Forwarded from «КИИН КУОРАТ» хаhыат
#КК_ТускарТуһан
⬆️⬆️⬆️Таҥха иһиллээһин судургу уонна ордук тарҕаммыт көрүҥнэрин бэлэмнээтибит.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

#КК_Кэпсээн
😱Таҥха кэмигэр буолбут дьиҥнээх түбэлтэлэр: https://kiinkuorat.ru/articles/ta-ha-kemiger-buolbut-di-neeh-t-belteler

#КК_Сонун
❇️Кириһиэнньэ сөтүөтүгэр бэлэмнэнии саҕаланна
Тохсунньу 18 уонна 19 күннэригэр Дьокуускайга Күөх хонуу туонатыгар Кириһиэнньэ сөтүөтэ буолаары турар. Маҥнайгы күн, тохсунньу 18 күнүгэр, сөтүөлүүр сири Дьокуускай уонна Ленскэй архиепискоба Роман сибэтии гыныаҕа, диэн Дьокуускай куорат епархията иһитиннэрэр.
«Якудорстрой» АУо тэрилтэ үлэһиттэрэ билигин хаары ыраастааһынынан уонна киирэр суоллары оҥоруунан дьарыктанан саҕалаабыттар. Бүгүҥҥүттэн муус оҥоһуктары туруораллар.
🚌 Тохсунньу 18 күнүгэр күнүс 12.30 чаастан киэһэ 22.00 чааска диэри уонна тохсунньу 19 күнүгэр сарсыарда 08.00 чаастан киэһэ 22.00 чааска диэри Марат болуоссатын оройуонугар оптуобустар сылдьыахтара.
☝🏻Айан төлөбүрэ уу харчынан 40 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.
Сөтүөлүүр сиргэ үгэс курдук итии чэй иһэр, таҥас уларыттар, иттэр сылаас балааккалар туруоруллуохтара, медиктэр дьуьуурустубалара тэриллиэҕэ, ЫБММ, полиция, атын даҕаны туһааннаах сулууспалар үлэлиэхтэрэ.

🏟Түөрт саҥа спорт саалата үлэҕэ киирээри турар
Аҕыйах хонугунан Дьокуускай куоракка үс, Алдаҥҥа биир, Саха сиригэр уопсайа түөрт саҥа спорт саалата үлэҕэ киирээри турар.
Ол курдук, киин куорат 10 уонна 20 №№-дээх орто оскуолаларыгар уонна Хатас нэһилиэгэр, ону таһынан Алдан куоракка саҥа спорт саалаларын үөрүүлээхтик арыйыы буолуоҕа.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/t-rt-sa-a-sport-saalata-le-e-kiireeri-turar
📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

🚌🌷Кулун тутар 8 күнүгэр сибэкки атыылыыр эргиэн эбийиэгин (оптуобус) туруорууга сайаапкалары хомуйуу туһунан
Олохтоох дьаһалта Урбааҥҥа, потребительскай ырыынакка уонна туризмы сайыннарыыга департамена Кулун тутар 8 күнүгэр сибэкки атыылыыр эргиэн эбийиэгин (оптуобус) туруорууга сайаапкалары хомуйууну саҕалыыр.
Сайаапкалары 2024 сыл олунньу 1 күнүттэн кулун тутар 3 күнүгэр диэри маннык аадырыска туталлар: Дьокуускай к., Ленин пр., 15, 207-с каб. Үлэ күннэригэр 09:00-16:00 чч. үлэлииллэр, эбиэккэ тохтобул - 13:00-14:00 чч., өрөбүллэрэ - субуота уонна баскыһыанньа, билсэр төлөпүөн - 40-80-95.
Ирдэнэр докумуоннар:
1. Сайабылыанньа;
2. Төлөбүр оҥоһуллубутун туоһулуур квитанция;
3. Нолуок уорганыгар учуокка турар туһунан сибидиэтэлистибэ куоппуйата;
4. Пааспар куоппуйата;
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/kulun-tutar-8-k-n-ger-sibekki-atyylyyr-ergien-ebiyiegin-optuobus-turuoruuga-sayaapkalary-homuyuu-tu-unan

Forwarded from Наталья Михалева-Сайа
❄️💎ЫЧЧА! ТЫМНЫЫ ОРОЙО💨✨
Мин хоһуйуум уонна Николай РЯЗАНСКАЙ дьүһүйүүтэ сөп түбэһэллэр😍🙌🏼
Хатан тымныы - сытыы кымньыы
Түстэ эбээт, иэммин хастыы!
Чыпчыхайдаах удаҕанныы
Илбиһирдэ, уордаах тымныы!
Киһи кимэ биллэр кэмэ -
Тургутуубут - кыһын кэллэ.
Үөлэс аайы ыал буруота -
Үрдээ, саха кыайыыта.
Олох иһин хапсыһыылыын
Оруоллаһар буолан, кыһын
Ордук күндү буолар күнэ,
Чэнчис хаардаах түһүлгэтэ.
Чэбдик тымныы күүһүрүүтэ -
Чэгиэн турук чочуллуута.
Булгу барар муостуун кытта
Саха дьиҥнээх киэн туттуута!
Чэйдэр эрэ, тымныы, миэхэ
Күрсэр күүскүн көрдөр эрэ!
Ис искиттэн кыдьыгыра
Ааммар манаан, сырбат эрэ!
САЙА