хоhоону суруйан,
Бүгүҥҥү күммэр махтанным!

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Дьон

💻Вячеслав Кривогорницын: «IT эйгэтэ элбэх үбү ирдиир»

Саха сиригэр креативнай индустриялар балысханнык сайдаллар. Ол иһигэр олоҕу кытта тэҥҥэ хаамар IT-технология.
«Poligonium» IT хампаанньата тэттик оонньуулары оҥорор. Тэрилтэ бас-көс киһитинэн эдэр, кэскиллээх салайааччы Вячеслав Кривогорницын буолар.

Кини биһиги хаһыаппытыгар IT эйгэтигэр бэйэтин санаатын, тэрилтэтин уонна инники былааннарын туһунан кэпсиир.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/vyacheslav-krivogornicyn-it-eygete-elbeh-b-irdiir

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Дьон

👷🏻‍♀👷🏻‍♂Устудьуоннар этэрээттэрэ — олох оскуолата

Устудьуоннар тутар этэрээттэрэ тэриллибитэ быйыл 65 сылын туолар. Билиҥҥи устудьуоннар этэрээттэрэ аҥаардас тутуунан эрэ буолбакка, олох бары эйгэтигэр таһаарыылаахтык үлэлииллэр.
Аныгы устудьуоннар сайыҥҥы үлэлэрин туһунан Саха сирин устудьуоннарын тутар этэрээттэрин салайааччыта Айсен Соловьеву кытта кэпсэттибит.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/ustuduonnar-etereettere-oloh-oskuolata

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

🧼Хаһаайыстыбаннай мыыла аныгы хаһаайкаҕа туһалаах дуо?

Хаһаайыстыбаннай мыыланы сэбиэскэй кэм саҕана хас биирдии дьиэҕэ-уокка туһаналлара, оччотооҕу хаһаайка саамай эрэллээх доҕоро этэ, “косметичкатыгар” да, эмтиэкэтигэр да туттуллара.

Ол кэмтэн ыла олох хас эмэ бүк уларыйда. Күн ахсын араас сууйар сириэстибэ айыллан тахса турар. Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ хаһаайыстыбаннай мыыланы туохха туһаныахха сөбүй? Салгыы мантан аллара билсиҥ.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/ha-aayystybannay-myyla-anygy-ha-aayka-a-tu-alaah-duo

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

😋👩🏻‍🍳Ньукуолун сандалыта

🦆🥘Кус миинэ


🔸Куһу үргээн, иһин хостоон, тымныы ууга сууйуллар. Өр сыппыт кус иһин тута быраҕыллар.

🔸Көстөрүүлэҕэ 2 куһу уган, 3 л ууну кутан 1-2 чаас устата туруора түһүллэр. Онтон уутун сүөкээн баран, саҥа ууну кутан оһоххо туруоруллар.

🔸Оргуйдаҕына тахсар күүгэнин холбуйуллар, амсайан көрөн туустанар. Уотун арыый мөлтөтөн, 1 чаас буһарыллар.

🔸Саха лапсатын кутуллар, лавровай лииһи уонна 1 ньуоска хонуу күөх луугун эбиллэр. Күөс оһоххо туруоҕуттан балтараа чаас устата оргуйан, кус атаҕа арахса сылдьар буоллаҕына – буспут.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/nukuolun-sandalyta

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сынньалаҥҥа

📖Дьону үүртэлээһин
(«Бэчиэкэн баатырдара» сэһэнтэн быһа тардыы)

Тойон арыы сирэ отунан, сибэккитинэн, балыктаах күөллэринэн, көтөрүнэн-сүүрэринэн, куһунан-хааһынан, ойоосторунан эрэ баай буолбатах этэ. Манна араас минньигэс суортаах отоннор үүнэллэрэ: хаптаҕас, моонньоҕон, хаппырыас, дөлүһүөн, биэ эмиийэ уо.д.а. Ол былдьаһыктаах айылҕа аһын эккирэтиитигэр дьон-сэргэ бөҕөтө кутуллан кэлэрэ. Дьэ, оннук “ыҥырыллыбатах ыалдьыттары” биһиги сирбититтэн харса суох үүртэлии сатааччыбыт. Үүрдэттэрээччилэр! Оттон бэйэбит ийэлэрбитигэр анаан хомуйааччыбыт дуо?

Биллэн турар, суох!.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/donu-rtelee-in

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сынньалаҥҥа

📖Аата суох ойуун

Былыр Бэс күөлүн алааһын булуҥар сүөһүтэ да, сылгыта да суох аҥаардас, «Аата Суох» диэн ойуун олорбут. Кини булдунан, балыгынан, ону таһынан ыҥырыынан ойууннаан айаҕын ииттэр эбит.

Кырдьаҕас өлөр кэмэ кэлэн дуу, хайаан дуу, эмискэ кэриэһин эппэккэ өлбүтүн булан ылан өтөҕүн таһыгар, Сиинэ кытыытыгар Харыйа үрэх булуҥар, уҥуох туппуттар.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/aata-suoh-oyuun

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#КК_Сонун

🎼Ыам ыйын 21 күнэ–Саха сиригэр ырыа күнэ!

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Паромнар Саха сирин сүрүн маршруттарынан ыам ыйын 25-27 күннэригэр үлэлиэхтэрэ

Навигация аһыллыыта уонна Дьокуускай – Аллараа Бэстээх, Хачыкаат – Мохсоҕоллоох, Кангалас- Суотту сүрүн маршруттарынан паром сырыытын саҕаланыыта ыам ыйын 25-27 күннэригэр буолуоҕа. Ол эрээри гидрологическай быһыыны-майгыны учуоттаан бу иһитиннэрии инникигэ уларыйыан сөп.

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

❇️«Доруобуйа» мультимедийнай парка арылынна

Дьокуускай SMART-библиотекатыгар СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин уонна Олохтоох дьаһалта өйөбүллэринэн «Доруобуйа» мультимедийнай парка арылынна.
Уопсастыбаннай доруобуйа уонна медицинэ профилактикатын киинин аныгы технологияларга олоҕурар сонун бырайыага улаатан эрэр оҕолорго чөл олох туһунан сөптөөх өйдөбүллэри иҥэрэр аналлаах.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/doruobuya-multimediynay-parka-arylynna

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

🏘Бу нэдиэлэнэн дьиэлэртэн сылааһы араарары былаанныыллар

ОДьКХ министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, Дьокуускайга таас дьиэлэргэ уонна тэрилтэлэргэ – бу нэдиэлэнэн, ыам ыйын 23 чыыһылатынан, мас дьиэлэргэ бэс ыйын 1 күнүн диэки сылааһы араарары былаанныыллар.
Санатар буоллахха, оттук сезона таһырдьа 5 күн субуруччу +8 кыраадыстан итэҕэһэ суох сылаас буоллаҕына түмүктэнэр.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/bu-nedielenen-dielerten-sylaa-y-araarary-bylaannyyllar

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Уважаемые жители Якутска!

Завтра, 21 мая, с 19:00 часов на площади Дружбы состоится концерт «Сарсын-сарсын сарсыарда...», посвященный Дню песни и осуохая в Республике Саха (Якутия) и 125-летию Сергея Александровича Зверева-Кыыл Уола. Этот концерт имеет особое значение, поскольку он даст нам возможность оказать помощь тем, кто в ней нуждается.

Министерство культуры и духовного развития РС (Я) организует сбор средств на восстановление жилья, объектов инфраструктуры и оказание адресной помощи гражданам, пострадавшим от наводнения в ряде районов республики.

Приглашаем всех горожан и гостей Якутска присоединиться к этому благородному делу. Давайте покажем, что мы едины в своей заботе о тех, кто оказался в беде! Приходите завтра на площадь Дружбы в 19:00 и поддержите наших земляков. Вместе мы сможем сделать больше!

https://t.iss.one/afanasiy_noev
#КК_Сонун

💠Олоҥхо ханнык да омукка суох норуот айар дьоҕурун уонна идэтин хас да көрүҥүн тута сылдьар норуот уус-уран айымньыта буолар.
Аныгылыы өйдөбүлүнэн эттэххэ, биһиги оһуохайбыт, бастатан туран, поэзия, иккиһинэн, ырыа, үсүһүнэн, үҥкүү курдук норуот айар дьоҕурун бииргэ түмпүт ураты көрүҥ.

Арассыыйа норуоттарын култуураларын үйэлээх баайын эбийиэгин – саха төрүт үҥкүүтүн оһуохайы харыстыыр уонна тарҕатар соруктаах сыалтан Оһуохай күнэ ыам ыйын 25 күнэ биллэриллибитэ, киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэнээри турар.

Дьэ, онон сибээстээн Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ыам ыйын 23 күнүгэр 17.00 ч. Гостинай саалаҕа «Оһуохай Саха үгэс буолбут эйгэтэ Россия норуоттарын материальнайа суох култуурунай нэһилиэстибэтин 100 чыпчаалыттан биирдэстэрэ» семинарга, маастар-кылааска ыҥырабыт!

Сайаапкалары 8914-100-88-74 Любовь Шишигинаҕа ыытаҕыт, диэн иһитиннэрэр Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата.

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Дьокуускай куорат саҥа дьиэлэрэ Уһук Илиҥҥэ бастыҥнарынан ааттаннылар

Хабаровскай куоракка буолан ааспыт 27-ис «ДВ Зодчество — 2024» Уһук Илиннээҕи архитектура бэстибээлигэр Дьокуускай куорат кыбаарталларыгар тутуллубут дьиэлэр кыайыылааҕынан ааттаммыттар.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/dokuuskay-kuorat-sa-a-dielere-u-uk-ili-e-basty-narynan-aattannylar

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Forwarded from Столица
❗️По состоянию на 21 мая 2024 года на территории городского округа «город Якутск» зарегистрировано 37 фактов возгорания сухой травяной растительности и 1 ландшафтный (природный) пожар.

Причинами возгорания сухих трав послужили неосторожные обращения с огнем, к административной ответственности привлечены 27 граждан по ч. 1 ст. 20.4 КоАП РФ.

Проведено 22 выездных обследования, в результате которого за нарушение правил пожарной безопасности при использовании открытого огня в несгораемых емкостях (мангалах, жаровнях) привлечены к административной ответственности 9 граждан по ч.1 статьи 20.4. КоАП РФ.

Проинструктированы 473 гражданина, выданы листовки, памятки в количестве 423 штук.

@yakutsk_stolica #Пожары2024