Индигир уоттара / Момский район (улус)
594 subscribers
12.2K photos
1.39K videos
11 files
3.08K links
Газета "Индигир уоттара", Момский район
Download Telegram
Үөрэх дьыла саҕаланара чугаһаата
🎒📚🔔Оскуола боруогун атыллаары туран

🔔🧒🏻 Оҕо маҥнайгы кылааска киириитэ - бу кэтэһиилээх кэрэ бэлиэ, ону тэҥэ эппиэттээх түгэн. Бастакы үөрэх сыла үөрэнээччигэ сүҥкэн суолталаах : оҕо салгыы хайдах үөрэнэрэ, туохха ыарырҕатыан сөбө, инникитин тугу сэргиэн, ханнык дьарык кини уйулҕатыгар сөп түбэһиэн, бэрээдэгэ хайдах салаллыан, саастыылаахтарын кытта сыһыана...
Үгүс төрөппүт : " Мин оҕом сатаан ааҕар, уон иһинэн көҥүл суоттуур, онон оскуолаҕа бэлэм, үөрэҕэр ыарырҕаппат ини", - дии саныыр.Оскуолаҕа бэлэм буолуу диэн киэҥ өйдөбүл.Саамай сүрүнэ, психологтар бэлиэтииллэринэн, " личностная готовность" диэн буолар эбит.

🧒🏻 📚 Оҕо билиэн - көрүөн баҕата, болҕомтото, өйүгэр тутара төһө сайдыбыта, тарбахтарын былчыҥнарын сайдыыта, күннээҕи режими тутуһара, бэйэтин көрүнэрэ - дьаһанара, атын оҕолору кытта алтыһарын таһынан, өссө туохха төрөппүт болҕомтото туһаайыллыан сөбүй?

🔔 🧒🏻 Бүгүн хаһыат иэнин учуоттаан, сүрүн түһүмэхтэргэ эрэ тохтуохпут. Маҥнайгынан, оскуола боруогун аан маҥнай атыллыыр кырачаан киһи билиэн - көрүөн баҕата ( любознательность) сытыы буолуохтаах. Оскуола оҕону саҥа билиини ыларга угуйуохтаах.

КҮННЭЭҔИ РЕЖИМИ ТУТУҺУУ.
Оҕо лоп - бааччы тэринэн оскуолаҕа барыыта, бириэмэтигэр сөпкө аһыыра, болдьоммут биир бириэмэҕэ уруогун оҥосторо, күнүс утуйан ылара, сибиэһэй салгыҥҥа дьаарбайыы, хамсаныылаах оонньуулар, киэһэ сөпкө утуйуу - бу барыта күннээҕи режими кытаанахтык тутуһары ирдиир. Үгүс оҕо сарсыарда элбэхтэ этиттэрэн, нэһиилэ турар. Онтон сыыһа - халты аһаат, өмүрэх киһи курдук хомуна охсоот, хаамыы - сүүрүү былаастаан оскуолаҕа аҕылаан - мэҕилээн тиийэн кэлэллэр. Маннык көстүү буолбатын курдук, оҕо хара маҥнайгыттан режими тутуһарын хонтуруоллуохха наада. Оҕо хойутуур буоллаҕына, ол төрөппүт буруйа. Бириэмэни сөпкө аттаран туруоруу төрөппүттэн ирдэнэр.Оҕоҕутун сарсыарда сыллаан уһугуннарыҥ, тиэтэйбэккэ таҥыннарыҥ, сылаас аһы аһаан барарыгар кыһаллыҥ. Тахсаары туран "Дьэ, мэниктээн көрөөр эрэ!" , " Таҥаскын киртитээйэҕин!" диэн установкалары биэримэҥ, ол оннугар сырылаччы сыллаан баран, ситиһиилээх күнү баҕарыҥ.

☺️ Күнүс үөрэҕиттэн кэллэҕинэ, сылаастык көрсүҥ." Хайдах үөрэнниҥ? Тугу гынныгыт? " диэн ыйытыыларынан көмөн кэбиһимэҥ, оҕо сынньаннын, кэлин холкутук, нам
- нум буоллаҕына ыйыталаһыҥ. Өскөтүн оҕо бэйэтэ кэпсиэн тиэтэйэр буоллаҕына, болҕомтолоохтук истиҥ, сэргээҥ.Күнүс 1-1.5 чаас утуйан ылыан сөп. Утуйар кэмигэр хараҕар сырдык тыкпатын курдук, итиэннэ бэйэтин этигэр - сиинигэр сөптөөх ороҥҥо утуйарын курдук усулуобуйата тэрийиҥ. Адаптация кэмигэр оҕо доруобуйата айгырыан сөбүн учуоттааҥ, иҥэмтиэлээх аһынан аһатыҥ.

🍏🍌 Битэмииннэ сиэтиҥ. Киэһэ сөпкө сытарын хонтуруоллааҥ, " бар, утуй" диэбэккэ эрэ, бэйэҕит сытыарыҥ, сымнаҕастык кэпсэтиҥ, куттанар буоллаҕына уоскутуҥ. Кини төһө да оскуолаҕа бардар, билигин да кыра киһи, остуоруйата кэпсээҥ, намыын ырыата ыллааҥ, сэкириэттэһиҥ. Оҕо чугас киһитин кытта төһөнөн аһаҕас да, оччонон эһиэхэ эрэллээх уонна бэйэтин көмүскэллээхтик сананар.

📖 УРУОГУ ААХТАРЫЫ. Бастакы сылга оҕо уруогун төрөппүтүн кытта оҥорор. Бэйэҕит оҥорон биэримэҥ, бииргэ оҥорсуҥ.Ыарырҕатар буоллаҕына ыйан - кэрдэн көмөлөһүҥ. Чэпчэки сорудахтан саҕалыыргыт ордук. Бэйэҕит ньиэрбэҕитин харыстаан, оҕоҕутун харыһыйан оҥорон биэрэр буоллаххытына, кэлин эһиэхэ найыланан , уруокка бэлэмнэнии олох да умнуллуон сөп. Хара маҥнайгыттан оҕону уруок ааҕарга, эппиэтинэстээх буоларга уһуйуҥ.

🎒 ОҔО СҮГЭҺЭРЭ.ҮӨРЭХ ТЭЭБИРИННЭРЭ. Төрөппүт таптыыр оҕотугар сыаналаах, саамай муодунай сүгэһэр ыла сатыыра өйдөнөр гынан баран, маҥнайгы кылааска сүгэһэр табыгастаах буолара ирдэниллэр.Оҕо санныгар сөпкө олороро, ыйааһына, тигиллибит матырыйаала, тымныыны төһө тулуйумтуо буолара, ис өттө төһө уйуктааҕа - барыта учуоттаныахтаах. Оҕо сүгэһэрин балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри хам - түм кэтэн " мээрэйдээн" көрөрө оскуолаҕа барар кэмин ордук кэтэһиилээх уонна умсугутуулаах гынар. Оскуолаҕа тиийэн уруокка онтун - мантын көрдөөн сүргэйбэтин курдук эрдэттэн ханнык тэрил хайа сиэпкэ баарын чопчу билиэхтээх. Онон, оскуолаҕа барыан иннинэ тээбириннэрин уган - хостоон көрөн бэлэмнэнэргэ көҥүл биэриҥ.
Пенала паартаны биир гына сабардаан сыппатын курдук судургу, дьоҕус буолара ордук. Үөрэх тээбириннэригэр харыстабыллаах сыһыаны сыһыарыҥ.

🖊️ УРУУЧУКА.
Оҕо суруйа олорон үөрэҕин өйүгэр хатаан иһиитэ илиитигэр ылбыт уруучукатыттан эмиэ тутулуктаах. Уруучуканы талан, табыгастааҕын көрөн атыылаһыы оҕо билиини ылыныытын чэпчэтиэ. Үөрэнээччи суруйар уруучукатыгар табыллыбатаҕына, өйө - санаата көтөн, аралдьыйан, атын оҕолорго мэһэйдээн, тыаһаан - ууһаан, уруокка кыыһыра быһыытыйан олоруо. Онон суруйар тэрили оҕо илиитигэр сөп түбэһэринэн, халтарыйбат, суруйарга дөбөҥнүк хамсаан - имсээн иһэри ылар ордук. Синньигэс стерженнээх уруучука убаҕас буолар, ол суруйарга табыгаһа суох. Оҕо онон ыга баттаталаан тэтэрээтин тэһэ суруйар.
Өскөтүн оҕоҕут хаҥастай буоллаҕына, дьэ кэлэн кэмниэ - кэнэҕэс уҥа илиитинэн суруйарын ирдииргит сатаммат. Быраастар этэллэринэн, күһэйэн туран суруйар илиини уларытыы оҕоҕо доруобуйатыгар охсуулаах, полушариеларын үлэтэ кэһиллиэн, оҕо кэлэҕэй да буолуон сөп.

👨🏻‍🏫 УЧУУТАЛ. ОСКУОЛА.
Учуутал кыра киһиэхэ - муҥур авторитет. Субу кэмҥэ кинини төрөппүттэринээҕэр да өрө тутар. "Учууталым эппитэ...", " Эн сыыһа оҥороҕун, учуутал атыннык оҥорор..." диэн да туруон сөп. Оҕоҕут истэригэр учууталын туһунан куһаҕаны кэпсэтимэҥ. Учууталгытын кытта ыкса сибээһи тутуһуҥ, оҕоҕут туһунан туоһулаһыҥ, үөрэҕин, бэрээдэгин, тугу ыарырҕатарын, кимниин бодоруһарын. Учуутал туох диирин толоро сатааҥ, төрөппүт мунньаҕын көтүтүмэҥ, аһаҕас уруоктарга сылдьыҥ. Маҥнайгы кылааска үксүгэр күөх үүнээйини аҕалтараллар. Оҕоҥ үөрэнэр кабинет - кылааһа комфортнай усулуобуйалаах, тупсаҕай көстүүлээх буоларыгар кыһаллыҥ. Оҕолор переменаҕа энциклопедия көрөллөр, остуол оонньууларын биһирииллэр, онон үөрэ-көтө планшеты буолбакка, сайыннарыылаах остуол оонньуутун туттаран ыытыҥ.
Оскуолаҕа киириэн инниттэн оскуоланы, оскуолаҕа хайдах тутта - хапта сылдьыллыахтааҕын, сиэр - майгы быраабыларын билиһиннэриҥ. Бэйэҕит оҕо эрдэҕинээҕи кини өйүгэр - санаатыгар өйдөнүмтүө түгэннэргитин кэпсээҥ, оскуолатааҕы хаартыскаларгытын көрдөрүҥ. Уопуттаах учууталлар сүбэлииллэринэн, оҕоҕутун атын оҕолору кытта тэҥнээмэҥ, " Кини хаһы ылла? " диэн ыйыталаһымаҥ.

👨‍👩‍👧‍👦 ОҔОҔО СЫҺЫАН. Маҥнайгы кылааска киирии, атын эйгэҕэ үөрэнии - оҕоҕо улахан стресс. Саамай ыарахан кэминэн маҥнайгы икки ыйы ааҕаллар. Адаптацияны оҕолор араастаан аһараллар, сорох ардыгар ыйааһыннара түһүөн, иммунитеттара мөлтүөн сөп. Саҥа дьыл кэннэ улам үөрэнэн, холкутуйан, дьэ көҥүллүк тыыналлар.Оҕоҕутуттан элбэҕи эрэйимэҥ, оҕо сыыһар, алҕаһыыр. Кини билбэтэ - көрбөтө өссө да элбэх, кыраҕа кыйаханымаҥ. Кини билигин хаһааҥҥытааҕар да тапталга, сылаас сыһыаҥҥа наадыйар. Оҕоҕутугар кинини таптыыргытын муҥутуурдук биллэрэ сылдьыҥ, сыллыы, имэрийэ - томоруйа, кууһа сылдьыҥ.
Дьиҥинэн ылан көрдөххө, үөрэх бастакы сыла, маҥнайгы учуутал инники билии - көрүү ылынар сыллар хайдах ааһыахтарын көрдөрөллөр. Онон, бу сыл сыыһа - халты ааһара табыллыбат. Төрөппүттэртэн тулуурдаах буолуу ирдэнэр. Барыта этэҥҥэ буоллаҕына сотору кэминэн кырачаан киһигит дьоһун киһи буола улааппытын бэлиэтии көрүөххүт.

Валентина Старостина
"Индигир уоттара"
Более 100 спортсменов примут участие в I Кубке Главы Якутии по игре Го

🏆 В столице с 22 по 28 августа пройдёт первый Кубок Главы Республики – всероссийское соревнование, крупнейшее за всю историю развития вида спорта Го в Якутии.

📝 В качестве участников уже заявлены 110 человек, 50 из которых дети.

👏🏻 Это жители Якутска, Казани, Челябинска, Жуковского, Сергиева Посада, Нижнего Новгорода, Петрозаводска, Соликамска, Астрахани, Новосибирска, Екатеринбурга, Иванова, Красноярска, Великого Новгорода, Владивостока, Магадана, Хабаровска, Санкт-Петербурга, Варшавы, Караганды и Москвы.

@ulusmedia
Читаем, как оформить больничный на Госуслугах тут
#Госуслуги14
❗️Внимание, конкурс! 💥
Уже начался сезон грибов и многие из вас уже сходили на тихую охоту 🍄

📢 В связи с этим редакция Ulusmedia объявляет фотоконкурс «Грибной улов»

Для участия в конкурсе нужно:

📸 Отправить фото вашего улова в наш ️ватсап⬅️ с кратким описанием (как вас зовут и улус)

📲 Подписаться на наше сообщество ВКонтакте (именно там будет проходить голосование)

🏆 Победителей будет 3! А станут ими те, чьи фотографии грибного улова наберут больше лайков 👍

❗️Приём фото с 17 по 20 августа. Голосование с 20-21 августа до 21:00. Итоги 21 августа в 22:00 🕘

💥 Победителей ждут сертификаты в Урдэл парк номиналом 3000 руб 🤩

Поехали! Уже ждём ваши фотографии! 🤳 ⚡️

@ulusmedia
☀️🍀 САҤА ҮҮММҮТ КҮНҮНЭН!
САҤА КҮНҮ ЧӨЛ, ЧЭГИЭН КӨРСҮҤ!


🌈 Киһи эт-хаан өттүнэн эрэ буолбакка, уйулҕата эмиэ чөл туруктаах буолуохтаах. Нууччалыы эттэххэ, психологически здоровый человек.

🌈 Олоххо хаһан даҕаны барыта биир кэм уу-нуурал буолбат. Ханна эрэ түһүүлээх-тахсыылаах, оллурдаах-боллурдаах буолар. Олохпут сайдан, тэтимэ түргэтээн аныгы үйэ киһитэ стресскэ олус бэринимтиэ диэн учуонайдар бэлиэтииллэр.

🌈 Дьиэҕэ-уокка кыһалҕа, үлэттэн астыммат буолуу, оҕолор тустарыгар олус долгуйуу, дьиэ кэргэҥҥэ өйдөспөт буолуу... Ити барыта устунан стресс туругар киллэрэн киһи күүһүн барыыр, сэниэтин эһэр, санаатын ыһар. Киһи психикатыттан доруобуйа олус тутулуктаах. Уйулҕа чөл буоларын туһугар наллаан олорон психологтар сүбэлэрин ааҕыҥ.

💁🏻‍♀️☝️Психологтар бэлиэтииллэринэн, үтүө санаалаах, сэргэх дьон ньиэрбинэй систиэмэлэрэ кыыһырымтаҕай, уолҕамдьы майгылаах дьоннооҕор быдан бөҕө туруктаах буолар эбит. Холку майгылаах, үөрүнньэҥ киһи уһуннук олорор, оттон кыраттан да кыыһыра сылдьар, ньиэрбэтэ "алдьанар" киһи араас ыарыыга (утуйбат буолууга, депрессияҕа, уо.д.а.) ылларымтыа уонна кыыһырымтаҕай, ыгым майгылаах буолар диэн быһаараллар.

Стресскэ ылларбат туһугар тугу гыныллыахтааҕый?

🤩🍬 Бэйэҕитин таптааҥ. Кыра да кыайыыгытынан, ситиһиигитинэн бэйэҕитин хайҕаныҥ. Сөбүлүүр аскытын, ымсыыра көрбүт таҥаскытын атыылаһан бэйэҕитин маанылааҥ.

🙅🏻‍♂️ Сөбүлээбэт, искитигэр киллэрбэт дьоҥҥутун кытта алтыһа сатаамаҥ.

💃🏻 🧘🏻‍♂️ Элбэхтэ хамсаныҥ. Фитнесс, йога, үҥкүү, спорт доруобуйаҕа олус туһалаахтар.

🎭 🏛️ Интэриэһинэйдик олоруҥ. Кэнсиэргэ, быыстапкаҕа, көрсүһүүлэргэ сылдьыҥ, кэрэни кэрэхсээҥ.

😍 Кыраттан да үөрэргэ үөрэниҥ, өрө көтөҕүллэ сылдьарга кыһаныҥ. Нууччалыы эттэххэ, "Позитивный настрой".

⛸️ ⛹🏻‍♂️Бэйэҕитин сайыннарыҥ, сөбүлүүр дьарыкта (хобби) булунуҥ.

📚 Элбэхтэ кинигэни ааҕыҥ. Ааҕар киһи билиилээх, билиилээх киһи сайдыылаах, сайдыылаах киһи ситиһиилээх.

👩🏻‍🦱💬 Мэлдьи үчүгэйи эрэ санааҥ, үтүөнү ыралааҥ. Үчүгэй үчүгэйи, куһаҕан куһаҕаны тардарын умнумаҥ.

🎯 Бэйэҕитигэр саҥаттан саҥа сыал туруорунан, ону ситиһэргэ өйгүтүн-санааҕытын бүүс-бүтүннүү онно үлэлэтиҥ.

🤩 Олоххо үтүө эрэ өрүтү көрүҥ. Тулалыыр быһыыга-майгыга, дьоҥҥо-сэргэҕэ үчүгэйи эрэ булан көрө сатааҥ.

🫂 Кимиэхэ да ымсыырымаҥ, ордугурҕаамаҥ. Ымсыы буолуу мөкү өрүт.

🧖🏻‍♂️🪟 Уугутун хана утуйуҥ. Сөпкө утуйуу иммуннай систиэмэни кытта быһаччы сибэстээх. Сөрүүн хоско утуйуҥ. Сөрүүн хоско утуйар киһи итии хоско утуйар киһитээҕэр эдэрчи көрүҥнээх буолар. Ол тулалыыр эйгэ кыраадыһыттан тутулуктаах, эт-сиин эмэхсийиитэ бытааннык барар.

🍏🍌 Сөпкө аһааҥ. Күннээҕи аһылыккытыгар оҕуруот аһа, фрукта, үүт ас, балык курдук туһалаах, иҥэмтиэлээх ас баар буоларыгар кыһаллыҥ.

🙇🏻‍♂️Төбөҕүтүн үлэлэтиҥ. Кроссворд, сканворд таайыҥ, омук тылын үөрэтиҥ, хоһоону хатылааҥ, ахсаанна суоттааҥ. Ахсааны туох да көмө тэрилэ суох өйгүтүгэр суоттааҥ. Төбөҕүтүн быыстала суох үлэлэтэр буоллаххытына түөһэйиэххит суоҕа.

📺 🤹🏻‍♂️ Кэмиттэн кэмигэр комедията көрүҥ уонна ис-искититтэн дуоһуйуоххутугар диэри саҥа таһааран күлүҥ.

🎁🎈 Кыһалҕалаах, кыаммат-түгэммэт дьоҥҥо, оҕолорго көмөлөһүҥ. Үбүнэн, ас-үөл өттүнэн көмөнү оҥорорго кыһаллыҥ. Дьоҥҥо оҥорбут үтүөҕүт уон оччонон бэйэҕитигэр эргийэн кэлиэ.

📙🖼️ Санааҕыт түстэҕинэ, оҕо, эдэр саас кэминээҕи эбэтэр ааспыт үөрүүлээх түгэннэри санатар хаартыскалары бэрийэн урукку дьоллоох кэмҥитигэр төннүҥ, уоскуйуҥ.

📖 📰 Олоххо үөрэтэр, олоххо позитивнайдык сыһыаннаһар туһунан суруйуулары ааҕыҥ.
Биллиилээх дьон туһунан, кинилэр уустук, түһүүлээх-тахсыылаах олохторун ааҕан, туһалааҕы иҥэринэн бэйэҕит мотивацияланыҥ.

👨‍👩‍👧‍👦 👩‍❤️‍💋‍👨 Чугас дьоҥҥут, оҕолоргут ситиһиилэриттэн, кинилэр сылаас сыһыаннарыттан кынаттаныҥ, кинилэри тугунан эмит үөрдэргэ кыһаллыҥ, таптыыргытын биллэриҥ.

👠👗 Маанытык таҥна, сэргэхтик тутта-хапта сылдьыҥ. Ити бэйэҕитигэр эрэли үөскэтэр, ордук дьахтарга.

🌊 🏖️ Кыаллар буоллаҕына, уоппускаҕытыгар ыраах айаҥҥа турунуҥ, муораҕа сынньаныҥ.

👫👭 Үтүө дьону кытта алтыһыҥ, доҕотторгутун кытта ирэ-хоро кэпсэтиҥ. Сөптөөх түгэҥҥэ оҕолуу мэниктээн да ылыҥ.
🍫 Лимоннаах, мүөттээх чэй сүргэни көтөҕөр. Сакалааты, барыанньаны кытары итии үүттээх чэйи ыксаабакка астына иһиҥ.

☀️🍀 Сарсыардааҥҥы чэбдик салгынынан тыыныҥ. Илиигитин өрө уунан сааскы тыалга кылгас кэмҥэ утары турдаххытына, ис-искититтэн бүтүннүү ыраастаммыт, чэпчээбит курдук буолуоххут диэн сүбэлииллэр.

🤯🌪️ Кыыһырбыккытын искитигэр тутумаҥ, хомолто санааны искэ өр тутан сылдьыы ыарахан ыарыыга тиэрдэр. Ол курдук, ыарыыга ылларбыт дьон үгүс өттө - санаа баттаабыт дьоно. Таскытыгар таһаарыҥ, этиҥ-тыыныҥ, тыаһааҥ-ууһааҥ. Санааны сайҕыыр туһуттан хамсаныылаах үлэни толоруҥ.

💁🏻‍♀️📄 Бу психологтар биэрбит сүбэлэрин олоххутугар туһаныҥ. Кыраҕа кыһаммакка, улаханнык уйуһуйбакка киэҥ көҕүстээх буолуҥ, олоҕу уустугурдубакка чэпчэкитик көрүҥ!

☀️☺️ Саҥа үүнэр күнү үөрэ-көтө,мичээрдээн көрсүҥ.
Ситиһиилээх күнү!

"Индигир уоттара"
Выставка-ярмарка «Печатный двор Якутии» пройдет в столице вечной мерзлоты

📖📚 В торговых рядах «Кружало» 26–27 августа вновь состоится межрегиональная выставка-ярмарка «Печатный двор Якутии».

🤩👏🏻 На мероприятии будут презентованы лучшие издания и издатели республики, а также других регионов Дальнего Востока, Москвы и Новосибирска.

☑️ @ulusmedia
За Кубок Главы Якутии будут состязаться более 140 спортсменов из регионов страны

🏆 В республике с 22 по 28 августа пройдут Первый Кубок Главы Якутии и первенство Дальневосточного федерального округа по игре Го, приуроченные к 💯-летию ЯАССР.

👏🏻 Ожидается участие более 140 человек, 50 из которых дети, из разных регионов России, также два спортсмена из Казахстана и Польши.

@ulusmedia
Фото и видеофакт: на стадионе «Туймаада» устанавливают аппаратуру, которую привезли специально для концерта Полины Гагариной 💥

Подготовка идёт полным ходом!
Самая большая сцена Дальнего Востока ⚠️
100 киловатт звуковой аппаратуры 🎶
140 киловатт светового оборудования 💥
50 киловатт видео оборудования 🎬

Уже послезавтра! ⚡️⚡️⚡️

@ulusmedia
🌺🌼🌸 Вот такой цветочный рай во дворе дома Васильевых 🏡

Пусть изобилие цветов порадует вас в это пасмурное утро 🌷