Индигир уоттара / Момский район (улус)
594 subscribers
12.2K photos
1.39K videos
11 files
3.08K links
Газета "Индигир уоттара", Момский район
Download Telegram
Күҥҥүт ситиһиилээх буоллун ☀️🍓
"Эдельвейс" лааҕыр
🏠🌱🌱 Н.А. Брызгалов аатынан Индигир орто оскуолатыгар "Эдельвейс" лааҕыр үһүс сезона үлэтин түмүктүүрэ чугаһаата. Билигин лааҕырга алта үөрэнээччи үлэлиир. Бу иннинэ икки сезоҥҥа сүүрбэ алта оҕо сылдьыбыта.

🥔🥬🌱 Бөһүөлэк уһугар баар оскуола бааһынатыгар оҕолор хортуоппуй сыыс отун, хаппыыста үөнүн-көйүүрүн ыраастыы сылдьалларыгар түбэстим. Быйыл алтыс кылааска тахсыбыт Ангелина Скрыбыкина миэхэ кэпсиир: - Икки бааһыналаахпыт. Манна хортуоппуй, хаппыыста, сүбүөкүлэ олордобут. Оттон оскуола таһынааҕы теплицаҕа оҕурсу, помидор, перец, оҕуруокка - моркуоп, сүбүөкүлэ үүнэр. Ону кыһыны быһа остолобуойбутугар салаат арааһын оҥорон сиибит. Мин лааҕырга сылдьарбын сөбүлүүбүн. Манна доҕоттордоохпун, үлэлиирбит быыһыгар оонньуубут.

🥔🥬🌱 Лааҕыры ХИФУ естественнай наукалар институттарын магистрана Ольга Слепцова салайар.
- Сайыҥҥы кэмҥэ дойдубар кэлэн сынньана сылдьабын. Оҕуруот үлэтигэр оҕо эрдэхпиттэн сыстаҕаспын. Онон улахан ыарахаттары көрсүбэппин. Оҕолорго бүгүн тугу гыныахтаахпытын барытын быһааран, көрдөрөн биэрэбин. Лааҕырга оҕолору кытта алтыһарым миэхэ инникитин үлэбэр көмөлөөх буолуо. Эһиил үөрэхпин бүтэрэн, химия учуутала идэтин баһылаан оскуолаҕа үлэлии барар санаалаахпын.

🗂️🖍️📰 Оҕолор сынньана тарҕаһалларыгар Ольга Васильевна "эбиэттэн киэһэ эркин хаһыатын таһаарарбытыгар бары бэйэҕит идеялаах кэлэҕит" диэн сорудах биэрэн ыытта. Оҕолор лааҕырга оҕуруот аһын хайдах үүннэрэргэ эрэ буолбакка, ону таһынан айымньылаах үлэҕэ эмиэ үөрэнэллэр эбит.

☀️👧🏻👦🏼 Ити курдук, оҕолор үлэни сынньалаҥы тэҥҥэ дьүөрэлээн сайыҥҥы күннэрин атаараллар. Биллэн турар, бу сайын кинилэргэ оҕо саастарын өссө биир умнуллубат сайына. Чаҕылхай күннээх сайыҥҥа үлэ үөрүйэхтэригэр уһуйуллан, сылаас уулаах хомоҕо дуоһуйа сөтүөлээн, киэһэтин былаһааккаҕа футболлаан, көҥүл бэлисипиэт тэбэн, эт-хаан өттүнэн чэбдигирэн кылгас сайыны бары өттүнэн туһалаахтык атаараллар.
👩‍🍳 🍲🥞 Татьяна Хадарова
👩🏻‍🍳🥞🍲 Н.А.Брызгалов аатынан Индигир орто оскуолатыгар оҕуруот астарын үүннэриигэ хайысхалаах "Эдельвейс" лааҕырга үһүс сезон оҕолоро сылдьаллар. Кинилэри оскуола повара Татьяна Николаевна Хадарова минньигэстик астаан аһатар.

- Лааҕырга сылдьар оҕолор күҥҥэ иккитэ итии аһынан хааччыллаллар. Бары санитарнай нуорманы, ирдэбили тутуһан, оҕолору иҥэмтиэлээх, сибиэһэй аһынан аһатабыт. Эбиэккэ - миин, торуой, сок эбэтэр компот. Күн аайы выпечка. Холобура, бүгүҥҥү менюга - эттээх бэрэски. Ону таһынан, оҕуруот аһа, фрукта сииллэр. Оҕуруот аһа бэйэбит олордубут киэммит.Бүгүн бу оҕурсуулаах салаат. Фруктаны ИП Муталиевтан атыылаһабыт.

👩🏻‍🍳🥞🍲 Оҕолор аппетиттара үчүгэй. Оҕо организма ордук сайын улаатар диэн, уонна үлэлии сылдьар буолан оҕолор бары тото-хана аһаан баралларыгар кыһаллабыт.

👩🏻‍🍳🥞🍲 Кырдьык, Татьяна Николаевна ис сүрэҕиттэн кыһаллан үлэлиир эбит. Ол курдук, хас биирдии оҕо аска үөрүйэҕин, баҕатын учуоттаан астыыр. Холобур, гречканы сөбүлээбэт оҕоҕо атынынан солбуйан, оҕо остолобуойтан тот тахсан барарыгар кыһаллар.

👩🏻‍🍳🥞🍲 Оҕолорбут чөл, чэгиэн улааталлара аһыыр астарыттан улахан тутулуктаах.
Forwarded from ВалентинаСтаростина
Утро в деревне ☀️🏡
Forwarded from ВалентинаСтаростина
☀️🏘️ Сайын саҕаланыыта тыа хаһаайыстыбатын управлениетын тэрийиитинэн эрдэттэн сайаапка түһэрсэн оройуоҥҥа түргэнник ситэр салаа дьиэ кыылларын - куурусса, коза, сибиинньэ аҕалан түҥэппиттэрэ. Бу инникитин кэскиллээх дьаһал нэһилиэнньэҕэ тутатына биһирэммитэ. Хойутаан истибит уонна "ылыах дуу, ылымыах дуу" саараҥныы сылдьыбыт дьон билигин кэмсинэллэрэ эмиэ баар суол.

🐖🐓🐔🐐 Дьэ, ол кэлбит кыылларбыт хайдах сайылаан эрэллэр? Төһө сымыыт биэрэллэр? Төһө коза үүтэ ыанарый?

🏡🐖🐔 Индигир нэһилиэгин олохтоохторо, элбэх оҕолоох Коркиннар дьиэ кыылларын аҕалан тарҕаталларын истэн, ону эрэ кэтэһэ сылдьыбыт курдук тутатына харчытын төлүү охсон, кыылларын ханна олохтуохтарын бэлэмнээн барбыттар. Кыыллары тиэммит сөмөлүөт кэлбит киэһэтигэр өрүһү туоратан уон кууруссаны кытта икки сибиинньэни тиэргэннэригэр аҕалан олохтообуттар. Хаһаайыттар үөрүөхтэрин быатыгар, кууруссалара кэлбит күннэрин нөҥүө сарсыардатыгар номнуо сымыыттаан киирэн барбыттар. Хоту Муомаҕа биир сымыыт 28 солк атыыланарын учуоттаатахха, бу дьиэ кэргэн бюджетыгар сүрдээх өйөбүл.

🏡🐖🐔Билигин Коркиннар кыыллара дьиэтийэн, этэҥҥэ сайылаан эрэллэр. Кууруссалара күн аайы сымыыттыыллар. Сибиинньэлэрэ үчүгэй аска туран уойбуттар.

- Кууруссаларбытыгар пшено, овсянка, күөх от биэрэбит. Оҕолор бэйэлэрэ балыктыыллар, ону буһаран сиэтэбит. Ону таһынан оҕурсуу хаҕын, хаппыыста сэбирдэҕин кырбаан эбии аһылык быһыытынан биэрэбит. Сибиинньэлэрбит комбикорм, ас тобоҕо сииллэр уонна обрат үүтүн иһэллэр. Түгэнинэн туһанан, Агафья Семёновнаҕа махталбытын биллэриэм этэ, кини сүөгэй сүүрдүбүт күнүгэр сибиинньэлэрбит обрат үүтүн иһэн "күннүүллэр". Бэйэтэ улахан көрүүнү эрэйбэт эбит. Аһатыыта кыайтарыан наада.
Сүбэлэһэн баран кууруссаларбытын, сибиинньэлэрбитин кыстата хаалларар буоллубут. Хотонноохпут. Билиҥҥи үйэҕэ улаатан эрэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ кэтэх хаһаайыстыба аһа-үөлэ улахан өйөбүл, тирэх.
Бу саас Төбүлэхтэр аҕабытыгар тыһы торбос бэлэхтээн соһуппуттара. Онон аны инникитин ынах сүөһүнү тэнитэр санаалаахпыт, - диэн кэпсиир ыал ийэтэ Екатерина Константиновна.

🏡🐄🐖🐐🐓 Дьэ, ити курдук үлэһит тыа киһитэ ылсыа эрэ кэрэх, салҕыы онтун сайыннарар, тэнитэр түбүккэ түһэр. Бу биир тыа ыала Коркиннар үтүө холобурдарын батыһан, атын да эдэр ыаллар эмиэ бэйэ хаһаайыстыбатын тэринэр буоллаллар бэрт буолуо эбит. Сүрүнэ саҕалыахха эрэ наада.
Тимур Коркин сарсыарда аайы сымыыт сиир 👍
Forwarded from ВалентинаСтаростина
29 июля 23 ч.05 м.
В Момском районе всё ещё белые ночи

#ДеревенскиеЗарисовки
Үтүө сарсыарданан ☀️🌿
Отчуттарга таһаарыылаах күнү
🌾🌾 Биһиэхэ маннык мас атырдьаҕы элбэх оту биирдэ баһан ылар диэн биһирээн тутталлар
Оттон эһиги ханнык атырдьаҕы ордороҕут?
#БукаБарыОкко
🐄🥛 Бүгүн үүт сүүрдүллэр күнэ

#ТыаСиринОлоҕуттан
🌾🌾 Бу кыраабыл бэйэтэ туһунан историялаах. Ол туһунан биһиги сурутааччыбыт Антонина Слепцова маннык кэпсиир: - Бу кыраабыл 1987 сыллаахтан ыла сылдьар. Балтыбын кытта аан бастаан от үлэтигэр уһуйулларбытыгар сэттэ уонун ааспыт эһэбит оҕонньор оҥорон биэрбитэ. 80-с сылларга оскуола оҕото бары кэриэтэ ЛТО-ҕа окко үлэлиирбит. Эһэм Слепцов Иннокентий Иннокентьевич - үлэ, тыыл бэтэрээнэ биэнсийэҕэ тахсан да баран үлэттэн илииттэн араарбакка, оччолорго сопхуос отделениетыгар сыарҕа, кыраабыл, атырдьах оҥороро.
Эһэккэбит, бука, оҕо киһи туттарыгар чэпчэки буоллун диэн оҥорбут буолуохтаах, чэпчэкитэ сүр. Билиҥҥээҥҥэ диэри бу туһалыы сылдьар. Эһэккэбит оҥорбут кыраабылын харыстаан туттабыт. Билигин эмиэ аан маҥнай от үлэтигэр "сүрэхтэнэр" бэйэбит оҕолорбут тутталлар.
Ити курдук историялаах бу көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр кыраабыл.

#БукаБарыОкко
"Кырдал кыыһа"
Оҕо сылдьан ким баҕаны таһыйбатаҕа баарай 😅

#ТыаСиринОлоҕуттан
🍄🍒 Август всегда богат на дары природы! А вот и первые грибочки 🤩
Симпатичные маслята
Фото от подписчика 👍