«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.65K subscribers
18.6K photos
1.18K videos
1 file
10.8K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_Фотофакт

📸🤳Саҥа үлэҕэ киирбит Онкокиин.

Ыарахан ыарыыны утары охсуһар дьон дьэ киһилии усулуобуйалаах, киэҥ-куоҥ, бары өттүнэн табыгастаах балыыһаҕа эмтэнэр буоллулар.
Саҥа балыыһаҕа мумматынар диэн ыйан-кэрдэн биэрэр анал үлэһит ыарыһахтары көрсөр, туһааннаах кабинеттарыгар атааран биэрэр.

Бу ыарыыны кыайааччы ахсаана элбии турдун🙏🏻

«Киин куорат» кэлэр нүөмэригэр медицинэ наукатын кандидата, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин штаты таһынан үлэлиир сүрүн онколога, Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкодиспансер искэни утары эминэн терапия салаатын сэбиэдиссэйэ Феодосия Гаврильевна Иванова интервьютун ааҕаарыҥ.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

💸Харчыны тардар сүбэлэр

Харчы бэйэтэ туспа энергиялаах; холобура, сорох дьоҥҥо олох тохтообот, уу курдук баранар, сорох дьоҥҥо олус чэпчэкитик үллэн, элбиир идэлээх.

Харчыны тардар норуот ньымаларыгар төһө итэҕэйэҕитий?
1. Харчыны кумааһынньыкка кум-хам тутан укпаттар, түбэһиэх сиргэ кыбытан, быраҕан сытыарбаттар, харчыны убаастыахтаахпыт.
2. Кумааһынньык бүк тутуллар буолбакка, харчы көнөтүк киирэр быһыылаах буолуохтаах.
3. Кумааһынньыккытын имири эстиэр диэри кураанахтаан иһимэҥ, харчы тардарга саатар 10 солк. хаалан иһиэхтээх.
4. Кирэдьииттээх буоллаххытына, ону санаа да санаа буолумаҥ, син биир төлүүргүтүн санаарҕаамаҥ – иэс өссө улаатан тахсыан сөп. 
5. Кирэдьиити кирэдьиитинэн сабымаҥ, хабалаҕа ылларбыккытын өйдөөбөккө да хаалыаххыт.
6. Биир тыһыынча суумалаах харчыны "Уон төгүл элбээ! Сүүс төгүл үлүн!" диэн суруйан баран кумааһынньыкка укта сылдьыҥ.

Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/harchyny-tardar-s-beler

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

📲ОДьКХ боппуруостарын онлайн быһаарыҥ

“Госуслуги Дом” – элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ бас билиилээх дьоҥҥо аналлаах сыһыарыы. Бу сыһыарыы көмөтүнэн салайар хампаанньаҕытын кытта ыкса сибээстэһиэххитин сөп – ититии систиэмэтигэр саахал таҕыстаҕына, уот бардаҕына о.д.а. балаһыанньаны тута билэ олорор кыахтанаҕыт.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/odkh-boppuruostaryn-onlayn-by-aary

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

🥧Форель балыктаах, брокколи хаппыысталаах киш

Киш диэн олус тотоойу бөрүөк курдук бүлүүдэ, уратыта диэн үрдүгэр убаҕаһынан саба кутуллар уонна бөрүөк сүрүн чааһын буһарар түбүктээх соҕус.

🥣 Тиэстэтигэр:
Ынах арыыта – 100 г;
Бурдук – 160 г;
Уу – 40 мл;
Туус – быһах тумсугар.

🐟 Начыыныгар:
Брокколи хаппыыста – 200 г;
Тууһаммыт форель – 200 г;
Араас тума.
Кытаанах сыыр – 50 г.

🍶Үрдүгэр кутарга:
Сүөгэй (сливки 20 %) – 200 мл;
Сымыыт – 2 уст.;
Хара биэрэс.

Бурдукпутун сиидэлиибит. Арыыны тууһу уонна бурдугу кытта холбоон, бытархай маасса бэлэмниибит. Онно ууну кута-кута тиэстэ мэһийэбит. Биир чаас холодильникка сынньатабыт.

Сынньаммыт, сойбут тиэстэни икки пергамент илииһин икки ардыгар ууран 3-4 мм халыҥнаах гына тэнитэбит. Формаҕа ууран баран биилкэнэн тэһитэ анньыалыыбыт, 15 мүнүүтэ морозильникка уган кэбиһэбит.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/saasky-k-n-kurduk-b-l-deler

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Forwarded from Столица
🗣Уважаемые жители города Якутска!

В связи с многочисленными просьбами жителей района ГРЭС и Промышленного округа, решением постоянной комиссии по обследованию городских и пригородных маршрутов Окружной администрации города Якутска с 14 февраля будет изменен маршрут движения автобуса №1 до прежней конечной остановки «Паромная переправа».

Вместе с тем, в связи с существенным удлинением маршрута на 7,8 км (общий 23 км) интервал движения автобусов временно будет составлять около 25 минут.

Однако с конца февраля текущего года на маршрут будут добавлены дополнительные автобусы в количестве 2 ед. техники и интервал движения будет стабилизирован до утвержденных норм. Также до конца первого полугодия планируется добавить еще 2 ед. техники, а всего до 12 ед. машин с интервалом движения 10-15 минут.

Просим жителей и гостей нашего города учитывать данные изменения при планировании своих поездок.

@yakutsk_stolica #автобусы
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#КК_Сонун

📚Ийэ тыл күнүн көрсө үс тылдьыт сүрэхтэннэ

Үс тылдьыт тэҥинэн сүрэхтэниитэ. Маннык түгэн дэҥҥэ буолар. Олортон биирдэстэрэ сахалыы-нууччалыы тылы үөскэтии тылдьыта Саха сиригэр аан маҥнайгытын оҥоһулунна.   Манна барыта 6 тыһыынча туохтууртан үөскээбит аат тыл киирбит.  Ааптар Ирина Иванова тылы үөскэтии салаата төрүт тылбыт инники сайдыытыгар олус суолталааҕын ыйар, кини бу сыалтан тылдьыт оҥорорго санаммыт.

Ирина Иванова, Гуманитарнай чинчийии уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын институтун саха тылын салаатын билим үлэһитэ: "Бу тылдьыт саамай сыаналааҕа диэн тылы үөскэтиини үөрэтиигэ уонна саха тылын сайдыытыгар туһалааҕа диэн биһиги туохтуурбут тылы үөскэтэр кыаҕын ис тутулун көрдөрүү буолар".

Ол курдук "көр" диэн тылтан 25 тыл үөскүүрүн ааптар дакаастаабыт. Итиэннэ күннээҕи туттар туохтуурдарбытыттан төһө баҕар тылы таһаарыахха сөп эбит диэн санааҕа кэлбит. Онтон сүрэхтэниигэ мустубуттар сахалыы тиэрмини олохтооһун тэтимнээхтик бара турар кэмигэр тылдьыт олус сөптөөхтүк тахсыбытын ыйдылар.

Аркадий Самсонов, тыл үөрэхтээҕэ: "Туохтууртан аат тылы үөскэтэр тылдьыты олус сэргээтим. Тоҕо диэтэххэ бу билигин сахабыт тылын харыстаан, төннөрөн, тилиннэрэн үйэтин уһатар кэммитигэр тиэрмин боппуруоһугар көстүөхтээх".

Онтон иккис тылдьыт холуобунай быраап уонна бырассыас  тиэрминнэрин, өйдөбүллэрин тылдьыта. "Төрүт тыллары сайыннарыы уонна харыстааһын" тосхолун чэрчитинэн оҥоһулунна. Манна 4300 тиэрмин киирбит, бу улахан үлэни биэс ааптар икки сыл устата таҥан хомуйан таһаарбыттар. Кинилэр 2002 сыллаахха тахсыбыт холуобунай дьыала тылдьытыгар тирэҕирбиттэр.

Семен Гаврильев, Гуманитарнай чинчийии уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын институтунсаха тылын салаатын билим үлэһитэ: "Сокуон быһыытынан хас биирдии суукка, силиэстийэҕэ кыттар киһи бэйэтин төрөөбүт тылынан этинэр бырааптаах. Ону хааччыйар инниттэн туох баар докумуон, бу киһи саҥарбыта барыта нууччалыы тылбаастанан туттарыллыахтаахтар. Ону сөпкө тылбаастанарын хааччыйар туһуттан бу тылдьыт оҥоһулунна".

Маны тэҥэ тылдьыкка киирбит тыллар таба суруйуу быраабылаларыгар сөп түбэннэриллибиттэр.  Итиэннэ саҕардыллан тахсыбыт таһаарыыга үгүс саҥа тылбаастар баар буолбуттар.
Онтон үһүс тылдьыт -  бөлөҕүнэн наардыыр. Манна биир тэҥ суолталаах эбэтэр биир өйдөбүллээх тыллар бөлөхтөрүнэн наарданан киирбиттэр.
Федор Дьячковскай, Гуманитарнай чинчийии уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын институтун саха салаатын сүрүннүүр билим үлэһитэ: "Тылдьыкка 17 сүрүн бөлөх баар. Балартан аат тыл 79, туохтуур 101 хос бөлөхтөрүнэн араарыллан киирдилэр. Сыалбыт-сорукпут диэн саха тылын лиэксикэтин оскуола оҕолоругар уонна саха тылын сэҥээрээччилэргэ ананан оҥоһулунна". 
Онон гуманитарнай институт Ийэ тыл күнүн көрсө бэртээхэй бэлэҕи оҥордо.

Видео: https://vk.com/video-211341328_456242028

Ааптар: ГТРК "Саха"

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#КК_Сонун

💠Дьокуускай куорат 12-с нүөмэрдээх орто оскуолатын "Көмүөл" эр дьонун бөлөҕө Ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр бэлэмнээбит дьүһүйүүтүн сэргээҥ😊

Салайааччы Ксенофонтова Клара Борисовна.

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сэргээ

📖Олунньу 13 күнүгэр өрөспүүбүлүкэбитигэр Ийэ тыл уонна сахалыы  сурук-бичик күнүгэр  аналлаах киэҥ далааһыннаах тэрээһиннэр күүтүллэллэр.

🔹Ол курдук бу күн 17:00 чаастан Суорун Омоллоон аатынан  опера уонна балет тыйаатырыгар «Дьиэ кэргэн – ийэ тыл биhигэ» уус- уран дьүһүйүүгэ ыҥырар.
Тыйаатыр фойетыгар сурукка - бичиккэ сыһыаннаах быыстапкалар тэриллиэхтэрэ:

📃СӨ Национальнай архыыбын докумуоннара,
📚Б.Ойуунускай аатынан Литературнай түмэл, Национальнай библиотека фондаларыттан түҥ былыргы уонна саҥа тахсыбыт кинигэлэр,
🏺Норуот ускуустубатын уонна  уус -уран оҥоһуктарын “Симэх” национальнай киинин  19-20 үйэлэр мааны таҥастарыгар олоҕурбут таҥаһын коллекцията уонна
📖"Айар" кыһа таһаарыыларын быыстапката-атыыта.
🕕18:00 чаастан дьоро киэһэ үөрүүлээх түһүмэҕэ.

🔹Оттон бу күн 16:00 чаастан Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтигэр Олоҥхо ассоциацията уонна "Ийэ тыл" көҥүл түмсүү "Саха тыла тыыннаах! Ийэ тыл күндү" тэрээһиҥҥэ ыҥырар. "Төрөөбүт тылы харааннааһын" төгүрүк остуол, "Айар" кыһа быыстапката-атыыта, автограф-сессия, олоҥхону толоруу, оһуохай түһүлгэтэ, "Суруйааччы куорсунунан, ойууһут киистэтинэн - оҕо саас" быыстапка аһыллыыта, дьоро киэһэ күүтэллэр!

🙌Ийэ тылбыт, Ийэ Сирбит туһугар иһирэх иэйиигитин аныы, көмүскэс санааҕытын холбуу түмсүүлээхтик кэлиҥ, түһүлгэлээн мустуҥ!

Кэлиитэ көҥүл, киириитэ босхо.

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

❇️«Наливайкалар» дьылҕаларын Уопсастыбаннай палаата уочараттаах мунньаҕа көрдө

Олунньу 8 күнүгэр Матвей Лыткин салайааччылаах Куорат уопсастыбаннай палаатата Олохтоох дьаһалта Урбааҥҥа, потребительскай ырыынакка уонна туризмы сайыннарыыга департаменын салайааччытын э.т. Кирилл Лазаревы кытта элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэргэ үлэлиир «наливайкалары» бэрээдэктиир кыаҕы биэрэр федеральнай сокуон барылын дьүүллэстилэр.

Мунньахха Олохтоох дьаһалта Быраап департаменын, ИДьМ Дьокуускай куораттааҕы управлениетын, Дьахталлар лигаларын, Аҕалар сүбэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/nalivaykalar-dyl-alaryn-uopsastybannay-palaata-uocharattaah-munna-a-k-rd

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Поэзия

🏵🏵🏵

Арыылаах алаадьы курдук,минньигэс,
Ийэтин илгэтин үүтүнүү дэлэгэй,
Сахалыы саҥабыт сайаҕас,
Сахалыы көрүүбүт эйэҕэс.
Сахалыы саҥарар саҥабыт,
Байҕал уутунуу бараммат,
Өлүөнэ уутунуу субуллар,
Үрэхпит уутунуу сыыйыллар.

Сахалыы баай тыллаах буоламмыт,
Барҕара үүнэбит,сайдабыт,
Сахалыы саҥарар буоламмыт,
Аар саарга аатыра сылдьабыт.

Сахабыт оһуора,уйгута
Сахабыт оҕуруо киэргэлэ,
Сахалыы таҥаспыт аатырда,
Киэҥ сиргэ,сураҕа тарҕанна.

Сахабыт быһаҕа,туһаҕа,
Мандар уус оһуора,ойуута,
Көмүс уус,киэргэлэ,симэҕэ,
Алтан уус харысхал бэлиэтэ,
Сүүһүнэн омугу сөхтөрдө.

Сахалыы баай тылбыт сатараан,
Аан дойду дьонугар хайҕанна,
Оһуохай,олоҥхо тыллара,
Толору хааһахтан хостонно.

Туймаада хочотун үрдүнэн,
Хоһооммут,ырыабыт дуорайда,
Сахалыы санаалаах сайыннын
Сахалыы толкуйдаах астыннын!

Истиэхтэн кэрэтик иһиллэр,
Сахалыы оһуохай тыллара,
Этиэхтэн кэрэтик этиллэр,
Эһиэкэй эриэккэс тыллара.

Киэн туттуом,сахалыы тылбынан,
Сааһылаан,сахалыы саҥарыам,
Мин ийэм иһирэх тылынан,
Мин аҕам амарах тылынан!

Сайыннын,сахалыы,мин тылым,
Аар саарга аатыра туруохтун,
Аан дойду дьоннорун сөхтөрөн,
Аартыга аһаҕас буолуохтун!

Ааптар: Раиса, 13/02-2020

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

🚧Суолу тутааччылары кытта хантараактар түһэрсиллэн бүтэн эрэллэр

2024 сылга Дьокуускайга уопсайа 32,4 км усталаах 19 эбийиэккэ суол тутуута, өрөмүөнэ ыытыллаары турар. Бүгүҥҥү күҥҥэ былааннаах 19 эбийиэктэн 16-гар хантараак түһэрсилиннэ:
– Винокуров уулуссатын Ильменскэйтэн Чайковскай уулуссатыгар диэри кэрчигин уларытан оҥоруу, суол устата – 1,014 км;
– Бүлүүлүүр суол Лермонтов уулуссатыттан Объездной шоссеҕа диэри учаастагын хапытаалынай өрөмүөнэ, оҥоһуллар учаастак устата – 1,415 км;

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/suolu-tutaachchylary-kytta-hantaraaktar-t-ersillen-b-ten-ereller

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

🍎🥕🍋Битэмиини аһылыктан ылар ордук

Битэмиин киһи доруобуйатыгар сүҥкэн суолталаах. Ууга суураллар битэмииннэр (холобур, В, С, К, Н, РР) ферменнэр састааптарыгар киирсэллэр, оттон сыаҕа суураллааччылар (А, D, E) гормоннары оҥорорго наадалаахтар.

Битэмииннэр киһи организмыгар бэйэлэрэ үөскээбэттэрин кэриэтэ (үөскүүр да буоллахтарына, бэрт кыратык), ол иһин сүрүн иҥэмтиэлээх эттиктэрбитин аһыыр аспытыттан ылыахтаахпыт. Куһаҕаннык аһыыр эбэтэр ас иҥэмтиэтэ кэһиллэр буоллаҕына, киһи авитаминозтуур.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/bitemiini-a-ylyktan-ylar-orduk

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta